Юкагирдар сүрүн аһылыктара – эт уонна балык.
Таба этин сиикэйдии уонна буһаран сииллэрэ; кыһынын тоҥнуу кыһан, саас уонна сайын чараас гына быһан баран уокка эбэтэр күн уотугар хатараллара. Хаппыт эти (эхалэнг) иҥиир быаҕа тиһэн баран мөһөөччүккэ угаллара уонна атахтаах ампаарга харайаллара.
Табаны өлөрөн баран куртаҕын ыраастыыллара уонна онно хааны кутан баран тоҥорон хаһааналлара. Таба сибиэһэй хаанын юкагирдар ууга буһаран хойуу миини оҥороллоро, ону “хаша” диэн ааттыыллара. Урут тимир иһит суох эрдэҕинэ мас иһиккэ кутан баран онно итии тааһы угаллара, хааны оннук буһараллара.
Таба уҥуоҕун силиитин кытары мэйиитин булкуйаллара уонна онно хаппыт эти булкуйан сииллэрэ.
Юкагирдар куобаҕы уонна куруппааскыны сөбүлээн сииллэрэ. Саас куобах этэ кинилэр сүрүн аһылыктарынан буолара. Туундара юкагирдара сайын куһу уонна хааһы бултууллара. Хаас уонна куба куртахтарын сиикэйдии сиир этилэр. Көтөрдөр уҥуохтарын силиитин сөбүлээн сииллэрэ.
Юкагирдар саамай тарҕаммыт аһылыктарынан балык буолар. Индигирка уонна Халыма өрүстэр умнастарыгар олорор юкагирдарга балык килиэби солбуйара: оннооҕор өр олорбут нууччалар балыгынан аһаан, килиэп амтанын да умналлара. Халымаҕа уонна Индигиркаҕа саамай күндү балыгынан хатыыс, уомул, чыыр, муксуун буолара. Балыгы сайын буһаран сииллэрэ уонна хатаран баран хаһааналлара. Сороҕор балыгы дьаамаҕа уган хаһааналлара, хатараллара эбэтэр сир анныгар ирбэт тоҥҥо уган хаһааналлара.
Сайын үөт сэбирдэхтэригэр балыгы суулаан баран күнү быһа сытыараллара уонна буһараллара. Сугуну, сыаны кытары буккуллубут хаппыт балык олус үчүгэй аһылыгынан ааҕыллара – кульибаха диэн.
Дьуукала оҥороллоругар саамай улахан уонна сыалаах балыгы талаллара. Ону икки сантиметр халыҥнаах гына хайыталлара уонна салгыҥҥа эбэтэр коптильняҕа ыыһыыллара. Маннык ыыһаммыт балык сылы быһа буорту буолбат.
Юкагирдар сайын балыгы хатараллара эбэтэр дьаамаҕа уган хаһааналлара. Дьаамаҕа угуллубут балык кыһыҥҥы тымныыларга диэри аһыйара, ону сииллэрэ.
“Кульибаха”. Сибиэһэй балыгы хатырыктыыллар, иһин хостууллар, уҥуоҕун араараллар. Этин сугуну кытары илдьи буккуйаллар уонна балык сыатын эбэллэр. Уонна туспа аһылык быһыытынан биэрэллэр.
“Искэхтэн утах”. Чыыр искэҕин уу курдук буолуор диэри илдьиритэллэр. Туус куталлар уонна булкуйаллар, туруора түһэллэр. Уонна кыра иһиттэргэ кутан утах курдук биэрэллэр. Юкагирдар бу маннык туһалаах уонна минньигэс утаҕы былыр-былыргыттан оҥороллор.
“Юкагирдыы лэппиэскэ”. Сибиэһэй балыгы хатырыктыыллар, лапчааннарын, төбөтүн уонна кутуругун быһаллар. Иһин хостоон баран этин тымныы ууга сууйаллар уонна буһараллар. Ол кэнниттэн уҥуоҕун араараллар. Искэҕи уу буолуор диэри үчүгэйдик илдьиритэллэр уонна буспут балык куһуоктарыгар куталлар. Онтон бурдукка булкуйан төкүнүк тиэстэ оҥороллор уонна арыылаах хобордооххо буһараллар. Буспут лэппиэскэни кырбастыыллар уонна таба сыатыгар булкуйан дьону күндүлүүллэр.
“Балык иһиттэн бүлүүдэ”. Улахан балык ыраастаммыт иһин буһараллар, уутун тоҕоллор. Буспут иһи дөлүһүөн отонун кытта булкуйаллар уонна үрдүгэр балык сыатын куталлар. Онтон туос тууйаска кутан баран тоҥорон кэбиһэллэр. Итинник хаһааммыт астарын кыһын сииллэр.
“Балык өрөҕөтүттэн бүлүүдэ”. Ыраастаммыт уомул балык өрөҕөтүн быһан ылаллар уонна хобордооххо ыһаарылыыллар. Ол кэнниттэн куурдаллар, куурбутун кэннэ илдьиритэллэр. Отону, искэҕи уонна балык сыатын кытары булкуйаллар. Маннык ас олус минньигэс уонна туһалаах.
“Эт искэхтэрэ”. Сайын уонна күһүн таба этин кыстыкка хаһааналлара. Таба этин уһун-синньигэс гына бысталыыллара, иҥиир сапка тиһэллэрэ уонна салгын хамсыыр, күн тыгар сиригэр ыйыыллара. Хаппыт эти кыра гына илдьиритэллэрэ, ол кэннэ мөһөөччүккэ куталлара. Астаммыт “эт искэхтэрин” ярангаҕа кураанах сиргэ уураллара. Маннык эти сиэри гыннахтарына хобордооххо таба сыатыгар буһараллара. Таба сыата суох буоллаҕына балык сыатыгар буһараллара.
“Анил кэрилэ”. Ыраастаммыт балыгы кыратык буһараллар. Уутун тоҕоллор, салгыы балыгы күҥҥэ хатараллар. Ол кэнниттэн хаппыт балыгы бороһуок буолуор диэри илдьиритэллэр. Маннык балыгы сыалыһар тириитигэр кутан хаһааналлар. Кыһын сиэри гыннахтарына ууга буһараллар, таба хаанын эбэллэр, туустууллар уонна астына-дуоһуйа минньигэстик сииллэр.
“Порса”. Балыгы ыраастаан, бысталаан баран күҥҥэ хатараллар, ол эрээри наһаа куура хатардыбаттар. Уҥуохтарын араараллар, кыра гына бысталыыллар уонна балык сыатыгар ыһаарылыыллар. Ол кэнниттэн мөһөөччүккэ эбэтэр кыра буочукаҕа угаллар. Маны булчуттар сөбүлүүллэр, тоҕо диэтэххэ маннык ас уһун айаҥҥа буорту буолбат.
Сиибит уонна эмтэнэбит. Ыраастаммыт, сууйуллубут улахан балык иһин ууга буһараллар, буспут уутун тоҕоллор. Маны дөлүһүөн аһын кытары булкуйаллар, үрдүнэн балык сыатын куталлар. Ол кэнниттэн маннык битэмииннээх аһылыгы тууйаска кутан хаһааналлар. Кыһын сииллэр.
Юкагирдар пельха диэн үүнээйи силиһин хаһан ылаллар. Ол кэнниттэн хатаран баран илдьиритэн бурдук оҥороллор. Маннык бурдугунан лэппиэскэ оҥороллоро, чэйгэ куталлара уонна балык бөрүөгү оҥорорго тутталлара.
Урут бэйэлэрин эмтэнэллэригэр оту-маһы, үүнээйини туһаналлара. Ону таһынан күлгэрилэри, баҕалары, чиэрбэлэри эмиэ эмкэ тутталлара. Сууналларыгар, ыраастаналларыгар муоҕу, үөт сымнаҕас сэбирдэхтэрин туһаналлара.
“Ыраастаналларыгар” кыа оту уматаллара. Чайы оҥостоллоругар хатыҥ эбэтэр тэтиҥ тэллэйин – чааганы, дөлүһүөнү, кучу оту тутталлара. Үчүгэй сыттаах уонна амтаннаах буоллун диэн араас отону куталлара.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Айсан.