Саха киһитэ буолан, саас-күһүн куска сылдьарбын сөбүлүүбүн. Саас барахсан үгэннээн турдаҕына айылҕаҕа сылдьартан ордук туох үчүгэй баар үһү! Арай быйыл саас куска барбатым, биричиинэтэ – саам көҥүлүн болдьоҕо бүтэн хаалбыт. Уһатаары полицияҕа тиийбитим быраабылатын дэлби уларытан кэбиспит эбиттэр, государственнай интернет-портал эрэ нөҥүө оҥоһуллар диэтилэр.
2001-2006 сылларга улууска “Сунтаар сонуннара” хаһыат редакторынан үлэлии сырыттахпына, куска-куобахха сылдьар улахан кыһалҕа буолааччыта суох. Онтон куорат сиргэ арыый атын бөҕө буоллаҕа, аны туран кустааһын быраабылата сыллата уларыйар-тэлэрийэр курдук. Таптаабыт сиргэр ыллыҥ да, урукку курдук сааҕын сүкпүтүнэн көҥүл дьаарбайбаккын. Онон Дьокуускай куораттан арыый тэйэн, чугастааҕы улууска тиийэн кустуур буоллаххына бары быраабыланы, сиэри-туому тутустаххына сатанар.
Дьэ маныаха ханнык эмэ сири-дойдуну билэр кырдьаҕастаах буолар үчүгэй. Мин да син булт диэн баран муннукка ытаабыт кырдьаҕастары балачча билэбин, кинилэри кытта баччааҥҥа диэри сыр-мыр сылдьан кэллэҕим. Маҥнай утаа тэрээһиммит мөлтөх соҕус этэ.
Мин 6-7 сыллааҕыта, ол эрээри саас буолбакка күһүн хайдах биир «генераллыын» кустаабытым туһунан кэпсээн аһарыахпын баҕардым.
«Туймаада» хаһыаты уруккуттан ааҕааччылар Николай Попов-Сэргэ диэн хаһыакка суруйа сылдьыбыт кырдьаҕаһы, кэтэхтэн да буоллар, ааҕан билэр буолуохтааххыт. Николай Егорович суруйар дьоҕурун таһынан биир уратытынан сааһыт бэрдэ, куска-куобахха наар сылдьар, ону ааһан балыксыт ааттааҕа. Дьокуускай куоракка олорбута ырааппыт буолан, чугастааҕы киин улуустарга тиийэн бултуур-балыктыыр эбит.
Күһүн буолан, кус көҥүллэннэ. Дьэ биһиги сүбэлэһэн баран, Хаҥалас сиригэр тиийэн кустуурга быһаарынныбыт. Николай Егорович эргэ да буоллар «УАЗ» массыыналаах, ол онтунан айанныыр буоллубут. Биир куорат киһитин билэр эбит, орто саастаах Василий диэн ааттаах киһи. Бу 50 сааһын саҥа туолан эрэр, уруккута милиция үлэһитэ, билигин пенсияҕа тахсан баран биир ханнык эрэ тэрилтэҕэ үлэлиир эбит. Николай Егорович бу Василийы суоппар гынан иккитэ-хаста кустуу дуу, балыктыы дуу бара сылдьыбыттар. Ханна, хайдах билсибиттэрин билбит суох, быыс булан ыйыппакка да хаалбыппын. Оттон куорат киэҥ буоллаҕа, ким кимниин, ханна уонна хаһан билсибиттэрин хас сырыы аайы токкоолоһо сылдьыбат үгэс баар курдук.
Онон, үлэхтээх күммүтүгэр ох курдук оҥостон, булт тэрилтэтиттэн көҥүл сурук ылан, айанныыр күммүт үүннэ. Эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан үһүө буолан айанныахтаахпыт. Сарсыарда бэрт эрдэ Залог оройуонугар олорор Ньукулайга тиийдим. Киһим дьиэтин аттыгар баар тимир гараһын аһа сылдьар эбит. Пахай, массыыната отой да бэлэмнэммэтэх эбит, били суоппар буолуохтаах Василийбыт, Ньукулай этэринэн Бааскабыт, бэҕэһээ отой да биллибэтэх.
Хайыахпытый, суотабайбытын ылан киһибитигэр эрийэн бардыбыт. Бааска дьиэтигэр баар эбит, биһигини кэтэһэр үһү. Ньукулай: «Оо, чуорт да киһитэ, доҕор!» – диэн саҥа аллайда.
Салгыы массыына собуоттуур түбүгэр түстүбүт. Бу иннинэ Ньукулай массыынатын биир уолга уларса сылдьыбыт эбит, ону да нэдиэлэ анараа өртүгэр. Онон син сүүрэр туруктаах массыына буолуохтаах, диэн буолла. Мин собуоттаан эстим, эргэ тентовай УАЗик эрэйдээх салыбырыы-илибирии түстэ. Кыыкырдатан-хаахырдатан гаражтан кэннинэн сүүрдэн таһаардым.
Дьэ, доҕоттор, иномарка массыынаҕа холоотоххо сир уонна халлаан араастарын курдук буолла. «Хайдах маннык массыынанан оччо ыраах сиргэ айанныыбыт?» – диэн мин сэрэхэдийэ санаатым. Аны туран туормаһа отой да туппат, бастакы скороска эмискэ киллэрдэххэ эрэ «туормастыыгын». Хайыахпытый, бултуу барар баҕа баһаам, Бааскабытыгар айаннаан киккирэттибит. Киһибит Сайсаарга Ильменскэй уулуссаҕа баар чааһынай дьиэҕэ олорор, онон куораты биир гына туормаһа суох массыынанан айаннаан киниэхэ тиийдибит.
Мин бу Василийы саҥа көрсөн, илии тутуһан билистим. Ортону үрдүнэн уҥуохтаах, ырыган соҕус, нууччалыы-сахалыы саҥарбыт-иҥэрбит, этэргэ дылы «типичнэй куорат бэрэстэбиитэлэ» эбит. Милицияҕа ханнык да опер эҥин буолбатах, хаһаайыстыбаннай отделга дуу, гаражка дуу үлэлээбит үһү.
Массыына бэлэмэ суоҕун, туормаһа туппатын истэн баран:
– Ерунда! Билигин көрүөхпүт, – диэтэ. Ньукулай:
– Бэҕэһээ тоҕо кэлбэтиҥ? – диэн ыйыппытыгар хоруйа судургу буолла:
– Ээ, биир дьахтары кытта утуйа сыппытым…
Урутаан эттэххэ, бу Бааска кэргэнэ былырыын сүрэҕинэн ыалдьан өлбүт үһү, икки оҕолооҕо номнуо ыаллар, туһунан олороллор.
Киһибит УАЗикпытын көрөн-истэн барда, туормаһа букатын да туппатын билэн-көрөн баран соһуйда, миигиттэн ыйытта:
– Һок, хайдах бу туормаһа суох айаннаан кэллиҥ?
– Оттон кыһалҕа буоллаҕа дии… – диибин.
– Дьэ, кытаанах уол эбиккин, – мин диэки хайдах эрэ сөхпүттүү көрөр.
Бааска техникаҕа олус сыстаҕас эбит, дьиҥнээх суоппар эбитэ дуу, туттара-хаптара биир оннук. Массыынабытын соннук уулуссаҕа туруоран эрэн, оҥорон киирэн барда. Онтон-мантан тимир булан, үүйэн-хайаан, туормаспытын оҥорон кэбистэ, уопсайынан да туттуу-хаптыы мааны. Бэҕэһээҥини, бөлүүнү быһа дьахтары кытары сылдьыбыт, күүлэйдээбит киһиэхэ букатын маарыннаабат. Эмиэ урутаан эттэххэ, Бааска арыгытын ааспыт күһүн эмтэппит үһү, бэрт кыратык амсайыан сөп үһү да, ааһа баран хаалыам диэн куттанар эбит. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ улаханнык иһэ сылдьыбыт, өлө сыспыт үһү. Хата, эмтэтэн тыыннаах хаалбыт курдук кэпсиир.
Итини барытын УАЗикпытын күн аҥаара оҥосто сылдьан, айаннаан иһэн кэпсэтиибититтэн биллим-көрдүм. Бааска ол курдук айаҕа аһаҕас, кэпсээнэ-ипсээнэ элбэх. Мин биирин үксүн истэбин, онтон Ньукулай дөрүн-дөрүн:
– Оо, бу да киһи! – диэн сэргиирэ да, сэмэлиирэ да биллибэттик саҥа аллайан ылар.
– Көрүҥ бу, – диир Бааска, – массыынабыт айаннаан истэҕин ахсын уута-хаара, арыыта эҥин үчүгэйдик сүүрэр буолар, смазкаланар-хайыыр. Онон үчүгэй буолуоҕа!
Санаабыт ол аайы көтөҕүллэр, Хаҥаластыыр суолбут асфальт буолан сыыйыллан олорор. Били бу сарсыарда УАЗикпытыттан сылтаан алдьана сыспыт настырыанньабыт үчүгэй буолла.
Тиийиэхтээх сирбит Хаҥалас Булгунньахтааҕын анараа өртүтэ, Ньукулай урут сылдьыбыт сирэ. Булгунньахтаахха тиийэн кини билэр киһитин көрсүөхтээхпит, ол киһи биһиги салгыы сирдээн сырытыннарыахтаах.
Ити курдук кэпсэтэн-ипсэтэн, балачча өр айаннаан Булгунньахтаахха тиийдибит. Ньукулай били киһитин дьиэтин булан тиийбиппит кырдьаҕас ийэтэ эрэ баар, ол киһибит арыыга тахсан баран киирэ илик эбит. Төһөҕө киириэ биллибэт.
Бу икки ардыгар киэһэрэн барда, биһиги хаһан кэлэрэ биллибэт киһини көһүтэн олоруохпут дуо, халлаан сырдыыта хонук сирбитигэр тиийдэхпитинэ сатанар. Инньэ диэн баран массыынабытыгар олорон, трасса устун айанныы турдубут. Сотору соҕус ойуурга туоруур суол баарынан салайан, иннибит хоту бара турдубут. Ньукулай бу сирдэринэн урут сылдьыбыт, онон мунуу-тэнии билиҥҥитэ суох.
Бу айаннаан истэхпитинэ аара оттоммут ходуһалар, күрүөлэммит кэһиилээх оттор көстөллөр. Улахан да буолбатар, хомус от хойуутук сэтиэнэх буолбут сиригэр күөллэр бааллара көстөллөр.
– Күөллэрбит дьэ кэлитэлээн эрэллэр, – диэтэ Ньукулай. – Мантан тэйиччи баар үүтээҥҥэ тиийиэхпит иннинэ бу балары көрөн ааһыаҕыҥ.
Биһиги эгэ эрэ, биир көлүччэ кытыытыгар кэлэн, ойуур саҕатыгар тохтоон туран эрэ сааларбытын көрүнэбит. Мин эргэ «ТОЗ-34Е» саалаахпын, дьонум МЦ-лаахтар. Сааларбытын ииттэн баран күөл диэки хаамтыбыт. Күөл да буолуо дуо, көннөрү уулаах элгээн диэххэ сөбө буолуо.
Кырдьаҕаспыт массыына аттыгар хаалла, биһиги күөлү эргийэ – Бааска хаҥас өртүнэн, мин уҥа диэкинэн бардыбыт. Саам предохранителин устан, бэлэмнии тутан баран саҥа хаамыах курдук буолан истэхпинэ, Бааскам сүүрэн дьөгдьөрүйэн бара турда. Мин аргыый аҕай тыа саҕатыгар тиийэ сыһар элгээн диэки хааман истэхпинэ, арай киһим саатын тыаһа өрө барчалана түстэ. Ону көрө түспүтүм киһим күөлгэ отой ыкса киирэ охсубут эбит, мин уҥа биэрэккэ тиийэрбин кэтэһэ да барбатах. Ити букатын 2-3 мүнүүтэ иһигэр буола оҕуста. Көрбүтүм бэрт ыраахтан кустар көттүлэр уонна били мин тиийиэхтээх сирим диэкинэн үөһээ көтөн куһугураатылар. Итиччэ ыраахтан таппатым биллэр, онон саатар тыас таһаарыахха диэн биирдэ ытан хааллым.
Бааска бэрт дьикти ньымалаах киһи эбит, дьонун кэтэспэккэ эрэ күөлгэ уруттаан киирэр. Оннооҕор Ньукулай кырдьаҕаспыт күөлгэ да чугаһаабакка, массыынатыттан да ырааппакка даллайан туран хаалла.
Киһибит биир чыркымайы тутан кэлбититтэн үөрэммит, били бэйэбит табыллыбатахпытын букатын да умнан кэбистибит. Хата киһибит түргэнин, сымсатын хайҕааһын буолла. Бааскабыт ол аайы сирэйэ сырдаан, саҥата-иҥэтэ өссө элбээбиккэ дылы. Бастакы кус баар!
Ити курдук салгыы алаастарынан баран, өссө икки-үс күөлү киирэн көрдүбүт. Бааскабыт илэ-мээнэ иннин диэки дьүккүйэ турар, били урут киирэ охсон ытар албастаах эбит. Киһибитигэр ону этэн көрдүбүт да, саҥарбат. Үһүспэр ыксаан, эмиэ кэтэспэккэ эрэ киирэн ытыа диэн дьэ аны бэйэм түргэнник туттан-хаптан, күөлү эргийэ кэриэтэ сүүрдүм. Киһим бу сырыыга отой да көнө киирэн, иккитэ ытан эмиэ биир кустаах таҕыста.
Ону-маны ырытыһар бокуой суох, күһүн түргэнник хараҥарар. Тиийэн үүтээммитин булан, онно хонордуу оҥоһуннубут. Манна хонукпут бэйэтэ биир туһунан кэпсээн буолуон сөп этэ. Хаҥаласка бааһынайдар элбэхтэр, ол курдук бу киһини нуучча быһыылаах дии санаабытыҥ, отой да уу сахалыы саҥаран соһутар. Үүтээммит хаһаайына эмиэ оннук киһи эбит, аны туран үүт-үкчү кинорежиссёр Андрон Кончаловскай курдук дьүһүннээх. Дьэ, буолар да эбит, дии санаатым. Баҕар, бэйэм эрэ оннук майгыннаппытым буолуо.
Ыһыкпытын үөрэ-көтө хаһаайыны кытта үллэстэн, «ититэрдээхпитин» эмиэ умнубакка аһаан, түүн буолан наара ороннорго бэрт баҕайытык утуйан хааллыбыт. Түүн ортото кустуу сылдьар эдэр уолаттар кэлэн, муостаҕа таҥастарын тэлгэнэн сытан утуйдулар. Маладьыастарыҥ букатын айдаарбаттар, ол курдук тыаһа-ууһа суох хонон, сарсыарда бэрт эрдэ, биһиги да туруохпут иннинэ хомунан баран хааллылар. «Дьэ, Хаҥалас ыччаттара маладьыас да эбиттэр, булт сиэрин үчүгэйдик тутуһаллар», – дии санаатым.
Сарсыныгар үчүгэй да күн үүннэ! Көмүс күһүн барахсан чахчы да күлүмүрдүү оонньоон, көмүс солотуутун тулатыгар сиэдэрэйдик ыһар. Чэбдик салгыннаах чэмэлкэй күн буолла.
Сөп соҕустук туран, суунан-тараанан баран «Андрон Кончаловскайбытын» кытары чэйдээтибит. Киһибит мантан салгыы хайа диэки барыахпытын сөбүн ыйда уонна:
– Киэһэ манна кэлэн хонооруҥ, ханна атын сири көрдүү сылдьыаххытый? – диэтэ. Биһиги киэһэ кэлиэх буолан, махтанан-баһыыбалаан баран салгыы айаннаатыбыт.
Бүгүҥҥү кустааһыммыт бэҕэһээҥиттэн туох да уратыта суох буолан бараары гынна. Ол курдук Бааскабыт күөлү көрдө да, мэктиэтигэр ол диэки бөтөрөҥүнэн түһэр. Биһиги Ньукулайбынаан киһибитин буойдубут.
– Доо, Бааскаа! Эн бэйэҥ эрэ урут киирэн ытаҕын, биһиги эмиэ кус ытыахпытын баҕарабыт ээ, – диэтим мин.
– Нокоо, Бааска, олустаама эрэ! – Ньукулай быһаччы эттэ. Дьэ итинник эрэ диэбиппитигэр киһибит оройдотто быһыылаах.
Уопсайынан, бу сылдьыбыппыт тухары Бааска миэхэ кими эрэ олус санатта. Кими буолуой? Кини курдук билэр киһим суохха дылы… Онтон дьэ өйдүү түстүм: мин тус билэр киһибин буолбатах, били суруйааччы Далан «Аар тайҕам суугуна» диэн сэһэнигэр баар омсолоох соҕус герой Баасканы – Бааскайдааны санатар эбит. Дьэ, буолар да эбит, саатар ааппыт да үкчүтэ. Ол герой эмиэ куорат киһитэ, аныгы соччото суох тылынан эттэххэ, маргинала этэ дии. Оннооҕор тас ойуулааһына бу биһиги Бааскабытыгар олус майгынныыр эбит. Эмиэ булка олус өрүскэлэһэр, оннук азартааҕа дуу. Үүт-үкчү! Ол Далан кинигэтин геройа субу Ньукулай биһикки иннибитигэр түһэн кэлбит курдук.
Саҥарара-иҥэрэрэ, туттара-хаптара үүт-үкчү Далан Бааскайдаана. Дьахталлар тустарынан олус интэриэһиргиир, кинилэр тустарынан кэпсээнэ хайаан да туустаах-тумалаах буолар.
Бу маннык да сырыттарбыт кэм нэммитин билсэн, аһаҕастык кэпсэтэн-ипсэтэн, кэнникинэн бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнсэн бардыбыт. Бааска куска киирэригэр арыый бытааран, биһигини кэм күүтэр буолла. Мин Бааска көтүппүт кустарын иккитэ ытан, биири хааллардым. Бу сырыыга Бааска сыыста, мин таппыт буолан таҕыстым. Массыынабытыгар эрэһиинэ тыылаахпыт, ону үрдэрэн киирэн кустарбын ыллым (хаартыскаҕа). Бу Ньукулай эрэһиинэ тыыта, урут тэстэ сылдьыбыт буолан, абырахтаан килиэйдээбитэ тыынын син-биир кыралаан таһаарар эбит.
Син ыраах соҕус сиргэ сылдьар быһыылаахпыт, биһигиттэн атын кусчуттар көстүбэттэр. Маннык кэрийэн куһу ытааһыны мин испэр соччо киллэрбэппин, биир бэйэм дойдубар курдук дурдаҕа маныырбын ордоробун. Ону баара манна биһиги бэйэбит бас билэр сирбит суох буоллаҕа, туох түбэһэринэн сылдьабыт.
Бу курдук сырыттахпытына эбиэт буолла. Биир халдьаайыга тахсан, онно оҥостон олорон эрэ аһаатыбыт. Бааскабыт бастаан бэркэ итийэн-кутуйан кэпсэтэн иһэн, эмискэ саҥата суох баран хаалла, устунан өттүгэстии сытан утуйбутунан барда. Биһиги Ньукулайдыын сэһэн-тэппэн бөҕө буоллубут.
– Ньукулай, киэһээҥҥэ диэри ханна ыксыахпыт баарай? Арай о-ол күөлгэ киирэн илим үттэхпитинэ? Тыыраахылар бөҕө көтө сылдьаллар, балыктааҕа буолуо, – диибин.
– Кырдьык даҕаны, – диэтэ Ньукулай. – Илим баҕас баар. Чэ, тыыны үрдэр.
Бэрт түргэнник тыыны үрдэрэ оҕустум, кырдьаҕаспын олордон, илимнэрин тыыга уран баран үөскэ анньан кэбистим. Ньукулай чаас кэриҥэ илимнэрин үттэ. Тахсан баран Бааска сол да утуйа сытарын көрөн:
– Оо, дьэ, бу киһибит сол да утуйа сытар дуу? – диэтэ.
Мин күллүм. Кырдьык, Бааска отуу ол-бу үлэтигэр мээнэ кыттыспат буола сатыыр, сүгүү-көтөҕүү үлэтэ баар буоллаҕына туора дьаадьыйар. Хата, бу курдук түгэн түбэстэр эрэ сытан утуйан хаалар. Эбэтэр утуйбута буолара дуу? Холобур, манна чэй өрүнэрбитигэр мин эрэ түбүгүрбүт курдугум. Ньукулай сороҕор Бааска тугу да гымматыттан кыһыйбыт курдук туттар да, таһыгар соччо биллэрбэт, арай:
– Оо, бу киһи… – эрэ диир.
Ол иһин мин кэпсэтиини күлүүгэ-оонньууга кубулута сатыыбын:
– Ньукулай, чэ, байыаннай званиета үллэстиэх эрэ. Эн саамай аксакалбыт буолаҕын, онон эн генерал буол. Бу Бааска орто саастаах, онон капитан буоллун, эбиитин бэйэтин милииссийэтин званиета. Чэ, мин эһигиттэн барыгытыттан эдэр киһи лейтенант буолуум, ээ суох, старшай лейтенант буолуум.
Мантан салгыы мин дьоммун «званиеларынан» атыннык ыҥырбат буоллум. Ньукулайга «есть, товарищ генерал!» диэн хоруйдуубун, Баасканы «товарищ капитан!» диэн ыҥырабын. Дьонум миигиттэн үрдүкү званиелаах буолан, итинник диирбиттэн тоҕо да өһүргэниэхтэрэй? Дьэ ити курдук бэрт үчүгэйдик сырыттыбыт. Дьонум кэлиҥҥинэн бэйэлэрэ да званиенан ыҥырсар буолан бардылар.
Илиммитигэр санаабыт хоту элбэх балык кэлбэтэ, бэрт аҕыйах собо кэлбитин «Андрон Кончаловскайга» илдьиэхпит дэстибит.
Киэһэ күөллэри кэрийэн, били бөлүүн хоммут үүтээммитигэр арыый эрдэ кэллибит. «Андрон Кончаловскайбыт» баар, биһигини үөрэ-көтө көрүстэ. Мантан киэһэ түүннэри дойдубутугар айаннаабат буоллахпыт, трассаҕа диэри балачча ыраах. Онон манна хонон баран, сарсыардаттан тута дойдулуурга быһаарынныбыт. Холбоон-илбээн уонча кустаахпыт, бу да биһиэхэ, куорат дьонугар, элбэх курдук. Баҕар, киэһэ байанай эмиэ мичик гыныа…
Ньукулайбыт: «Чэ, мантан киэһэ сынньаныаҕыҥ», – диэтэ. Мин испэр кустуур баҕам хайдах эрэ хамматах, бачча кэлэн баран саатар чугастааҕы күөлгэ кус манаабыт киһи дии санаатым.
Дьэ били балыкпытын «Андрон Кончаловскай» астаан, таһырдьа оллооҥҥо уот оттон бүтүн биэдэрэнэн буһара уурда. Биһиги эт хансыарба, хортуоппуй илдьэ кэлбиппитинэн эмиэ биир биэдэрэҕэ буһаран билгиттибит. Отууга дьон кыралаан кэлэр-барар сирэ эбит, онон бу да сырыыга бу үүтээни булчут дьон таарыйан ааһара биллэр.
Ас-үөл буһан, сибиэһэй собону сиэн, миинин иһэн тириибит тэнийдэ, сэһэн-тэппэн ыраатта. «Ититэр аспытыттан» кыратык амсайабыт, оннооҕор «сухой сокуоннаах» Бааскабыт да хаалсыбата. Ол эрээри Бааска сэрэнэрэ көстөр, нуорматын кыраҕытык тутуһа сатыыр. Эмтэппит киһи букатын иһиэ суохтаах диэн буолар ээ, оттон кини хайдах быһыылаахтык эмтэппитэ буолла? Чэ, төһөтүн да иһин, бэйэтин дьыалата.
Маннык кэпсэтэ-ипсэтэ олорор төһө да үчүгэйин иһин, кус маныы барар баҕам тулуппата.
– Бэйи, табаарыстар… Товарищ генерал! Халлаан сырдыгын туһанан кус маныы киирэрбин көҥүллээ эрэ, – диэн Ньукулайга эттим.
– Ээ, эдэр киһи киирэр буоллаҕыҥ. Биһиги да олорор түһэн баран, сотору утуйар инибит. Сарсыарда сөпкө туран дойдубутугар айанныа этибит.
Бааска диэки көрбүтүм киһим үөрбүт-көппүт аҕай. Миигин кытта кус маныы киирсиэн баҕарар быһыылаах да, өлгөм астаах остуолтан туруон баҕарбата көстөр.
Мин саабын ылан, таҥнан-саптан үүтээнтэн таһырдьа таҕыстым. Атырдьах ыйын бүтүүтэ буолан, халлаан хараҥарыан сөп этэ да, бириэмэ арыый эрдэ эбит. Үүтээнтэн ырааҕа суох биир обургу соҕус күөл көстөр, мин ол диэки бардым. Бу хааман иһэн арааһы саныыбын. Айылҕаҕа сылдьан көй салыгынан дуоһуйа тыынар үчүгэйиэн! Куорат таас дьиэлэрин курдук буолуо дуо. Балачча хааман, күөлү эргийэн уҥуор тиийдим. Манна кус маныыр дурда суох эбит, арай көннөрү хаптаһыннарынан олох мас курдук оҥорбуттар. Санаабар, онно олорон кус манаатым.
Сымыйанан эппит курдук буолла, ол олорооппун кытта хаҥас өртүбүттэн үс моонньоҕон көтөн иһэрэ көһүннэ. Отой үрдүбүнэн ааһан иһэллэр, мин күөлбэр түһэр санаалара суох быһыылаах. Куһу утары ытан соччо хотуппаппын билэбин, ол иһин, бэлэм олорор буолан, үрдүбүнэн арыый ааспыттарын кэннэ кэннилэриттэн иккитэ ытан саайдым. Өс-киирбэх биирбэх биир моонньоҕон табыллан таҥнары курулаата. Бу үөрүүнү!
Саабын туппутунан сүүрэн тиийэн хонууга түспүт куспун ыллым, – сып-сылаас, эчи ыараханын! Кэнниттэн обот түүтүн үргээн ылан бырахтым уонна куспун үрүксээкпэр уктан кэбистим.
Били миэстэбэр тиийэн салгыы маныы олордум да, кустар биллибэтилэр. Бу күөлгэ түһүөх курдук гынан иһэн, хайдах эрэ кырыыбалыы, салгыы уҥа диэки хайысханан ааһа көтөр курдуктар. Арааһа, онно эмиэ күөл баар быһыылаах. Эбиитин ол диэки дөрүн-дөрүн саа тыаһыыр. Куһу кэһэтэн эрдэхтэрэ…
Сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук кураанахха олордум. Хайдах гыммыт киһи? Бу мин олорор күөлүм олус улахан буолбатах, көлүччэ диэххэ сөп буолуо. Онон мантан кыра сиһи быһа түстэххэ улахан күөл баар буолуон сөп. Итинник санаан баран, мин күөл баар буолуо диэбит сирбэр, үүтээммититтэн тус соҕуруу диэки түһэ турдум.
Маҥнай булкаас мастардаах ойуурунан хаамтым, онтон иһиригинэн бардым. Олус өр хаампатым, эргэ солооһуҥҥа тахсан кэллим. Ол солооһуну туорааппын кытта биир бэрт обургу күөл бу нэлэс гына түстэ. Оо, мэндээрэн, тоҕо да үчүгэйэй! Били мин кус манаан олорбут көлүччэм курдук буолуо дуо, толору уулаах күөл эбит.
Хайа диэки баран, кус манаабыт киһи? Манна били кус ытар тыастара иһиллэр дьон хайа диэки олороллоро эбитэ буолла? Мин «генералтан», Ньукулайтан уларсыбыт бинокллаахпын, онтубун моонньубар иилинэ сылдьабын. Ылан көрбүтүм күөл уҥуор, тыа саҕатыгар хараҥа өҥнөөх УАЗ барыаран турарга дылы. Таак, массыынаны булан көрдүм, аны ханан кус манаан олороллоро буолла? Манна дурда диэни туттубат эбиттэр диэн ааспыкка ахтан аһарбытым, бу да сырыыга оннук быһыылаах, – биир да дурда баара көстүбэт.
Биноклбынан күөл кытыытын кэрийэ көрөбүн. Ээ, мантан соччо ырааҕа суох сиргэ, хомустар быыстарыгар биир киһи төбөтө көстөр. Бу көрөн турдахпына кэннибиттэн кустар көтөн аастылар да, көрдө-көрбүтүнэн били киһи диэки тиийэн, анаабыт курдук иннигэр барылаччы олорунан кэбистилэр. Ол кусчут өр гыныа дуо, мэктиэтигэр түөртэ-биэстэ түптэлэттэ, холбуу да сатаабата быһыылаах. Ама дуу, ботуруона дэлэй бөҕө быһыылаах. Өлөрбүт кустарын, мин көрдөхпүнэ, ууга отой түөһүн тылыгар диэри хааман киирэн, ылла. Оттон ыраах тыа саҕатыгар турар массыыналарын биноклунан көрдөххө, төһө да тохтоон турар буоллар, уота-күөһэ сандааран туох да сүрдээх. Мин көрдөхпүнэ букатын байыаннай массыынаҕа тылы, этэргэ дылы «толору тюниннаах», кыһыл-күөх, араҕас уоттар онтон-мантан, оннооҕор бамперыттан кытта чипчиҥниир курдуктар.
Мин бу киирэн кэлбит сирбэр, кус манаатаҕа буолан, олоро түстүм. Суох, кус кэллэҕинэ даҕаны мин кэлбит сирбиттэн, хоту диэкиттэн кэннибиттэн кэлээт, били киһи диэки көтө турар. Оннооҕор тыастарын хойутаан истэбин. Итинник гынан хас да куһу куоттардым. Ол оннугар анарааҥы кусчутум саатын тыаһа сотору-сотору битийэр.
«Киһи киһини кытары кэпсэтэрин ким да боппот, саатар баран ити туох ааттаах баартаах кусчута олорорун баран билсиэххэ буоллаҕа», – дии санаатым да, ол киһибэр бардым. Бэрт сотору тиийэн кэллим, киһим, биноклунан көрбүтүм курдук, соҕотох.
– Дорообо! – төһө кыалларынан эйэҕэстик дорооболостум.
– Дорообо, – диэн хардарда. Бэйэм бараллаата саастаах быһыылаах. Санаабар эбитэ дуу, киһим хайдах эрэ тоҥуй соҕустук хардарар.
Бултуу сылдьан атын дьону көрүстэххэ үөрүү-көтүү, илии тутуһан дорооболоһуу үксүгэр суох буолааччы. Баҕар, бэйэм санаабар буолуо, ол эрээри ити бэйэм бэлиэтии көрбүппүттэн этэбин. Аны санаатахха, ол былыр-былыргыттан кэлбит өбүгэ үгэһэ буолуохтаах. Булт-алт сууһарыытыгар сылдьан булду былдьаппат, байанайы үргүппэт сыалтан саха киһитэ барахсан итинник быһыыланаахтыыра буолуо. Көҥөнсүү, бултуур сири былдьаһыы былыр-былыргыттан үөскээбит үгэс буоларын, ама, ким мэлдьэһиэй?
Киһибин сыныйан көрбүтүм, доҕоор! Букатын спецназ курдук тэриммит киһи эбит. Таҥаһа-саба байыаннайдыҥы, саата-сэбэ диэн мин хаһан да харахтаабатах омугум сэбэ-сэбиргэлэ. Эбиитин сиэрин-сигилитин ситэрэн түөһүгэр моонньун аттыгар рация туруупкатын иилиммит, онтуката сотору-сотору хардьыгынаан ылар.
– Хайа, куһу кыайдыҥ дуу? – диэн ыйытабын.
– Ээ, соччо суох, – диэтэ киһим, өлөрбүт кустарын диэки көрө-көрө.
– Ол эһиги массыынаҕыт дуо? – балачча тэйиччи, тыа саҕатыгар турар УАЗигы ыйабын.
– Биһиэнэ.
– Куораттан сылдьаҕыт дуо? – төһө да көстөн турдар, мин суолтатыгар да буоллар ыйытабын.
– Ээ, куораттан… Онтон эһиги хантан сылдьаҕыт? – диэн төттөрү ыйытта.
Мин соҕотохпун көрөн туран тоҕо эмиэ «эһиги» диэбитэ буолла, соҕотох буолбатаҕым көстө сылдьара дуу? Эмиэ да сөп ээ, ханнык киһи бачча ыраах сиргэ соҕотоҕун ойдон-быстан кэлбит үһү. Киһибэр хардаран:
– Эмиэ куораттан, – диэтим.
– Кимнээҕи кытта сылдьаҕын? – диэн чопчулаһар киһи буолан биэрдэ.
Мин настырыанньам үчүгэйэ бэрт буолан, хайдах эрэ оонньуу-көр кэриэтэ эттим:
– Дьэ, бааллар, доҕор. Холобур, мин «старшай лейтенаммын». «Капитан» баар. Онтон биһигини «генерал» салайан илдьэ сылдьар…
– Генерал даа? – киһим өрө көрө түстэ. Бу кэмҥэ эмискэ рацията хардьыгыныы түстэ, онтон бэрт сөҥ куолас дьарыйардыы ыйытта:
– Хайа, истэҕин дуо?
– Истэн, – киһим рациятын хаба тардан ылан, кнопкатын баттаан баран хоруйдаата.
– Ити ким кэллэ?
Пахай, миигин отой да ыраахтан көрөн олорор эбиттэр. Билигин өссө холдьоҕор буолуохтаахтар. Эрдэ-сылла дьаадьыйа турбут киһи дуу, хайдах дуу… Кырдьык, бэрт баҕайытык кус ыта олорбут киһини туораттан маннык кэлэн мэһэйдэһэрим соччото суох ини. Тэрээһиннэрэ да абытайа, сүрэ бэрт.
Итинник санаан эрдэхпинэ бу киһим били ыйыппыт киһиэхэ хоруйа маннык буолла:
– Кимнээҕин билбэтим, ол эрээри генераллаах үһүлэр.
Рация, хардьыгынаат, ах барда. Чочумча буолаат сөҥ куолас ыйытта:
– Генерал даа?..
– Соннук, генерал, – диэн хардарда киһим.
Мин оонньоон эппитим отой атын хайысхаланан барбытыттан соһуйан хааллым.
– Бээрэ, доҕоор… – диэн истэхпинэ рация эмиэ хардьыгынаата.
– Иһит эрэ! Түргэнник хомун уонна манна кэл! – сөҥ куолас бирикээстээтэ.
Инньэ диэтин кытары киһим бокуойа суох хомунан барда. Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр онтун-мантын хомунна да, массыына диэки сүүрэ турда.
– Ээй! – мин кэнниттэн хаһыытаан эрэ хааллым.
«Оонньоон этим ээ» диэри гыммытым да, сол курдук түргэнэ бэрдиттэн тугу да баттаһан саҥарбакка хааллым. Кырдьык да түргэн-тарҕан туттуу-хаптыы, букатын сэриигэ сылдьар киһи курдук.
Киһим о-ол курдук ыраах көстөр УАЗикка бэрт түргэнник сүүрэн тиийдэ. Массыына өрө бирилии түспүтэ киэһээҥи чуумпуга бэрт үчүгэйдик иһилиннэ, кэнниттэн буруо-тараа таҕыста. Өрө ходьох гынан миэстэтиттэн хоҥунна, хаҥас диэки салайа биэрдэ да, тыа саҕатынан айаннаан куугуната турда.
Ити барыта бэрт кылгас кэм иһигэр буолла, мин бэйэм да соһуйан хааллым. «Чэ, бардылар да бардахтара», – дии санаан баран, босхоломмут миэстэҕэ олорунан кэбистим. Утаакы буолбата, кустар кэлэн бардылар. Ыраах соҕуһунан ааһан иһэр кустары ытан, сыыстым. Ол да буоллар иккитэ күөрэтэн, биирдии чыркымайы түһэрдим.
Хараҥарыыта бэрт ыраах саалар тыастара хойдорго дылы гынна, ол аайы кус кэлиитэ чаастатыйан барда. Хараҥаҕа кынаттарын эрэ тыастарын истэр курдукпун, көрбөккө эрэ күөрэтэр диэн кэлиэ дуо. Ол оннугар кустар иннибинээҕи ууга түһэр буоллулар. Хас да моонньоҕон түспүтүттэн икки моонньоҕону өлөрдүм. Халлаан дьэ бүтэһиктээхтик хараҥарда, кустар кынаттарын эрэ тыаһа иһиллэр. Отуум диэки бараары олордохпуна, арай, кус кынатын тыаһа иһилиннэ. Сурулаан иннибэр кэлэн, бэрт ыараханнык ууга түһэр тыаһа барылаан иһилиннэ. Хараҥа буолан кус көстүбэт, арай ууга устар суола сырдаан көстөр. Мин ол сырдык көстөр иннин көрөн, кус манан баар диэн ытан хабылыннардым. Кус табыллан, кынатынан ууну чалымнатара иһилиннэ. Курумуубун өрө тардынан ууга киирдим, уһун маһынан куспун тарыйан ыллым. Көҕөн эбит, улахана сүрдээх, олус үөрдүм.
Дьэ бу кэнниттэн им-балайга харбыалаһан, суолбун этэргэ дылы сулустарынан сирдэтэн, отуум диэки бардым. Хараҥаҕа балачча өр хааман отуубар тиийэн кэллим.
…Дьонум утуйбуттара буолуо диэбитим ханна баар, санаабар үүтээн иһэ да, таһа да үллэҥнэс киһи. Үс-хас киһи тэйиччи кулуһун аттыгар тугу эрэ гына барыгылдьыһа сылдьаллар.
Үүтээҥҥэ быһа аастым. Киирбитим Ньукулай остуол баһыгар, Бааска кини аттыгар олороллор. Кинилэри кытары остуолга «Андрон Кончаловскай» уонна икки-үс киһи баар. Эмиэ кустуу сылдьар дьон эбиттэр.
Бааска кэпсээнэ-ипсээнэ ырааппыт, булт араас түгэннэрин омуннура-омуннура кэпсиирин остуолга олорор дьон мэктиэтигэр айахтарын атан олорон истэллэр, күлэн тоҕо бараллар. «Генералбыт» Ньукулай буоллаҕына эмиэ дэлби үөрэн хаалбыт, чүмэчи уотун хараҥа диэн эбитэ дуу, төбөҕө иилиллэр фонаригы кэппит. Онтуката сүүһүн ортотуттан тыган кылабачытар, хайа диэки хайыста да ол диэки сырдатар.
Мин киирэн кэлбиппэр дьонум үөрдүлэр, ханна сүтэ сырыттыҥ диэн ыйыталастылар. Кэлин кэлбит кусчуттар мин диэки сонурҕаабыттыы көрөллөр. Кустарбын муостаҕа тэлгэттим, ону көрөн дьонум суугунаһыы, үөрүү-көтүү буоллулар.
– Дьэ, бу бэрт, – диэтэ Ньукулай уонна мүчүк-мүчүк гынна, уҥуоҕунан бөдөҥ кырдьаҕас баадаҥнаан туран, кустарбын бэрийэн көрдө.
Бу кэмҥэ таһырдьатааҥы дьоммут ыҥырдылар. Бары таһырдьа суулаһан таҕыстыбыт. Дьоммут отой да туртас астыы сылдьар эбиттэр. Эмиэ үөрүү-көтүү буолбут. Икки туртаһы чаас-чааһынан, хас биирдии киһи ахсын өлүүлээтилэр. Туртас кулгааҕын төрдүнээҕи ис өҥүргэһин ылан миэхэ туттардылар уонна:
– Чэ, эн эдэр киһи, маны сиэн курдурҕатан кэбис, – диэтилэр.
Хайыахпыный, бэйэм да сонурҕаан, кулгаах өҥүргэһин ылан ыстаан, устунан сиэн курдурҕатан кэбистим. Оонньуута суох, минньигэһэ туох да сүрдээх эбит.
Үүтээҥҥэ киирэн, баай байанай бэрсибитин бу саҥа билсиилээхтэрбитин кытта бэрт үчүгэйдик «сууйан-тараан», астына-дуоһуйа кэпсэттибит. Мин хайдах «байыаннай» дьону куоттарбыппын кэпсээбиппэр дьонум дэлби күллүлэр. Түүн үөһүн саҕана тотон-ханан, сылайан-элэйэн да буолуо, оҥостон-хайаан бэрт үчүгэйдик утуйан хааллыбыт.
…Сарсыарда 8 чаас саҕана турдубут, бүгүн баскыһыанньа. Бээтинсэттэн сылдьыбыт буолан, үһүс күммүт буолла диэххэ сөп. Сып-сап соҕустук хомунан, чэйдээтибит. Хаһаайыҥҥа, «Андрон Кончаловскайга», ис сүрэхпититтэн махтанныбыт уонна дьиэбит диэки айаннаатыбыт. Хата Бааскабыт бэҕэһээ улаханнык испэтэх эбит, онтуттан бэйэтэ да үөрбүт быһыылаах. «Абырахтанар» хайдах курдук куһаҕанын туһунан лекция ааҕа-ааҕа, УАЗ-пыт уруулугар олорунан кэбистэ. Уопсайынан, Бааскабыт оннук айылаах омсолоох герой буолбатах ээ, киһи киһитэ өтөр буоллаҕа. Санаатын түһэрбэтинэн, кэпсээннээҕинэн маладьыас. Онон бары да настырыанньабыт олус үчүгэй! Син элбэх кустаахпыт, эбиитин туртас эттээхпит.
Аҕыйах чааһынан трассаҕа таҕыстыбыт, ол кэнниттэн Дьокуускай диэки, этэргэ дылы, киптэрии буолла. Булгунньахтааҕы, атын да сэлиэнньэлэри аастыбыт. Покровскайтан ыла асфальт суол саҕаланна, УАЗикпыт эргэ да буоллар, били Бааска этэринии, уута-арыыта бэркэ хамсаан «смазкаланан», санаабытыгар түргэн баҕайытык айанныыр курдукпут. Эбиэт саҕана дьоллоох Дьокуускайбытыгар этэҥҥэ тиийэн кэллибит.
Ити курдук мин «генераллыын» бэрт үчүгэйдик кустаан турардаахпын.
Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан.
Хаартыскаҕа: 1. Кустары таһааран иһэбин. 2. «Бааскайдаан». 3. «Генерал» Ньукулай.