Саргылаах Сахабыт сиригэр
Саҥа дьыл салаллан кэлиитэ
Сахабыт дьонугар үөрүүтэ
Саҥалыы олоххо дьулуура.
Сандаарар саҕахтар арыллан
Санаабыт дьолунан туолуута,
Кырдьар диэн бу кырыыс буолбатах
Кырдьыы диэн бу олох өркөнө.
Сааһыран бараммын санаатым
Сааһылаан олохпун анаардым,
Советскай Союзка төрөөммүн
Сахалыы үгэскэ үөрэнэн
Сиэрдээх олоҕу олордум
Сахалыы мин тыыннаах эбиппин.
Кырдьар диэн бу кырыыс буолбатах
Кырдьыы диэн бу олох өркөнө.
Сааһырдым диэҥҥин саһыма
Саҥалыы олоҕу толкуйдаа,
Сиэннэргин көрөргүн умнума
Сылайар-элэйэр буолума.
Сарсыарда эрдэлээн тураҥҥын
Сиэннэргин тэрийэн атаартаа.
Кырдьар диэн бу кырыыс буолбатах
Кырдьыы диэн бу олох өркөнө.
Сынньанар кэмнэригэр сааһылаан
Саастаахтар көрсүһэр буолаарыҥ,
Сипсиһэн-кэпсэтэн ылаарыҥ
Санаһыҥ эдэр саас кэмнэрин.
Кырдьар диэн бу кырыыс буолбатах
Кырдьыы диэн бу олох өркөнө,
Атаарыҥ сынньанар биэчэрин
“Арчыга” кэлэҥҥит көрсүһүҥ.
Атаскыт-доҕоргут элбээтин
Алтыһан ааспыты санаһыҥ,
Алгыстаан саҥаны көрсүһүҥ
Айхаллаан ааспыты атаарыҥ.
Кырдьар диэн бу кырыыс буолбатах
Кырдьыы диэн бу олох өркөнө.
Дьоллоох Дьокуускай куоракка
Дьоһуннук үлэлээҥ-үөрэниҥ,
Дьолгутун сэрэнэн харыстааҥ
Дьоллоохтук уһуннук олоруҥ.
Доруобай чэбдик, чөл олохтоох
Дьоһун ыал аатын сүгээриҥ,
Кырдьар диэн бу кырыыс буолбатах
Кырдьыы диэн бу олох өркөнө.
Буттуруй,
тыа оҕонньоро.