Күндү доҕорум, олохпут ааспыт чугас сылларга омуннаахтык да сыҕарыйда! Ону кытары тэҥҥэ дьон дьоҥҥо сыһыана, туттар тыла-өһө эмиэ биллэрдик уларыйда. Ол эрээри хайа да олоххо киһи сүрэҕэ дьонтон үтүө тылы эрэйэр, субу бүгүн-сарсын тугу эрэ саҥаны билиэм-өйдүөм, оччоҕуна олоҕум сырдыаҕа диэх курдук бэйэтэ да өйдөөбөккө кэтэһэр.
Оттон мин, биһиги улуу поэппыт Семён Данилов эппитин курдук, саха тыла баайын билинэн туран саҥа олоҕу өйдүүргэ, саҥалыы толкуйдуурга, киһи сүрэҕэр тута тиийэр гына истиҥник саҥарарга нуучча тылын сүмэтин сүһэн ылан туһаныахпын баҕарабын. Онон иһит.
“Товарищи!” – диэн тылтан урут барыта саҕаланара. Оттон хайы-үйэ бэҕэһээ саха дьонун аҥара “Товар ищи!” диэн хаһыытаабытынан атыыһыт буолаары мөхсүбүтэ.
“Не имей сто рублей, а имей сто друзей”, – диэн сэбиэскэй кэмҥэ элбэхтэ иһиллэрэ. Онтон “Не имей сто рублей, а имей наглую рожу” диэн буолбута. Ол кэнниттэн Чурбанов диэн ыччат Брежнев кыыһын кэргэн ылбытыгар “Не имей сто баранов, а умей жениться как Чурбанов” диэн уларыйбыта.
Биһиги ыччаты үөрэххэ тардаары: “Ученье свет, а неученье тьма”, – диэн үөрэтэрбит. Билигин саха өйдөөх ыччата күүскэ өйдөөтө: “Ученье свет, а неученье – чуть свет и на работу”.
“Идёт бычок качается” диэн хоһоону кыракыйдарбытыгар үөрэтэрбит, оттон билигин уулуссаҕа: “Идёт качок бычается”, – диэн баран туораан эрэ биэрэҕин.
Былыргы (хайы-үйэ былыргы!) кэмнэргэ “Язык до Киева доведёт” диэн баран сахалар Союз хайа баҕарар курордугар сынньана барар этилэр. Билигин буоллаҕына “Язык до киллера доведёт” диэн ордук сөп түбэһэр быһыылаах.
“Тише едешь, дальше будешь”, – диэн холку дьон этэллэрэ. Оттон билигин: “Тише едешь, дальше кукиш”, – диэн сэрэх дьон сөп баҕайытык сүбэлииллэр.
“Как много девушек хороших…” – диэн ыллыырбыт. Билигин ону тупсаран эбэн биэрдилэр: “Как много девушек хороших, а тянет что-то на плохих”. Ити тоҕотун үчүгэй кыргыттар өйдүүллэр, онон хомойор наадата суох.
“Человек человеку друг, товарищ и брат”, – диэн үөрэтэрэ коммунизмы тутааччы моральнай кодекса. “А сейчас просто Брат-1, Брат-2”.
“Бережёного бог бережёт”, – диэн харыстанарбыт. Билигин ону өйдөөбөт ыччакка: “А небережёного конвой стережёт”, – диэн сүбэ бэрилиннэ.
“Моя милиция меня бережёт”, – диэн суруйбута В.Маяковскай. Билигин “Моя милиция меня бережёт: сначала посадит, потом стережёт”, – диэн буолан турар.
“Рождённый ползать летать не может”, – диэбитэ улуу Максим Горькай. Билигин биллэринэн “Рождённый ползать упасть не сможет”, эбэтэр “Рождённый ползать везде пролезет” диэн буолар.
“Кто не рискует, тот не пьёт шампанское”, – дэһэллэр хорсуттар. “Кто не рискует, тот не падает в пропасть”, – дэһэллэр сэрэхтэр.
“Не мытьём, так катаньем”, – диэн син биир санаабытын ситиһэр туһунан этиллэрэ, урут. Билигин буоллаҕына ону хайдах ситиһэри өссө чуолкайдаатылар: “Не нытьём, так каканием”.
“Без бумажки – ты букашка”, – диэн өйдөтөллөрө былыргыттан бюрократтар. Билигин бу боппуруос өссө ыараата: “Без бумажки – ты какашка!”.
“Скажи-ка, дядя, ведь недаром…” – диэн умнуллубат гына суруйбута М.Лермонтов. Оттон билиҥҥи кэмҥэ отой атын: “Скажи-ка, дядя, ты не тётя?”.
Уопсайынан, ыксаабыт кэмҥэ: “Остановите Землю! Я сойду…” – диэххэ эмиэ да сөп курдук буолуталыыр эрээри, бу олоххо киһи үөрэрэ-көтөрө, сааратынара син биир көстөр. Оннооҕор отуччалаах Пушкин:
И, может быть, на мой закат печальный
Блеснёт любовь улыбкою прощальной,
– диэн бэйэтин сааратынарын өйдүүгүн. Ол иһин, кыра оҕо өрүс кытыытыгар тааһы бэрийэ оонньуурунуу, араас тылы сааһылаан бүгүҥҥү олоҕу өйдүү сатыыр эмиэ куһаҕана суох дьарык диэн, эйиэхэ, мин этиэхпин баҕарабын.
Пётр КАЛАЧЁВ.