Соторутааҕыта “Саха араадьыйатыгар” Степан Тимофеев 1961 сыллаахха суруйбут “Эйэ-дьол иһин” диэн ырыатын улуу ырыаһыт Анастасия Лыткина толоруутугар иһиттим. “Суох буоллун сэрии, суох буоллун өлүү!” диэн тыллар, ама, хайа саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан ааспатахтарай?
Араадьыйа “Ааспыт кэм ахтылҕана” биэриитин көтүппэккэ истэ сатыыбыт. Биэрии сарсыарда эдэрдэр үөрэнэ, атыттар үлэлии, айанныы сырыттахтарына ыытыллар буолан аҕыйах кырдьаҕас эрэ кэтээн олорон истэрэ хомолтолоох. Урут айыллыбыт ырыалар хайдах курдук кэрэлэрин, умнуллубаттарын ыччат эмиэ билэрэ, истэрэ наада этэ. Ырыалары толортообут умнуллубат куоластар дьону төһөлөөх үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйуох этилэрий? “Саха араадьыйата” маны учуоттуура туһалаах буолуо этэ.
Аны туран, телевизорга “Тарас Бульба” киинэни ахтыбыттыы, саҥалыы астынан да көрдүм, эмиэ уруккуну санаатым, аҕынным.
Н.В.Гоголь “Тарас Бульба” аатырбыт сэһэнин оскуолаҕа үөрэттэхпит. Ону хайдах баарынан, суруллубутунан киинэ оҥорбуттар. Украинаҕа төрөөбүт, нуучча улуу классик-суруйааччыта, омугунан украинец Н.В.Гоголь үйэлэри уҥуордуур умнуллубат айымньыта билиги кэмҥэ суолтата өссө күүһүрдэ. Тарас Бульбаны Украина аатырбыт артыыһа Богдан Ступка олус да иһигэр киирэн оонньоото. Көҥүлгэ дьулуспут сомоҕо норуот чулуулара өлө-тиллэ, тиһэҕэр тиийэ охсуһаллар, охсуһуу хонуутугар охтоллор. Дойдутун көмүскүүр, дьолго дьулуһар норуот күүстээх, модун да санаалаах буолар эбит!
Өстөөхтөр Тараһы тутан баран, Днестр тоҕойугар очуоска этиҥ охсубут сулумах маһыгар тимир сыабынан кэлгийэн, анныгар кутаа оттон уматаллара саллыылаах көстүү. Н.В.Гоголь бу тиһэх көстүүнү маннык тылларынан түмүктүүрэ киинэҕэ олоччу киирбит: “ …Но не на костер глядел Тарас, но не об огне он думал, которым собирались сжечь его; глядел он, сердечный, в ту сторону, где отстреливались козаки: ему с высоты все было видно как на ладони”; “Прощайте, товарищи, кричал он им сверху, – Вспоминайте меня и будущей же весной прибывайте сюда вновь да хорошенько погуляйте! Что, взяли, чертовы ляхи? Думаете, есть что нибудь на свете, чего бы побоялся козак? Постойте же, придет время, будет время, узнаете вы, что такое православная русская вера!”; “…А уже огонь подымался над костром, захватывал его ноги и разостлался пламенем по дереву… Да разве найдутся на свете такие огни, муки и такая сила, которая бы пересилила русскую силу!”.
Көстөрүн курдук, улуу классик украинец (хохол, нацист), эбэтэр нуучча диэн араарбатах ээ. Биир төрүттээх славяннарынан аахпыт!
Икки бырааттыы (ини-бии) норуот өлөр-тиллэр сэриигэ киирдилэр. Аата суох алдьархай, иэдээн саҕаланна. Куораттар урусхалланаллар, саллаат (ол иһигэр саха уолаттара да буолуо) охтор, ийэ-аҕа, оҕо-уруу өлө турар. Хомойуох иһин, биһиги республикабыт 100 сыла маннык кутурҕаннаах кэмҥэ сөп түбэстэ. Киһи күлэрэ-үөрэрэ суох кэмигэр…
Ону ол диэбэккэ Саха сирэ автономияны ылыммыта 100 сылыгар аналлаах маассабай хаамсыы ыытылынна. Үөрүү-көтүү бөҕөтө. Арай онно “Эйэ-дьол иһин” диэн үтүөҕэ, эйэҕэ ыҥырар ырыа тоҕо эрэ иһиллибэтэ. Ол хаамсыбыт дьон үгүс өттө сэриини өйүүллэриттэн буолуо дуо, ама, оннук буоллаҕай диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Оччотооҕу саха ньургуннара сүүс сыл анараа өттүгэр аҕалбыт автономияларын М.Николаевтаах өссө өрө тардан сойуус суолталаах (П.Ксенофонтов баҕатын толорон) республика буолбуппут. Кэлин кэлбит салалта ону төһө харыстаата? Тириилэрин харыстаатылар – барытын туран биэрдилэр. Сыгынньах республика, ытыһы тоһуйааччы биһиги буоллубут. Итини ветераннарбыт кинигэлэрэ да туоһулууллар.
“Атлас мира для школьников” диэн таһаарыыны көрө олоробун. 2020 с. (икки сыллааҕыта) Арассыыйа столицатыгар Москваҕа тахсыбыт. Крымтан ураты Донецкай уонна Луганскай уобаластар каартаҕа Украина сиринэн ааҕыллыбыттар, оннук ойууламмыттар. Ол аата аан дойду (Атлас мира) бу таһаарыы өйдөбүлүнэн олордоҕо. Оҕолорбутун маннык атлаһынан үөрэтэ олордохпутуна ити икки уобалас Украина сирэ буолбатахтар, бэйэлэрэ туспа республикалар диэн көмүскүү олорорбутун оҕолорбут өйдүөхтэрэ дуо?
Бу оҕолорго ананан Москваҕа таһаарыллыбыт атлаһы көннөрө охсубаттара дьиктиргэтэр. Тугу эрэ күүтэллэр дуу…
Иван БУРЦЕВ.