Сыл ахсын бэйдиэ сылдьар ыттар боппуруостара Саха сиригэр кыайтарбат. Бу боппуруос аны ыттар киһиэхэ саба түстэхтэринэ эрэ күөдьүйэн тахсар.
Ол курдук бу соторутааҕыта Дьокуускай куоракка АГАТУ территориятын аттыгар (урукку ЯГСХА) уонча ыт кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ саба түспүттэрин камера устубута куйаар ситимигэр тарҕанна. Онно дьон айдаарыах буолан иһэн тохтоотторун кытары, аны аҕыйах хоноот эмиэ сити миэстэҕэ ыттар студенткаҕа саба түспүттэрэ көһүннэ. Дьолго дьон баар буолан ыттары үүртэлээбиттэр.
Онно эмээхсини да тутан сиэ эбиттэр, тоҕо диэтэргит номнуо охторон түһэрэн баран таҥаһын тырыта-хайыта тыыта сырыттахтарына АГАТУ плотнига кэлэн ыттары үүртэлээн эмээхсини өлөр өлүүттэн быыһаабыт. Кэнники биллибитинэн ити ыттар өссө биир студенткаҕа эмиэ саба түспүттэрэ билиннэ. Атаҕыттан ытырбыттар, хата дьолго кыыс халыҥ ыстааннаах буолан быыһаммыт. Ыстаана хайдыбыт уонна кыра көҕөрүүнү ылбыт.
Маннык көстүү Дьокуускайга эрэ буолбатах, бүтүн Саха сиригэр буола турар. Ол курдук 2014 сыллаахха Булуҥ оройуонугар ыттар 9 саастаах кыыһы тырыта-хайыта тыытан өлөрбүт түбэлтэлэрэ баар. Манна баһылык ситэ миэрэ ылбатах диэн эппиэттээн турар. Тыаларга төһөлөөх кулуну бэйдиэ сылдьар ыттар туппуттарын ааҕан сиппэккин.
Дьэ маннык балаһыанньаҕа туох миэрэ ылылларый? Тустаах тэрилтэлэртэн эбэтэр дьонтон сайабылыанньа киирдэҕинэ, хаһаайына суох ыттары көрөр-харайар пуунтан (пункт передержки безнадзорных животных) кэлэн тутаттыыр эбиттэр. Ол кэннэ прививкалаан, биркалаан баран төттөрү ол хантан туппут сирдэригэр аҕалан ыыталыыллар. Онон үлэлэрэ бүтэр. Өлөртүүр сокуонунан көҥүллэммэт, хайыаҥ баарай, били нууччалыы эттэххэ «они наши братья меньшие» буоллаҕа.
Бу сүрдээх буолбатах дуо? Ол ытырыык ыт укуолланнаҕына, бирка туруордахтарына ытырбат буолар үһү дуо? Суох буоллаҕа, ытырыык ыт диэн отой туспа буолар. Оннук ыт көммөт, киһини ытырбатаҕына эмиэ туга эрэ тиийбэт курдук буолар буолуохтаах, син биир дьоҥҥо – маньяк киһини өлөрбөтөҕүнэ сатамматын курдук.
Эмээхсиҥҥэ саба түспүттэрин кэннэ сарсыныгар 17 кыбаарталга үс ыт суолга өлө сыталларын булбуттар. Дьэ манна «зоозащитниктарбыт» диэн общественнай тэрилтэ баар, олор ыттары көмүскэһэн аҕыс айдааны тартылар, ыттары саанан ытыалаан өлөртөөбүттэр диэн. Тоҕо эрэ ыттар эмээхсиҥҥэ саба түспүттэригэр уу ньимиликээн этилэр. Уопсайынан, ити зоозащитниктар ыттар киһини да сиэтэхтэринэ көмүскэһиэх курдук наһаалыыллар. Туох баар надзорнай тэрилтэлэргэ ити ыттары көмүскэһэн сайабылыанньа бөҕөтүн суруйбуттар. Билигин прокуратураттан саҕалаан бэрэбиэркэ бөҕөтө бара турар.
Сокуонунан ынырыктаах да ытырыык ыты өлөрөр көҥүллэммэт. Оннук ыттары ити ыты көрөр-харайар пууннарыгар хаһан бэйэтэ кырдьан өлүөр диэри ииттиэхтээхтэрэ ирдэнэр. Биир ыт күннээҕи аһыыр нуормата 289 солкуобай. Онтон оскуолаҕа биир үөрэнээччи аһыырыгар көрүллэр суума, эчи киһи суруйуон да кыбыстар, 80 солкуобайтан 180 солкуобайга диэри көрүллэр. Мантылара өссө регионуттан, бородуукта ыараханыттан көрөн диэннээх. Ол аата Саха сиригэр биир оҕоҕо 180 солкуобай буолуо диэн сэрэйиллэр, бородуукта ыараханыттан сылыктаатахха.
Санаан көрүҥ, биир ытырыык ыкка күҥҥэ бюджеттэн 289 солкуобай көрүллэр буоллаҕына, ыйга бу ыппытыгар 8 тыһыынча 670 солкуобай ороскуоттанар. Оҕоҕо ыйга хас тахсарын бэйэҕит суоттааҥ. Онтон биһиги пенсионердарбыт ыйга төһөнү ылалларый? Чэ, ортотунан 13-16 тыһыынча. Ити ылбыт суумаларыттан коммунальнайдарын, араас төлөбүрдэрин, эмтэрин-томторун көҕүрэтэр буоллахха бу пенсионербыт аһыырыгар нэһиилэ 5 тыһыынча хаалар. Оччотугар биһиги пенсионердарбыт ытырыык ыттааҕар куһаҕаннык аһаан-таҥнан олорор буолан тахсаллар буолбаат!
Онон, мин көрдөхпүнэ ыттары утары отой атын сокуон тахсыан наада. Биир ыкка оскуола оҕотунааҕар элбэх харчы көрүллэрэ баҕар ким эрэ хармаана хаҥыырын иһин оҥоһуллубут сокуон буолаарай? Маны туох дии саныыгыт?
Одун.