– Борис Николаевич, “Кыымҥа” интервьюгун Саха сирин үгүс олохтоохторо аахпыттара. Дьон санаатын иһиттэххэ, үгүстэр “хайдах эрэ сымсах интервью буолбут” диэн санааларын аһаҕастык этэллэр. Ол ону төһө кыалларынан ситэрэн-хоторон биэрии ирдэнэр быһыылаах. Кэккэ ыйытыылардаахпын, ол онно аһаҕастык хоруйдуоҥ диэн эрэнэбин.
Бастатан туран, дьон итинник диирин эн туох дии саныыгын? Иккиһинэн, төрүттэриҥ туһунан чуолкайдыахпын баҕарабын. Ол курдук хос эһэҥ туһунан эппиккин: “Хос эһэм 1898 сыллаахха сири кэртэрэн, онно дьону аҕалан олохтообут. Элбэх сири оннук кэртэрэн туһаҕа таһаарбыт киһи”, – диэн. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй – сири кэртэрэн диэни? Ойууру солоон, сири-уоту кэрдэн-алдьатан дуо? Онно эбии маннык ыйытыы: Борис Николаевич, биһиги урут сэһэргэһэн турабыт, онно кэпсээбиккинэн эн ийэҥ аата Агафья Семёновна буолбакка, Александра Семёновна диэн этэ дии?
– Александр Петрович, бу эн дьоһуннаах журналист буолаҥҥын ааҕаат тута өйдөөбүккүн. Ити улахан интервью этэ. Онно биир улахан раздел – Егор Афанасьевич Борисов туһунан отой да киирбэтэх. “Кыым” хаһыат позицията итинник, холобур кинилэр Егор Афанасьевичка сыһыаннара бокуонньукка курдук – “или хорошо, или ничего”. Кини туһунан үчүгэйи эрэ буолбакка, туох баарынан кэпсээбитим. Ону таһаарбатахтара, оннук позициялаах буоллахтара.
Хос эһэм туһунан сөпкө өйдөөбүккүн, ааттыын да Улахан Күөл диэн сир баара. Уута ойуур саҕатыттан, ону хоруу хаһан хордорон, уутун түһэрэн сүрдээх киэҥ сири таһаарбыта. Онон “сири кэртэрэн” буолбакка, “күөлү хордорон, хоруу оҥорон сир таһаарбыт” диэн буолуохтааҕа. Оттон ийэм аата, кырдьык, Александра Семёновна диэн, Агафья буолбатах.
– Борис Николаевич, дьэ онон биһиэхэ санааҕын толору этэргэр, аһаҕастык кэпсииргэр көрдөһөбүт. “Туймаада” позицията тулхадыйбат: тугу да уларыппакка, хайдах баарынан бэчээттиэхпит.
– Бастатан туран ол “кыымнардыын” кэпсэтиигэ биир теманы арыйбытым: Саха сиригэр былааска ньылаҥнаабат, ханнык да быһыыга-майгыга бэйэтэ туспа көрүүлээх, өйдөөх-санаалаах дьону сойуолааһыны бастаан Штыров саҕалаабыта. Маннык сойуолааһыны “в карикатурной форме” Егор Афанасьевич салҕаабыта. Миигин чуолаан Егор Афанасьевич сойуоласпыта.
– Туохтан барыта саҕаламмытай?
– “АЛРОСА-Нюрба” 10 бырыһыаннаах акциятын былдьаһыыттан. Ону мин кини иҥсэтинэн-оботунан быһаарабын. Петрова Варвара Андреевна Ньурбаҕа баһылыктыырын саҕана, “АЛРОСА-Нюрба” тэриллэр кэмигэр, учредителлэр, ол иһигэр “АЛРОСА” президенэ Штыров, бары биир санаанан Ньурба улууһугар 10 бырыһыаннаах акцияны биэрбиттэрэ. Ону бары билэллэр. 2003 сыллаахха Саха сиригэр Россияҕа бүтэһигинэн олохтоох бэйэни салайыныы киириитигэр, баай-дуол үллэһигэр итини Штыров, бэйэтин быһаарыытын кэһэн туран, бу 10 бырыһыаннаах “АЛРОСА-Нюрба” акцияларын республикаҕа былдьаан ылбыта. Ону эрдэттэн оҥорбута: 2003 сыллаахха буолбут быыбарга Варвара Петрованы утарсыа диэн, эрдэттэн атын кандидаты өйөөбүтэ. Ол түмүгэр Дмитриев Роман Гаврильевич Ньурба улууһун баһылыга буолбута. Ол сыл олунньутугар Мирнэйгэ буолбут мунньахха саҥа баһылыгы ыҥыраллар. Ол мунньахха Штыров быһаарыы ылыннарар: “АЛРОСА-Нюрба” акцияларын республикаҕа биэрэргэ диэн. Онно кыттыбыт дьоҥҥо Штыров бэлэх биэртэлиир. Бэлэҕэ диэн маннык: улахан “АЛРОСА” акциялара, оттон Роман Дмитриевка 300 устуука “АЛРОСА-Нюрба” акциятын биэрэр. Уонна кинини албынныыр: бу акция – харчы, онон бу күннэргэ атыылаа, диэн. Онуоха итэҕэйэн атыылыыр. Ол атыылаабыт докумуонун барытын Штыров дьаһайыытынан Ньурбаҕа тарҕатан кэбиһэллэр, дьон барыта көрөр: “Бу биһиги Роман Гаврильевичпыт АЛРОСА-Нюрба акциятын атыылаабыт”, – диэн. Дьиҥэр отой атын буоллаҕа.
Оччолорго Михаил Ефимович Николаев муспут баайын-дуолун Штыров ыһан-тоҕон барар, сороҕун бэйэтин хармааныгар уктар. Ону көрө сылдьан Борисов ““АЛРОСА-Нюрба” 10 бырыһыаннаах акциятын миэхэ аҕал” диир. Онуоха Штыров сөбүлэһэр. Салгыы туох буолбутун ити кэпсээтим: акциялары Ньурбаттан былдьаан ылан республикаҕа киллэрэр, МИЗО – министерство имущественных отношений дьаһайыытыгар. Уонна сонно тута сөрөөн Борисов Ил Түмэн депутаттарын албыннаан туран “план приватизации” киллэртэрэ сатыыр – приватизациялыырга турунар.
Дьиҥинэн туох приватизацияланыахтааҕын депутаттар ыйы-ыйынан комиссияларга уонна комитеттарга ырыталлар уонна быһаарыы ылыналлар: маны биэриэххэ сөп, диэн. Сессия буолар күнүгэр Бюджетнай комитет председателэ Александр Уаров сарсыарда эрдэ Ньурба депутатын Анатолий Степанович Антоновы ыҥырар. “План приватизации” тугу эрэ сыыспыппыт, онон саҥаттан илиитэ баттаа, диир. Анатолий Степанович арай көрбүтэ – эбии “АЛРОСА-Нюрба” 10 бырыһыаннаах акцията киирэн хаалбыт! Айдаарар буоллаҕа дии: “Александр Сергеевич, хайдах буоллуҥ, маны биһиги көрбөтөхпүт, тоҕо киирдэ?” – диэн. “Оо! Миигин албыннаабыттар!” – диир Александр Сергеевич. Онон үс буоланнар: Александр Сергеевич Уаров, Анатолий Степанович Антонов уонна Юрий Михайлович Николаев сессия буолаары аҕай турдаҕына депутаттары барыларын кытары кэпсэтэн, тылларыгар киллэрэн депутаттар утары куоластыыллар.
Егор Афанасьевич ону умнубатаҕа, бу үс киһини сойуолаһа сатыыр. Бастаан Анатолий Степановиһы үүрдэрэр, депутат гыннарбат. Кэлин Уаровы уган биэрэр. Оттон Юрий Михайловичка кыайан тиийбэккэ хаалбыта, бэйэтин устубуттара.
2016 сылга Егор Афанасьевич сотору президениттэн үүрүллэрин билэр уонна ити акциялары залогка угабын диэн туран кэлэр. Ону мин киниэхэ тылбынан да, суругунан да этэн турабын: “Залог – это завуалированная продажа акций за полцены”. Онуоха кини этэр: “Оччоҕо “АЛРОСА”-ҕа атыылыыбын”, – диир. Мин син-биир сөбүлэспэппин: “Егор Афанасьевич, я тебе не дам продать”.
Ол иһин мин юристарбар сорудах биэрэбин: “АЛРОСА-Нюрба” акцияларын Ньурбаҕа төннөрөр туһунан Арбитражнай суукка иск – ирдэбил сайабылыанньата оҥоруҥ, диэн. Ол түбэлтэтигэр мөккүөр буолар, оччоҕуна акциялар атыыланар кыахтара суох буолар. Ол кэмҥэ бу акциялары Ньурбаҕа төнүннэрэр төрүөт буолар тустаах докумуоннар оригиналларын булбуппут. Ону барытын Борисов истэ сылдьар, тоҕо диэтэххэ ханнык баҕарар штабка, түмсүүгэ хаһан баҕарар информатордар баар буолаллар (күлэр). Борисов этэр: бу киһи сатанымаары гынна, “надо его упрятать”. 2016 сыл ахсынньы 27 күнүгэр эбиэт кэннэ мин исковой сайабылыанньаҕа илии баттыахтаах этим.
Борисов миигин сакаастыыр уонна суһаллык сөмөлүөтүнэн автоматчиктары ыытаннар миигин 11 чааска хаайаллар. Мин илии баттаабакка хаалабын. Ол түмүгэр били наадалаах докумуоннарбыт оригиналлара сүтэн хаалбыттара: “изъятие документов” диэҥҥэ суох, кабинекка эмиэ суох. ИДьМ министрин солбуйааччы Константин Неустроев диэн Борисов марионетката баара, ол киһи киниэхэ аҕалан биэрбит. Дьэ ол кэнниттэн “АЛРОСА-Нюрба” акцияларын, сылын ахсын 1 миллиард солкуобайы дивидены аҕалар акциялары, 9 дуу 10 дуу миллиардка атыылаан кэбиһэр. Оттон билигин ол атыылаабыт харчыта ханна баарын ким да этэр кыаҕа суох. Ханна баарый? Мин санаабар – Борисов ылбыт. Миэхэ дьыала тэриллээһинэ, хаайтара сатааһын – ити барыта Борисов “АЛРОСА-Нюрба” 10 бырыһыаннаах акцияларын ыла сатааһына. Ити акциялар номинальнай сыаналара 2 мөлүйүөн. Өскөтүн Антонов, Уаров, Николаев мэһэйдэспэтэхтэрэ буоллар Борисов ити акциялары 2 мөлүйүөҥҥэ бэйэтигэр атыылаһан ылыа этэ. Дьэ уонна сылын ахсын 1-дии миллиард дивидени ылыахтааҕа. Итинник аппетиттаахтык уораллар-талыыллар.
– Наһаа оннук аһаҕастык атыыласпата ини…
– Ким эрэ, ханнык эрэ ООО аатыгар – холобур, икки кыыһыттан биирдэрин аатыгар оҥордулар да бүтэр буоллаҕа. Иҥсэ-обот диэн дьэ итинник.
– Алмаастаах провинциялар улахан “АЛРОСА” 1-дии бырыһыан акциятыттан дивиденд ылаллар. Ол иннигэр бары кыттыһан 2 бырыһыан дохуоту үллэстэр этилэр. Ити барыта ханна тиийдэ, туох эрэ мөккүөр баар этэ дии.
– 2 бырыһыаны үллэстии 2018 сыллаахха болдьоҕо бүппүтэ. Оттон 1-дии бырыһыаннаах акцияттан киирэр дивиденнэр тустарынан кэпсээтэххэ, маннык. Аҕыс алмаастаах улуустар бюджеттарыгар ити дохуот курдук көстөрө, дотация буолбатах. Ону үгүс баһылыктар дотация иһигэр киирэ сылдьар курдук саныыллара. Ол иһин мин ити “АЛРОСА” 1 бырыһыан акциятыттан киирэр дивидени дохуот курдук көрдөрүмээри, атын суолу тобулбутум.
– Борис Николаевич, дьоҥҥо быһааран биэриэххэ. Мин Дьокуускай куорат Думатын депутата буоларбынан муниципальнай бюджет туохтан, хайдах таҥылларын билэбин. Отой кылгастык быһаардахха: бюджет бэйэ дохуотуттан уонна субвенцияттан турар. Оттон субвенция диэн судургутук быһаардахха дотация – эбии үбүлээһин. Доходнай чааһы элбэттэххэ дотация кыччыыра чуолкай. Дьокуускай куорат бюджетын формулата арыый атын, ол да буоллар Россияҕа муниципалитет бюджетын таҥыллыыта биирдиҥи.
– Оннук. Ол иһин мин толкуйдаан баран, “АЛРОСА” акциятыттан киирэр дивидеҥҥэ анаан внебюджетнай фонданы тэрийэргэ быһаарбытым. Бэрт түргэнник тэрийбиппит, Минюстка регистрациялаппыппыт. Итини билэн баран республика салалтата улаханнык куттаммыта. Кырдьык, ити 1 бырыһыаннаах акцияны приватизациялааһыҥҥа тэҥнээҕэ. Тоҕо диэтэххэ, ол внебюджетнай фонда управляющай сэбиэтэ “теоретически” приватизациялаан кэбиһиэн сөбө. Ол эбэтэр муниципалитет хайдах баҕарар быһаарыан, ол иһигэр чааһынайга биэриэн сөп буолар. Ити мин Егор Борисов курдук хабааннаахтык толкуйдаан этэбин, бэйэм оннук биэрэр туһунан санаам суоҕа. Эбиитин бу “АЛРОСА” уонна республика салалтатын бюджетнай сыһыаннаһыыларыгар хайдах дьайыа биллибэт этэ. Ньурба улууһа оннук оҥордо даҕаны, атын сэттэ улуустар эмиэ оннук оҥороллоро чуолкай. Ол иһин онтон куттанан, республика салалтата ити акциялар дивиденнэрин акциялаах улуустарга инвестиционнай программа быһыытынан көрөргө быһаарбыта.
– Оччотугар ити алмаастаах улуустарга көрүллэр инвест-программа олоххо киириитигэр эн өҥөлөөх эбиккин.
– Мин прецедент оҥорбутум түмүгэр итинник, кырдьык, буолла. Акциялаах улуустарга сылга 700-түү мөлүйүөн киирэр буолбута. Ол кэнниттэн биири бэлиэтии көрбүтүм: ити харчыны ылар улуустар сорох баһылыктара этэр буолбуттара: “Мин Егор Афанасьевичтыын кэпсэтэн итини ситиспитим”, – диэн.
– Борис Николаевич, ааҕааччыларга өссө төгүл өйдөнөр гына быһаарыахха: бу акциялар дивиденнэрэ алмаастаах улуустар бюджеттарын дотационнай чааһыгар хаһан да киирбэтэхтэрэ, доходнай чааһыгар киирэ сылдьыбыттара, диэн…
– Оннук, итини арааран өйдүүр хайаан да наадалаах. Оннооҕор улуустар баһылыктара билбэт этилэр, акцияттан дохуот улуус бюджетын дотационнай чааһыгар киирэ сылдьар диир этилэр. Миэхэ Егор Афанасьевич эппитэ: “Улуус доходнай чааһыгар киирэр, сокуонунан. Дьэ ону эн хайдах гынаҕын? Сатыыр буоллаххына быһаар ээ”. Ону мин ити хайдах внебюджетнай фонда тэрийэн, дивидени онно киллэрээри гыммытым туһунан кэпсээтим.
– Дохуоту кыччатан көрдөрөр туох барыстааҕын үгүстэр өйдүө суохтарын сөп. Ону быһаарыахха: бюджетнай обеспечение диэн өйдөбүлгэ олоҕуран, бэйэ дохуота кыра буоллаҕына ону сабарга дотация улаатыахтаах.
– Саамай сөпкө эттиҥ. Ити биһиги тыйыс климаттаах сиргэ олорорбутунан, дотацията суох сатаммаппытынан быһаарыллар. Ити внебюджетнай фонданы тэрийэ сатааһыным мин хаайылларбар иккис биричиинэнэн буолар диэн быһаарабын.
– Оттон били Ньурбаҕа ООПТ – особо охраняемые природные территории тэрийииҥ сүрүн биричиинэ буолбатаҕа дуо?
– Ньурба дьону-сэргэтин тыын боппуруоһа – экология, айылҕаны харыстааһын. “Айылҕабытын талбыттарынан тэпсэ сылдьаллар”, – диэн миэхэ аһаҕастык этэллэрэ, күүскэ туруорсаллара. Холобур, Марха өрүскэ үс улахан ГОК турар: Айхал, Удачнай уонна Накыын. 1960-с сыллартан саҕалаан киртитэн барбыттара. Туттуллубут ыарахан суурадаһыннары өрүскэ кутан кэбиһэллэрэ, онтулара сөҥөн, син-биир сууралла сытар. Марха сүнньүгэр олорор дьон сүһүрдүүгэ түбэспиттэрэ чуолкай. Ол иһин Накыын территориятын ООПТ оҥорорго туруммуппут. Бэрт элбэх сөбүлэһиини – “согласованиены” оҥорбуппут, биллэн турар ГОК территориятын, суолларын эҥин таһааран туран. Сирин устуута – топосъёмка, окультуривание – недропользователлэр сири чөлүгэр түһэриилэрэ, сири бас билээччилэр – ходуһалаах хаһаайыннары, салгыы “АЛРОСА”-ны уонна “Якутскгеологияны” кытары дуогабардаһыы о.д.а. барыта оҥоһуллуохтааҕын учуоттаан үлэлээбиппит.
Барыта оҥоһуллан бүппүтүн кэннэ “АЛРОСА”-лар эттилэр: Накыын таһыгар алмаастаах перспективнэй сир баар, ону таһаарыҥ диэн. Биһиги хайыахпытый, барыта оҥоһуллан бүттэҕэ дии.
– Конфликт онтон саҕаламмыта дуо?
– Кэпсиибин. Дьиҥэр биһиги недропользователлэри кытары 60-ча сыл син биир тылы булан үлэлээн кэлбиппит. Оттон ити ООПТ оройуон сэбиэтин депутаттарын быһаарыытынан бигэргэнэр. Биһиги барытын оҥорон бүтэн, оройуон сэбиэтин көрүүтүгэр киллэрбиппит. Ол кэмҥэ сэбиэт председателэ Сергей Иванович Евсеев бэйэтэ сүтэн хаалар, аппараатыгар “депутаттар кэлбэтиннэр” диэн сорудах биэрэр. Кворум суох буолар куттала үөскүүр. Онуоха мин күүспүнэн депутаттардыын кэпсэтэн, биир киһинэн кворум баарын хааччыйабын уонна быһаарыы ылыналларын ситиһэбин.
Барыта оҥоһуллубутун кэнниттэн Евсеев этэр буолбута: биһиги, оройуон сэбиэтэ, ООПТ оҥордубут диэн. Чэ, ол буоллун даҕаны. Ол кэнниттэн миигин хаайан бараннар, ООПТ-ка “наезд” оҥороллор. “АЛРОСА”-лар этии киллэрэллэр – “перспективнэй учаастагы ООПТ-тан таһаарыҥ” диэн. Оттон согласование иннинэ этиэхтэрин, биһиги киллэриэ суох этибит буоллаҕа. Оттон согласование бары өртүнэн баар: “АЛРОСА”, Минприроды Сахамин Афанасьев илии баттааһыннара… Мин үлэһит уолаттарым ону бэркэ билэн, салгыы үлэлии сылдьыбыттара.
Онуоха Евсеев салгыы таҥнаран киирэн барар. Прокуратура туох да төрүөтэ суох “сыыһа оҥоһуллубут” диир, дьыала оҥорон Верховнай суукка суукка биэрэр. Ответчигынан оройуон сэбиэтэ буолар. Биһиги КИО-быт – комитет имущественных отношений үлэһиттэрэ Евсеевкэ этэллэр: биһиэхэ дэбиэринэстэ аҕал, сууту кыайабыт диэн. Онуоха Евсеев аккаастыыр, бэйэм барабын диир. Сууту кыайабын уонна эһиил Ил Түмэҥҥэ депутатынан талыллабын диэбит. Суукка тиийэн эбии таҥнарар – “Якутскгеология” согласованиета суох этэ диэн. Ол түмүгэр, “Марха” диэн ООПТ тэриллиитин көтүрэн кэбиһэллэр. Ытыс соттон хааллахпыт ол. Ити барыта оройуон сэбиэтин председателэ Сергей Евсеев таҥнарыытыттан диэн быһаччы этэбин.
Бу ООПТ-лар айдааннарыгар Ил Түмэн экологияҕа сис комитетын салайааччыта, Ньурба депутата, эбиитин Ньурба улууһун 2007-2011 сыллардаахха баһылыга В.М.Прокопьев букатын кыттыспатаҕа. Куттас буолан орон анныгар саһан сыппыта.
– Эн холуобунай дьыалаҥ бүтүө өссө да эрдэ быһыылаах? Билигин ханна тиийдэ?
– Дьокуускай куорат суута толору буруйа суох диэн быһаарыыны таһаарбыта – “об отсутствии события преступления” диэн. Суут кырдьыктаах быһаарыыны таһаарбыта хайҕаллаах. Ол эрээри миигин Борисов сорудаҕынан прокуратура сойуолаһар. Прокуратура ааһыныытынан Верховнай суут бу ый 13 күнүгэр мин дьыалабын көрүөхтээх. Тус бэйэм кырдьыктаах суут буоларыгар эрэнэбин.
Түгэнинэн туһанан бэйэм адвокаппар Ольга Михайловна Тимофееваҕа ис сүрэхпиттэн махтанабын. Кини бүгүҥҥү күҥҥэ республикаҕа биир саамай күүстээх адвокат буолар. Кини көмөтүнэн куорат суута объективнайдык быһаарбыта.
Бу кэпсэтии сүрүн “геройдара” миигин үҥсэн сойуолаһыахтара диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибин – үөһэ этиллибит барыта мин тус сыанабылларым, санааларым.
– Борис Николаевич, кырдьык, эн төрөөбүт дойдуҥ туһугар күүскэ турууласпыккын, ол түмүгэр сойуолаһыыга түбэспиккин итэҕэтиилээхтик кэпсээтиҥ. Инникитин барыта этэҥҥэ буоллун!
Кэпсэттэ
Александр ЯКОВЛЕВ
-Айсан,
“Туймаада” хаһыат
тэрийээччитэ уонна
кылаабынай редактора.
«Туймаада» хаһыат 530-с нүөмэрэ, 08.10.2020 с.