2021 кэлбит сылбыт Оҕус сыла диэн илиҥҥи омук халандаарынан ааттанар эбит. Биһиги сэрии сылын оҕолоро аргыспыт, оҕо сааспыт доҕоро көлүүр оҕуспут этэ. Ол иһин обургу буолаат оҕуһунан үлэлээн, олору бэрийэн, миинэн, атах гынан чугастык алтыспыт көлөбүт оҕуһа буолар.
Кимиэхэ ханнык көлө оҕуһа түбэспитэ улахан сонун этэ. Колхуостар бөдөҥсүйэллэрин саҕана биһиги көлүөнэ оҕуһунан үлэлээбит ахан буоллахпыт. Оҕуруот биригээдэтэ хаппыыстаҕа уу тиэйэн кутуу, ферматтан фермаҕа ньирэй үүтэ таһыы, күһүн бурдук хомууругар соһулуон таһыы, ойууртан сиэрдийэ состоруу, саас буолаҕа балбаах таһыы – барыта оҕус. Сайын фермалартан сүөгэйи арыы сыаҕар аҕалыы, чэ туох үлэ оҕуһунан үлэлэммэтэҕэй, барытыгар көлө оҕуһа барахсан. Саамай күүстээх, бөдөҥ оҕустар сайыны быһа от кэбиһиитэ, кыһынын көлөнөн от-мас тиэйиитэ, борохуот аҕалбыт таһаҕаһын (кууллаах бурдук, буочукалаах кыһыл арыгы, тааралаах араас табаар) ырааҕын-чугаһын аахсыбакка, сыыры-хотоолу тумнубакка тэлиэгэнэн, молохо сыарҕанан таһыы барыта көлө оҕуһун моонньунан состорон урукку үйэ дьоно олохпут аҥаарын оҕус барахсан көмөтүнэн үлэни-хамнаһы үмүрүттэхпит.
Ол саҕанааҕы көлө оҕуһа бөдөҥө, күүһэ-уоҕа «бачча этэ» диэн быһаарбаккын. «Сыарҕаны, тэлиэгэни алдьатыаххыт, оргууй тиэйиҥ», – диэн буойаллара. Уустук оҥоһуулаах тэлиэгэ буолара, ону харыстыыллара. Көлө оҕуһа аналлаах соһор тэрилэ барыта сөп буолуохтааҕа. Холобур, бурҕалдьы (моонньун үөһээ быччыҥын сымнаҕаһынан) сүүрдэрэ (моонньун аллараа нөмөйүн үрдүнэн) оҕус улахан таһаҕаһы тардарыгар моонньо синньиэр диэри соһор. Өскө бурҕалдьытын быата уһун буоллаҕына, бурҕалдьы оҕус үөһээ арҕаһын анньан соһор буоллаҕына, бу оҕус арҕаһын уҥуоҕа ыалдьан көлүүртэн да туоруон да сөп. Кэлин да кыайан тардыбат буолар.
Бурҕалдьы охтубут мас токур модьу силиһиттэн оҥоһуллар. Оҕус моонньо бурҕалдьы токурунан сөп түбэһэр гына тардыахтаах. Сүүрдэрин быата оҕус тобугун охсубат курдук үөһээ сылдьар. Олгуобуйа сыарҕа инники атаҕыттан бөҕө-таҕа быанан бааллар. Кыра да эҥиэҕэ сыарҕа оҕус такымын анньыа суохтаах. Оҕус икки өттүнэн бөҕө сиэрдийэ курдук модьулаах олгуобуйа тиит мастан оҥоһуллара ордук. Оҕус дөрөтө (муннун чараас миэстэтинэн дьөлө үүттээн баран үтүөрдэҕинэ) муннуттан сиэтиллэр быа. Бу быа чурумчуттан (эмиэ синньигэс мас силиһэ эбэтэр талахтан иэҕэн, хатаран оҥороллор) сиэтиллэр. Ардыгар чурумчу тимир дуу, боробулуоха дуу буоллаҕына, кыһын тимир хаарыйан мунна бааһырар, оччоҕо ыарыыланан аһыырыгар мэһэйдэтэн ырыан сөп. Көлө оҕуһун үлэлиир кэмигэр, бириэмэтигэр аһатан-уулатан, сынньанар кэмҥэ сынньатан көрөр буоллахха үйэтэ уһуур, күүһэ-күдэҕэ амньыраабат.
Манна ситимнээн «Көлө оҕуһа» диэн хоһоону холбуубун:
Моонньуттан бурҕалдьы түспэтэх,
Муннуттан дөрөтө сүппэтэх,
Кэнниттэн сыарҕата хаалбтатах
Көлөбүт оҕуһа барахсан.
Ханнык да үлэни сирбэтэх
Хамнаһын харсынан ылбатах,
Хагдаҥ да отунан аһыыра
Хаххаҕа, хотоҥҥо хоноро.
Урукку сахаҕа – уолана
Үлэһит оҕото – оҕуһа.
Олордоҕо оҕустаах буолан
Үйэлэр систэрин уҥуордаан.
Билиҥҥи саха оҕуһу
Үлэттэн-хамнастан ууратта,
Тимир көлөнөн солбуйда.
Үлэтэ суох ахсаанын элбэттэ,
Оннооҕор «көлө оҕуһа»
Ааттан матарда.
Билигин кинини билбэттэр
Билэллэр сүөһү дэнэрин
Улаатан идэһэ буоларын
Ордуга харчыга турарын.
Билигин көлө оҕуһа диэн аат умнулунна. Оннук бөдөҥ да сүөһү үөскэтиллибэт буолла, кыратаата. Ол аата улаатыннарбакка, эрдэ идэһэҕэ туттан иһэллэр. Ону таһынан кыра нэһилиэктэргэ искусственнай сиэмэлээһин сүтэн, ынах атыыр борооскунан буоһанан кытараабатын эрэ диэн дьаһанан олорор нэһилиэк элбэх. Ол иһигэр Сунтаар улууһун кыра нэһилиэктэрэ. Онон урукку бөдөҥ саһархай, саһархай эриэн, кугас эриэн да өҥнөрө сүттэ. Сылын аайы ыал ахсын тыһаҕас туораах курдук кыра ньирэйдэри төрөтөллөр. Ийэтэ нэһиилэ оҕотун эрэ тоторор курдук.
Бу тыһаҕаһыгар төрөөбүт ынах иитиллэрин күүһүнэн 5-6 сааһыгар ынах курдук буолар. Кини төрүөҕэ идэһэ буолара эмиэ уһун кэм. Тыһаҕаһыгар төрөөбүт ынах идэһэ буолуон кырата, ырыгана, тиҥэһэтигэр эмиэ кыра, өҥүрэмигэр (4 саастаах) нэһиилэ обургу тыһаҕас саҕа эрэ буолар. Дьэ маннык сүөһүбүт улам кыратаан, өҥө-түүтэ уларыйан хайа да боруода буолара биллибэт курдук иһэр. Оннооҕор тэлэбиисэргэ да тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар хотоннорун көрдөрдөхтөрүнэ симментал, холмогор боруода ынах эҥин араас өҥнөөх, экстерьердаах сүөһүнү көрөбүт. Онон боруоданы харыстыыр үлэ мөлтөх дуу диэх курдук санаа киирэр.
2020 сылтан сиэмэлээһини бэтэринээринэй сулууспаҕа эбээһинэстэммитэ да билиҥҥитэ туох да сахсаан, тэрээһин, ыйытык да турбат. Биһиги нэһилиэк 2016 сылтан ынаҕы сиэмэлээһини умнан олоробут, 2021 сылтан аҥаара бүтэн эрэр. Ол иһин ыаллар атыыр борооскуну аттата сатаабаттар. Онон тыһы борооску буоһанан тыһаҕас ынахтаннахпыт ол. Бу маны тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үөһэттэн (саламтаттан) тоҥуй сыһыан буолла диибин.
Наука бастыҥ ньымата (искусственнай сиэмлээһин) уота-күөһэ мөлтөөтө. Улуус сорох нэһилиэгэр сиэмэлээһин хаамыыта умнулунна. «Сиэмэлээһиҥҥэ суолта биэриэххэ», – диэн «Туймаада» хаһыат 419-с нүөмэригэр 09.08.2018 сылга суруйан турабын да, бэркэ аахпыт да киһи баара дуу, билбэтим. «Бу мин нэһилиэгим дьонун үбэ-аһа, баайа-дуола, дохуота», – диир баһылык баар нэһилиэгэ искусственнай сиэмэлээһин олох ирдэбилэ буоларын өйүө эбитэ буолуо.
Бу олоро сатаан кураанах куолу диэххит да, хаарыан сүөһү структурата (боруодата) мөлтөөн буомурбутуттан хомойон этэбин. Оҕо эрдэхпиттэн сүөһүнү кытта эҥэрдэһэн улааппыт, кэлин тыа хаһаайыстыбатын испэсэлииһэ (зоотехник) буолан баран, үлэлээбит төрөөбүт дойдубуттан харыс да сири халбарыйбакка, «Ленин Орденнаах» совхозпут бытарыйан, араас экономикалаах, туруктаах хаһаайыстыбаларыгар барытыгар үлэлээн ааспыт киһи буолан ыарыылаахтык ылынан этэбин. Баҕар биир эмэ улуус тыатын хаһаайыстыбатын саламтатыттан ааҕан чугастык ылынара буолаарай диэн санаабын этэбин. Бу бэйэм эрэ халаным буолбата буолуо. Олох, бириэмэ ирдэбилэ.
Вера АЛЕКСАНДРОВА,
СӨ тыатын
хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ,
Сунтаар улууһун
Түбэй-Дьаархан нэһилиэгин
бочуоттаах олохтооҕо.