Орто Халыма улууһугар Налимск — Байды нэһилиэгэр Ньурба Малдьаҕарыттан төрүттээх биир дойдулаахпар, элбэх оҕолоох Володя Тортоюсовка ыалдьыттаатым.
Элбэх араас сахалыы минньигэс астаах саҥаспыт, сатабыллаах-дьаһаллаах саха ыалын Далбар Хотуна, олохтоох кыыс Татьяна Егоровна Шадриналыын миигин үөрэ-көтө көрүстүлэр. Володялаах Татьяна бииргэ олорбуттара 40 сылыгар барбыт, нэһилиэк киэн туттар хоһуун үлэһит дьоно. Ыччаттара бары үлэлээхтэр, араас сирдэринэн ыал буолан олороллор. Хоту дойдуга саха ыалын сиэринэн сүөһү, сылгы ииттэн, сайынын оттоон олороллор. Нэһилиэккэ сүөһү ахсаана 80-ча хаалбыт. Чааһынай дьиэлэргэ итии уу ситимэ киирэн олохтоохтор мас саһаанныыртан, оһох оттортон сынньаммыттар. Оскуола, уһуйаан, почта, кулууп, ФАП, 2 маҕаһыын, чайной үлэлииллэр. Оскуолаҕа аҕыйах оҕо үөрэнэр. Нэһилиэк чөл олохтоох. Киин уулусса остуолбаларыгар уот сандаарар.
Музей суох эбит. Олохтоохтор Орто Халыма куоракка 18 биэрэстэни айаннаан киирэн спорт, культура тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар.
Үүнэ-сайда тур, Байды нэһилиэгэ! Көрсүөххэ диэри, этэҥҥэ буолуҥ, Байды нэһилиэгин үтүө-мааны олохтоохторо!
Любомир МИХАЙЛОВ
-Уххаан.
Орто Халыма улууһа,
Байды нэһилиэгэ.