Бу 1990 сыллаахха этэ. Сир ийэ барахсан сайыҥҥы симэҕин кэтэн олус киэркэйэн турар кэмэ. Хонуу устун сир симэҕэ күндү көбүөр буолан тэлгэнэрэ. Күөл үрдүн сиккиэр тыал дьирибинэтэ хамсатара. Мутукча сыта дыргыйан сүрэххэр түһэрэ. Араас өҥнөөх лыахтар ирбинньиктэнэ көтөллөрө. Кэрии тыаҕа чыычаахтар чоргуйаллара, өтөн үөтэрэ. Күөрэгэй чыычаах көй салгыҥҥа дьырылыы ыллыыра, сотору-сотору сылаас тыал илгийэн ааһара. Кэрэкэтиэн, эбиитин күөҕүнэн чэлгийэр алааспыт!
Табаарыстарбын кытта Уус Алдан Бороҕонугар сир астыы айаннаан иһэбит. Күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ. Хайа эрэ кэрэ айылҕалаах алааска эмискэ полковник: “Көрүҥ эрэ! Көрүҥ эрэ!” – диэтэ. Күөл кытыытыгар сэттэ кыталык үҥкүүлүү сылдьар. Былыр-былыргыттан кыталык кыыллар кыраһыабай, көнө ньуурдаах кырдалларга көччүйэн, сынньанан ааһалларын истэрим. Эчи үҥкүүлүүллэрэ кэрэтин, киһи тылынан сатаан эппэт. Балачча өр үҥкүүлээн баран көтөн тыкаара турдулар.
Үйэбэр биирдэ кыталыктар үҥкүүлэрин көрбүппүн сөҕө, махтайа, астына сылдьабын. Айылҕа бэлэҕэ дии саныыбын…
Билигин сааһыран олорон, кыталыктар барахсаттар үҥкүүлэрэ харахпар көстөн кэлэллэр. Кыталыктары көрбүппүнэн дьоллоох этим диибин мин.
Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.