Улуу Маркс, Энгельс, Ленин үөрэхтэрин аны “иирсээн-айдаан үөрэхтэрэ эбит” диэн олус улахан, дириҥ ис хоһоонноох саҥа улуу арыйыыны оҥорон Виктор Данилович Михайлов кыргыттара аҕаларыгар анаабыт тиһэх тылларыгар суруйбуттар.
Дьэ, буолар да эбит! Буккуллуу кытаанаҕа. Хайдах-хайдах баҕайыный. Бу улуу марксизм-ленинизм үөрэҕэ диэн аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт үөрэхпитин “иирсээн уонна айдаан үөрэҕэ эбит” диэн “чаҕылхайдык” быһаарбыттар.
Оттон биһигини СГУ-га үөрэппит учуонайдарбыт Мординов А.Е., Башарин Г.П., Софронов Ф., Алексеев Е.Е. уо.д.а. итини “иирсээн уонна айдаан үөрэҕэ” диэн биирдэ да эппэтэхтэрэ, үөрэппэтэхтэрэ. Хата бу үөрэх саамай кырдьыктаах, сөптөөх улуу үөрэх диэн үөрэппиттэрэ. Ол туһунан кинигэ бөҕөнү суруйбуттара, быһаарыы бөҕөнү оҥорбуттара. Оччоҕо ол барыта сымыйа уонна сыыһа буолан тахсар дуо?! “Ученье Маркса всесильно, потому что оно верно!” диэн буолара дии.
Дьиҥинэн даҕаны ити үөрэх киһи-аймах түҥ былыргы историятыттан саҕаланан, аан бастаан утопистар үөрэхтэрэ диэн аатыран аан дойдуга тарҕаммыта. Улуу өйдөөх үөрэхтээхтэр Грецияттан, Италияттан, Германияттан саҕалаан тарҕаммыта диэн дииллэрэ. Оччоҕо кинилэр бука бары иирсээни, айдааны оҥоро сатыыр этилэр дуо? Бу үөрэх төрүттүү сатыыр “киһи барыта тэҥ, көҥүл, дьоллоох олоххо олоруохтаах” диэн этиитэ, “киһи киһини баттыа, атаҕастыа, көлөһүннүө суохтаах, коммунизм сырдык, кэрэ олоҕор олоруохтаах” диэнэ отой төрдүттэн сымыйа дуо?
Мин Виктор Даниловиһы кытта алтыспатах, кини лекциятын истибэтэх киһи арай араадьыйанан, ТВ-нан этэрин-саҥарарын истэ-истэ үгүстэр курдук сэҥээрэр, биһириир, сөбүлэһэр этим. Чэ, ол мин үгүһү билбэт, өйдөөбөт буоллаҕым. Ол гынан баран, кини улуу марксизм үөрэҕин “иирсээн-айдаан үөрэҕэ эбит” диирин истибэтэҕим. Хата мин бу В.Д. үөрэҕин дипломатия философиятын үөрэҕэ буолар эбит дуу диэхпин баҕарабын. Кини бу буккуурдаах, хайдыһыылаах, утарыта туруулаах бириэмэҕэ сөбүлэһии философиятын олохтуу сатаабыт эбит.
Манна билигин даҕаны социализм үөрэҕэ буруйа суох диибин. Хата капитализм системата син-биир алдьархайы оҥоро, сэриини аҕала турар. Ону Эмиэрикэ көрдөрөр. Кини күөттүүр, кини саҕалыыр. Марксизм үөрэҕэ эмиэ инньэ диэн үөрэтэрэ. Сэриини барытын кинилэр саҕалыыллар. Икки атахтааҕы барытын кинилэр хайыта сатыыллар. Баайдар баайдарын харыстыыллар, көмүскүүллэр. Баай, дьадаҥы диэни олохтууллар. Киһи аймаҕы икки аҥыы хайыталлар. Атын кыһалҕа кинилэргэ суох.
В.Д. этэринэн сүбэлэһии баар буолуохтаах эбит. Ити сөп. Онтон ол сөбүлэһиигэ арҕаа дойдуларбыт киирсэллэр, ылыналлар дуо? Ылымматтар эбээт! Өрүү кинилэр ылыммаккалар иирсээн, айдаан төрдүн төлө тардаллар буолбат дуо? Билигин соҕотох ити Украинаны күөттээһинин өрө туруоран, онно ордууланан, сэрии сэбин аҕалан айдааны тартылар.
Иллээх, эйэлээх олоххо тиийиини Маркс, Ленин үөрэхтэрэ олохтуу сатыыра. Киһи-аймах тыһыынчанан сылларга олохтуу сатаабыт көҥүл, тэҥ, дьоллоох олоҕор тиэрдэ сатыыра. Онон ханнык даҕаны иирсээн, айдаан үөрэҕэ буолбатах диибин. Биир өттүнэн былаас норуокка дьайар сүрдээх күүстээх ньымалаах диигит. Иккис өттүнэн былаас ыйаах дуу, сокуон дуу таһааран сөбүлэһиигэ тиэрдэр кыаҕа суох диигит. Хайдах-хайдах баҕайыный, оччоҕо? Сөбүлэһиибитин хайдах олоххо киллэрэбит? Аҥаардас киэҥ көҕүстээх эрэ буолан или-эйэни олохтообоппут буолуо! Айдааны тардааччылар тохтооботтор, кимэн киирэ сатыыллар.
В.Д. аһаҕастык ханна эппитэй, суруйбутай – Маркс, Ленин үөрэҕэ бу “иирсээн уонна айдаан үөрэҕэ” диэн? Аны улуу Маркс, Ленин үөрэҕэр киирэн-тахсан эрдэхпит. Маны Лазарь Степанович Филиппов туох диэн быһаарара буолла. Дьэ, боппуруос элбээн уонна уустугуран тахсар курдук.
Хата сэбиэскэй кэм бириэмэтигэр иллээхтик-эйэлээхтик олорбуппут диэн үгүс киһи ахтара оруннаах быһыылаах. Инникитин да үгүстүк ахтарбыт буолуо дии саныыбын. Ким да оскуолаҕа ойон киирэн оҕолору, учууталлары ытыалаабат этэ. Бу дьиикэй рынок, капитализм системата үөскэтэр алдьархайа буолбатах дуо?
Ааммытын маһынан баттата сылдьарбыт. Уоруйах, түөкүн дьон былааска тахсыбат этилэр. “Иккилии үөрэхтээхпин” диэн сымыйанан кэпсээбэт этилэр. Ынахпытын, сылгыбытын уоран сиэбэттэрэ. Эппит 2 солк., арыыбыт 3 солк., килиэппит 18 харчы этэ. Дьэ, үчүгэйдик да олорбут эбиппит. Эти төһө кыайарбытынан сиир этибит. Биһиги устудьуоннуу сылдьан наркотигы отой да билбэт, пиибэ, арыгы диэни испэт, ырыанан-үҥкүүнэн, хомуһунан, “Сэргэлээх уоттара” ансамблы атаҕар туруоран аатырда сылдьыбыппыт. Билигин хайдаҕый?! Били Ойуунускай этиитин курдук: “Эһиги кимнээхтэргитий?!”.
Баһаалыста, быһааран биэриҥ. Мин санаабар бу улахан боппуруос буккуурга киирэн, быһаарыллыбакка хаалара сатаммат курдук.
Онотуолуй ЧЫЫЧААХАП,
үрдүк категориялаах
история учуутала,
кырдьаҕас хомуньуус,
хомусчут.