Аныгы үйэбитигэр үүнүү-сайдыы иннин диэки хардыылыыр да, билигин сайда илик өрүттэр бааллар. Кэлиҥҥи сылларга араастаан сылдьар, күн сирин көрүөхтэриттэн инбэлиит оҕо үксээн иһэрин, үгүс киһи араас санааҕа ылларар буолла. Ол курдук, мин бэркэ билэр чугас кыыһым ыарахан буолбутугар оҕону чинчийээри, УЗИ дииллэр дуу, өссө туох эрэ аппараакка түһэрэн баран “оҕоҥ онтукайа суох, мантыкайа мөлтөх” диэн санаа бөҕөҕө киллэрбиттэрэ. Кыыс этэҥҥэ быыһаммыта, хата оҕотун туруга үчүгэй үһү.
Иккис түгэн, эмиэ билэр эдэр ыалым ийэлэрэ ыарахан буолбутугар “оҕоҥ олох мөлтөх, эрэйи көрүөххүн баҕарбат буоллаххына түһэттэр” диэбиттэрин түһэттэрбитэ. Онон, ити үөһэ этэн аһарбытым курдук баҕар эмиэ алҕас түмүк оҥороннор күн сирин көрөн дьоллонуох оҕо барахсан төннөөхтөөтөҕө дии.
Биһиги көлүөнэ саҕана ол-бу аппараатынан, уотунан-күөһүнэн көрүү, чинчийии суоҕа, биир да инбэлиит оҕо төрөөбүт диэни истибэт этибит. Мин маныаха олоҕуран доруобуйа харыстабылын салалталарыттан ыйытыахпын баҕарабын, чопчу туох биричиинэттэн ити инбэлиит оҕо күн сирин көрөн, олох дьолун билбэккэ, быһаҕас дьылҕаланан дьонун санааҕа-онооҕо угарый? Арай диэххэ, дьахтар ыарахан буоллаҕына, уопсай туругун бэрэбиэркэлиир, ол-бу аппараатынан көрбөккө уруккулуу көрөр-истэр суолу тутуһан боруобалаан көрөр киһи баҕар, түмүгэ билиҥҥитээҕэр ордук буолаарай?
Ол курдук былыргы сахалар ийэ айылҕа барахсан, үрдүкү айыылар айыыларынан, кинилэр анаан ыыппыт бэлэхтэрин төрөтөн үс саханы үөскэтэн, түөрт саханы төрөтөн олорон аастахтара.
Онон эмчиттэр да, эдэр ийэлэр да хаһан да, үтүө мөкүтэ суох буолбат, онон син биир, сэрэнэр наада, инникигитин санааҥ.
Зинаида ЕГОРОВА.