“Политическай партиялар” тустарынан 95-ФЗ нүөмэрдээх федеральнай сокуону Госдума 2001 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр бигэргэтэн, В.Путин илии баттаан турар. Сокуон быһыытынан быыбар хайаан да тэҥ балаһыанньаҕа ыытыллыахтаах. Ханнык да хам баттааһын, хааччахтааһын, ыгыы-түүрүү оҥоһуллуо суохтаах. Партиялар бары бырааптара тэҥ.
“Былаас партията” диэн билигин суох. Оннук быраабы сокуон уонна ким да биэрбэт. Ол туһунан ханнык да сокуоҥҥа, Конституцияҕа суруллубатаҕа. Төттөрүтүн оннук баар буоларын сокуон кытаанахтык бобор. Урут компартия оннук бырааптаах этэ. Ол Конституциянан, 6-с ыстатыйанан ону бигэргэтэрэ. Ону суох оҥорбуттара, билигин партиялар бары тэҥ бырааптаахтар. Оттон ону кэһии – бу сокуону кэһии. Сокуону кэһиини таһаарар дьон эппиэккэ тардыллыахтарын наада.
Онон быыбардарга администрация күүһүн туһаныы – бу сокуону куруубайдык кэһии. Хас биирдии киһи көҥүлэ, тэҥ бырааба Конституцияҕа этиллэрин курдук хааччахтаныа суохтаах. Барыта тэҥ, көҥүл буолуохтаах. Ол иһин кистэлэҥ куоластааһын ыытыллар. Администрациялар Партия туһунан сокуону, Быыбар туһунан сокуону, Конституцияны кытаанахтык тутуһан олоххо киллэриэхтээхтэр уонна маны кытаанахтык хонтуруоллуохтаахтар. Администрация күүһүн туһаныы – бу холуобунай буруйу оҥоруу буолар.
Конституциянан бигэргэтиллибит төрүккэ олоҕуран, государство партиялар сокуон иннигэр тэҥ буолалларын, бырааптарын уонна сокуоннай интэриэстэрин хааччыйар эбээһинэстээх.
10 ыст. 1 п. этиллэр: “Государственнай былаас уорганнара уонна дуоһунастаах дьоно партия үлэтигэр орооһоллоро көҥүллэммэт”.
3 п. Государственнай эбэтэр муниципальнай дуоһунастаах дьон бэйэлэрин дуоһунастарын эбэтэр служебнай балаһыанньаларын туһанан бэйэлэрин партияларыгар эрэ туһаайан үлэлиир бырааптара суох.
4 п. РФ президенэ бэйэтин эбээһинэһин толорор болдьоҕор политическай партия чилиэниттэн тохтуур.
26 ыст. а.п. суруллар: партиялар бэйэлэрин үлэлэрин туһунан иһитиннэриини, сыалын-соругун, көрүүлэрин көҥүл тарҕатар бырааптаахтар.
д.п. этиллэр: мунньахтары, миитиннэри, демонстрациялары, шествиелары, пикеттэри, мантан да атын публичнай мероприятиелары тэрийэн ыытар бырааптаахтар.
ж.п. этиллэр: тэҥ усулуобуйаҕа государственнай уонна муниципальнай СМИ бары көрүҥүнэн туһанар бырааптаахтар.
Мантан да атын үгүс бырааптаахтар. Ону барытын ситэ туһаммаппыт. Бу сокуоҥҥа олоҕуран, ону барытын ситэ туһанарга күүстээх үлэни ыытыахха наада. Манна бастатан туран республика компартиятын салалтата киэҥ өрүттээх тэрийэр, салайар үлэни утумнаахтык, былаан быһыытынан күүскэ ыытыахтаах. Ол эрээри көстөрүн курдук, сокуон биэрэр көҥүлүн, кыаҕын толору туһанан үлэ ыытыллыыта ситэтэ суох дииргэ тиийэбин. Онон реском кэлэр өттүгэр күүстээх, толору былааны ылынан, үгүс өрүттээх үлэни күүскэ ыытара ирдэнэр. Маннык үлэ сир аайы ыытыллара буоллар компартия үлэтэ, күүһэ-кыаҕа өссө улаатыа этэ. Норуот өйөбүлүн өссө күүскэ ылыа турдаҕа. Оччоҕо компартия ыытар үлэтин үгүс киһи билиэ-көрүө этэ.
Мин юридическай үөрэхтээҕим буоллар өссө киэҥник, дириҥник хорутан суруйуом этэ. Оттон Макар Макарович курдук улахан, уопуттаах юристар суруйуохтарын сөбө. Маннык улахан наадалаах сокуону хас биирдии киһи билиэн уонна ыксары тутуһуон наада. Оччотугар эрэ сокуон күүһүгэр киирэр уонна дьоҥҥо, норуокка туһалыыр. Сокуон ол иһин оҥоһуллар.
Сокуону кэһии – бу улахан буруй! Хайаан да эппиэккэ тардыллыах тустаахтар. Сокуону ким да кэһэрэ кытаанахтык бобуллар, ол иһин кытаанах хонтуруол оҥоһуллуохтаах. Маны кэһэр дьон сокуоҥҥа эппиэттиэх тустаахтар, дуоһунастарыттан тутулуга суох. Ирдиир хайаан да наада.
Өссө төгүл этэбин: билигин “былаас партията” диэн суох. Суох буолуохтаах. Сокуон этиитэ оннук! Ону бука бары кытаанахтык тутуһуох тустаахпыт. Билигин Конституция 6-с ыстатыйата суох.
Күндү доҕоттор, маны күүскэ туһаныҥ. Кыайыыны баҕарабыт! Сокуону кытаанахтык тутуһуҥ уонна тутуһуннарыҥ!
Онотуолуй ЧЫЫЧААХАП,
кырдьаҕас коммунист.
Майа с.