Мин ол сыл, 1953 сыл саас, биригэдьиирбэр Таркаев Ньукулайдаахха дьиэлэнэн олорон биригээдэ көлүнэр көлөтүгэр куонньуктуурум. Өссө кинилэргэ Сэргэй диэн соҕотох тимир ууһа оҕонньор дьукаах олороро.
Биир күн Ньукулай төлөпүөннээх уонна маҕаһыыннаах сиргэ Оргуллаахха бара сылдьан, Ыстаалын өлбүт үһү диэн сонуннаах кэллэ. Уонна лааппыттан икки суотай арыгыны аҕалла.
Киэһэ аһылыкпытыгар ол арыгыны истибит. Иһэ-иһэ Ыстаалын туһунан ахтан аастыбыт. Устунан оччотооҕу сүрүн тиэмэҕэ – абааһыга көстүбүт.
Ол олорон уус Сэргэй оҕонньор эттэ:
– Ээ, сорохтор Ыстаалыны аһыйан ытаһа олороллоро буолуо. Хата биһиги арыгылыы-арыгылыы, абааһы туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ олоробут.
Инньэ диирин кытары эмискэ дьиэбит аана тэлэллэ түстэ да биир ыт саҥыйахтаах, биир бараан тулууптаах киһи көтөн түстүлэр. Соһуйан өлө сыстыбыт. Сыгынньахтаммыттарыгар көрбүппүт биирэ Бодох биригэдьиирэ Бурхалей Куонаан, биирэ билбэт киһибит, мааны хамыһаар киһи.
– Бу оройуон бэрэстэбиитэлэ. Сарсын Хорулаҕа Ыстаалын өлбүтүгэр траурнай миитин оҥоро тахсан иһэр. Бүгүн Хорулаҕа хайаан да тиийиэхтээх, хорулалар кэтэһэн олороллор. Ньукулай ону тэрийэн ыытыахтааххын, ол туһунан нэһилиэк сэбиэтин, холкуос бэрэссэдээтэлин суруктара бу баар, – диэн баран Куонаан Ньукулайга сурук биэрдэ.
Ол сурукка өссө биригэдьиир киһини “биригээдэҥ дьонуттан кэлиэх айылаах дьону барыларын сарсын Оргуллаахха күнүс 12 чааска мунньаргар” диэн кыбыс-кытаанахтык сорудахтаммыт.
Хата арыгыбыт оҕотун бүтэрбит кэммит буолан, остуолу түргэнник хомуйа охсон кэлбит дьоҥҥо саҥаттан чай куттулар. Биригэдьиир сылгыһыт Хачымах Баһылайы “Хорулаҕа билигин бу бэрэстэбиитэли аккынан таһаараҕын” диэбитигэр, үөрэ-көтө да буолбатар сөбүлэһэн бэлэмнэнэн барда.
– Мин билигин маннааҕы ыалларга этэн баран түүннэри Өбүгэнэн, Сээйэ төрдүнэн, Бэрэнэн ыалы кэрийэ барыам. Сарсын үргүлдьү онон Оргуллаахха тиийиэм, – диэн бэлэмнэнэн барда уонна миигин аппын көлүй диэн соруйда. Дьэ били арыгы эрэ, абааһы эрэ – үрүө-тараа бардыбыт.
Сэргэй оҕонньор биһиккини сарсын биир атынан мэҥэстэн Оргуллаахха бараҕыт диэн дьаһайда. Оннук мэҥэстэн бардыбыт.
Дьыбар да дьыбар! Күн тахсара чугаһаата. Оҕонньорум:
– Сытыы харахтаах киһи күҥҥүн үчүгэйдик көр эрэ. Ыстаалын өллөҕүнэ күн кытта өлүөҕэ диэччилэр, дьэ, хайдах тахсара буолла, – диир.
Мин ону итэҕэйиэхпин да, итэҕэйиэ суохпун да билбэппин. Күммүт уруккутун курдук таҕыста, ону эппиппэр оҕонньорум:
– Оннук эрэ буоллун. Хата таҥара баар эбит, – диэтэ.
Күнүс Бодо да түбэтиттэн, Өбүгэ да түбэтиттэн миитин буолар ыалыгар Оргуллаахха сүүрбэччэ киһи син муһунна. Оройуонтан миитини ыыта биир мин аҕай дэммит, өрө көрбүт, чалыгырас саҥалаах эдэрчи киһи уонна бэйэбит киһибит Степанов Михаил тахсыбыттар.
Дьон бары хайдах эрэ соҥуорбут көрүҥнээхтэр. Күлэ-үөрэ, үөрэ-көтө кэпсэппэттэр. Ол олордохпутуна таһыттан Бодох ферматын от тиэйээччитэ Лаппыа Ыстапаан үс оҕуһунан от тиэйэн иһэн киирэн кэллэ. Бэйэтэ да лаппычах кыра киһи биирдэ төкүнүс гына түстэ уонна:
– Ычча, халлаан тымныы моруос! – диэн күлүм аллайда.
Ону көрөн оройуон киһитэ:
– Бу туохтан үөрэн-көтөн киирдиҥ? Хас биирдии советскай киһиэхэ ыар кутурҕаннаах күннэр үүннүлэр. Арай капиталистическай дойдулар, биһиги өстөөхтөрбүт эрэ үөрэр-көтөр, өрөгөйдүүр кэмнэрэ кэллэ. Эн онно кыттыһан үөрэн нууччалыы-сахалыы куолаһыран киирэҕин. Арааһа борокуруор орооһон, ким-хайа киһи буоларгын быһаардаҕына, дьарыктаннаҕына сөп буолсу. Бу кэмнэргэ советскай киһи сиэриттэн атыннык быһыылана сылдьаҕын. Маны сөптөөх уорганнарга быһааттарыллыа, төрдүгүн-уускун үөрэтэн көрдөхтөрүнэ сатаныыһы, – диэн суоһурҕанна.
Онтон Степанов туран:
– Улуу сирдьит олохтон барбыт кутурҕаннаах күнүгэр анаммыт миитини аһарыгар оройуон бэрэстэбиитэлигэр тыл бэриллэр, – диэбитигэр били киһи тыл этэн барда. Элбэҕи эттэ.
– Биһиги советскай норуот эрэ буолбатах, аан дойду прогрессивнай өйдөөх-санаалаах омук дойдуларын үлэһит дьоно барыта улуу сирдьити Ыстаалыны аһыйда, курутуйда, – диэтэ.
Бу кутурҕаннаах кэмҥэ, чааска “минута молчания” диэн биллэрэн саҥата суох тура түһүүнү эттэ. Онтон салгыы советскай дойдуга табаарыс Ыстаалыннааҕар уон оччонон ордук кини үөрэнээччилэрэ хааллылар, кинилэр кини дьыалатын, үлэтин салҕаан өссө ордук салайан барыахтара, онон кини дьыалата хаһан да советскай дойдуга өлүө-сүтүө, тэпсиллиэ суоҕа эҥин диэн элбэҕи эттэ-тыынна.
Биһигиттэн икки-үс киһи тыл эттэ. Кинилэр эмиэ атын советскай дьон курдук, Ийэ дойдуларын сирдьитин аһыйан туран, хаһааҥытааҕар да биир сомоҕо буолан дойдубут баайа өссө хаҥыырын туһугар күүстээх, таһаарыылаах үлэни көрдөрүөхпүт диэтилэр.
Онтон бүтэһигэр Иванов Соппуруон диэн былыргы үөрэхтээх, саастаах киһи туран, сирдьит олохтон барыыта советскай норуокка улахан охсуу буоларын эттэ.
– Ол эрээри советскай норуот Коммунистическай партия салалтатынан бу ыар сүтүгү тулуйуоҕа, оһорунуоҕа. Итини этэн туран, компартия салалтатынан биир санааланан Ийэ дойдубут иннигэр улуу Ыстаалыны суохтаппат курдук үлэлиэхтээхпит, – диэн эттэ.
Ол кэннэ бүтэһигэр оройуон бэрэстэбиитэлин тылыгар тохтоото:
– Мин саныахпар ити Ыстапаан этиитигэр туох да политическай киһи бааһар тыла суох. “Моруос” диэн былааһы суулларар тыл буолбатах, киһи бааспат тыла. Ити аайы борокуруорданан истэхпитинэ тас өстөөхтөрбүт дьэ үөрээйэллэр – холоонтон да куттанан бүтүн борокуруору аймыыр, холоон да салайааччылаах эбиттэр диэн. Хата табаарыс бэрэстэбиитэл бэйэтэ киһи кулгааҕар батан киирбэт тылларынан улуу сирдьит үлэтин астымматаҕын эттэ. Эттэ дии – дьэ, билигин мантан антах киниттэн уон ордугунан ордук салайааччылар салайыахтара, өссө үчүгэй буолуохпут диэтэ. Киһи бөҕө истэн олордо. Бу туоҕуй, табаарыс Ыстаалыны сиргэ тэпсии буолбакка! Оттон маннык тылларынан дуоһунастаах дьон үөрэҕэ суох араҥаҕа тамнааттана сылдьарынан борокуруор дьарыктаннаҕына хайдаҕый?
Өссө этиэх киһини Степанов туран, кыратык ону-маны этэн баран:
– Инники эппит табаарыстар этиилэригэр холбоһобун, – диэн баран, – сирдьиккэ аналлаах траурнай миитини сабыллыбытынан ааҕабын, – диэтэ.
Соппуруон этээтин кытта оройуон бэрэстэбиитэлэ көрөн-истэн чаҕылыҥныы олорбута сүтэн, сонно тута үүтүн тохпут оҕо курдук остуолга сытар кумааҕытыттан атыны көрбөт буолан хаалбыта.
Көр, оннук биһиги Соппуруоммут биир быстах сокуомсук киһини сынтарытан, аныгылыы эттэххэ муостаан турар ээ.
Таркаайы КИҺИТЭ.