2021 сыл балаҕан ыйыгар Уус-Алдаҥҥа Государственнай Думаҕа депутаттары талыыга ыытыллыбыт быыбар түмүгүттэн санаа.
Киирии санаа: киһи диэн туохха да холооно суох айылҕа сүдү бэлэҕэ. Киһи олус күүстээх. Кини барыны-бары сатыыр, айар, тутар, кыайар. Ол күүс киһи өйүгэр баар. Оттон өйүн-күүһүн киһи тыла, атыннык эттэххэ саҥарар саҥата быһаарар.
Сахалар төрөөбүт төрүт тылбыт былыргы тыл. Тылбыт сороҕор иччилэнэр, илбистэнэр, ардыгар ынчыктыыр, энэлийэр. Ол эрээри тылбыт үчүгэйтэн үөрэр, ыллыыр, манньыйар, өрө күүрэр. Онон өйбүтүн сааһылаан, тылбытын ханна, хайдах туттарбытын билиэхтээхпит. Ордук салайааччы киһи тыл алыптаах күүһүн сатаан туттан дьонун-сэргэтин кытта или, эйэни, доҕордоһууну өрө тутан олохпут таһыма тупсарын, инники сайдыы туһугар дьонун кытта биир буолуохтаах. Салайааччы иччилээх, илбистээх тыллары туһанан албыны-сымыйаны, куһаҕаны саҥаран дьонун хомотуо, кэлэтиэ, салгыны хамсатыа суохтаах. Балары үөһээ айыыларбыт, улахан убайдарбыт истэ-билэ сылдьаллар.
Үлэһит норуот олоҕо тупсарын туһугар таһаарыылаахтык үлэлииригэр, сайдыыга тардыһан иннин диэки барарыгар салайааччы харгыстары оҥоруо суохтаах. Кини норуотугар сайдыы суолун ыытан, тэлэн, көннөрөн, киэҥ аартык устун сүрүннээн, сирдээн иһиэхтээх. Бу өйдөбүллэр общество сайдарыгар аналлаах сокуоннарга, категорияларга сөп түбэспэт, дьүөрэлэспэт, кэһиллэр түгэннэригэр сайдыы бытаарар, биир сиргэ буксуйар – депрессия саҕаланар. Харгыстар сайдыы бары салааларыгар тахсаллар.
Госдума быыбарын түмүгүттэн санаа: омос көрдөххө улууска быыбар үчүгэйдик барбыт курдук. Биир ньыгыл партия коммунистар партияларын 3,2 %-нан кыайда. Биир ньыгыл партия көрдөрүүтэ 44,18 %, коммунистар партияларын көрдөрүүтэ 40,91 %. 2018 сыллаахха Биир ньыгыл партия коммунистар партияларын 10 %-нан кыайбыта. Үчүгэй көрдөрүү этэ.
2021 сыл балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт Госдума быыбарыгар былаас партиятын үлэтин өйөөччүлэр истэриттэн 7 %-нара улуус салалтатын үлэтин мөлтөҕүн өйдөөннөр, үлэһит дьон олоҕо тупсарын иһин туруулаһар коммунистар партияларыгар холбостулар. Ол түмүгэр коммунистар партияларын өйүүр дьон 7 %-нынан элбээтилэр. Былаас партияларын өйөөччүлэр ахсааннара 7 %-нынан аччаатылар. Тэҥнээн көрдөххө 7 %-нан өрө тахсыы ордук дуу, 7 %-нынан таҥнары түһүү ордук дуу? Ааҕааччы бэйэҥ сыаналаа. Республика быыбардааччыларын үгүс куолаһын ылан коммунист, Уус-Алдан II-с Лөгөй нэһилиэгин уола Пётр Револьдович Аммосов Госдума депутатынан буолла.
Биир ньыгыл партияттан Госдумаҕа депутакка кандидатынан турбут Пётр Петрович Черкашин туһунан санаа: Черкашин Пётр Петрович – Биир ньыгыл партияттан Госдумаҕа депутатка кандидатынан турбута. Быыбарга кини республика быыбардааччыларын итэҕэлин, өйөбүлүн ылбата. Тоҕо оннук буолла?
Пётр Черкашин 2011 сыллаахха физкультура уонна спорт институтун бүтэрбит. Үөрэҕинэн физкультура учуутала. Идэтинэн үлэлээбэтэх. Үөрэҕин бүтэрээт урбаанынан дьарыктаммыт. Кини тустуу көбүөрүн таһыттан, “Үтүө санаа” долбуурун инниттэн ыыра соччо оннук ырааппатах. Салгыы билиитин кэҥэтэр, дириҥэтэр санаата кэлбэтэх. Республикатааҕы аҕалар лигаларын толорооччу дириэктэринэн, республика тутааччыларын холбоһугар үлэлиир. Онтон ордук салайар үлэлэргэ үлэлээбэтэх. Республикаҕа П.П.Черкашинтан арыый көбө соҕус үөрэхтээх, үлэлээх эдэр киһи суоҕа хомолтолоох. Каадырынан “эстибит” эбиппит. Черкашин П.П. Госдумаҕа депутатынан талыллыбатах төрүөттэрэ: Былаас партията обществоны баайдар, дьадаҥылар диэҥҥэ араарыыта, Пётр Петрович интеллектуальноһа намыһаҕа улахан таһаҕас буолла. Төһө да спортсмен буоллар кини “бу таһаҕаһы” кыайбата. Баһыйар элбэх куолаһы ылбата.
Бу сыыһалары билэ-билэ тоҕо П.П.Черкашин Госдумаҕа депутатынан тура сатаата? Онуоха хоруй маннык: улууспутугар Биир ньыгыл партия салайааччыта, баһылыкпыт А.В.Федотов П.П.Черкашины Госдумаҕа депутакка кандидатынан турарга тылыгар киллэрэн сөбүлэҥин ылбыта. Өскөтүн П.П.Черкашин Госдума депутата буолар түгэнигэр А.В.Федотов өс киирбэх, көнө, киһи тылыттан тахсыбат, истигэн, олох ыарахаттарыгар мискиллибэтэх эдэр киһини талбытынан тылыгар киллэрэн улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар таһаарбыт омсолоох үлэтин, улуус үлэһит дьонун атаҕастаабыт, сэнээбит куһаҕан кэмэлдьилэрин П.П.Черкашинынан сирэйдэнэн саптынаары, Госдума депутатын быыбардаппыт киһи быһыытынан авторитет ылан Бороҕоҥҥо “үрүҥ күн сырдыга” буоларга суоттаммыта. Быһата Госдума депутата буолбут П.П.Черкашины А.В.Федотов бэйэтин туһатыгар “сөбүлээбэт” дьонум – диэн концепциятын, салалтаны утарар дьоҥҥо “Дьаарханабыт” акциятын салгыы дириҥэтэн, кэҥэтэн ыытарга улаханнык соруммута. А.В.Федотов бэйэтин туһугар дьону “талаһа” оҥостон үлэни тэрийэргэ “сатабыллаах” ураты “дьоҕурдаах”, “сөбүлээбэт” дьонугар 1937 сылы эргитиэхтээҕэ. Кини ол куһаҕан кэмэлдьитэ тохтуур буолла.
2021 сыллаах Госдумаҕа депутаттары талыы быыбарыгар улууска Биир ньыгыл партия көрдөрүүтэ намтаабытыгар санаа: улууска Биир ньыгыл партия секретара, улуус баһылыга А.В.Федотов улуус олохтоохторугар баар ис кыахтары, күүһү улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар, үлэһит дьон олохторун таһыма тупсарыгар сөптөөхтүк туһаммата. Дириҥник анализтаан көрбөккө, быһымах санаатын өрө тутан элбэх хоромньуну таһаарда.
Олортон аҕыйах холобурдар: Бээрийэ нэһилиэгэр олохтоох усулуобуйалары, бааһынай хаһаайыстыба салайааччытын тэрийэр, салайар, ааҕар-суоттуур үлэлэргэ, үлэҕэ сыһыанын үөрэппэккэ, эт хайысхалаах Калмык сүөһүлэрин аҕалан сүөһүнү көрүү, тэрээһин үлэлэрин сатаабакка олорчу эһэн кэбистилэр. Арыылаах бөһүөлэгэр “өмүрэх” курдук сүөһү көрөр улахан комплексы тутан баран сүөһү аһылыгын сатаан хааччыйбакка, сүөһү көрөр дьону кыайан булбакка, комплекс техническэй көрүүтүн сатаабакка, аҕыйах кыһын сүөһү тутан көрөн, сүөһүлэри өрөһөлөрүгэр диэри саахха батылыннаран баран аккаастааннар ол комплексы “ыаҕас” саҥа күлүүһүнэн хатаабыттара хас да сыл буолла.
Лөгөй нэһилиэгэр Даалы учаастагын олохтоохторо 2018 сыл сайыныгар 1000000 (биир мөлүйүөн) солкуобайдаах үүтү туттарбыт харчыларын баччааҥҥа диэри ыла иликтэр. Улуус баһылыга ханнык да быһаарыылаах дьаһалы ыла илик. Даалылар албыннаппыт үүттэрин харчытын күүтэллэриттэн сылайбыттара ыраатта.
Бороҕоҥҥо тулаайах улааппыттарга анаан тутуллубут дьиэ умайбыта хас да сыл буолла. Дьиэтэ суох хаалбыттары дьиэлиир туһунан кэпсэтии тохтоон турар. Тулаайах улааппыт барахсаттар кыһалҕаҕа киирбиттэригэр улуус баһылыга А.В.Федотов отой да кыһаммат. Баһылык А.В.Федотов 2015 сылтан “сөбүлээбэт” дьонум диэн тус бэйэтин концепциятын ылынан олус “хотуулаахтык” үлэлэтэр. Дьону дьонунан киксэрэн иирээни тардар, дьону утарыта туруоран хайдыһыыны тэрийэр, элбэх оскуола дириэктэрдэрин, культура үлэһиттэрин, салайар үлэһиттэри үлэлэриттэн үтүрүйтэлээтэ. Ол иһигэр Суоттутааҕы “Доҕордоһуу” музейыгар өр сылларга дириэктэринэн үлэлээбит Өксөкүлээх хос сиэнэ С.С.Охлопковка музей үлэһиттэрин кигэн үҥсүү суруттаран “күнэ” тахса сылдьар.
“Улуус салалтатын үлэтин утаран “Туймаада” хаһыакка кириитикэлээн суруйбут, сөбүлээбэт киһибэр”, – диэн ааттаан, бу сурук авторыгар – “Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылын тэрээһинин атахтаары гынна дуу” диэн улуус нэһилиэктэрин 11 баһылыктара илии баттааһыннаах “Дьаарханабыт” диэн олус ыарахан өйдөбүллээх, 1937 сылы эргитэр соруктаах акцияны биллэрэн 2019 сыл сэтинньи 13 күнүгэр улууска нэһилиэктэри кытта үлэни салайан үлэлэтэр Иннокентий Николаевич Ивановунан суругу тус бэйэбэр тиксэрбиттэрэ.
А.В.Федотов “Дьаарханабыт” акцията, “Сөбүлээбэт дьонум” диэн концепцията хаһан бүтэрэ биллибэт. Улуустааҕы Биир ньыгыл партияны салайар А.В.Федотов хорохоотторо – улуус 11 нэһилиэгин баһылыктара туһааннаах үлэлэрин толорбокко миигин – 75 сааһыгар сылдьар киһини түүннэри-күнүстэри кэтииллэриттэн, чуҥнуулларыттан соло булбаттар. Ол түмүгэр бу нэһилиэктэр үлэлэрэ киһи сэргиир гына сэргэхсийбэтэ. Оттон маннык кытаанах кэтэбилгэ сылдьар киһи ыарыыга ылларан эрэйдэнэ сылдьабын. Аҕа баһылыкпыт улууһун дьоно кыһалҕаҕа түбэспэтэхтэринэ кыһаллан да көрбөт. Ол курдук хас да сыллааҕыта төрөөбүт дойдубар Тандаҕа ойуур уота турбута, от аанньа үүммэтэҕэ, икки оскуола оҕото дьааһыкка хаайтаран суорума суолламмыттара. Улуус планёркатыгар “Тандаҕа тахсан көмөлөһүөҕүҥ, сүбэтэ биэриэҕиҥ, өйөбүл буолуоҕуҥ” диэн этии киллэрбиппэр баһылык А.В.Федотов: “Атаахтаабатыннар”, – диэн, айыы киһитэ сатаан эппэт тылынан аккаастаан кэбиспитэ. Көмө, өйөбүл, сүбэ оҥоһуллубатаҕа. Илэ өйдөөх киһи саллар тыллара дии.
2021 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр Бороҕон бөһүөлэгин “Киин түөлбэтин” быыбардааччыларын Госдумаҕа быыбар иннинээҕи мунньахтара буолбута. А.В.Федотов Черкашин П.П. “сиидэлээх” уу тэстибэт гына хайҕаата. Мин “П.Р.Аммосов П.П.Черкашиннааҕар ордук буолуо” диэн тыл быктараары гынан баран, А.В.Федотов П.Р.Аммосовка “таалын кырыылыы” сылдьарын билэммин “Е.П.Жирков П.П.Черкашиннааҕар биир сөмүө үрдүк”, диэн А.В.Федотовка этэн баран сөмүөбүн көрдөрдүм, онуоха А.В.Федотов: “Эс, Е.П.Жирковтааҕар П.П.Черкашин биир сөмүө үрдүк”, – диэн баран миэхэ хардары сөмүөтүн көрдөрдө. Дьэ, мин дөксө төгүл баһылык А.В.Федотовтан улаханнык хомойдум. Кини дьону сэниирэ, бэйэтин үрдүктүк туттара бэйэтин дөксө түһэн биэрдэ.
Егор Петрович Жирков наука доктора, саха саҥа Конституциятын оҥорсубута, национальнай концепция автора. Кини үтүөтүнэн олоҥхобут, тылбыт, культурабыт сайдар. Үөрэх министрэ, үчүгэй промышленник, президент уонна правительство аппараатын салайбыта. Ил Түмэн, Госдума депутаттарынан талыллыбыта, республика бөдөҥ государственнай, общественнай деятелэ, саха саарына. Егор Петрович Жирков курдук үтүөлээх дьоммутун ытыктаабат буолуу – сиэрдээх быһыы буолбатах.
Федотов А.В. бэйэтин “улуу киһинэн” ааттанан, “Туймаадаҕа” коммунист Г.Г.Васильевынан: “…А.В.Федотов, кини инники үлэлээн ааспыт салалтаттан лаппа да диэххэ сөп, үлэтин тэрийэр”, – диэн суруттаран турар.
2016 сылтан улууспут баһылыга А.В.Федотов ыытар үлэтэ таҥнары баран испитэ. Ол түмүгэ 2021 сыллаахха улууска Госдума быыбарыгар көстөн таҕыста. А.В.Федотов “бэйэтин” дьонун үрдэ суох хайгыыр, наҕараадалыыр, дуоһунаска таһаарар. Улууска “көйгө”, “чээ” дьон баар буоллулар. Ол түмүгэр улуус салалтата дьонтон тэйдэ. Үлэһит дьон салалтаны эрэммэт буолла.
Бүтэһик санаа: Алексей Васильевич! Эн үлэҥ билиҥҥитэ бороҥ. Кэм аастаҕын аайы улам сүтэн, симэлийэн иһэр туруктаах. Ону көннөрөргөр улууһуҥ дьонугар или-эйэни, доҕордуу сыһыаны тэрийэргэр, улуус сайдарын туһугар дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥын тупсараргар, үлэҕэр таһаарбыт сыыһаларгын көннөрөргөр бэйэҕиттэн кытаанах ирдэбили туруораргар, бэйэ бодоҕун өрө тардынаргар баҕарабын, сүбэлиибин, көрдөһөбүн.
И.С. КАЛИНИНСКАЙ.
Уус-Алдан, Бороҕон.