Быыһык кэмнэр буоланнар
Былыттар быыстарынан,
Сулустар ардыларынан
Айаннаан да биэрдим.
Үс сыл тухары
Куттары хомуйан,
Ыраастаан бараммын
Истибитим Үөһээ Дойдуга,
Хайҕал ырыатын,
Оһуокай тойугун.
Өбүгэм саҥата
Дуорайа турбута,
Эрэйдээх олохтоох,
Удаҕан олоҕо
Орто Дойдуга,
Күүһү биэриэҕэ
Кытаанах санааны өрүтэ анньыаҕа.
Онуоха доҕоттоор
Төбөбүн быһаннар,
Түөскэ саайаннар
Аллараа Дойдуга
Амырыын сыттаахха,
Айаннаан барбытым.
Онно тиийэммин,
Үлэлээн барбытым,
Ыраастаан барбытым.
Билбитим ол сылдьан,
Тоҕус уон биэс олохпун.
Таптал сүрэҕэ
Бэйэм дойдубар
Тэбэн таһааран,
Саҥа тыыннаах куттары
Төрөтөн барбыта.
Элбэҕи истэммин,
Элбэҕи көрөммүн,
Соһуйдум, мунчаардым.
Биһи кэккэлии
Араас күүс баарыттан
Бэркиһээн да ыллым.
Арахпат эбиттэр кинилэр,
Араастаан да сордууллар,
Дьону кинилэр,
Хараҥа күүстэр,
Иккистээн бу сиргэ
Төрөөрү гыналлар.
Тэйитэ сатаатым.
Албастаан да биэрдилэр,
Кубулунар да эбиттэр.
Ийэ уу барахсан
Ыраастыыр да эбит,
Көмөлөһөр да эбит.
Хараҥа киэһэ,
Тохсунньу кэмигэр
Таҕыстылар ээ доҕоттоор.
Оройум үрдүттэн
Сырдык күүстэр,
Таҥара дьон.
Араҕас таҥастаах,
Будда уолаттар.
Үрүҥ таҥастаах,
Кэрэ мичээрдээх,
Аанньал сиэстэрэ кыргыттар.
Онтон ордук улахаттара
Оройум хаба ортотуттан,
Христос хааман таҕыста
Сири-дойдуну сырдатта.
Сүргэм көтөҕүллэн,
Дууһам чэпчээн,
Үөрэн-көтөн барбытым.
Айылҕам уһуктар кэмигэр,
Сүрэх ыллыыр кэмигэр
Урукку алааһым таһыгар
Былыргы олохпун булбутум,
Өлбүт сирбин көрбүтүм.
Ону кытта эмискэ
Туора муостаахтар,
Өрө туран кэлэннэр
Көҥүлбүн сарбыйаннар,
Харахпын баайаннар
Уоту көҥүл ыыттылар,
Аҕабын ылан бардылар.
Ол да буоллар кинилэргэ
Олох биэрбэтим инникигэ.
Саргылаана ЧАПРИНА.