Тутааччыны быһа булуу
Сир үрдүгэр олорор дьиэни оҥостуу саамай муҥутуур чыпчаалын баһылаабыт омуктарынан биһиги сахалар буолабыт диэтэхпитинэ, улаханнык сыыстарбаппыт буолуо. Тоҕо диэтэххэ маннык тыйыс айылҕалаах хоту сиргэ, олохтоох тутуу матырыйаалын – маһы туттан олорор дьиэни оҥостубут дьон биһиги эрэ буолабыт.
Олорор дьиэни оҥостууга өбүгэлэрбит туттубут технологиялара, кинилэр дьиэни-уоту оҥосторго өйдөрө-санаалара биһиги норуот быһыытынан силигилии сайдарбытыгар тирэх буолбуттара.
Биһиги саха дьоно мас дьиэҕэ олоро үөрэммиппитинэн, олохтоох матырыйаал буоларынан, сыаната удамырынан, экология өттүнэн ырааһынан ханнык да матырыйаалга тэҥнэспэт.
“Дьэ бу маһынан дьиэ оҥосторбутугар тугу кыайбакка сылдьабыт, тугу сатыы иликпитий, хайдах гынан итэҕэстэрбитин туоратабыт?” – диэн ыйытыы элбэх тутааччыны толкуйдатар. Күн бүгүн тыа сиригэр, куоракка даҕаны, чааһынай дьиэни оҥосторго өбүгэлэрбит үөрэхтэриттэн ураты туох даҕаны ситиһиибит суох. Биһиги, билиҥҥи тутааччылар, маһынан тутууга, илиибитигэр туппут ситиһиибит диэн, аныгы тутуу ирдэбиллэригэр эппиэттиир туох да суоҕун кэриэтэ.
Бүгүн элбэх сыллаах кэтээн көрүү, араас тургутуулары ыытыы түмүгэр ылбыт билиибитин-көрүүбүтүн мунньан оҥорбут дьиэлэрбитин эһиги көрүүгүтүгэр таһаарабыт. Уонна сөп диэтэххитинэ, саҥа дьиэ оҥостооччулар, биһиги ситиһиилэрбитин туһанан биһигини кытта инникитин олох олоруохтаах, оҕо-уруу тэнитиэхтээх көмүс-ньээкэ уйаҕытын, дьиэҕитин туттаргытыгар ыҥырабыт.
Дьиэ оҥосторго, өскөтүн эһиги бастакы дьиэҕит уонна харчыгыт кэмчи буоллаҕына, тугу ордук учуоттуохха нааданый? Бастакытынан олус уустук, ыарахан сыаналаах бырайыактартан туттунуохха наада, төһө даҕаны биир суумаҕа дуогабардаспыккын иһин тутуу бүтэригэр ханнык баҕарар бырайыак сыаната ыараан тахсар, итиннэ эн даҕаны тутааччылар даҕаны буруйдара суох буолар.
Билиҥҥи сибээс, интернет сайдыбыт кэмигэр олус элбэх, араас таһымнаах риелтордартан, сүбэһиттэртэн аккаастаммыт ордук. Өйдөө: кинилэр эн дьиэҥ тутуутугар туох да эбэһээтэлистибэни ылымматтар, кинилэри эн дьиэҥ хайдах буолара интэриэһиргэппэт. Кинилэр эйигиттэн, сокуону кэспэккэ эрэ, аныгы реклама, менеджмент көмөтүнэн элбэх харчыны олордон ыларга дьулуһаллар.
Сөптөөх тутааччыны булан быһа тахсан дуогабар түһэрсии, кинилэрдиин биир тылы булуу – бу тутааччылар эбээһинэстэрин үрдэтэргэ, кинилэр үлэлэригэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын ситиһэргэ биир төһүү күүс буолар.
Олорор дьиэ экологията
Дьиэ оҥостор дьон олус чаастатык “дьиэ иһигэр туох да экологията суох олорбуппут уонна олорорбут буолуо” диэн этэллэрин элбэхтэ иһиттибит. Дьэ ол гынан баран ааммытын иэдээн тоҥсуйдаҕына эрэ хамсанан барабыт да, үксүгэр хойутаабыт буолабыт.
Билиҥҥи кэмҥэ дьиэ иһинээҕи экология саамай сүрүн факторынан дьиэ иһигэр радон газ төһө элбээһинэ буолар. Билигин тыа сиригэр олус дэлэйэн эрэр тыҥа рага, хаан ыарыыта уонна да атын ыарыылар бары бу гаһы кытта сибээстээхтэр. Бу газ дьиэ аннынааҕы ирбэт тоҥ ириитигэр ууну кытта дьиэ иһигэр киирэр, онон биһиги дойдубут тыатын сирин дьиэлэрин иһигэр концентрацията куруук элбэх буолар. Дьиэ акылаатын сиргэ сыста эбэтэр сири алдьатан түһэрбит, эбэтэр хортуоппуй эҥин хаһаанаары умуһах хаспыт буоллахтарына дьааттаах радон газ хайаан да баар буолар.
Биһиги оҥорор дьиэлэрбит сүрүн уратылара, бастатан туран, бу газ дьиэ иһигэр киириитин муҥутуурдук тохтотуу. Ол иһин дьиэлэри сири кытта сибээһэ суох тутуу, атын сиртэн тиэллэн кэлбит тааһы, кумаҕы дьиэ анныгар кутууну, дьиэ турар сирин, сир үрдүнээҕи араҥатын, структуратын уларытыыны тохтотуу – биһиэхэ, “Якстройдом” тэрилтэ тутааччыларыгар, тирээн турар сорук буолар.
Биһиги дьиэлэрбит истиэнэлэрэ туох да килиэйэ, туох да лааҕа-кырааската суох дьиҥнээх бэс буруус мастан оҥоһуллаллар. Төһө даҕаны аныгы матырыйаалтан оҥоһуллубут дьиэлэр көстүүлэрэ үчүгэйин иһин киһи ис айылҕатыгар, доруобуйатыгар айылҕа бэйэтэ оҥорбут матырыйаалыттан – мастан ордук тутуу матырыйаала көстө илик.
Гараһы тутуу
Биһиги биир сүрүн быраабылабыт дьиэҕэ гараһы хаһан да сыһыары оҥорбоппут буолар. Выхлопной гаһы кытта тахсар сорох дьааттаах веществолар мас истиэнэттэн иҥнибэккэ курдаттыы сылдьаллар, киһи доруобуйатыгар олус улахан буортулаахтар. Сорох веществолар, холобур оксид азота диэн угарнай газтан уон төгүл дьааттаах вещество, маска иҥэн баран уонунан сылларга дьиэ иһин сутуйаллар.
Гараһы дьиэттэн туспа оҥорон ититэр хочуолу, септиги, хортуоппуйу харайар оҥоһугу онно туруоран дьиэ экологиятын биллэрдик тупсарабыт.
Гараһы эмиэ бэйэбит айбыт технологиябытынан тутабыт. Каркаснай буолар, каркаһын мастара 10х15-тээх буруустар. Истиэнэтэ ОСП (OSB) уонна пенополистирол. Маныаха утеплителин үгүстэр курдук таһынан гыммакка, иһинэн оҥоробут. Бу конденсат үөскээбэтин диэн. Муостата: маҥнай сирин тэҥнээһин, онтон пенополистирол тэлгэнэр, салгыы тимир арматураҕа уонна ититэр турбаларга бетонунан кутан сүрдээх кытаанах, хамсаабат муостаны оҥоробут. Гараж тутуутун матырыйаала да, үлэтин сыаната да ыарахана суох буолан эһиэхэ олус барыыстаах буолуоҕа. Тутуутун технологиятын, хамсаабат каркас оҥоһуутун «кистэлэҥнэрин» консультация кэмигэр үчүгэйдик быһааран биэриэхпит.
Дьиэ акылаатын хаһан даҕаны сытыйбат, хамсаабат гына оҥоруу
Сахабыт сиригэр саамай кыайтарбатах проблема – мас дьиэ акылаатын сытыйыыта. Хомойуох иһин, биһиги тиит маспыт төһө да бөҕөтүн иһин маһы сиир тэллэйдэргэ олус түргэнник бас бэринэр, онон маһы сиир тэллэй үүнэригэр сөптөөх усулуобуйа түбэстэҕинэ баара-суоҕа алта ыйынан отут сантиметр диаметрдаах тиит бэрэбинэттэн туох да хаалымыан сөп.
Биһиги маһы тэллэйтэн харыстыыр ньымабыт – кини сөптөөх усулуобуйаҕа туран туһанылларын хааччыйыы. Тиит мас хаһан даҕаны сир почватын кытта сыста сытыа суохтаах. Маһы сиир тэллэй сылаас, сииктээх сиргэ олус түргэнник тэнийэр, ону хайдах да бэйэлээх эми-тому, антисептигы туһанан тэллэйи тохтотор кыаллыбат.
Биһиги оҥорор дьиэлэрбит акылааттарын харыстыыр ньымабыт – кинини сылаастан харыстааһын, куруук кураанах турарын хааччыйыы. Дьиэлэрбит акылаата сиртэн үөһэ турар. Ханан эмэ буорту буолан эрэрэ биллэн бардаҕына ону түргэнник, судургутук туоратыллар гына оҥоһуллар. Холобур, акылаат биир атаҕа (стул) буортуйаары гыммыт буоллаҕына ону массыынаҥ да домкратынан көтөхтөрөн баран уларытыаххын сөп. Бүтүн акылааты уларытардааҕар үчүгэй буолбатах дуо?
Мастан акылааты оҥорууга бэйэбит айбыт технологиябыт хамсаабатын, сытыйбатын дакаастаата. Аҕыйах матырыйаал ороскуоттанарынан, оҥоһуллуута судургутунан дьиэ сыанатын биллэрдик чэпчэтэр. Акылааты таһыттан бэйэҥ, үчүгэй көстүүлээх ханнык баҕарар матырыйаалынан, сабыаххын сөп.
Үчүгэйдик оҥоһулуннаҕына тиит мас акылаат хас да сүүс сыл туох да буолбат. Холобур, Италияҕа Венеция куорат сыбаайаларын мастара Сибииртэн илдьиллибит тиит мастан Колумб Эмиэрикэни аһар кэмигэр оҥоһуллубуттара. Олор бу күҥҥэ диэри туох да буолбакка тураллар, бу 500-тэн тахса сыл ааспытын кэннэ.
Дьиэ сылааһы тутар дьоҕурун улаатыннарыы
Билигин буруустан эбэтэр бэрэбинэттэн оҥоһуллар дьиэлэр истиэнэлэрэ сылааһы тутар ирдэбилгэ эппиэттиир таһымтан отой ыраахтар. Холобур, уон аҕыстаах буруустан оҥоһуллубут дьиэ СНиП ирдэбилиттэн сылааһы тутар дьоҕура үс төгүл кыра. Аҥаардас маһынан оҥорон ирдэбилгэ эппиэттиир таһымы ситиһэрбит кыаллыбат.
Биһиги оҥорор дьиэлэрбит аныгы сылааһы тутар хаттыгынан истиэнэлэрэ хос тутуллаллар, ол түмүгэр нуормаҕа эппиэттиир ирдэбил ситиһиллэр. Үрүтүн уонна муостатын хаттыга аныгы матырыйаалынан биир кэлимсэ (монолит) гына оҥоһуллар, ханнык даҕаны тымныыны аһарар мостиктар суохтар, ол түмүгэр сылааһы харыстааһын 25 %-ҥа тиийэ улаатар. Холобурдаан эттэххэ муоста мас баалкатын икки ардыгар ититэр хаттыгы уган оҥоруу улахан алҕас буолар. Мас уонна пенополистирол хаттык итиини аһарар дьоҕурдара 3 төгүлүнэн араастаһар, ол түмүгэр хара муоста улахан тымныыларга конденсат үөскээһинин түмүгэр сиигирэр, баалкыларга тэллэй үөскүүр усулуобуйата олохтонор, түргэнник эмэҕирэр.
Холобур 54 кв.м иэннээх гаһынан сылытыллар дьиэ, дьиэ иһинээҕи температураны 25 кыраадыска тутан, быйылгы тымныы кыһыҥҥа, саамай тымныы ыйга ититиигэ ороскуота 2000 солкуобай буолла. Итиччэ иэннээх, 18-таах буруустан оҥоһуллубут дьиэ ититиигэ оҥоһуллубут ороскуота 5600 солкуобайга тэҥнэстэ.
Цемент кутуута суох сылаас муостаны уонна дьиэ микроклиматын, салгынын хамсааһынын хааччыйар түөртүү сиэксийэлээх түөрт радиатортан ураты ханнык да ититэр прибор туттуллубат. Итиини тиэрдэр турбалар диаметрдара 20 мм. Коллектордар, систиэмэҕэ давление үөскэтэр оҥоһуктар барыта бэйэ оҥоһуута буоланнар маннык систиэмэ сыаната икки турбалаах ититэр систиэмэттэн икки төгүл чэпчэки.
Дьиэ ис бараанын (дизайнын) тупсарыы
Мас дьиэлэр ис барааннарын буортулуур көстүүнэн буолаллар: ититии систиэмэтин турбалара, электропроводкалар көстүүлэрэ. Биһиги дьиэлэрбит ис көстүүлэрэ бу көрүҥтэн бүтүннүү босхолоноллор. Ититэр систиэмэ турбалара истиэнэ тас өттүнэн уонна муоста аннынан, аныгы лучевой диэн ааттанар ньыманан монтажтанар буолан дьиэ иһигэр көстүбэттэр, сылааһы сүтэрбэттэр.
Электропроводкалар ПУЭ бары ирдэбилин тутуһуннаран истиэнэ тас өртүнэн тардыллаллар, выключателлар бары дистанционнайдар, дьиэ иһигэр биир да провод көстүбэт.
Аҥаардас ититэр систиэмэҕэ уонна электро-уот проводкатын маннык ньыманан тардыыга ороскуоту 30 %-ҥа тиийэ кэмчилиэххэ сөп.
Аныгы дьиэлэр дизайннарын уонна таһыттан да, иһиттэн да көстүүлэрин тупсаҕай көстүүлүүр оҥоһугунан түннүктэр буолаллар. Биһиги биир ситиһиибитинэн билигин дьон олус интэриэһиргиир, дойдубут тыйыс килиимэтигэр сөп түбэһэр “панорамнай” диэн түннүктэри олохтоох матырыйаалтан оҥорору ситиспиппит буолар. Стеклопакет спейсердэригэр (өстүөкүлэ икки ардыгар туттуллар матырыйаал) тиийэ барыта дойдубут бэйэтин матырыйаала. Бу түннүктэр сылаастарынан, көстүүлэрэ үчүгэйинэн, доруобуйаҕа туох да буортута суохтарынан аан дойдуга бастыҥнарынан буолалларыгар саарбахтаабаппыт.
Сорох туттарааччылар истиэнэ бурууһа хайыта барарын сөбүлээбэттэр, сорохтор төттөрүтүн маннык көстүүнү ордороллор – айылҕа бэйэтин оҥоһуута диэн. Өскөтүн эһиги истиэнэ маһа хайыта барарын сөбүлээбэт буоллаххытына, биһиги туттар ньымабытынан оҥордоххутуна истиэнэҕэ ханан да мас хайыта барыыта суох буолар, истиэнэ көстүүтэ биллэ тупсар.
Дьиэ сыанатын чэпчэтии
Бу технологиянан тутуллар дьиэлэр, мастан оҥоһуллар дьиэлэргэ, саамай сүрүнэ уонна барыыстааҕа – сыаната чэпчэкитэ. Истиэнэ бурууһун халыҥа 10 см, ол оннугар үс араҥа – барыта 15 см халыҥнаах утеплитель буолар. Утеплитель сыаната мастааҕар быдан чэпчэки. Эбиитин таһынан сайдинг араас көрүҥүн тутуннахха (ПВХ панеллар, талан ылбыт өҥҥүт) истиэнэ эбии халыҥыыр, дьиэ өссө сылыйар (сайын сөрүүнү тутар), тыас-уус таһырдьаттан иһиллибэт буолар.
Пиломатериал аҥаарыгар диэри кыччатыллыбытын, хаптаһын үксэ көстүбэт сиргэ туттуллар буолан 4-5-с суортаах доруобай мастан ылыллыбыт хаптаһыны туттуу, тиэйии-таһыы объёма икки төгүл аҕыйааһынын, тутуу технологията судургутутуллубутун суотугар сыана 40 %-ҥа тиийэ кыччыыр. Ол эбэтэр, холобур, атыттар 5 мөлүйүөҥҥэ тутабыт диир дьиэлэрин биһиги 3 мөл. 200 тыһ. солкуобайга “под ключ” тутабыт. Сороҕор дьиэ туттарааччылар “каркаснай дьиэ курдук астыга суох, тыал үрдэҕинэ хамсыы турар дьиэ буолара буолуо” дииллэр. Суох, оннук буолбатах – олус бөҕө оҥоһуулаах, өбүгэлэрбит оҥостор охсуу дьиэлэриттэн туох да атына суох буолар. Иһиттэн көрдөххө ыраас бэс буруустан эбэтэр калиброваннай бэрэбинэттэн оҥоһуллубут, таһыттан көрдөххө итальянскай виллаларга майгынныыр. Ол эбэтэр туттарааччы кыаҕын иһинэн матырыйаалтан оҥоһуллубут дьиэ буолар.
Тутар дьиэлэрбитигэр тутуу туох-баар ирдэбиллэрин тутуһабыт. Дьиктитэ баар: бэйэҥ оҥорбут бырайыаккын тутуһан оҥордоххуна, онтон туораабатаххына дьиэ сыаната эмиэ чэпчиир, тутууга кыттар дьон дууһалара ыраас буолар – тутааччы да, туттарааччы да. Манна биири бэлиэтиир тоҕоостоох: айдааннаахтык тутуллубут дьиэ дьоло суох буолар, маннык көстүүнү олоххо эмиэ көрбүппүт. Онон биһиги эһигинниин үөрэ-көтө үлэлэһиэхпит.
Эппиппит курдук, сылааһы экономиялааһын түмүгэр биһиги дьиэлэрбит ороскуоттара тэҥ кээмэйдээх буруустан оҥоһуллубут дьиэ ититиигэ ороскуотун 30 %-нын эрэ ылар. Ордук хоту оройуоннарга бу технологияны туһаннахпытына, республикабыт үрдүнэн оттугу тиэйиигэ-таһыыга уонунан миллиард солкуобайы кэмчилиэхпитин сөп.
Хайдах чэпчэки сыаналаах дьиэни оҥостобут?
Аҕыйах сыл анараа өттүгэр уонна бүгүн туттуллар сыаналар араастаһыылара тоҕо наһаа улаханый? Бу боппуруоска ким уонна туох буруйдааҕый, маны ким быһаарарый диэн ыйытыыны үчүгэйдик ырытан, толкуйдаан көрөн баран эн, саҥа дьиэ туттааччы, ылсан эрэр дьыалаҕын саҕалыыргар ыҥырабыт.
Биллэн турар, бу боппуруоска ким даҕаны буруйа суох, манна буруйдааҕынан экономика диэн наука сокуоннара буолаллар. Бу наука сүрүн сокуонунан обществоҕа “спрос” баарын тухары сыана чэпчиир кыаҕа суох. Биһиги дойдубутугар олорор дьиэ боппуруоһа билигин даҕаны олус сытыытык турар, кэнники кэмнэргэ чааһынай, уһаайбалаах дьиэ тутуута күүскэ тэнийэр туруктаах, онон баҕарбатахпыт да иһин сыана, экономика сокуонунан, син биир үрдүү туруоҕа.
Биһиги компания тутар дьиэлэрин сүрүн уратыта мас дьиэлэри классическай стильтэн туоратан, туттарааччы баҕатын учуоттаан, аныгы көрүҥнээх оҥоруу сүрүн сыалбыт буолар. Өскөтүн дьиэ техническэй параметрдарын айылҕа сокуонугар сөп түбэһиннэрэн тупсарбыппыт иһин дьиэ архитектуратын, ис дизайнын барытын бу дьиэҕэ олоруохтаах ыаллар, оҕолоругар тиийэ, санааларын учуоттаан оҥоробут. Дьиэни оҥорууга тутуу нормативтара барыта учуоттаналлар. Дьиэҕитигэр биир капитальнай истиэнэ эбилиннэҕинэ “сыанаҕыт баччанан улаатар” диэн, эбэтэр ититии киллэртэрэр буоллаххытына “сыаната дьиэ квадратыттан, биир быһыллыбыт сыананан улаатар” диэн хаһан да эппэппит. Барыта суоттааһын быһыытынан матырыйаал сыанатыттан, үлэ төлөбүрүн нуорматыттан, тэрилтэ накладной ороскуотуттан тутулуктанар, ол түмүгэр сыана эмиэ биллэрдик чэпчиир.
Билигин ханнык баҕарар тутааччы сезонунан, сылаас кэмҥэ эрэ үлэлиир. Онтон биһиги күһүн сакааһы ыллахпытына дьиэ акылаатын күһүн оҥорон баран, эһиилигэр кулун тутартан дьиэни туппутунан барабыт, хайдах баҕарар дьиэни икки ыйтан ордук оҥорбоппут. Үлэни маннык тэрийиигэ сүрүн кистэлэҥмит диэн идэтийбит биригээдэлэри сөпкө аттаран үлэҕэ туруоруубут буолар. Биригээдэлэр үлэ биир көрүҥүн баһылыылларыгар кыһыҥҥы өттүгэр кылгас кэмнээх курстары аһан үлэлэтэбит. Бу курстарга сварщиктан саҕалаан штукатурга тиийэ араас идэлэргэ үөрэтэбит, бу боппуруоһу тиһэҕэр тиийэ быһаарарга анал орто үөрэх тэрилтэлэрин кытта дуогабардаахпыт.
Тэрилтэбит бэйэтин кыаҕынан панорамнай түннүктэри, аныгылыы, уустук ититэр системалары, дьиэ сытыйбат акылааттарын уларытарга уонна да атын биһиги инженердэрбит айан оҥорууларын ситиһиилээхтик олоххо киллэрэбит. Оҥорбут дьиэлэрбит олорорго тупсаҕайдара, туһанарга куттала суохтара, эколология өттүнэн эрэллээхтэрэ дакаастаммыта инникитин биһигини өссө үрдүк ситиһиилэргэ кынаттыыр.
Тутуу матырыйаалларын миэстэтиттэн буларга, олохтоох ресурсалары туһаҕа таһаарарга күүскэ ылсан үлэлиибит.
Дьиэ туттааччыны кытта, киниэхэ биһиги дьиэбит чахчы туһалааҕын, барыыстааҕын дакаастаан, киниэхэ аналлаах лиэксийэлэри ааҕабыт, үөрэтиини ыытабыт, тутулла турар уонна тутуллубут дьиэлэрбитин көрдөрөбүт, кини аныгы наука ситиһиилэрэ биһиги дьиэлэрбитигэр бигэтик туттуллалларын биллэҕинэ,өйдөөтөҕүнэ эрэ дуогабары түһэрсэбит.
Дуогабары түһэрсиигэ болҕомтону күүскэ уурабыт. Дьиэ акылаатын хаһан даҕаны тоҥ сиргэ түһэрбэппит, сир биир миэтэрэ ирдэҕинэ эрэ тутууну саҕалыыбыт. Дьиэни, туттарааччы баҕатын учуоттаан, киһи киирэн олоруор диэри үлэлэри барытын оҥоробут: дьиэ иһинээҕи туалетыттан верандатыгар, мансардатыгар, гараһыгар тиийэ. Бу үлэлэри, эппиппит курдук, анал идэтийбит биригээдэлэр туспа оҥороллор.
Билигин ДВИ-ни (Дальневосточнай ипотеканы) туһанан дьиэ туттааччы элбээтэ. Кинилэргэ аҕыйах сүбэни биэриэ этибит. Учаастагы буларгытыгар инфраструктурата – электричествота, гаһа кэлэн турары атыылаһаргыт ордук. Хайа да түгэҥҥэ маннык ирдэбиллэри толоруохтааххыт:
1. ПАО “Якутскэнерго” тэрилтэттэн ТУ – техническое условие, ТП – технологическое присоединение диэн көҥүллэри ылыахтааххыт;
2. Газ тэйиччи буоллаҕына “Сахатранснефтегаз” (АО СТНГ) тэрилтэни кытта “Догазификация” федеральнай программа чэрчитинэн дуогабардаһан учаастаккытыгар диэри аҕалтараҕыт. Газ аҕалтарар туһунан сайабылыанньаны дьиэ көҥдөйө тахсыбытын кэннэ, ону Роскадастр реестригэр киллэртэрэн баран бэриллэр. Онтон учаастак иһигэр атын газ киллэрэр тэрилтэни кытары дуогабардаһаҕыт. Онон бу ирдэбиллэри эрдэттэн быһааран баран дьиэ туттарыахтааххыт. Сиһилии консультацияҕа кэллэххитинэ быһаарыахпыт.
Дуогабарга (Договор подряда на строительство деревянного дома) тутааччы даҕаны, туттарааччы даҕаны кимиэхэ даҕаны иэһэ суох сылдьар принцибин тутуһабыт. Холобур, үлэ иһин төлөбүрү хаһан даҕаны урутаан ылбаппыт, туһааннаах үлэ бүттэҕинэ эрэ, анал акт оҥоһулуннаҕына, этабынан ылабыт. Туттарааччы киһи харчыта бэйэтин счётугар баар буоларын ирдиибит.
Тутааччы уонна туттарааччы икки сыһыаннарыгар хаһан даҕаны посредниктары, ол эбэтэр тутууга туох да эбэһээтилистибэтэ суох харчы эрэ иһин үлэлиир дьон өҥөлөрүнэн туһаммаппыт.
Күндү саҥа дьиэ оҥостооччу, эн өскөтүн биһиги тэрилтэбит өҥөтүн туһанан Дьокуускайга уонна куорат кытыытыгар дьиэ оҥосторго санаммыт буоллаххына биһигини кытта телефонунан сибээстэһэн баран, офиспытыгар кэлэн сөптөөх информацияны толору ыларгар ыҥырабыт. Биһиги дьиэлэрбит туһунан матырыйаалы көрөҥҥүн, дьиэлэр сыаналара чэпчэкитин, олорорго тупсаҕайдарын барытын өйдүөҥ диэн эрэнэбит.
Дуогабардаһыы бэрээдэгэ
Өскөтүн эн, саҥа дьиэ оҥостооччу, биһиги технологиябытын сөбүлээн биһигини кытта дьиэҕин оҥосторго сананнаххына, биһиги булгуруйбат быраабылабыт маннык:
— Төлөпүөнүнэн дьиэ технологиятын быһаарбаппыт, сирэй көрсөн быһаарабыт.
— Кэлэн көрсөргөр дьиэни туттарар сириҥ (уһаайбаҥ) докумуоннарын, ипотекаҥ докумуоннарын илдьэ кэлэҕин.
— Эн дуогабардаспыт харчыҥ бэйэҥ счёккар баарын дакаастыыр справка наада (дуогабар илии баттанар кэмигэр).
— Хаһан даҕаны харчыны инникилээн төлөөһүн (предоплата) быһыытынан ылбаппыт, дуогабар быһыытынан оҥоһуллубут үлэҕэ этээбинэн ылабыт.
— Матырыйаал атыылаһарга – биһиги булбут матырыйаалбытыгар харчытын бэйэҥ төлүүгүн, биһиги үс күнүнэн тиэйэн илдьэн уһаайбаҕар сүөкүүбүт. Атыннык эттэххэ, ким даҕаны кимиэхэ даҕаны иэскэ киирбэккэ эрэ тутуу үлэтэ тохтообокко барарын хааччыйабыт.
Ытыктабыллаах сакаасчыт, биир дойдулаахпыт! Оҥоһуллан бүппүт дьиэҕэр киирэн олороҥҥун, биһигини кытта тутуу дуогабарын түһэрсибиккэр хаһан даҕаны кэмсиниэҥ суоҕа диэммит эрэнэбит.
“Якстройдом” тутуу тэрилтэтэ
(ИП Яковлев Александр Петрович),
8-914-222-85-50 (ватсаптаах).
МАНТАН АЛЛАРАА ХААРТЫСКАНАН КЭПСИИБИТ
(6 х 9, куукуна + саала, икки хос, санузел, кыра кладовка):
1. Дьиэ акылаатын дьиэни хамсаппат ис конструкциятын оҥоһуута (“горизонтальное смещение” тохтотор).
2. Акылаат туруору баттааһыны уйар оҥоһуга (“вертикальное смещение”).
3. Истиэнэ ноҕоруускатын уйар утеплитель монтажтааһына.
4. Дьиэ истиэнэлэрин “усиливающай ребролаах” тутан таһаарыы (10 см оннугар 18 см халыҥнаах буруус).
5. Дьиэ сарайын тутан таһаарыы.
6. Дьиэ кровлятын монтажтааһын.
7. Муоста утеплителин тэлгэтии.
8. Дьиэ ититэр систематын коллектордарын көстүүтэ. Коллектордар барыта бэйэ оҥоһуута. Сылаас муоста турбалара кыһыл өҥүнэн, радиатор киэннэрэ маҕанынан көстөллөр.
9. Сылаас муоста уонна ититэр система (радиатор) турбаларын монтажтааһын.
10. Ыраас муостаны монтажтааһын саҕаланыыта.
11. Үрүт утеплитель тутар обрешёткатын монтажтааһын.
12. Дьиэ акылаатын истиэнэни уйар остуолбаларын (стулья) көстүүтэ.
13. Дьиэ муннуктарын пенанан ыстарыы уонна дьиэ үрдүнээҕи уонна муоста аннынааҕы утеплителлэр көстүүлэрэ.
14. Электричествоны дьиэ тас өртүнэн ПУЭ (правила устройства электроустановок) ирдэбилинэн монтажтааһын.
15. Дьиэ истиэнэтин сылааһын тутар тигиллэр (прошивной) мааттары оҥоруу.
16. Дьиэ утеплителин уонна тас көстүүтүн тупсарар панеллары монтажтааһын.
17. Панорамнай түннүктэри бэйэ матырыйаалыттан оҥоруу.
18. Панорамнай түннүк көстүүтэ.
19. Электричество тастан киирбит хара өҥнөөх кабела көстөр (розеткаҕа анаан). Ититэр турба муоста анныттан тахсан истиэнэ нөҥүө радиаторга киирбит (ол иһин көстүбэт), радиатор эрэ көстөр.
20. Туалет иһигэр бетон стяжканы сылаас муостаны кытта дьүөрэлээн оҥоруу.
21. Дьиэ үрдүн утеплителин тэлгэтии уонна ыраас үрүт каркаһын монтажтааһын.
22. “Парящий потолок” диэн системаны туттан дьиэ ыраас үрүтүн монтажтааһын.
23. Туалет инсталляциятын уонна плитканы монтажтыыр каркаһы оҥоруу. Уҥа өртүгэр душевой кабинка турбалара көстөллөр.
24. Туалет истиэнэтэ плитканан монтажтаммытын кэннэ. Үөһээ салгыны оборор турба (вытяжка) көстөр. Вытяжка электрическэй буолар уонна холбообутуҥ кэннэ бириэмэнэн арахсар (аҕыйах мүнүүтэнэн). Электропроводтары монтажтааһын.
25. Ыраас муостаны ламинатынан тэлгээһин. ГВЛ – гипсоволокнистые листы подложка, ламинат.
26. Дьиэ үрдүн световой дизайнын көстүүтэ. Лаампа (хаҥас көстөр) дистанционнайдык холбонор-араарыллар, выключателлэрэ туспа ханна баҕарар туруоруллаллар. Таһырдьаттан, ону сэргэ телефонунан кытта холбуохха-араарыахха сөп.
27. Туалет унитаһа уонна уҥа диэки душевой кабинка турар миэстэтэ көстөр.
28. Дьиэ үрүтэ, панорамнай түннүк көстөллөр. Дьиэ тутуллан бүтэн эрэр.
29. Тас аан оҥоһуута. Аан холуодатын аннын диэки өртүгэр, муоста анныттан истиэнэттэн туспа сылаас салгын (тепловая завеса) тахсар анал инженернэй оҥоһуга (хайаҕас стрелканан ыйыллар). Ол иһин кыһын аан кырыарбат.
30. Панорамнай түннүк алларааҥы холуодата, сылаас тахсар дьөлөҕөстөрдөөх (сибэкки эҥин уурарга табыгастаах). Радиатора – тимир турбаттан бэйэ оҥоруута.
Красота и загляденье. Вот так я бы хотела дом построить, а нам строили как говорится «на, отвали». Щели, стройматериалы некачественные. В общем косяков море.
Повезёт же хозяевам вашего дома