* * *
Төһөнөн элбэх льгота биэрэллэр да, оччонон төннөн иһэбит. Харчыны хайдах эрэ бүтэрбит киһи диэн толкуйдуур эрэ дьон салалтаҕа олороллор. Харчы бөҕө көрүллэр, көрүллүбэт буолбатах – ыһыахтарбыт төһөнү мэҥиэстэллэрий? Биирдэ эмит ону суоттуур дьон баар дуо?
Туохха да туһата суох тутуу бөҕөтө, оннооҕор уу ыраастыыр станция тутуллан баран турар, сэттис сылыгар баран эрэр. Тулабыт барыта күөл, арай бодобуос киирэн уу баһар кыаҕа суох.
Үҥкүү-битии, күрэхтэһии бөҕө, көр-нар – барыта син харчылааҕа буолуо? Муҥура суох конференция, ол-бу дополнительнай семинар бөҕө – барытыгар харчы төлүү-төлүү айаннааһын. Тыа оскуолаларын оҕолорун таһаргар эмиэ биир проблема: оҕолору дьон быыһыгар саһыарыы, анал массыына суох, онтон ирдэбил күн-түүн үрдүү турар.
Сахалар эстэн эрэрбит итинтэн көстөр, Москва эттэ дии-дии хайдах да буоларбытын аастыбыт. Ити былаастар тыаҕытын халааҥ, баайдарын былдьаан ылан куоракка аҕалыҥ диэтэхтэринэ хайдах буолабыт? Итигирдик түүбүтүн үргэһэ олорон? Дьэ билбэтим, хайдах буолан иһэбит.
Эһиги бэйэни салайыныы диигит, биһиги өйбүт онно тиийиэ ыраах курдук көрөбүн. Бастаан үчүгэй, күүстээх сокуон наада, Конституция, ол эрэ кэннэ биирдэ ол рамка иһинэн салайыныахха сөп.
Бэйэбит Ил Түмэннээхпит, ханна баар, тугу гынна? Айахтарын эрэ айдаана курдук көрөбүн, тыаны эһэн бүтэрдилэр. Борисов ситэри сиэбэтэҕин Николаев добивайдаары сылдьар быһыылаах, сүүрбэни көтөн сүүрбэ бииртэн төһөнү эрэ көмөлөһүөм диэннээх. Тоҕо эмиэ сыл көтөөхтүүрэ буолла, онооҥҥо диэри төһөбүт ордор? Оннук ил дархантан үчүгэйи эрэй, били бокуонньуктан доруобуйатын ыйыт диэбит курдук.
В.Иванов.
* * *
Оҕолорбуттан дэлби мөҕүлүннүм. Саҥа дьылы көрсө хас да билиэти ылбытым, “Поле чудес” эрэ буолбакка харысхал, ону таһынан миллиард лотереялары кытта. Туох да суох.
Ол гынан баран киһи бэйэтэ дьиҥ бэйэҥ үлэлээн атыыласпытыҥ быдан ордук, санааҕар да үчүгэй. Ол быдан иҥэмтэлээх. Ким билэр, босхону ылар киһиэхэ хаһан да иҥмэт дииллэрэ оруннаах.
Мин үйэбэр улаханнык хомойбутум манныктан. Ютуб рекламатыгар профессиональнай аҥаардаах видео-камера тахсыбыт этэ. Акциянан сибээстээн 50 бырыһыан скидка, онон камера 4 тыһ. 200 солк. диэн суруллубутун көрөн чэпчэкитин иһин сакаастаатым. Саҥа дьылга дьону-сэргэни түһэриэм диэн былааннаныы бөҕөтө этим.
Сотору буола-буола Москваттан эрий да эрий буолаллар, бу ыыттыбыт дииллэр. Аҕыйах хонон баран эмиэ телефоннаатылар, кэлбит диэн буолла. Пааспарбын тутан почтаҕа тиийбитим эттилэр: эн ааккар 7 тыһ. суумалаах баар диэн буолла. 4 тыһ. 200 солк. диэн этэ дии.
Дьиэбэр тиийэн аһан көрбүтүм били видео-камера мэлигир, ол оннугар коробка иһигэр өрүс тааһын ыга симпиттэр. Почтаҕа тиийэн төннөрөөрү гыммыппын отой буолумматылар, аһылынна да биһиги эппиэттээбэппит диэн кыккыраччы аккаастаатылар. Били Москваттан эрийбит телефоннарыгвр эрийэ сырыттым. Автоответчик “не туда попали” диэн арахсан хаалар. Мошенниктар диэннэрэ ити эбит. Онон сахам дьоно итинниккэ отой киирэн биэримэҥ.
Пётр Оконешников.
* * *
Тыа сирин балыыһаларын сарбыйыы, кииннэргэ даҕаны – бу баай дойдуга олорон отой өйдөммөт быһыы! Аҕыйах ахсааннаах сахаҕа охсуута улахана саарбаҕа суох.
Бу айылҕа айгыраан турдаҕына ыарыы, өлүү-сүтүү элбии турдаҕына хаҕыс сокуону былаас таһаарара инники кэскилгэ охсуута улахан буолуоҕа! Эдэр ыаллар олохторо огдолуйара саарбаҕа суох. Үлэ миэстэтэ бастаан толкуйдаммакка, бу маннык хамсаныы ахсаан өттүнэн аҕыйыырбытыгар улахан олук буолуоҕа. Тыа сирэ, ордук кэтэх хаһаайыстыбата судаарыстыбанан өйөммөт түгэнигэр эстии-быстыы түгэннэрэ күүтэллэр.
Бу икки тыһыынча сүүрбэ сылы үөрэ-көтө көрсөрбүт оннугар дьоммут сорох араҥата харах уулаах көрсөр буолла! Бу мантан улахан иэдээн туох баар буолуой, бүгүҥҥү эйэлээх олохпутугар?!
Альберт Данилов,
Сунтаар Кириэстээҕиттэн
нэһилиэк депутата.
* * *
Сахам дьоно-сэргэтэ! Бу кэнники кэмҥэ сымыйа, балыырдаах лотерея наһаа дэлэйдэ. Бэл “талбаннааһын” диэн саҥа термин баар буолла. Олох-дьаһах ыараан, дьон эрэйдээх түргэнник «көнөр» туһуттан итинник латарыайаҕа син биир тиийэ тураллар. Онон туһанан тэрийээччилэрбит өттүттэн сырайа-хараҕа суох тыһыынчанан дьону балыйар курдуктар. Дьиктитэ диэн ордук саамай улахан бириис оонньонор кэмигэр араас фокустар, хараҕы баайар түгэннэр тахсаллар.
Бу Якубович диэн улахан киһини ыҥыран, кини кыттыылаах элбэх үп эргитиилээх лотереяҕа дьикти көстүү таҕыста. Дьон киҥэ-наара холунна. Салгыы маннык бара турара сатаммат, доҕоттор. Ол иһин маннык диэн этэбин:
1. Ыытааччы көстүүмэ суох буолуохтаах. Пиджак сиэҕэр эҥин ону-маны симпэтин курдук. Сиэҕэ суох ырбаахы, футболка да буоллун, кэттин.
2. Билет таһааран баран эргийии-урбайыы, төҥкөйүү, уо.д.а хамсаныы суох буолуохтаах.
3. Ыытааччы илиитигэр ол-бу планшет (паапка) эҥин суох буолуохтаах.
4. Ыытааччылар икки, эбэтэр онтон элбэх буоллахтарына бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи, ыраах туруохтаахтар.
5. Лотерея көрө кэлбит дьон куурусса сымыытын кыра лотокка, 10 сымыыт киирэрин илдьэ кэлэбит. БАЛЫЫР, АЛБЫННААҺЫН ТАХСАР ТҮГЭНИГЭР СЫМЫЫТЫНАН, ПОМИДОРУНАН САБЫТА ТАМНЫЫБЫТ! Онон ыытааччылар бу этиилэри дириҥник ырытан, илдьиритэн көрүҥ, толкуйдааҥ.
* * *
Былырыын биир подругам ынырыктаах делегация састаабыгар киирэн Монголияҕа бара сылдьыбыта. Ол баран-баран соһуйан да, аччыктаан да кэһэйэн кэллим диэбитэ. Барытын атыылаһан аһыыгын диир.
Ханна да тойону-хотуну быыһаан илдьэн босхо аһаппаттар, бары бииргэ сылдьыбыппыт диэбитэ. Монголлар бэйэлэрэ достойно сылдьаллар, ким да иннигэр сүүрбэттэр, тоҥхойботтор диир этэ.
* * *
Дьэ отой иэдээн олох кэллэ, дэриэбинэлэргэ… Сотору көрөн туран көмүс чыычаахтарбытыттан матарбыт буолуо. Дьэ, иэдээн да буолар эбит!..
Нэһилиэк балыыһаларыгар ыалдьыбыт температуралаах оҕону дуол ылбаттар. Биир саастаах оҕобутун бу үлүгэр 50 кыраадыс тымныыга балыыһаҕа таһан укуол, система ыллыбыт. Онтубут даҕаны биир кыараҕас хоско улахан дьону кытта бииргэ. Дьэ туох-туох олоххо кэллибит буолла? Мэҥэ Балыктааҕар сураҕа 3-4 оҕо барахсан дьиэтигэр сытан тымныйыыттан өлөөхтөөбүт үһү. Дьэ көрүҥ, бу алдьархайы. Ити ханнык тойон дуу, хотун дуу толкуйдаата буолла – медицинаҕа оптимизация диэни ыытарга. Тойоттор оҕолоро ыарыйдаҕына тута спецрейсинэн соҕуруу ыыталлар буолуо. Дьэ ити баар дии, киһи киһиэхэ тэҥэ суоҕа.
Дьон-сэргэ тоҕо саҥарбатый, айдаарбатый? Айдаарар кэм кэллэ, инньэ гымматахха оҕолорбутун, көмүс чыычаахтарбытын көрөн туран мүччү тутууһубут! Оннооҕор дьон-сэргэ сэрии, сут сылларыгар оҕолорун көрөн-харайан тыыннаах хаалларбыттара. Бу тыын боппуруоһу отой күүскэ туруорсуохха наада!
* * *
Правительство кэлэн отчуоттуурун ууратыахха. Тугу эрэ быһаарар дьоҥҥо дылы сыбыс-сымыйанан отчуоттаахтар-баҕастаахтар. Өссө аһылыктара туһунан проблема, биир түбүк. Быһаара буотах, симинэ кэлэр курдуктар. Суобас, чиэс суох дьоно кэлэн бараллар. Сүбэлэһэн баран кулууп айаҕыттан бойкуоттаан, киллэрбэккэ төттөрү үүртэлиэххэ наада.
Мин биирдэ сылдьыбыттаахпын, чуолкайа иккитэ эбит. Бастакы сырыым били Слепцов кэлэ сылдьыбытыгар, ол саҕана т/х миниистирэ этэ. Онно үчүгэйдик хапсан ылбыттааҕым, бүтэһиккэ сахалар сүрэҕэ суохтар, сүөһүнү кытайдарга көрдөрүөхпүт диэннээҕэ. Онно эппитим: кытай сүөһү көрдөҕүнэ эн чуоккай үлэтэ суох хаалыаҕыҥ, мин баҕар кытайдарга сүөһү көрүөҕүм диэбитим. Онно өһүргэнэн бөҕө.
“Борисовы ууратыахтара, баҕар өлөн да хаалыа, эһиги тугу үлэлээтибит диэри гынаҕыт? Барыта кини акаары салайыытын истэ сылдьаҕыт, – диэбитим. – Саатар норуоккутуттан куттанан полиция манабыллаах сылдьаҕыт”. Полициялара хонноҕум анныттан тардыалыы тураллар, кыра да сыттааҕым буоллар илдьэ барыах курдук этилэр.
Өссө “хотонум саах сыбахтаах, өбүгэлэрбиттэн ордуга тимир иэччэхтээх салапаан түннүктээх” диэбитим, онтон эбии араскыыта алдьаммыта, “өссө хотон сыбатаары сылдьаҕын дуо” диэннээх этэ. “Эн сыбаабаккаҕын, – диэбитим, – сайдыыбыт туһунан эттим”, – диэбитим. Оннук кэпсэтэн турабыт.
Кэлин Тихонов диэн киһи кэлэн барбыта, чахчы талааннаах п…бол, бэйэтэ эрэ саҥаран бэйэтэ боппуруос туруоран, сайдыы бөҕөнү кэпсээн биир да киһини саҥардыбатаҕа. Култуура миниистирэ дуу туох дуу, олоҥхоһут бэрдэ.
Арба ол Силэпсиэп ЯГСХА дириэктэрэ буолбут диэн баара, онтон отой кэлэйэн… Итинник толкуйдаах киһи үөрэх салаатын хайдах салайара чахчы биллэр.
А.Григорьев.