Ити өрдөөҕүтэ этэ. Арааһа, адвокатураҕа үлэлээбитим иккис дуу үһүс дуу сылын күһүнүгэр, алтынньы ый ортотун диэки быһыылааҕа, Өлөөн оройуонун саамай ыраах дэриэбинэтиттэн Дьэлиҥдэттэн мин ааппар маннык ис хоһоонноох телеграмманы үлэлии олордохпуна аҕалан биэрбиттэрэ: «Улахан суумалаах итэҕэстээһиҥҥэ сууттанар буоллубут, кэлэн көмүскүөҥ дуо?» – диэн.
Мин отой сылдьыбатах сирбин көрөр-билэр баҕаттан сөбүлэһэн, эмиэ телеграмма ыыттым. Сөбүлэспит киһи быһыытынан ыраах сиргэ барарга тэриммитинэн бардым. Ньурбаттан нэдиэлэҕэ биирдэ дуу, иккитэ дуу Өлөөҥҥө диэри быһа рейс баара. Инньэ гынан самолётунан хас да чаас көтөн тиийбиттээхпин. Аны Өлөөнтөн Дьэлиҥдэҕэ АН-2 самолёт сылдьар эбит этэ. Көмүскүөхтээх дьонум билэр дьоно самолётунан Дьэлиҥдэҕэ атаарбыттара, сылаалаах айан диэн онно баара. Салгыҥҥа икки чаас курдук дэйбэгэлээн, түһэн-тахсан Дьэлиҥдэбитигэр дьэ тиийбиппит. Ити бириэмэҕэ кинилэргэ отой кыһын эбит этэ.
Соһуйуом иһин, самолёттан түһээппин кытары отой билэр киһим Еремеев Прокопий Фёдорович бу күлтэччи көрөн турар эбит уонна бэйэтигэр илдьэ барда. Ол саҕана кини онно быраас быһыытынан үлэлиирэ. Кэпсэтэн билбитим, кини миигин ол сууттаныахтаах дьоҥҥо ыйан биэрбит эбит.
Икки кэлии нуучча кыргыттара маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбиттэр. Биирдэрин кэргэнэ олохтоох оскуола директора эбит этэ. Дьыаланы билсибитим, табаар араас көрүҥүттэн сэттэ тыһыынчаттан ордук итээбитэ биллэрэ. Ол саҕана ити элбэх харчы уонна эппиэтинэһэ да кытаанаҕа.
Итэҕэстээһин сүрүн биричиинэтинэн дьоҥҥо табаары иэс биэрээһин уонна учуоттара мөлтөҕө этэ. Дьыаланы суут 2-3 күн чинчийэн көрбүтэ. Суут кинилэри итэҕэстээһиҥҥэ буруйдааҕынан билиммитэ. Ол гынан баран араас баар чэпчэтиилэри аахсан, билинэллэрин, эдэрдэрин учуоттаан усулуобунай миэрэни туттан хааллартаабыта. Онно да улаханнык үөрбүттэрэ көстөрө. Кинилэр кэлин туох дьылҕаламмыттарын билбит суох.
Ол саҕана Өлөөн суутугар судьуйанан Тимофеев Николай Петрович диэн Амматтан төрүттээх, сааһырбыт киһи судьуйалыыр этэ. Уонунан сылларга республика элбэх судьуйаларын кытары алтыстым даҕаны, кини курдук холку, үөрэ-көтө суут мунньаҕын ыытар судьуйаны көрсүбүппүн өйдөөбөппүн. Сууттанааччы буруйун билинэрин-билиммэтин, кини онно эрэ наадыйбат, туоһуларга да бэрт сымнаҕастык сыһыаннаһар буолара. Күлэ-үөрэ олорон бириигэбэр таһаарбыта эрэ баар буолар. Сууттанааччылар ардыгар соһуйан эрэ хаалааччылар. Мин кэлин даҕаны, кини баарына, Өлөөҥҥө командировкаҕа элбэхтик сылдьыбыт буолан, билэбин. Олус грамотнай суруксут этэ. Итинник үчүгэй сыһыаннаах буолан сууттанааччылары, туоһулары өсөһүннэрбэт буолара.
Оттон сорох судьуйалар билиннэрэ сатаан көрдөрүүгүн тоҕо уларыттыҥ дии-дии, кыыһыра-кыыһыра доппуруостуур түгэннэрэ эмиэ баар буолааччы. Оннукка хардарыта өсөһүү, хадаардаһыы да үөскүөн сөп, үөскээччи даҕаны.
Дьэ, төннөрбүтүгэр көөчөөн көрө диэн биһиэхэ буолбута. Оруобуна ити бириэмэҕэ хоту дойдуга тыал, буурҕа түһэр кэмэ буолар эбит. Инньэ гынан кэлиэхтээх самолёт кэмигэр кэлбэккэ уонча күн хаайтарбыппыт. Аны хаар халыҥаан дуу, самолёт дэриэбинэттэн 4-5 биэрэстэлээх Куонаапка диэн үрэххэ хайыһарынан түһэр кэмэ кэлбит этэ. Инньэ гынан күн аайы 12 киһи ол самолёт түһүөхтээх сиригэр сатыы барабыт. Прокопий Еремеев, биһигини кытары Өлөөҥҥө киирсэр буолан, тэҥҥэ сылдьыһар. Аны бу киһибит биир дьиктитинэн, дэриэбинэ ыта үксэ кинини батыһан барса сатыыр үгэстээхтэр, кини ыҥырбатын үрдүнэн. Ыттар онно баралларын сорохтор сөбүлээбэттэр, ол иһин төттөрү үүртэлии сатыыллар. Ол сэкириэтэ диэн, кэлин билбитим, онно сельпо таһаҕаһа баар эбит. Баҕар самолёт кэлэн хаалыа диэн киэһэ хойукка диэри күүтэбит уонна эмиэ төннөн тахсабыт.
Дьэ, ити курдук төттөрү-таары мэскэйдэнэ сылдьан, биир күн арыый халлаан чуумпурбут курдук буолбута. Онно бүгүн баҕас кэлэр ини дэһэ-дэһэ балаакка иһигэр ким чэй иһэр, ким хаартылыыр, кэпсэтэр буола олордубут, турдубут. Арай эмискэ ыттар үрэр саҥалара иһилиннэ. Тугу үрэллэрий диэн балааккаттан быгыалаһыы буолла. Арай мин көрдөхпүнэ икки ыт куобаҕы үрэх иһигэр эккирэтэ сылдьаллар. Мин үрэх сыырын таҥнары ыытынан кэбистим, кэннибиттэн икки уол эмиэ түһүнэн эрэллэрэ. Үрэх ортотун диэки ыттар маҕаны убахтаан эрэллэрин ыһыытаан-хаһыытаан тэйитэлээтим уонна ол маҕаны харбаан ылбытым уһун баҕайы кутуруктаах, мап-маҕан, ааттаах улахан кырса буолла.
Ыттар кэлэн эмиэ түсүһэ сатаатылар, ону үөһэ турар дьон ыҥырталаан тохтоттулар. Били кэннибититтэн түһүспүт уолаттар хаалан хаалбыттар, мин уруттаабытым иһин.
Дьэ, үөрүү-көтүү буолла. Туундара эйиэхэ тосхойдо, бэлэхтээтэ, бааттаах киһи эбиккин дииллэр. Судьуйа Николай Петрович аҕал, мин сүлэ охсон биэриим диэн ылла. Мин таһаҕас маныыр уолаттартан 2 водканы атыылаһан ылан сири-уоту, уолаттары аһаттым. Үөрүү-көтүү өссө үрдээтэ. Оруобуна кырсаны сүлэн бүтэрээтин кытары самолёт тыаһа ньирилии түстэ, үрэх мууһугар хайыһарынан кэлэн түһүнэн кэбистэ. Кэлбиттэр түстүлэр, барааччылар бары үөрэ-көтө бардыбыт. Харабынай уолаттар далбаатыы, үтүөнү баҕара хааллылар. Испэр туундараҕа махтана санаатым.
Өлөөҥҥө Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Фёдоровтар диэн билэр ыалбар ити киэһэ кэлбитим уонна ыттар кырса тутан биэрдилэр диэн тириитин суумкабыттан таһааран көрдөрдүм. Ону ылан оһох кэннигэр хатара ыйаатылар уонна сарсыарда истиэнэ нөҥүө олорор имииһит эмээхсиҥнэ таһааран имиттэрэ биэрдилэр. Киэһэ хайа сахха имиллибит тириини киллэрэн биэрдилэр, сарсыныгар Ньурбаҕа көтөн күпсүтэн этэҥҥэ тиийэн кэллим.
Олохтоохтор этэллэринии, ити бириэмэҕэ кырса киирэн эрэр кэмэ эбит уонна бастакыларыттан мин тииһиммиппин. Дьэ, ити курдук соргулаахтык хоту дойдуга сылдьан турабын. Бэлэм имитиллибит тириини ыалбытыгар Анна Тихоноваҕа бэрт түргэнник тиктэрэ охсон эмээхсиним үөрэ-көтө бэргэһэ гынан кэтэ охсубута.
Мин бу туһунан бииргэ үлэлиир дьоммор кэпсээтэхпинэ итэҕэйбэт этилэр, көмүскээбит дьоҥҥуттан бэлэх ылан баран ол-бу диэн ханарытан кэпсиигин дииллэр. Ол эрэн, кэлин дьиҥнээҕин истэннэр, итэҕэйэр буолбуттара. Хайа, туоһуларым элбэхтэрэ бэрт буоллаҕа, өссө Ньурба уола Прокопий Еремеев кэпсээн оҥостубут буолуохтаах. Ол-бу диэн хаадьылаһыы буоллаҕына, мин курдук туундараҕа баран, кырсаны сырсан, тутан, босхо эмээхситтэргитин бэргэһэлээҥ диэн буолааччы.
Урукку система саҕана самолёт сырыыта олус табыгастаах буолан Өлөөнүнэн, Сааскылааҕынан элбэхтэ сылдьыллара, дьону-сэргэни кытары билсиллэрэ. Дьэ, ити курдук хоту дойду хорсун дьонун кытары хойукка диэри билсэ олорбуппут. Ону баара, хомойуох иһин, рынок үйэтэ кэлэн сырыы хааччахтанан, сыана ыараан сибээстэһии быстан турар курдук.
Билигин отуттан тахса сыллааҕыны санаан, билиҥҥини кытары тэҥнээн көрдөххө, олох атына чахчы биллэр буолла. Сорох сааһырбыт дьон «дьэ үчүгэй олох кэллэ» диэн үөрэ-көтө тыллаһалларын истэбин даҕаны, ону кытары мин сөбүлэспэппин малтаччы этэбин.
Киһи күннээҕи бэйэтин эрэ олоҕун илгэтинэн, саба быраҕан, барыта үчүгэй диэн этэр татым соҕус. Уҥа, хаҥас көрүннэххинэ атын хартыына барыта арылла түһэрин сөптүк сыаналаабат буолуу баар. Үчүгэй олох кэлбитигэр сүүһүнэн оҕону-дьахтары оскуолаҕа сэймэктиэхтэрэ дуо? Холобура, ити Беслан дьыалата эбэтэр бу күннэргэ Ньурбаҕа эдэр ыал аҕата ойоҕун ытан кэбиһиэ дуо? Маннык түктэри быһыыны төһө баҕарар аҕалыахха сөп.
Түмүктээн эттэххэ, туундараҕа уонна кини дьонугар махталым билигин да умнулла илик.
Прокопий ВАСИЛЬЕВ.