Бүлүү куората сайынын быылынан оргуйарын курдук оргуйан олорор. Маннык этэн туран, син биир ханнык да тойону-хотуну быыбардаабыттарын иһин быыл ортотугар олорорбутуттан куоппаппыт буолуо ээ. Бүлүү мээрин талыы быыбарыгар эҥин араас, көрдөххө үлэлиэх ахан, ону гыныам, маны гыныам, биэс сылга Бүлүү куората аныгы сайдыылаах куорат буолуо, барыта асфальтаныа эҥин диэн этии бөҕөтө этэ.
Маны биир бэйэм саарбахтыыбын. Оннооҕор Горнай — Бүлүү суола оҥоһуллубакка, онон-манан быстах-остох оҥорбуттар. Онтулара улахан ардах буолла да дьаабы. Уонна хантан үбү-харчыны булан, ким кутан биэрэрий? Ол Бүлүү уулуссатын асфальтааһыҥҥа үбэ-харчыта туох да сүрдээх буоллаҕа. Биир километр хас мөлүйүөн буоларый, ону суоттааҥ. Аны туран уулуссалар кыараҕастар, урукку уот баҕаналара, телефон линиялара – бу барыта үпкэ-харчыга турар, балары көһөрөргө.
Быйыл Ленин уулуссатыгар сааскыттан үлэ бөҕөтө барда да, сорох күн үлэлииллэр, сорох күн суох. Былдьаһыктаах күннэргэ икки сменанан үлэлиэххэ баара. Уот линиятын көһөрүүтэ, сибээс линията, кабелын көһөрүүтэ күн бүгүнүгэр диэри көһөрүллүбэккэ, асфальт кутуллубакка ити үс-түөрт км сир оҥоһуллуохтааҕа таас хайаҕа кубулуйаары гынна. Бу быйыл кыайтарбат, мин уус хараҕым кэпсииринэн. Ол иһин Горнай бу ыккарда кыаллыбат, аныаха диэри. Уонна бүтүн куоракка төһө уулусса баарый, бу барыта биэс сылга кыаллыбат.
Аны туран Горнайга диэри асфальт оҥоһулуннун, кэлин автобустар сылдьыахтара, онуоха Бүлүү туох да бэлэмэ суох: автобус тохтуур сирэ, дьиэтэ-уота, билиэт атыылыырга диспетчер эҥин наада. Суол өттүгэр мөлтөхпүт, туох да диэбиттэрин иһин. Билигин Бүлүүттэн Горнайга диэри киһи велосипедынан аара отоннуу, сир астыы таах тиийэр кэмэ. Ону баара ханна баарый, эгэ тыабыт сирэ диэн киһи киһиэхэ кэпсээбэт үлүгэрэ. Өйдүүр дьон бааргыт дуо, хас сыл буолла суолу саҕалаабыттара? Итиннэ тэлбиҥнээн, үлэлээбитэ буолан сүөдэҥнээн күнү-дьылы бараан сырыттахтара. Аны хас сыл сылдьаллара буолла…
Ити курдук тэлбиҥнээн, дьон-норуота саҥатыттан салҕан син оҥорор инилэр, куруук итинник уонча сыл сылдьыбаттара буолуо… Наһаа солуута суох уһуннук сырыттахтарына аньыыта да турдаҕа дии, кэпсэлгэ барыахтарын сөп. “Горнай — Бүлүү икки ардын оччо сыл оҥорбуттара”, – диэн.
Онон, бүтээри олорон, билигин даҕаны хас да сыл сиир быылбыт баар диибит. Быылбытынан наһаа дьадайбат инибит, онтубутунан баҕас баайбыт…
Киһи Оҕото
Килэс Харах.
Бүлүү куората.