Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Ыстапаан ыйытыыта

tuymaada 10 октября, 2026

Бүгүн ыччат биэчэрэ. Кулууп ааныгар «Советскай ыччат моральнай мөссүөнэ» темаҕа лекция буолар. «Лекцияны хомсомуол райкомун инструктора таб. Николаев Н.Н. ааҕар», –  диэн сүрдээх улахан биллэрии саайыллыбыт. Итини көрө-көрө, мин хайдах эрэ үөрүөх санаам кэлэр. Ити мин – Николай Николаевич Николаев. Бу «Хотугу сардаҥа» холкуоска аан маҥнай сылдьабын. Дьэ, онон хайдах эмэ гынан бэйэни түһэн биэрбэтэх киһи…

Кыһыл сабыылаах остуол ортотугар хоноччу туттан олоробун. Тулабар – комсомольскай комитет чилиэттэрэ. Төбөбүн аргыый аҕай хамсатан сааланы кэриччи көрөбүн. Хайа кыалларынан боччумнаахтык тутта сатыыбын. Иннибэр собо курдук лаһыгыраһан, холкуос ыччаттара олороллор. Сирэй-харах сэргэх дьоно. Мин биир бэрт көрсүө, кыыс курдук нарын-намчы көрүҥнээх уолу одуулаһа олордохпуна, комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээрэ ойон туран:

– Билсэн кэбиһиҥ, райкомол саҥа инструктора – Николай Николаевич Николаев, – мин диэки ытыһын нэлэс гыннарда. Мин соһуйан ходьох гына түстүм.

– «Сэбиэскэй ыччат моральнай мөссүөнэ» диэн темаҕа лекцияны ааҕарга көҥүллэнэр табаарыс Николай Николаевич Николаевка! – диэн салгыы сэкирэтээрим биллэрэн хабылыннарда. Саала ытыс тыаһынан ньирилии түстэ. Күүппүт санаабар, намыраабат, дохсун ытыс таһыныыта буолла. Мин хайдах эрэ кыбыһынным. Урут ханна да үлэлээбэтэх эрээри, тоҕо комсомольскай үлэҕэ сөбүлэммитим буолла диэн бэйэм-бэйэбин сэмэлэнэн ыллым. Онтон: «Синэ биир, кимсэн иһиллиэ!» – дии санаат, ойон турдум. Трибунаҕа сулбу хааман тиийдим:

– Табаарыстар! – көхсүбүн этитэбин.

Саала уу-чуумпу. Бары миигин тонолуппакка одууласпыттар. Бары миигин өрө мыҥаабыттар.

– Табаарыстар, мин Николай Николаевич буолбатахпын. Көннөрү Колябын. Чэ итигирдик. Билигин лекциябытыгар киирэбит…

Маҥнай утаа ыгылыйан хааламмын кулгаахтыын-сирэйдиин чоххо баттаабыт курдук буоллум быһыылаах. Кумааҕыбыттан отой арахсыбаппын, адьас умса түһэн сытабын. Кэлин киһи эрэ буоллар кэҥээтим. Дьэ кэм өйдөбүллээхтик саҥарар-иҥэрэр, тохтобуллары оҥортуур буолан бардым, оннооҕор истээччилэрбин хараҕым далын иһигэр киллэрдим.

Биир эдэркээн уол эмиэ эдэркээн баҕайы кыысчааны кытта күлсэ-күлсэ олорорун, лекцияны истибэтин көрөммүн:

– Табаарыс, эн лекцияҕа олороҕун дуу, ханна бааргыный дуу? Ким да эһигини туппат. Барыаххытын сөп, – диэтим. Уоллаах кыыс ах бардылар, төбөлөрүн умса тутуннулар. Саалаҕа баар дьон бары кинилэр диэки эргилиннилэр. Мин балачча өр саҥата суох, сөҥөн турдум. Ол туран, университекка профессор Чыычаахап лекциятыгар Антонина Дарамаева диэн кыыстыын мэниктээн, профессортан мөҕүллүбүппүн өйдүү биэрдим. Ол бэйэм аны атын киһини мөҕө турабын. Ити курдук санаат, кыратык, биллэр-биллибэттик мичээрдээн иһэммин, өй ылан, эмиэ тыйыстык, дьиппиэнник тутуннум. Истээччилэрбэр суостаах, кытаанах киһи курдук тутта сатаатым да, дьүһүнүм-бодом син биир түһэн биэрэ турдаҕа…

Майгы-сигили араас боппуруостарын кэпсээн, онон-манан иэҕэн бараммын тапталга кэллим. Истээччилэрим дьэ сэргэхсийдилэр, харахтарын тэбэнэттээхтик көрөн чаҕылыҥнастылар. Онтон саҥа аллайан, тыл кыбытан бардылар, арыт күлсэн ньиргиһэллэр. Ол аайы хайдах эрэ көтөҕүллэн, тылым тахсан истэ. Бэйэм-бэйэбин астына турабын.

Лекциям бүтүүтүн чиҥ-чиҥник этэн:

– Табаарыстар, сэбиэскэй ыччат өй-санаа өттүнэн ыраас, эҥкилэ суох, үлэҕэ, үөрэххэ куруук инники, коммунизм дьыалатын иһин бэриниилээх, наада буоллаҕына олоҕун да биэрэргэ бэлэм буолуохтаах. Туругурдун Ленинскэй хомсомуол, сэбиэскэй ыччат! – диэн тылларынан түмүктээтим. Саала ытыс тыаһынан ньиргийэ, куугунуу түстэ. Лекциям түмүгэ араатар дуу, дакылаат дуу буолан ааста.

Мин трибунаҕа тоҥолохпунан өйөнөн турабын. Истээччилэрим ыйытыынан кимэн киириилэрин хардары охсорго бэлэмнэнэбин.

– Кимиэхэ туох ыйытыы баарый? Баһаалыста, ыйытан иһиҥ, – диэн сэкирэтээр эмиэ ойон туран биллэрдэ. Чочумча саала саҥата суох олордо. Онтон биир киһи ыйытта, иккис киһи ыйытта, үһүс ыйытта. Онтон, доҕоор, мин да мин буолан бардылар.

– Күнүүлээһин таптал күүстээҕин көрдөрөр дуо?

– Суох, эргэ олох хаалынньаҥа, бэйэ-бэйэни итэҕэйсибэттэн тахсар! – диэн быһаччы хардарабын. Ыйытааччым тохтообот:

– Испания улуу драматура Кальдерон: «Күнүүлэһиитэ суох таптал – таптал буолбатах, өлүктүйүү», – диэбиттээх. Чэ, ити цитатата чуолкайа да суох буоллун, ол гынан баран, ис хоһооно итинник. Оччоҕо улуу Кальдерон сыыһар буоллаҕа?

– Сыыспат.

– Бырастыы гын, билигин тугу диэбиккиний?

– Даа, даа, сыыспат! – бары чөрбөҥнөһө түстүлэр.

– Даа, сыыспат диэтим. Тоҕо? Кини буржуазнай уопсастыба дьонун этэр. Онно дьон бэйэ-бэйэлэрин итэҕэйсибэттэр. Ол иһин оннук…

Саалаҕа олорооччулар бэйэ-бэйэлэрин кытта мөккүһэн, ньуу-ньаа буолан бардылар. Ким эрэ саҥата: «Бүргэс Бүөтүр ойоҕун таптыыра бэрт буолан күнүүлүүрэ», – диир. Атын киһи: «Сымыйа, Бүргэс үөнэ-көйүүрэ тэһитэ кэйэн, кырбаары сылтаҕыран, күнүүлээбитэ буолар. Хайа таптыыр киһи итинник дьүһүлэниэй?!» – диэн утарар… Мөккүөр дьэ уутуйан-хаатыйан, кэҥээн-уһаан эрдэҕинэ, сэкирэтээр чуорааны тыаһата-тыаһата, остуолу охсон либигирэтэн, тохтотон кэбистэ.

Дьон эмиэ намырыйан, илиилэрин уунан биир-биир ыйытан истилэр. Хаһан эрэ муннукка ыгаллар диэн дьиксинэрим сүр. Онтон биир чаҕылыйбыт, сааһыра барбыт кыра уҥуохтаах киһи: «Мин ыйытабын, ыччаттар, тохтуу түһүҥ!» – дии-дии айманна.

– Ыстапаан, баһаалыста ыйыт! – диэн сэкирэтээр киниэхэ көҥүл биэрдэ. Ыстапаан тура эккирээт, сонун тэллэҕин аллара тардыммахтаата, онтон сыана диэки хааман кэлэн иһэн, тохтуу биэрдэ, тэбэнэттээхтик сааланы эргиччи көрүтэлээтэ, итиэннэ үөннээхтик мичээрдии-мичээрдии:

– Тукаам, ити тапталлара диэни олус да билэҕин-көрөҕүн чобурҕатан түһэн, уопутуҥ да сүрүкэй эбит. Эт эрэ, баһаалыста, хомсомуолларга сэкириэт эҥин диэн суох буолуохтаах, эн хас кыыһы кытта локуомайдаһа сылдьыбыккыный? Биитэр барытын кумааҕыттан эрэ итиччэ үлүгэр кырдьык-хордьук кэпсиигин дуу?

Саала иһиттэн Ыстапааны киксэрэр саҥалар онон-манан иһилиннилэр. Мин мах бэрдэрдим. Сатаан бардахха, адьас Ыстапаан ойоҕоһугар мин сөбүлүүр кыыһым Лиза бу олорор эбит. Кини эмиэ быйыл университеты бүтэрбитэ. Ол гынан баран, мин университекка кинини кытта үчүгэйдик билсиспэтэҕим. Туох диэн хардарыах бэйэбиний? Оо, сор эбит!.. Ити курдук, мунан-тэнэн эрдэхпинэ сэкирэтээр:

– Ыстапаан, эн ыйытыыҥ төрөөһүнэ суох. Николай Николаевич манна таҥара дьиэтигэр курдук айыытын этэ кэлбэтэҕэ. Оттон, Ыстапаан, эн аҕабыт буолбатаххын, – диэн абыраата. Ыстапаан, сөпкө эттиҥ диэххэ айылаах, төннөн саала кэннин диэки дьөгдьөрүйдэ. Аара уолаттар: «Хайа, Ыстапаан, тоҕо төттөрү бардыҥ?» – дэһэ-дэһэ сонун тэллэҕиттэн бу тарт, ити тарт буоллулар.

Мин дьэ үөһэ тыынным. Хайдах эрэ сэкирэтээргэ улаханнык махтана санаатым. Оттон Лиза биир кэм хараҕын миигиттэн араарбат курдук. Мааҕын күнүс көрсөн кэпсэппиппит. Кини: «Салайааччы табаарыс, дорообо!»  – дии-дии чачыгыраччы күлэр буоллаҕа үһү. Испэр абарбытым иһин туох истиэй? Кини иннигэр киирдэхпинэ тылым-өһүм тардар, сытыы-хотуу бэйэм уотум-күөһүм умуллар. Чэ бэйи, хаһан  эрэ сур-күт баттаппат, тэҥнээх доҕордуулар курдук кэпсэтэр буолуохпут.

Сэкирэтээр истээччилэр ааттарыттан миэхэ баһыыбалыыр. Эмиэ ытыс таһыныыта.

Иван ФЕДОСЕЕВ.

Continue Reading

Previous: Кыталыктар үҥкүүлэрин көрбүт дьоллоохпун
Next: Абылаҥ күүһэ – таптал

Похожее

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026
Оҕо этим, орой мэнигим

Оҕо этим, орой мэнигим

28 октября, 2026
Өкүлүүнэ эмээхсин

Өкүлүүнэ эмээхсин

27 октября, 2026

Свежие записи

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда 1

Анджелина Джоли окончательно уехала из Голливуда

14 ноября, 2026
«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…» 2

«Дойдубар тиийэр суолум Берлининэн…»

13 ноября, 2026
Названы главные правила диеты для долголетия 3

Названы главные правила диеты для долголетия

12 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара 4

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 5

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 6

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 7

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПСЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.