Бааһынай ырыынага баара олус наадалааҕын ким барыта билэр уонна кэрэхсиир даҕаны. Манна бу чугас оройуоннар хаһаайыстыбалара улаханнык туһаналлар да, барыыһыраллар да быһыылаах. Күһүн отой эрдэттэн саҕалаан оҕуруот аһа, үүт, эт, күөл балыга быстыбат. Маннык аһынан-үөлүнэн хааччыйыы нэһилиэнньэни олус үөрдэр уонна олоххо, инникигэ эрэли үөскэтэр, ол иһин олохтоох салалтаҕа, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар кэлэр да өттүгэр маннык салҕанан бара турарыгар баҕарар.
“Ол гынан баран”, – дииргэ тиийэбит. Атыыланар сыана сүрэ бэрт. Холобура, эт туһунан эттэххэ: ынах этэ 1 киилэтэ 500-600 солк., онтон убаһа этэ 600-800 солк. 1 кг убаһа ойоҕоһо 700-800 солк. тиийэ сыаналыы тураллар. Убаһа быара 2500 солк. Дьэ, “өлбөт-мэҥэ” уута буолбут ас диэтэҕиҥ. Бу хантан ылан, ким хаһан быспыт сыанатай диэн ыйыттахха, ырыынак салалтата быспыт сыаната дэһэллэр. Ама оннук буолуо дуо? Дьэ, саарбах.
Аны Кэбээйи собото тобус-толору, сыана эмиэ киһи төбөтө эргийэр үлүгэрэ, киилэтэ 250 солк-н 350 солк. тиийэ. Дьиҥнээх бултанар сиригэр Кэбээйилэри кытта кэпсэттэххэ 1 киилэтин миэстэтигэр 50-60 солк. кэлэн атыылаһан бараллар дииллэр. Сыананы алдьатааччы, аймааччы “посредниктар” буолаллара дуу? Бу соболор сөмөлүөтүнэн, вертолётунан аҕалыллара буоллар сыаналара үрдүөн да сөп этэ, ити 300-350 солк. курдук, наһаа да 350 солк. тиийбэтэр.
Аны иһэ аһыйбыт, ырыган, туһах Кэбээйи куобаҕы биир устууката 1500 солк. түспэт. Сахалыы суоттаан көрдөххө, кэккэлэһэ эрээккэ атыылана турар ынах, убаһа этин 3-4 кг сыанатыгар тэҥнэһэр. Толкуйдаан көрдөххө орто ыал 4 кг эти 4-тэ күөстэниэн сөп, оттон биир куобаҕы сүлэн, иһин быраҕан, астаан, биир эрэ күөс буоларга тиийэр дии. Аны бу куобахпыт ырыган буолан миинэ барбат, аһыйбыт буолан амтана да куһаҕана бэрт.
Маны таһынан 7-8 ый анараа өттүгэр бултаммыт кус, хаас атыыланаллар, өссө онно мас көтөрө кытта баар, сыаналара 1500-2500 солк. тиийэр. Дьэ, онно баар хаппыт-куурбут, аһыйбыт-курсуйбут диэн. Ырыынак салалтата маны көрөн олорон, ылан сиэн көрөн сыананы-куолуну быстарара буоллар табыллыах эбит. Атыылааччы төһө диэн айаҕа хамсаабытынан буолара табыгаһа суох курдук.
Маны таһынан Роспотребнадзор диэн тэрилтэ бу атыыланар астар хаачыстыбаларын, сыаналарын хонтуруоллаан, бэрибиэркэлээн көрбөт муҥнара дуу, тустаах үлэлэрэ, эбээһинэстэрэ да буоллаҕа диэн саныахха эмиэ сөп курдук.
Онон бу үүммүт 2021 сылга ас-үөл сыанатын быһан атыылаһааччыны наһаа сулуйбат курдук тэрийбит киһи баар ини! Сорох атыылааччылар эрдэ наһаа соболорун сыанатын үрдэтэн атыылыы сатаабыттара, кыайан барбакка харааччы сытыйан, хатан хаалбыты 50-60 солкуобайга ыт аһылыга диэн ааттаан атыылыы тураллара киһини соһутар да, хомотор да. Үтүө аһы сөптөөх соҕус сыанаҕа атыылыыр тоҕо табыллыбат буолуой?
Баартаах УЙБААН.