Оҕонньорум ыалдьа илигэ. Мин Кэнтиккэ олорор эдьиийбэр сарсыардааҥы автобуһунан бардым. Суоппар киэһэ кэлэбин диэтэ. Онон киэһэ дьиэбэр төннүөхтээхпин.
Эдьиийбин кытта тото кэпсэтэн, дэлби чэйдээн баран киэһээҥи автобуска бардым. Ол киэһэ автобус кэлбэтэ. Суоппар эмиэ арыгылаатаҕа диэн буолла. Киэһээҥи автобуска киһи аҕыйах буолааччы. Мин буоллаҕына: “Чэ, оройуон икки Кэнтик икки ардыгар оччото-баччата сырыттым ини”, – диэтим да сатыы бардым.
Арай Ойбон Күөл иэҕиллэр сиригэр кэннибэр туох эрэ тыаһаата. Сайын сир астыы сырыттахха ойуур төбөтүн тыал үрдэҕинэ суугунуурун курдук тыас иһилиннэ. Мин массыына иһэр дии санаан кэннибин хайыстым. Туох да суох. Ол оннугар иэним кэдэҥнээн, баттаҕым туран барда. “Оо, дьэ”, – дии санаатым, суолум устун салгыы бардым. Ол саҕана церковька саҥа сылдьан эрэр этим, онон “Отче наш” диэн молитваны үөрэтэ сылдьарым. Налыччы эрдэххэ нойосуус билэр этим да, ыксаатахха киһи умнар эбит этэ. Онон бастакы эрэ этиитэ өйбөр баар. Харса суох ону хатылыы истим.
Тохтоло суох аахтаххына этим дырылаабат буолар. Тохтоотум да эмиэ баттаҕым туран барар. Ол кэбилэнэн сир ортотугар кэлиибэр, оройуонтан массыына иһэр уота көһүннэ. Үөрүү бөҕө буоллум. Сотору массыына утары кэлэн, Кэнтиккэ ааста. Онтон ыла этим дырылаабат, иэним кэдэҥнээбэт буолла. Дьэ һуу гынным.
Онтон оройуоҥҥа чугаһаан эрдэхпинэ били массыына ситэн, миигин олордон кэллэ. Ол массыына кэлбэтэҕэ буоллар туох буолуо биллибэт этэ. Онтон ыла “Отче наш” диэн молитваны хайа да балаһыанньаҕа умнубатах киһи дии саныыбын. Ол гынан баран оннук балаһыанньаҕа туттуллар этии: “Господи Иисусе Христе, сына божий спаси и поминуй мя грешного(ную) Твоим животворящим духом”, – дэниэхтээх эбит.
Хотунаа.Үөдүгэй.