«Оһуохай Уйбаан ханна сүттэ? Тоҕо суруйбат буолла?» – диэн миигиттэн үгүс киһи ыйытар. Кырдьык да редакцияҕа биллибэтэҕэ син ыраатта, онон кинилиин кэпсэтээри кини суотабайыгар эрийдим. «Быһа кэпсэтиибит» маннык ис хоһоонноох буолла…
– Иван Александрович, үтүө күнүнэн!
– Дорообо! Ээ, Өлөксөөндүргүн дуо?
– Мин. Хайа, хайдах-туох олордуҥ, доруобуйа хайдаҕый?
– Хаамарбар атаҕым ыалдьар. Оттон кырдьыы барар буоллаҕа.
– Сааһыҥ хас буолла? Хаһан төрөөтүҥ этэй?
– 1934 сыллаахха алтынньы 26 күнүгэр төрөөбүтүм. 86-бар сылдьабын.
– Төһө онно-манна сылдьаҕын? Биһиги диэки сылдьыбатаҕыҥ ыраатта дии.
– Онно-манна сылдьыбаппын. Кырдьан хааллаҕым дии (күлэр). Дабылыанньам тахсар, атаҕым ыалдьар.
– Оттон былырыыҥҥа диэри сүүрэ сылдьар этиҥ ээ.
– Ол былырыын буоллаҕа.
– Урукку дьиэҕэр, квартираҕар олороҕун дуо, били Петровскайга?
– Суох, кэргэмминээн кыыспар олоробут.
– Кэргэниҥ хайдаҕый, сааһа хаһа буолла? Быдан балыс этэ дии, быһыыта. Ити «Туймаадаҕа» олоххун суруйбуккуттан өйдүүбүн.
– Оннук, миигиттэн 18 сыл балыс. Өлүөр сылдьар.
– Бүгүҥҥү политическай, экономическай быһыыны-майгыны кэтээн көрөҕүн дуо? Инникитин хайдах буолуо дии саныыгын?
– Путин баарын тухары туох да уларыйыа суоҕа.
– Оттон билигин сахалар балаһыанньабыт хайдаҕый?
– Москва былааһа кыра норуоттары өрө таһаарбат. Политикалара оннук.
– Оттон бэйэбит олорон биэрэр буолбатахпыт дуо?
– Оннук. Ол эрээри олорон биэриэ суохтаахпыт. Билиҥҥи ыччат чэпчэки соҕус. Дьон аһара баттаннаҕына эрэ уһуктуу буолуон сөп. Онон эн курдук аахсар дьон наадалар.
– Тугу эттэҥий, Иван Александрович?
– Эн сахалыы хаһыаты таһаараҕын. «Туймааданан» саха норуотун абыраатыҥ.
– Ээ, чэ, наһаа да оннук буолбатар… Олус хайҕаатыҥ.
– Мин «Туймаадаҕа» барытын кэпсээбитим дии, урут хайдаҕын. Оһуохайы боболлоро, уонча автобуһунан кэлэн тэбистэрэллэрэ, оһуохайбытын ыһаллара. Ону ол диэбэккэ мин оһуохайы сөргүппүтүм (саҥата улаатар, чиҥиир). «Сахалыы саҥарымаҥ!», «Оһуохайдаамаҥ!» – диир этилэр. Соҕотоҕун киирсибитим! Ол иһин миигин псих-балыыһаҕа уга сатаабыттара. Ол эрээри сыалбын сиппитим. Ухханнаах, Шамаевтаах, онтон да атыттар миигин батыһан саха диэки буолбуттара. Дьиҥэр, үгүстэрэ урут былаас эҥин хаһыатыгар үлэлээбит дьон буоллахтара. Онтон демократ буолбуттара. Онон мин сахалары соҕотоҕун уулуссаҕа таһаартаабытым, оһуохай нөҥүө. Ол иһин этэбин: «Туймаада» билигин баар буолан саха дьоно санааларын этэллэр, дойдуларын туһугар ыалдьаллар диэн. Били мин сөргүппүт оһуохайым нөҥүө курдук.
– Чэ, мөккүспэппин, ити эн санааҥ буоллаҕа. Онон, инникитин хайдах буолабыт?
– Мин эдэр сылдьан соҕуруу үгүстүк сылдьыбытым. Онно политикаҕа наадыйбаттар. Оттон биһиги, аҕыйах ахсааннаах норуот, политиканан интэриэһиргиэхтээхпит, көмүскэниэхтээхпит. Урут Охотскай муораҕа диэри сахалар олорбуттара. Оннооҕор билиҥҥи Иркутскай уобалаһы ылан испиппит. Ону хам баттаабыттара.
1998 сыллаахха Путин КГБ буола сылдьан Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Онно маннааҕы КГБ-ларга сорудах биэрбит этэ: «Оһуохай Уйбаан курдук дьон суох буолуохтаахтар, онон Москваҕа илдьэн эмтэтиҥ!» – диэн.
– Тоҕо да сүрэй, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук… Ону хантан билбиккиний?
– Оччолорго маннааҕы КГБ-ларга да киһилии дьон баар этилэр. Биир мааны таҥастаах киһи миэхэ чугаһаан кэлэн, сибигинэйэн итинник диэбитэ. Ол иһин мин Москваҕа күрээн хаалбытым.
– Били Юрий Прокопьев саҕана күрээбитиҥ курдук дуо?
– Оннук.
– Оччоҕо Путин эйигин билэр буоллаҕа?
– Билбэккэ. Таах күлэҕин. Мин Ельцинниин хайдах кэпсэппиппин көрбүтүҥ дии, урукку видеоҕа.
– Көрөн. Онно өссө эйигин ыалдьыттыы кэлээр диэн эппитэ быһыылааҕа.
– Буоллаҕа ити. Онон Путин миигин да, билигин өссө самаан Саасканы – Александр Габышевы үчүгэйдик билэр. Политика диэн көннөрү дьон саныылларын курдук ханна эрэ ыраах, үөһээ халлааҥҥа буолбатах ээ. Политиканы дьон оҥороллор…
– Оттон хайдах дьон оҥороллоро – ол боппуруос.
– Оннук. Онон сахалар утуйа сытыа суохтаахпыт. Холобур, быыбардарга саҥа дьону талыахтаахпыт.
– Ойуун Габышевы аҕынныҥ. Кинини туох дии саныыгын?
– Ойуун быһыытынан улахан дьоҕура суоҕа буолуо дии саныыбын. Кини эмиэ мин уруккум курдук соҕотох. Онон маладьыас буоллаҕа. Билигин үөрэхтээх, саҥа дьон ылсыахтаахтар. Биир-икки киһини хайдах баҕарар дьаһайар буоллахтара. Арай ааттаах-суоллаах киһини кыайан дьаһайбаттар. Саха дьоно бары истэригэр саныыллар, тастарыгар таһаарбаттар, куттаналлар.
– Чэ, сөп. Иван Александрович, эн 86-гар сылдьар киһиэхэ саҥаҥ-иҥэҥ чөллөркөй, толкуйдууруҥ чааһынан биһигиттэн быдан ордук курдуккун. Доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?
– Буорту буолар харчым суох (күлэр).
– Ол аата туох диэтэххиний?
– Баай дьон буорту буолаллар: арааһы атыылаһан сииллэр, миэрэ диэни билбэттэр.
– Чэ, холобур, эн аһылыккар тугу сиигиний? Тоҕо олус интэриэһиргиигин диэтэххинэ, баҕар ааҕааччыларбыт туһаныахтара дии. Ким 86-гар диэри өлүөр сылдьыан баҕарбат буолуой.
– Мин охранниктан пенсияҕа тахсыбытым, онон пенсиям кыра. Харчым эккэ, оннооҕор үүккэ тиийбэт. Килиэби, кыра хааһыны сиибин. Онно-манна сылдьар кыаҕым суох, тоҕо диэтэххэ оннук сылдьарга эмиэ харчы наада. Квартплатабын төлөөтүм да харчым бүтэр… Онон, хата, эн ханна эмэ илдьэ бараар эрэ (күлэр).
– Оҕолоргун, сиэннэргин кытары төһө билсэҕин?
– Билсэн буоллаҕа. Эппитим курдук, кыра кыыспар кэргэмминээн олоробун. Урукку дьиэбититтэн көспүппүт. Үс сиэннээхпин, биир хос сиэн төрөөбүтэ.
– Эҕэрдэлиибин! Кырдьык, кыра пенсиялаах киһи да буолларгын, баай киһи эбиккин.
– Оннук. Өссө көрсүүм оҕото миигин булан ылбыта.
– Туох даа?!
– «Туймаадаҕа» урут аһаҕастык суруйан турабын ээ, көрсүүлэнэ сылдьыбым туһунан. Кэргэммиттэн араара сыспыттарын эҥин…
– Кырдьык, аны санаатахха баара.
– Дьэ ол көрсүүм оҕото булан ылбыта. Билигин 40-чалаах киһи, Жиганскайга олорбуттара. Билигин ол уол Хабаровскайга олорор, нуучча кэргэннээх, оҕолордоох. Миэхэ эрийбитэ, көрсүөх буолбута.
– Олоҕуҥ билигин да «бурнайдык» да баран иһэр эбит!
– Оннук. Аны өссө биир атын чүөчэттэн кыыһым…
– Чэ, кэбис, Иван Александрович, манан тохтуохха. «Туймаадабыт» ааҕааччыларын харыстыы түһүөххэ.
– Буоллун даҕаны (күлэр).
Кэпсэттэ
Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан.
Хаартыскаҕа: Оһуохай Уйбаан видеокамераны Саха сиригэр биир бастакынан баһылаабыта уонна хойукка диэри устубута. Ельцин кэлэ сырыттаҕына кинини эмиэ устубута, оннооҕор кэпсэппитэ. Ол видеота баар.