Оҕо сылдьан Арбита туһунан истэр этим. “Лампа мэндиэмэннээх ампаарыттан хоһооннору булабыт”, – диэн кэпсиир уолаттар бааллара.
Студенныыр сылларбар бииргэ үөрэнэр куһаҕаннык көрөр студент табаарыстарбар үөрэхтэригэр көмөлөһө, учебниктарбытын ааҕа, ордук экзаменнарга бэлэмнэнэр кэммитигэр, аппа уҥуор көрбөттөр обществоларын Н.Островскай аатынан кулууптарыгар элбэхтик сылдьарым.
Оччолорго 1960-с сылларга бу общество председателинэн биир дойдулааҕым Георгий Алексеевич Слепцов үлэлиирэ. Кинини дойдубар истэр этим, Николай Алексеевич Слепцов — Собуоттаах Ньукулай икки бырааттара – Дьөгүөр уонна Хабырыыс куһаҕаннык көрөр буолан, оҕо эрдэхтэриттэн инвалид буолан, анал оскуолаҕа үөрэнэн, үлэһит буолан Дьокуускайга олороллорун, үлэлииллэрин истэрим. Дөксө биир сайын илин алаастарга окко үлэлиирбэр, Кыбаайыга Дьөгүөр кэргэниниин эмиэ көрбөт учуутал Зинаида Федоровналыын Көлөһүн Дьөгүөр балаҕаныгар сайылаабыттара…
Студенныы сылдьан кулуупка кэллэхпинэ Георгий Алексеевич үөрэ-көтө көрсөрө, кабинетыгар ыҥыран дойдубут туһунан кэпсэтэрбит, ону-маны ыйытара, сонуну сэргиирэ. Биирдэ Уйбаан Арбита туһунан кэпсэттибит. Уйбаанчыгы үчүгэйдик билэр эбит (биир аймах Слепцовтар буоллахтара, сайылыктара Лампа эргин). Кини кэпсииринэн, дойдутугар Арбитаны бары Уйбаанчык диэн ааттыыллара үһү. Куораттан таҕыстаҕына кини Куруппа ойууннуун икки-үс түүннээх күн Мааркабыстар мэндиэмэннээх ампаардарыгар хатанан, оҕолору киллэрбэккэ кэпсэтэллэрэ үһү. Бу олус суолталаах ахтыы: Уйбаан Арбитаны «космическай» поэт диэн ааттыыллар, кини поэзиятыгар ойуун тойуга биллэр диэччилэр. Никита Петрович Яковлев — Куруппа ойуун 1927 с. переписка 21 саастаах, Арбиталыын эгил-тэгил саастаахтар. Баардаах, айылҕаттан айдарыылаах дьон биир тылы булан эрдэхтэрэ, айар тыл илбиһин иҥэринэн халлаан куйаарынан туойан, кутуран ылалларын сэрэйиэххэ эрэ сөп… Бу ахтыы суолтата манна сытар. Арбита айар үлэтин үөрэтэр «Арбитаведтарга» туһалаах буолуон сөп…
Биир дойдулаахпыт, суруйааччы В.Д.Михайлов — Сэмэйиин Уйбаан Арбита «Нуоралдьыма» диэн бэчээккэ тахса илик поэматын народнай суруйааччыга С.Т.Руфовка тиксэрбит. Сэмэн Тиитэбис ааҕан баран «ойуун тойуга» курдук сыаналаабыт, хайаан да бэчээттэтиэх буолбут. Хомойуох иһин, баҕатын толорбокко Сэмэн Тиитэбис олохтон барбыта…
Биир дойдулаахпыт Улуу поэт Уйбаан Арбита бу чыпчаал айымньытын хаһан эмэ ааҕыахпыт диэн эрэнэбит эрэ.
Георгий Алексеевич быраата Гавриил Алексеевич Слепцов көрбөттөр библиотекаларыгар үлэлээбитэ. Иккиэн республика үтүөлээх үлэһиттэрэ: убайа норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээҕэ, быраата – культура үтүөлээҕэ.
Егор ШИШИГИН,
Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, республика Ытык сүбэтин чилиэнэ.