Марха бөһүөлэгэ. Миронов аатынан уулуссаҕа биир Нам Хатырыгыттан төрүттээх сааһыра барбыт киһи саҥа тутуллубут дьиэтин уһаайбатын оҥосто, тиритэ-хорута сылдьар. Кыра аныгы УАЗ массыыналаах икки эдэр уолаттар тирилэтэн кэлээт икки-үс кумааҕы куулга кутуллубут таһаҕастары гараж иһигэр быраҕаттаатылар. Хаһаайын үчүгэйдик билэр оҕолоро быһыылаах, гараж күлүгэр олорон табахтыаххайыҥ диэн буолла.
– Уолаттаар, сарсын куорат ыһыаҕар “Үс Хатыҥҥа” бука бараары оҥосто сылдьар дьон буоллаххыт?
– Барыы бөҕөтө, барбат да буоллахпытына син биир ыыталлар. Тойоммут маннааҕы остолобуойга сыһыарбыта… Ол да буоллар, киэһэтин “Дыгын оонньууларын” көрөр санаалаахпыт.
– Сөп бөҕө буоллаҕа. Ити былыр-былыргыттан бухатыырдар дэҥҥэ оонньоон көрдөрөр сахалар ытык-кэриэс оонньуулара буолар. Ону бу кэлин сылларга тыа сирин кырдьаҕастара “аата төрүт-төрдүттэн сыыһа бэриллибит” диэн, соччо истэригэр киллэрбэт буолан эрэллэр.
– Бай, ол кырдьаҕастарбыт тоҕо сөбүлээбэт буоллахтарай? Ол Дыгыннара диэн улахан бухатыыр киһи буолбатах дуо? Бу саас спорт маастара Николай Матаннанов ““Дыгын оонньуулара” сахаларга ураты суолталаах, бу оонньуу боотур оруолун үрдэтэр сыаллаах тэриллэр” диэн хаһыат нөҥүө санаатын үллэстибит этэ дии.
– Тоҕотун бэйэм быһаарар кыаҕым суоҕун иһин, мин истэрбинэн ити Дыгын диэн мэлдьи өрө тутар киһибит Өлүөнэ хочотугар элбэх сэрии дьонноох кэллэ-кэлээт, олохтоох сахалары үүрэн-үтүрүйэн барбыт бэрт дохсун баттыгастаах киһи эбит. Туох да суута-сокуона суох сорох баай соҕус ыаллар сүөһүлэрин-сылгыларын халаталаан ылан баран, дьадаҥыларын үлэһит-хамначчыт оҥостубут. Ыксаабат буоллаххытына биир эмэ түгэни уолаттарбар кэпсиэм да этэ. Туох да кистэл буолбатах, үөрэхтээх дьон бэйэлэрэ кэпсииллэр. Дыгын – бухатыыр буолбатах, баай-сэрииһит. Ол Матаннаанап “Дыгын” кимин-тугун билбэт буоллаҕа дии, онон алҕаска мэнээх саҥардаҕа буолуо.
– Дьэ эрэ, кэпсээ-кэпсээ. Ханна ыксыахпытыный. Сарсын ол көстөн турар Ытык Хайабыт анныгар “Үс Хатыҥҥа” бачча саҥа массыына этэҥҥэ сырытыннарар ини.
– Билэргит буолуо, бу Өлүөнэ өрүспүт илин эҥэригэр “Мүрү” эбэ диэн Ытык алааска былыргы Бороҕоттор удьуордара Улуу Хоро дьоннорунуун уруу-аймах буолан ууһаан-тэнийэн олороллор. Биир сайын Дыгын Тойон сэрии дьоно тэрийэн, былыргыта Таатта буолаһын Танда үрэҕин курдук ыраах сытар сиргэ олохтоох Бахсыгыр баайга ыыппыт. Дьоно Мүрү Эбэ илин уһугар түүн тиийэн баран “Тарбыах Баай биһигини айах тутан, аат ааттаан көрсүбэтэ” диэн боруок туттан, аҕа уус түөлбэлээн олорор үлэһит дьонун оҕо-дьахтар диэн араарбакка барыларын кырган кэбиспиттэр. Ол сырыыларыгар төннөн иһэн өрүс үрдүн эҥэр олохсуйбут Сыҥаах нэһилиэгэр Бэс Бороҕоттор диэн Аҕа уустарын, отучча ураһаны уматалларын-уматан, өлөрөллөрүн-өлөртөөн баран баайдарын халаан, сүөһүлэрин үүрэн барбыттара үһү.
– Дьэ, доҕор, убайбыт ыарахан түгэни кэпсээтиҥ.
– Биир дьиктитэ маннык, – диир дьиэлээх хаһаайын. Баар-суох бухатыыр уолаттарбытын “Боотурдар”, “Боотур” диэн астына-астына тупсаран ааттыыллар. Ол сүрүн өйдөбүлэ “боотурдар” диэн – “сэрииһиттэр”. Кинилэр спортсмен буолбатахтар. Былыргынан “Боотур” үөрэҕин бүтэрдиҥ да икки-үс сыл иһинэн кыргыска-сэриигэ барыахтааххын… Чэ, уолаттар, дьиэлээҥ, мэнээх айах туттумаҥ. Ити кырдьаҕас дьон “Дыгын диэн тыл оннугар атын тыл көстүбэтэҕэ сүр!” диэн сөпкө этэллэр. Төһөтүн да иһин, ама “ыалдьытымсах” сахалар буолбуппут иһин. Оннооҕор ити соҕотоҕун куотан дуу, күрээн дуу кэлбит Эллэйдэрин “саха төрдө – Эллэй Боотур” диэн тупсараллар, ким итэҕэйиэҕин. Онтукайбыт эмиэ боотур ээ. Төрдүбүт боотур буоллаҕына сахалар сэрииһит омук буолан тахсабыт дуу, тугуй?
Этэрбэс араадьыйатын солуннарыттан
мунньан суруйан ыытта билигин да дьонун-сэргэтин
туһугар үлэлии турар “Хобороос Хоспоҕо”.
Дьокуускай куорат.