«Туймаада» хаһыат 09.03.2023с. 5-с нүөмэригэр киэҥник биллэр юрист М.М.Яковлев «Коррупционные риски» диэн ыстатыйата нууччалыы тылынан таҕыста. Ытыктабыллаах Макар Макарович хоруупсуйа айылҕатын, торҕон санаа салалтаҕа тахсыбыты хайдах курдук сүлүһүннээн, кэрбээн сиирин бөлөһүөктүү ырытан суруйбут.
Бу дойду, Саха сирин үрдүнэн бүрүүкээбит, уопсастыбаны барытын ымсыы-обот дьаарынан тунуйбут, экономиканы, киһи дьарамай этин-сиинин таракаан саҕа улааппыт тыһыынчанан быт супту уулуурун курдук ынырык көстүүнү эдэриттэн абааһы көрбүт, кырыктаах охсуһууга туруммут улахан уопуттаах силиэдэбэтэл, уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай диэйэтэл, дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан куттал суоһаабытын хайдах тириэрдэбин, түрүлүөнү тардабын диэн элбэх толкуй кэнниттэн ыстатыйаны суруйбута ырылхайдык көстөр.
Манна ааспыт сылларга арыллыбыт, билигин бара турар хоро сиэһин айдааннара холобурга ылыллыбатахтар, ол ааптар бэйэтин харыстаныытын, сэрэниитин курдук көстөрүн өйдүөххэ сөп. Сахалыы суруйара хайдах даҕаны сатаммат, тоҕо диэтэххэ төрөөбүт тыл барахсан суруксут санаатын ыбылы ылан, өйүн сүүйэн, кыһытан-абардан, уоттанан-кылыһыннанан бардаҕына суобас сардаҥалаах уота ханна-ханна тириэрдэрэ, туох ааттааҕы суруйтарара, ханнык холобурдарынан чаҕылытара биллибэт ээ.
Мин саха тылынан албыны-көлдьүнү хайдах даҕаны суруллубат, диэн бигэ эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, төрөөбүт тылбыт эйгэтэ төрөөбүт алааспыт курдук – барыта сырдык-ыраас, дууһа сылаанньыйар, санаа уоскуйар киэҥ уораҕайа, лиҥкиниир киэҥ куйаара. Сахалыы суруллубут – барыта көстө сылдьар, үтүөнү-мөкүнү бутуйар кыаллыбат. Ийэм-аҕам кэтэхпэр туран, сурукпун ааҕа турдахтарына (кинилэр миигин кытта сүрэхпэр тиийэ бааллар) албыны хайдах даҕаны дуйдаабаккын. Оттон нууччалыы бөлөһүөктээһин – учуобунньук аайы баар, киһи барыта туһанар, бэйэни хаптарбат курдук хайдах баҕарар суруйар-тарҕатар кыах баар.
Ытыктабыллаах Макар Макарович сэрэнэ соҕус суруйбут ыстатыйатын ис хоһооно – судаарыстыбаннай уонна муниципальнай уорганнарга үлэлиир салайааччылар каадыр эрэсиэрбэтигэр (саппааска) туруохтаахтар уонна үрдүкү салалтаҕа бэриммэт, чиэстээх, сиэрдээх, суобастаах буолууну, сулууспалаах этикатын үрдүктүк тутууну халбаҥнаабакка бэрэбиэркэлиир Үрдүкү хамыыһыйаҕа бары өттүнэн тургутууну баралларын туруорсар. Кини, билиҥҥи балаһыанньанан, үрдүкү дуоһунастарга муҥур тойоҥҥо бэриниилээх эрэ буоллахха дуоһунаска ананары кытаанахтык утарар. («..В настоящее время сложилось такое положение, что кадровая политика полностью определяется высшим должностным лицом органов власти». Газета. с.2.) Кини омук сиригэр кырдьыгы бэрэбиэркэлиир полиграф дуоһунаска тардыһар хандьытааттар 60% туора соторун, дьоппуоннар бизнес-эргиэн эйгэтин дьонун салалтаҕа чугаһаппаттарын холобурга аҕалар.
Маннык хамыыһыйа Ил Түмэн иһинэн тэриллиэх эбит эрээри, аны күһүн былааска наадалаах дьокутааттар хомуллалларынан хайдах даҕаны Макар Макарович ирдиир хаачыстыбалаах хамыыһыйата тэриллэр кыаҕа суох. Онно эмиэ барыта атыы, «ты – мне, я – тебе» диэн өҥөнү оҥорсуу чэчирии сайдыбыт уйата буолбутун бары билэбит.
Хоруупсуйаны букатын кыайбыт дойдунан Сингапур ааттанар (4,5 мөл. олохтоох). Дойду салайааччыта Ли Куан Ю 30 сыл устата булгуруйбаттык киирсэн, аан дойду саамай дьадаҥы, хоруупсуйа быһа сиэбит дойдутун ыраастаан, аан дойду 10 бастыҥ судаарыстыбатыгар киллэрбитэ. «Дойдуну ыраастыаххын баҕарар буоллаххына бэйэҕиттэн саҕалаа» диэн луоһуннааҕа, бииргэ төрөөбүттэрин, аймахтарын, баайдары харыстаабатаҕа, дойду үрдүнэн кытаанах бэрээдэги олохтообута.
1978 с. ыла Кытайы Дэн Сяопин салайбыта, кини иҥсэ-обот көстүүлэрин утары харса суох охсуспута. Дойду үрдүнэн 4 мөл. киһи сууттаммыта, 13 тыһ. хоруупсуйаһыт ытыллыбыта. Хоруупсуйаны, иҥсэ-обот көстүүтүн утары норуот туруммута, кинилэр харса суох биллэриилэрэ охсуһууга улахан тирэх буолбута. Билигин даҕаны улахан охсуһуу барар, хоруупсуйаһыттар кирийдилэр, саҥаттан-саҥа мадьыалы уорууга туһаналлар. Аан дойдуга Дания, Норвегия, Швеция, Финляндия, Германия, Швейцария, Англия, Канада хоруупсуйа саамай кыра таһымыгар олороллор. Арассыыйа 194 дойдуттан 134-с миэстэҕэ сылдьар.
Биһиэхэ, кырыы улуустарга, туох барыта намыраан, сойон, омуна-кылына сүтэн тиийэр. Нэһилиэктэр баһылыктара билбэттэригэр, харса суохтарыгар тэптэрэн харчыны сиэптэригэр илдьэ сылдьан түҥэтэн үлэлэтэр идэлэммиттэрэ. Биллэрин курдук, нэһилиэккэ араас үлэҕэ харчы кэлэр, ИП-лаах, үлэни толоруом диир киһи счетугар түһэр. Баһылык подоходнайы хаалларар, ИП-лаахха өҥөтүн иһин харчы биэрэр уонна атынын сиэбигэр илдьэ сылдьан төлөөн үлэлэтэр. Харчы төһө кээмэйэ хармааныгар хааларын хайдах билиэххиний. Билэр дьоммун “түбэстэххитинэ өрүһүлтэтэ суох барыаххыт” диэн тохтотолообутум. Икки нэһилиэк баһылыктара самолет түһэр былаһааккатын харчытын сиэн сууттаммыттара. Улуустарга элбэх тутуу ыытыллар, ол өлгөм үпкэ элбэх киһи суккуллара буолуо диэн таайабыт эрэ. Биһиги улуустарбыт – Арассыыйаҕа буола турар дьиҥнээх хартыына быыкайкаан күлүктэрэ эрэ буоллахтара. Дьиҥнээҕинэн кэпсээтэххэ амырыын, киһи иэнэ кэдэҥниир хартыыната арыллара буолуо.
Иҥсэ-обот буолуу – киһи аймах баар буолуоҕуттан аргыстаспыт, ааспат-арахпат сидьиҥ кэмэдьитэ. Улуу бөлөһүөк Иммануил Кант (1724-1804) аан дойдуну анаарар «Идея всеобщей теории во всемирно-гражданском плане» диэн 1784 с. суруйбут үлэтигэр 5-с балаһыанньанан «…Величайшая проблема для человеческого рода, разрешить которую его вынуждает природа, – достижение всеобщего правового гражданского общества» диэни туруорбут. 6-с балаһыанньанан – саамай ньэгэй, хаһан даҕаны кыайтарыа суох балаһыанньанан ымсыы буолууну, түөкүннээһини ааттаабыт (Философия взяточничества, мздоимства, алчности, жадности, коррупции) уонна маннык быһаарбыт: «…Эта проблема самая трудная. Трудность, которую ясно показывает уже сама идея этой задачи, состоит в следующем: человек есть животное, которое, живя среди других членов своего рода, нуждается в господине. Дело в том, что он обязательно злоупотребляет своей свободой в отношении своих ближних; и хотя он, как разумное существо, желает иметь закон, который определил бы границы свободы для всех, но его корыстолюбивая животная склонность побуждает его, где это ему нужно, делать для самого себя исключение. И ему нужен верховный господин, который позволял бы делать ему исключение, за определенную плату или услугу. Каждый облеченный властью всегда будет злоупотреблять своей свободой, когда над ним нет никого, кто распоряжался бы им в соответствии с законами. Вот почему эта задача самая трудная из всех; более того, полностью решить ее невозможно; из такой кривой тесины, как та, из которой сделан человек, нельзя сделать ничего прямого…».
И.Кант этэринэн биһиэхэ, Арссыыйа үрдүнэн, салайыыччыларбытын оҥорор биир даҕаны көнө дуоска суоҕа тугун абатай. Дьиҥэ, салалтабытыттан көрдөһүүбүт биир эрэ – Ли Куан Ю, Дэн Сяопин курдук чиэһинэй, суобастаах буолуҥ диэн. Олус боростуой көрдөһүү эрээри, кыаллыбата тугун сүрэй!
Иннокентий ОКОНЕШНИКОВ.
Орто Халыма.