Ааспыт кэм арҕаһын хараҥа күлүгэр, хаалбыт биир дьикти түбэлтэнэн Ньыкаан Арамаанап туһунан кэпсээн буолар. Сорох дьон итэҕэйиэ суоҕун сөп. Бу көстүбэт киһи туһунан кэпсээн Бүтэй Бүлүү эҥээринэн тарҕаммыт дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэ. Түбэлтэни айбыт аҕам Васильев Иннокентий Васильевич-Соччо Киэсэттэн истибиппиттэн тугу өйдөөн хаалбыппын сырдатыам.
Ыарыкчаан диэн улахан түбэҕэ Дьарааһын Буокката диэн сэниэ ыал киһи олорбут. Олорго саас хаардаахха таһырдьа ынырыктаах холорук түһэн куугунаабыт уонна кинилэр оһохторун өһүөтүгэр сурулаан тахсан баран сүтэн хаалбыт. Ол холорук көмүлүөк оһохторунан киирэн, холумтаҥҥа кыратык сырылаан баран бүппүт. Ыаллар бөрүкүтэ суохха холорук оһох үөһүнэн киирбитин бастаан наһаа айыырҕаан баран, умнубуттар. Дьиэҕэ уларыйыы буолбут сибикитин ким да билбэтэх. Ыаллар наһаа сөҕө санаабыттар: “Бачча эрдэ туох холоруга кэлэн ытыйан биһиги оһохпут ураатынан киирдэ?” – диэн. Ол онон умнуллубут.
От үлэтэ саҕаламмыт. Кинилэр бэйэлэрин төрөппүт кыргыттарын таһынан урууларыттан тулаайах хаалбыт Балыарда диэн кыыһы ииппиттэр. Кыыһы үлэһит илии-атах гыналлар эбит. Балыарда ыалга илии-атах буоларын улахаҥҥа уурбат. Сахаҕа бэрт мааны, саҥаран-иҥэрэн бэртээхэй мааны кыыс үһү.
Биир сайыҥҥы үтүө күн оҕонньор кыргыттарынаан от мунньа таһынааҕы алааска бараллар. Ийэлэрэ дьиэтигэр иистэнэ хаалбыт. Омурҕаҥҥа аҕалара өйүөлээх мөһөөччүгүн арыйбыта, мөһөөччүк иһиттэн кыптыый сиргэ түһэр. Онуоха кыргыттарын сэмэлиир: “Ийэҕит иистэнэригэр туттар баар-суох кыптыыйын тоҕо илдьэ кэллигит?”. (Ол саҕана кыптыый диэн мээнэ көстүбэт тэрил буолуо буоллаҕа). Отторун мунньан баран, киэһээ дьиэлэригэр тиийбиттэрэ кыптыыйдара дьиэлэригэр баар, ийэлэрэ илиититтэн түһэрбэккэ таҥас тигэ олорор эбит. Онтон дьиктиргээн, сирэй-сирэйдэрин эрэ көрсөн кэбиһэллэр.
Киэһээҥи ыамҥа дьахталлар ынахтарын ыы титииккэ тахсыбыттар, сүөһүлэрэ туохтан эрэ сииргэнэн биир сиргэ турбакка сырсыакалаһа сылдьаллар.
Сарсыарда туран көрбүттэрэ, тиэргэннэригэр ким эрэ сүөһү иигин-сааҕын дэлби биир сиргэ мунньубут, хомуйбут. Оччолорго хомуйан биэрэр да киһи суох буоллаҕа. Дьиэлээхтэр онтон дьиксинэн: “Куһаҕан тыын буулаата”, – диэн, кинилэртэн чугас олорор Өлөкөө ойуунтан көрүүлэнэн көрөрүгэр аҕалара көрдөһө барар. Ол барбыт күнүгэр Балыарда ынахтарын сааҕын күрдьэ сырыттаҕына, үөһээ хотон үрдүттэн киһи саҥата иһиллэр: “Дьиэлээх хаһаайын ойуун ыҥыра барда, ол миигин син биир кыайбат, онон эрэйэ-муҥура суох ойуунната эҥин сатаабатын”, – диэтэ. Кини Балыарданы кытта кэпсэтэрин сөбүлүүр эбит, атыттары кытта улаханнык кэпсэппэт. Балыарда дэлби куттанан дьиэҕэ киирэр, чэйдии олорон тугу истибитин баар дьоҥҥо кэпсиир. Онуоха бары улаханнык куттаналлар. Ол да буоллар киэһээ күн киириитэ ойуун кэлэр. Көрүүлэнэригэр көмүлүөк оһоҕу дэлби отуннарар. Эмискэ хараҥа муннуктан киһи саҥарар: “Кыырар сэпкин-сэбиргэлгин тыыгар ууран баран эрэйдэммэккэҕин бу эбэни туораа уонна кырдьаҕас киһи быһыытынан дьиэҕэр баран сынньан”, – диир. Ойуун соһуйан өмүрэр уонна ыйытар: “Бу кимтэн кииннээх киһийдэх дуу, абааһы дуу буулаатыҥ? Киһи эбит буоллаххына икки харахпар илэ көһүн”. Эмиэ саҥа эрэ иһиллэр: “Төһө да көстүөхпүн баҕардарбын, ыар буруйум иннигэр күн сырдыгар көстүбэт ыйаахтаммыт киһибин. Миигин аҕыйах сылга дьукаах олордоргут уонна Балыарданы кэргэн биэрдэргит туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа”. Дьиэлээхтэр ойдуохтара дуу, быстыахтара дуу, үлэһит кыыстарын бу көстүбэт киһиэхэ кэргэн буоларыгар сөбүлэһэллэр, биэрэргэ тиийэллэр.
Саҥа ыалларга хотоҥҥо киирэр муннукка сиитэс таҥаһынан быыс оҥороллор. Ол курдук Балыарда көстүбэт киһиэхэ кэргэн буолар. Бастаан куттана-куттана быыска киирэр бэйэтэ кэлин үөрүүнэн кэргэнигэр киирэр буолар. Түүн дьиэлээхтэр кэргэнин кытта имэҥнэһэрин, ынчык-бөтүөх буолалларын истэллэр эбит. Сарсыныгар кыыстарыттан ыйыттахтарына: “Олох дьиҥнээх киһи курдук таптыыр, сыллыыр-ууруур, мин үрдүбэр сыттаҕына киһи баарын этим-хааным билэр, ол гынан баран көстүбэт эрэ”, – диир эбит. Кини кэргэнин кытта бу эргиннээҕи түөлбэ ыалларыгар сылдьыталыыллар. Ыалга кэллэхтэринэ Балыарда ыалдьыттыы дьиэҕэ киирэр эбит, онтон көстүбэт киһитэ мэлдьи хотон иһиттэн кэпсэтэрэ үһү. Саҥарара бу иһиллэр эбит да, хаһан да көстүбэтэ үһү. Дьиэ иһигэр хаһан да киирбэтэ үһү. Дьон аһаатахтарына хаҥас диэки туспа өлүүлээн уураллар, ону кыыс киллэрэн биэрэр эбит. Онтон дьиэтигэр Буоккалаах хотоҥҥо киирэргэ остуол оҕото оҥорон биэрэн аһаталлар эбит. Туох аһылыгы ууралларын эрдэттэн этэр эбит, төһө миин, төһө кырбас эти. Элбэҕи уурдахтарына төттөрү биэрэр үһү. Иһиттэрэ кыра кирдээх, быыллаах буоллаҕына өссө сууйтаран баран тэйэрэ үһү. Онон сылыктаатахха олус чэнчис киһи диэн этэллэр. Өссө астара кыра сиикэй буоллаҕына, төттөрү биэрэн буһаттаран баран сиирэ үһү.
Киһини кытта мэлдьи хотон иһиттэн, хотоҥҥо баар буоллахтарына өһүөтүттэн кэпсэтэр эбит. Саҥата бу иһиллэр да, отой көстүбэтэ үһү. Киэһэ кэргэнин хоонньугар киирэн утуйарыгар эрэ дьиэҕэ киирэрэ үһү. Быыс таҥастарын сабарыгар сороҕор быыс үрдүнэн илии курдук көстөрө үһү. Өйдөөн көрдөхтөрүнэ, маҥан илиилээх, кугас түүлээх курдуга үһү.
Биирдэ ааһан иһэр чиэппэр күүстээх киһи Буоккалаахха хоммут. Кини быыс таһыгар киэһээ манаан туран, быыһы сабан эрдэҕинэ илиититтэн харбаан ылбытыгар, быыһын сабарын кубулуппакка илиитин мүччү туттарбыт, онон нууччатыҥы күүс бөҕөлөөх диэн таайбыттар. Таһынааҕы ыаллар ийэлэрэ Аҕаапыйа ыалдьыттыы киирэ сырыттаҕына анараа киһи табаах ууран уматан биэрэригэр көрдөспүтүгэр, киһитигэр табаахтаах хамсатын төттөрү туттарыах буолан иһэн, көрөөрү сорунан хотон халҕанын тэлийэ баттаат иһирдьэ көтөн түһэр. Арай өйдөммүтэ, хамсатын бэйэтэ тутан турар үһү. Кини этэринэн, кугас түүлээх илиини кыратык элэс гынан көрөн аһарбыт. Онон дьиҥ нуучча киһитэ буолуохтаах. Ол эрээри көстүбэт киһилэрэ сайынын үчүгэй баҕайы куолаһынан үҥкүү тылын этэрэ, ыллыыра үчүгэйэ сүрдээх буолара үһү.
Ыарыкчаантан аҕыйах биэрэстэлээх Дьэбдьигийээн диэн сиргэ Тыаһыт Ыстапаан диэн элбэх сүөһүлээх, сылгылаах сэниэ киһи олорбут. Биирдэ кэргэнин Балыарданы Тыаһыттаахха атаарар уонна кэлэ сылдьарыгар илдьит ыытар. Балыарда тиийэн илдьитин тиэрпитигэр Ыстапаан: “Куттанарым бэрт ээ. Миигин дьиэтигэр суох, Көтөрдөөххө барбыт диэ”, – диэн Балыардаттан көрдөһөр. Онон барбат. Балыарда көстүбэт киһитигэр кэлэн иннэ диэбитигэр, арай истэн турбут курдук Ыстапаан саҥатын үүт-үкчү үтүктэн биэрэр. Кини ол курдук кэлбэтэх.
Көстүбэт киһи ити курдук үс сыл Буоккалаахха олорбут. Дьон бултуу бардаҕына хаһан бултаан кэлэрин, тугу бултуйбутун этэн биэрэрэ үһү. Хайдах күн-дьыл турарын отой үчүгэйдик билгэлиирэ, хайдах сыл буоларын эрдэттэн этэн биттэнэрэ үһү. Күһүн хаһан хаһыҥныырын, хаардыырын барытын эрдэттэн сэрэтэрэ үһү. Ханнык алааска ким ыалдьа сытарын, ким өлбүтүн, хайа ыалдьыт кэлэрин-барарын сарсыарда барытын кэргэнигэр кэпсиирэ үһү.
Ити курдук үс сыл олорбут. Болдьообут кэмэ бүтэрэ кэлбитигэр ыаллар ыалдьыттарыттан көрдөһөллөр: “Бачча үс сыл бииргэ олорон баран харахпытыгар кыратык эмитэ көстөн аас”, – дииллэр. Онуоха киһилэрэ көстүбэт. “Бу саас чалбах тахсыбытын кэннэ, Ньукуолун күнэ буолуон биэс хонук иннинэ, хотоҥҥутугар тахсан от киллэрэр түнүгүнэн манаарыҥ, онно баран иһэн көстөн хаалыам”, – диир.
Дьэ, барар күнэ тирээн кэлэр. Ыаллар бары хотонноругар тахсан от киллэрэр түннүгү аһан манаан бөҕө. Арай киһилэрэ үчүгэй баҕайы куолаһынан олоҥхолуу-олоҥхолуу баран истэҕинэ тыал бөҕө түһэр, онтон тыал быыһынан орто уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх киһи баран иһэр күлүгэ кыратык көстөн ааһар. Ол онон сүппүт, көстүбэт киһилэрэ барбыт.
Ол кэнниттэн Хочо улууһугар тиийэр. Тиийбитэ эмиэ эриэккэс. Иҥиир Баһылай диэн сэниэ киһи Накыыттыыр сиргэ бур-бур буруо таһааран олорбут. Кинилэргэ саас күн уһаабытын кэннэ тиийэр.
Биир үтүө күн Иҥиир Баһылай Мухтуйаҕа бурдук тиэйэ, таарыйа маҕаһыынтан табаар атыылаһа баран хаалар. Онтон Иҥиир эмээхсинэ Маар биэрэстэлээх сиргэ ынахтарыгар от сиэтэ тахсыбыт. Ол олордоҕуна арай киэһээ түөртүүр саҕана таһырдьа ыт үрэр. Тахсан көрбүтэ хара саппыйаан сонноох, донускуой аттаах ханна көрбөтөх киһитэ орто сыарҕаҕа тиэрэ түһэн баран өтөх тиэргэнин иһигэр сүрдьүгэстээх аанынан тэбиннэрэн киирэн иһэр эбит. “Хайа, бу туох бэйэлээхтэрэ кэлэн истэҕэй?” – диэн баран, ынахтыын бэйэлиин олорор туруорбах саах балаҕаныгар киирэн, былыргы үс көҥдөй уһун куобахтаах чаанньыгар уу кута охсон, саха оһоҕор уот тардыамахтаан, чэй өрөн кэбиһэр. Ыта үрбэлээн баран уурайан хаалар. Дьэ, киһи киириэхчэ киирбэт. Күүтэ сатаан баран: “Кэлэн баран тоҕо киирбэт киһиний?” – диэн таһырдьаны тахсан көрбүтэ, эриэккэһэ диэн дьиэтин таһыгар ким да суох. “Хайдах хайдаҕый…” – диэн онон-манан көрө сатыыр. Дьиэтин, хотонун эргийбитэ киһи да суох, ат да көстүбэт. “Бу хайдах баҕайыный, хараҕым иирдэ дуу, тугуй? Манныгы урут көрбөт этим”, – диэн дьэ куттана саныыр.
Киэһээ ынахтарын ыан, баайталаан, аһаан баран утуйар. Ол түүн ынахтарын быалара сөллөн дьиэҕэ тахсаллар. Утуйа сыттаҕына кэлэн таҥаһын сытырҕалыыллар. Сулбу ойон туран тымтыгын уматан, хотонугар киирэр. Ынахтарын быаларын хотону биир гына көрдүүр. Арай ынахтарын быалара түүрэ кэргиллэн кыбыыга, хотуул анныгар сыталларын булан, наһаа сөҕөр. Ким эрэ соруйан түүрэ эрийбитин курдук эбит. Быалары көннөрөн, ынахтарын баайталыыр. Ол түүн олох утуйбат.
Сарсыныгар уола тахсан Нүкээлэлээх диэн ыалга барытын кэпсээн биэрэр. Нүкээлэ киирэн күнүһүн олорсон баран киэһээ буолуута дьиэтигэр тахсар. Эмээхсин лэппиэскэ оҥостубутун оһоххо өйөннөрө ууран баран, хотонугар ынахтарын ыы тахсар. Ынахтарын ыан киирэн көрбүтэ лэппиэскэлэрин сырайыгар дэлби киһи соруйан сыбаабытын курдук ынах сааҕынан дэлби сыбаммыт. Ол түүн эмиэ олох утуйбат.
Сарсыныгар Нүкээлэргэ тахсан: “Сатаан олоруо суохпун, төттөрү көһөр”, – диир. Ол күн төттөрү Накыыттыырыгар көһөн киирэр. Бэйэтин дьиэтигэр арыый уоскуйан олордоҕуна, арай быыска турар таҥас илигирии-илигирии сиргэ түһэр үһү. Дьэ, итинник куттана-кутана олороохтууллар.
Иҥиир Мухтуйаттан тиийэн кэлэр. Эмээхсин туох буолбутун сиһилии кэпсээн биэрэр. Онуоха Иҥиириҥ туран саатын сулбу тардан ылан ииттэ-ииттэ дьиэтин муннуктарын кэрийэр: “Туох бу айыыны-хараны оҥорбуппун накаастаатаххытый?! Киһи буоллаххына көһүн, абааһы буоллаххына киэр бар”, – дии-дии ытыалаан субурутар. Дьэ, ол бириэмэҕэ киһи илиитэ оһох сыҥааҕынан уокка иттэ олороро көстүбүт. Онтон сис туттан баран олороро, биирдэ самыыта, көхсө көстүбүтэ үһү. Били саппыйаан соно сонунан үһү уонна эппит: “Мин тыыннаах киһибин. Абааһы буолбатахпын. Куттанымаҥ. Мин эһиэхэ дьукаах олороору кэллим. Хотоҥҥо киирэр муннукка остуол оҥорон аһатар буолаарыҥ, оччоҕуна мин эһигини тыытыам суоҕа. Бу дьон хараҕар көстүбэт буолбут киһибин, көстүөхпүн баҕарбытым да иһин көстүбэппин. Ол гынан баран тыыннаах киһибин”, – диэбит. Ол күнтэн ыла Иҥиирдээх хотоҥҥо киирэр аан таһыгар кыра остуол оҕото оҥорбуттар уонна киэһээ аайы ас бэлэмнээн, өлүүлээн биэрэр буолбуттар. Киһи аһыырын курдук иһит тыаһыыра үһү.
Итинтэн бэттэх ампаардарыгар сылгы аҥаара атах эт, арыы эҥин баар буолар үһү. Ол курдук олорон баран барарыгар кыратык көстөр эҥин буолбут уонна этэр эбит: “Ньыыкан Арамаанап диэммин, гипнозтаах киһибин. Өлүөххүтүгэр диэри мин туспунан кимиэхэ да этээйэҕит, этэр бэйэлээх буоллаххытына туоххут да ордуо суоҕа, имири эстиэххит”, – диэбит. Онтон чугас эргин эдэр ыаллар олороллорун ыйыппыт. Оннук ыал суох буолан биэрбит уонна бараары туран Иҥиир хаартытын ырытан биэрбит. Онтон ыла Иҥиир хартылаан тугу да икки илиилээххэ иннин биэрбэккэ, наһаа байбыт. Ол эт-ас аҕаллаҕына Иҥиирдээх сүтүктээхтэри ыйытаһаллар эбит да, биир да этин-аһын сүтэрбит ыал көстүбэтэ үһү.
Бу кэннэ көстүбэт киһи Кэбээйигэ тиийбит, онтон Ньурбаҕа, Өҥөлдьөҕө олоро сылдьыбыт.
Кэлин сэрии кэнниттэн Ньыыкан Арамаанаппын диэн туох да мааны уу сахалыы саҥарар нуучча киһитэ кэлэн сылдьыталаан ааспыта үһү.
Соччо Кутукаай.