Өй былдьаһан дуу, бэрт былдьаһан дуу суруйбаппын. Арах! Арах! Ис санаабын, тууйа сылдьар толкуйбун «Туймаада» барахсаммар суруйабын. Дьиҥнээх норуот хаһыата буоларынан, «Туймаада» суруйбуппун хайдах баарынан бэчээттээн үөрдэр.
Кэнним уһаабыт, инним кылгаабыт киһи буоллаҕым, «Туймаадабын» атыылаһа бардахпына, дьону кытта сэлэһэ таарыйа, хаһыаппын аҕытаассыйалыыр идэлээхпин. Хор, син ону-маны ыйдаҥардар, иннин-кэннин тарынара буолуо диэбит киһиҥ «Туймааданы» куттанан атыыласпат буоларын илэ-бааччы көрөммүн, билэммин “эчикийэ хаарыаны куттаныах сир баранан” диэн улаханнык уордайталаан ылабын. Аны туран, Покровкайга олорорбутунан сахалыы хаҺыаты ааҕааччылар быстар аҕыйах ахсааннаахпыт. Били баар-суох улахан хаһыаппыт төтөлө суох төлө баран, буор-босхо лааппы аайы өрөлөһөнө сытар да кэмнэригэр аахпат дьон аахпат буолар эбиттэрин көрөн итэҕэйбитим.
Бэйэм кыра булгунньахпыттан көрөн: култуурунайа суох, ньүдьү-балай дьон аахпат буолалларын билбит суолум. Оннук дьон төрүт боростуойу, элементарнайы диэххэ, киһини күлүү-элэк гыммыт курдук билбэттэриттэн киһи эрэ кэлэйэр. Улуу Кыайыыны сүүрбэ сыла туолбутун кэннэ, 1965 сыллаахтан бэлиэтиир буолбуппутун аҕыйах киһи долоҕойугар тохтотон билэр буолуохтаах. Үбүлүөйүнэй Кыайыыга аналлаах бастакы мэтээллэр 1966 с. бэриллибиттэрэ, дьиҥнээх фронтовиктарга. Дьоппуон сэриитин кыттыылаахтарын – “приравненные к участникам ВОВ” диэн ыйааҕы билэҕит дуу?
Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ Саха АССР-тан 62 тыһ. тахсар ахсааннаах буойуннартан үс аҥаар тыһыынча эрэ буойун уордьанынан, мэтээлинэн наҕараадаламмытын Д.Д.Петров диэн учуонай кинигэтиттэн ааҕан билиэххэ сөп. Бэһис колонна дьонун уодаһыннаах, алдьатыылаах үлэлэрин түмүгүнэн күн бүгүнүгэр уордьан, мэтээл суолтата отой түстэ. Хаһыаты аахпат дьон хантан, кимтэн билиэхтэрэй судаарыстыбаннай наҕараада ханна иилиллэр, кэтиллэр бэрээдэгин. «Кыым» хаһыакка өрдөөҕүтэ бу туһунан суруйан турабын. Аахпыт киһи аҕыйах буолуохтаах, долоҕойугар тохтоппут суох ини.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ буолары туоһулуур бэлиэ уҥа түөскэ анньыллар, кэтиллэр быраабылалаах, ол балаһыанньата баар, булан ааҕаарыҥ. Өрөспүүбүлүкэ 101 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ духуобунай академикпыт дуу, духуобунай лиидэрбит дуу ол бэлиэҕэ майгынныыры хаҥас түөһүгэр иилинэ сылдьара. Государственнай бириэмийэ бэлиэтэ уҥа түөскэ кэтиллэр бэрээдэктээҕин санатабын.
Улуу Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах мэтээл миэстэтин билэҕит дуу? Герой Кыһыл көмүс мэтээлинэн сэргэстэһэр аналлаах мэтээл ээ, онтукайгыт. Быраабылатын 1970 с. аармыйаҕа ааҕан билбитим.
Чэ, бэйи, тохтуохха, «өйдөөҕүмсүйэн» бүтүөх иннинэ сүбэлиибин: ытыктабыллаах кырдьаҕастар, мэтээллэргитин хаҥас түөскүтүгэр, бэлиэлэргитин уҥа түөскүтүгэр кэтэргитин бутуйумаҥ. Дьиҥнээх ис кырдьыгы этэр буоллахха, бытыктаах оҕонньор саҕана дьиҥнээх мэтээл, уордьан нүөмэрдээх уонна кыра даҕаны буоллар харчынан бонустаах буолар этэ. Тыраанспарга чэпчэтиитэ элбэх буолара. Улахан суолталаах наҕарааданы наҕараада курдук дьоһуннук, күлүүгэ-элэккэ барбат курдук иилинэ сылдьыахха диибин. Үтүлүгүн уҥа-хаҥас бутуйан кэтэ сылдьар киһини ким аанньа ахтан болҕойуой, кэпсэтиэй? Син ол кэриэтэ этинэн-хаанынан эмсэҕэлээн, хара үлэнэн ылбыт наҕараадаҕытын ностойууннук (достойно) кэтэргитигэр баҕаран туран суруйдум.
Ермолай СКРЯБИН.
Хаҥалас.