Киин улуус уһук нэһилиэгэр “Арыылаахха” Кэрэмээһэптэр диэн ыал уһун кэмҥэ ньир-бааччы олороллор. Кэскил Кирикович нэһилиэккэ аҕа баһылыганан дьон-сэргэ ытыктабылын ылан, нэһилиэк сайдарын туһугар бары күүһүн биэрэн туран үлэлээбитэ. Билигин да бар дьоно: “Кирикович барахсан”, – диэн киэн туттан ахталлар. Кэргэнэ Суоппуйа Соломоновна администрацияҕа бухгалтерынан үлэлээбитэ. Түөлбэ дьахталларын түмэ тардан араас тэрээһиннэри тэрийэрэ.
Соҕотох кыыстара Күөрэгэй үрдүк үөрэҕи бүтэрэн куоракка улахан тэрилтэҕэ менеджеринэн үлэлиир. Кэргэннээх, оҕолоох. Кэргэнэ авиацияҕа үлэлиир.
Соня кэргэнинээн Кэскиллиин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан доҕордоһон, кэлин доҕордоһуулара тапталга кубулуйан, алаһа дьиэни тэринэн, сүөһү-ас тутан олороллор. Соня оскуолатааҕы дьүөгэтиниин Марыыналыын сибээстэрин билигин да быспаттар. Марыына улуус киинигэр учууталлаан баран, биэнсийэҕэ тахсан олорбута ыраатта. Сааһыгар кэргэн тахсыбатаҕа, оҕо-уруу да суох. Балтыларын оҕолорун көрсөр. Сайын буолла да, сибиэһэй салгынынан сайа тыына дьүөгэтигэр Сонялаахха кэлэн сайылыыр. Сир астыыр, окко да сылдьыһар, ас да астаһар.
Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, дьүөгэтин төрөөбүт күнүгэр кэһии-тайма хомуйан, сибэкки дьөрбөтүн тутан дьүөгэтин аахха таксыынан элээрдэн кэллэ. Кэлин ыарытыйар буолан, урукку курдук кинилэргэ кэлбэтэҕэ ыраатта. Дьүөгэлиилэр ахтыспычча куустуһа түстүлэр. Суунан-тараанан остуол тула олорон күө-дьаа кэпсэтэн, сэһэн-тэппэн ыраатта. Киэһэ Соня аҕыйах дьүөгэлэрин ыҥыран, төрөөбүт күнүн үөрэ-көтө бэлиэтээтилэр.
Ырыа-тойук, көр-нар хойукка диэри буолла. Марыынаны илии тутуурдаан, өттүк харалаан Кэскил Кирикович бэйэтинэн улууска дьиэтигэр киллэрэн биэрдэ. Хаһаайка “киирэн чэйдиэххэ” диэн ыҥыран, дьиэтигэр киллэрдэ. Ас сылыта охсон, коньяк туруоран аһаатылар. Марыына махтанан Кэскили иэдэһиттэн “сык” гына сыллаан ылла. Кэскил да омуннаахтык, уохтаахтык уураан, имэрийэн, дьыбааҥҥа көтөҕөн илдьэн сытыарда… Имэҥ-дьалыҥ оонньуута саҕаланна. Уохтара харыар диэри таптастылар. Кэскил киэһэ хойут сөрүүн түспүтүн кэннэ айан суолун тутта. Дьиэтигэр түүн үөһэ ааспытын кэннэ кэллэ. Кэргэнигэр аара массыыната моһуогуран эрэйдээбитин, ону оҥостон хойутаабытын итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ.
Күн-дьыл элэҥнээн ааһара түргэнэ сүрдээх. Күһүн от-мас көмүс симэҕин кэтэн турара көрүөххэ кэрэтиэн! Кэрэмээһэптээх ас-үөл тэринэн айылҕаҕа тахсан аһыырдыы тэринэн бардылар. Кэскил төрөөбүт өтөҕөр тохтоотулар. Кыратык отон, тэллэй хомуйдулар. Астарын тардан үөрэ-көтө аһаатылар. Ыраах айантан сылайан, эрдэ сыттылар. Соня сытаат, утуйан хаалла. Марыына эргичиҥнии-урбачыҥныы сытта. Кэскил хараҥанан туһанан, Марыына хоонньугар баран киирдэ. Ону эрэ кэтэспиттии дьахтар омуннаахтык уураан ылла. Имэрийсии-томоруйсуу буолла… Кэскил тулуйбата, дьахтар үрдүгэр тахсан “орон оонньуутун” оонньоон бардылар. Иккиэн үнүргү кэннэ ахтыспыт да эбиттэр. Соня ыарытыйар буолан, ый баһыгар биирдэ эмэ кэргэнин маанылыыр. Соня тахсан киирээри уһуктубута, кэргэнэ оронугар суох. Таһырдьа наадатыгар таҕыстаҕа дии санаата. Арай ынчык-бөтүөх иһиллэр, дьэ онно эрэ сэрэйдэ. Кэргэнин түүҥҥү сырыытын!
Кыыһырда, абарда… Хайдах буолуон булбата. Сайын сиэнэ кыыс кэлэ сылдьан скакалкатын хаалларбыта ыйанан турарын көрөн, хаба тардан ылан “иэннэрин куһуйда”. Иккиэн ийэттэн төрүү сыгынньах сыталлар. Дьүөгэтиттэн олуһун кэлэйдэ. Баттаҕар түһээри гынан баран, нэһиилэ туттунна. Сээкэйдэрин хомунан уку-суку айаннаатылар. Дьиэлэригэр кэлэн, дьүөгэтин муус ураҕаһынан үүрдэ. Айан суолугар тахсан массыына тутан, дьүөгэтэ оройуон киинигэр кэллэ. Кэһии-той биэрэр бэйэтэ тугу да дук гыммата. Сотору соҕус истибиттэрэ Марыына саатын-суутун, суобаһын уйбакка балтыгар Булуҥҥа куоппут. “Бырастыы гын”, – диэн суруйан ыыппытыгар Соня харда ыыппатах. Ити курдук уу тэстибэт дьүөгэлиилэр атырдьах салаатыныы арахсыбыттар…
Кэскил Кириковиһы кытта олорор да, урукку курдук өйөнсүү, өйдөһүү, таптаһыы суох… Үчүгэйэ диэн атын дьон билбэттэр. Инньэ гынан ааттара-суоллара алдьаммата. Олох диэн уустук… Сарсын туох күүтэрин билбэккин.
Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.