Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Ууһут Луугунап

tuymaada 28 августа, 2026

Бу киһи төрөөбүт сирэ Баатаҕай нэһилиэгэ. Луугунап Бүөтүр оҕо эрдэҕиттэн ууһут эбит. Дойдутугар күһүҥҥү муҥхаҕа сылдьан, муҥха иҥнигэҥҥэ ыллардаҕына Бүөтүр уол умсан киирэн араарар эбит. Ону дьон бары сөҕөллөрө үһү.

Ууһут Луугуунап илиитигэр-атаҕар балачча кыанар күүстээх киһи эбит. Аҕа дойду сэриитэ буолбутугар 1942 сыл сайыныгар бэбиэскэ тутан, Бороҕоҥҥо киирэн хамыыһыйаны баран куоракка киирэр уонна борохуокка олорон сэриигэ баран иһэн ууга түспүт курдук ыстанан кэбиһэр. Умсан баран биэрэккэ тахсан сыгынах мас кэннигэр саһан сытар. Борохуот хапытаана син өр соҕус буолан баран, салгыы айанната турбут.

Ууһут Луугунап күрээн Өспөх сиригэр кэлэр. Наар саһа сылдьар. Кэлин Хочо Маайаны ойох ылар. Наар Хочоҕо олорбуттар. Хочо Маайа сүрдээх булчут дьахтар эбит. Луугунап Бүөтүр кыыһын уола Үс Хатыҥ ыһыаҕын кыайыылааҕа Уйбаан Бөлөнүүскэй, Саха сиригэр Дыгын оонньууларын сэттэ төгүллээх чемпиона буолар. Баатаҕай дьоно эһэтин курдук күүстээх диир эбиттэр.

Арай биирдэ Луугунап Бүөтүр Хочоҕо уҥуор саһаан охсо сылдьыбыт. Ол онно сааскы торҕон эһэ үөмэн кэлэн Бүөтүргэ саба түспүт. Көр, онно Бүөтүр сүгэнэн эһэни төбөҕө охсон охторбут. Кини айылҕаттан күүстээх буолан эһэни кытта тулустаҕа. Хочо Маайата эһэни, бөрөнү өлөрө сатаабыт эмээхсин этэ. Бүөтүр оҕонньор Алдан өрүһү аа-дьуо харбаан туоруура. Илим үтэригэр хаһан да тыыламмат этэ. Ханнык баҕарар улахан күөлгэ тыыта суох илим үтэр эбит. Хочо Маайата өрүскэ сылдьар оҥочото, мотуора суох этэ. Чэриктэйгэ сайын маҕаһыыҥҥа оҕонньорун Бүөтүрү ыытара. Кыһыҥҥы өттүгэр Маайа сыарҕалаах атынан кэлээт, Маайалаах Бүөтүр иккиэн Октябрь холкуоска булбуттар этэ.

Мин оҕо сылдьан Луугунап Бүөтүрү куруук көрөр этим. Сахаҕа орто уҥуохтаах халыҥ, эт лахса киһи этэ. Хочо Маайата оҕонньорун Бүөтүрү наһаа бэркэ бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыта үһү. Сайыҥҥы өттүгэр көлүнэр аттарыгар начаас оттууллара. Кыһыҥҥы нуучча балаҕаныгар кыстыыр куруҥах мастарын начаас бэлэмнииллэрэ.

Луугунап оҕонньор дьоҥҥо этэрэ үһү: ууга киирдэхпинэ сатаан тыын ылан, өргө диэри наар умсан тахсарым. Ууга салгын элбэх, ону эһиги сатаан туһаммаккыт диирэ үһү. Оннооҕор күөлгэ олорор кустары киирэн тутан ылара үһү. Өссө биир дьиктитэ – Бүөтүр оҕонньор кыһын отой тоҥмото үһү. Сорохтор Ууһут Луугунабы наар эдьиий Биэрэ араҥаччылыыр диир эбиттэр. Тоҕо диэтэххэ Биэрэ эмээхсин төрөөбүт-улааппыт сирэ Баатаҕай Чараҥайа буолар.

Ууһут Бүөтүр Алдан өрүһү хааман туоруур эбит. Ууһут Луугунап Ыстаалын өлбүтүн кэннэ саһа сылдьыбакка, дьэ киһилии олорбута үһү. Ууһут Бүөтүр дезертиирдээбэтэҕэ буоллар Арҕаа фроҥҥа баран өлүө этэ. Кини Хочо Маайалыын наһаа үчүгэйдик, дьоллоохтук олорбуттара. Манан Ууһут Луугунап туһунан кэпсээним бүтэр. Ааҕаачыбар бириэмэҕин бараабытым иһин бырастыы гын. Бары үчүгэйи кытта.

Иннокентий ГОРОХОВ-Күлүбүр.

Уус Алдан, Чэриктэй.

Continue Reading

Previous: Быраагалаан абыранаары…
Next: Чолуой Уус номоххо киирбит саата

Похожее

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026
Оҕо этим, орой мэнигим

Оҕо этим, орой мэнигим

28 октября, 2026
Өкүлүүнэ эмээхсин

Өкүлүүнэ эмээхсин

27 октября, 2026

Свежие записи

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 1

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 2

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 3

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026
Хараххытын харыстааҥ 4

Хараххытын харыстааҥ

7 ноября, 2026
Россиянам напомнили о необходимости уплатить налоги 5

Россиянам напомнили о необходимости уплатить налоги

6 ноября, 2026
Кими да таҥнарбатаҕым 6

Кими да таҥнарбатаҕым

5 ноября, 2026
Литературнай музейы ким төрүттээбитэ 7

Литературнай музейы ким төрүттээбитэ

4 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.