Бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар уонна туһанааччылар убаастаһыыларын кэмэ кэлбэтэ дуо?
Быйыл сайын оҕуруотчуттарга куһаҕана суох сайын ааста. Сөбүгэр ардаан, күһүнэ силбигин, сөрүүнүн үрдүнэн сылаас да күннэр тура сатаатылар.
Маннык үтүө сайын өтөрүнэн мээнэ буолбатах курдук, онон оҕуруот аһын үүнээйититтэн өлгөм үүнүү кэллэ диирим сыыһа буолбата буолуо. Ордук хаппыыста, төрдүлэригэр астаахтар (хортуоппуй, сүбүөкүлэ, моркуоп о.д.а.) балайда өлгөм үүнүүнү биэрдилэр. Ол туоһутунан Дьокуускайга Комсомольскай площадка күһүн сыл ахсын ыытыллар дьаарбаҥкаҕа өлгөм үүнүү прилавоктара хотойорунан кыстаммыттара дьоммут оҕуруот аһын сатабыллаахтык үүннэрэр буолбуттарын туоһулуур.
Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сыһыаннаах научнай үлэҕэ өр кэм үлэлээбит, билигин сынньалаҥҥа олорор да буолларбын, тыа сирин туруу үлэһиттэрэ ситиһиилэриттэн тэҥҥэ үөрэбин. Кэнники сылларга тыа сирин дьоно оҥорон таһаарар бородууксуйаларын хаачыстыбата быдан тубуста уонна нэһилиэнньэ остуолугар тиийэрэ элбээтэ. Биир бэйэм сөбүлүүр үүт-эт астарбын хамаҕатык күн аайы кэриэтэ ылан сиибин. Ону ааһан үүт аһын хаачыстыбата уруккутааҕар быдан тубуста. Бу киһи сиир аһылыгын оҥорон таһаараччыларын, ол иһигэр сүөһү иитиититтэн саҕалаан үүт-эт комбинаттарын үлэһиттэрин, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын тустаах салаатын специалистарын ыйыыларынан-кэрдиилэринэн салайтаран дьаныардаахтык үлэлээн ылбыт ситиһиилэрэ. Ону биир бэйэм үөрэ-хайгыы, киэн тутта билинэбин. Онон тыа сириттэн аһаан олорор дьон быһыытынан барыбыт аатыттан улахан махталбын тиэрдэбин. Оттон сиргэ үүннэрэн ылыллан атыыланар оҕуруоппут аһын хаачыстыбата рынок ирдэбилигэр төһө эппиэттэһэрий диир буоллахха, өссө да тупсарыы үлэтэ барыахтааҕа сөптөөх курдук.
Мин санаабар атыыланар оҕуруот аһыгар ирдэбил үрдүөхтээх. Бастатан туран, атыыга таһаарыллар оҕуруот аһа суортаныахтаах. Төһөнөн сибиэһэй, ыраас, биир тэҥ, сытыйыыта суох табаар атыыланар да сыаната үрдүк буолуохтаах. Атыыланар оҕуруот аһын хаачыстыбата мөлтөөн истэҕин аайы сыаната түһэн иһиэхтээх. Атыыланар табаар хаачыстыбатын хаһаайын мэктиэлиэх тустаах. Албыннаан быыһыгар-иһигэр сытыйаары гыммыты, алдьаммыты уган атыылыы сатыыр буоллаҕына, аата-суола барар усулуобуйата тэриллиэхтээх. Иккиһинэн, оҕуруот аһын атыылааччы ханна үүннэриллибитин, суордун аата, бородууксуйатын категорията, хаачыстыбатын бэрэбиэркэтэ ааспыт докумуоннара, атыыланар сыаната барыта тупсаҕай этикеткаҕа суруллан атыылаһааччы көрөрүгэр табаарын аттыгар баар буолуохтаах. Ити ирдэбиллэри толорор булгуччулаах буолуохтаах. Үсүһүнэн, оҕуруоччуттар үүннэрбит оҕуруоттарын аһа төһө нитраттааҕын, оннооҕор ыарахан металлар бырыһыаннара төһөтүн атыылаһааччы билиэн баҕарар кэмэ кэлиэҕэ. Оччоҕуна онно сыһыаннаах анализтары оҥорор лаборатория эппиэттииргэ бэлэм буолуохтаах.
Бу күһүн Комсомольскай болуоссакка оҕуруоттарын аһын эрээттэрэ хоточчу тардыллыбытын астына, үүнүү быйыл өлгөмүн көрөн хортуоска, хоппууста ылбытым. Хортуоскам суорда Розара, хоппуустам Ринда диэтилэр. Дьиэбэр аҕалтаран баран көрбүтүм куул үрдүгэр бэртээхэй хортуоскалар лэчигирэһэн сыталлар, арай сууйаары сүөкэппитим атын хартыына буолла – анныгар фитофтороз ыарыылаах, барыта баастаах, сытыйаары гыммыт хортуоска буолан таҕыста. Ол аата албыннаан биэрдэхтэрэ. Икки күнү быһа хортуоскабын марганкалаах уунан сууйартан, ыалдьыбытын ылҕыыртан ордубатым, биэдэрэ курдук сытыйан эрэрин быраҕарга күһэлинним. Маннык атыылаһааччыны албыннааһын инники мин эппит ирдэбиллэрбин толороллоро буолла тахсыа суохтаах этэ.
Хата хоппуусталара бэрт минньигэс буолан үөртэ. Атыылаабыт хаһаайын баран кэпсээбиппин көнөтүнэн билинэн хортуоскам харчытын сороҕун көрдөөбүппүн улгумнук ылынан төннөрдө. Тыа үлэһит киһитэ барахсан көнө буолан биэрдэ, билиннэ. Ол да буоллар маннык албыннааһын тахсара киһини хомотор.
Сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны нэһилиэнньэ остуолугар тиийиэр диэри бэрт кичэллээхтик, ыраастык, чэбэрдик, рынок ирдэбилигэр эппиэттиир гына тиэрдэргэ күүстээхтик үлэлэһэр буоллахтарына, маннык ирдэбил үлэтэ сиртэн хомуллар оҕуруот аһыгар эмиэ тийиэхтээх. Онно сыһыаннаах үлэһиттэр ылар бородууксуйаларын үүнүүтүн эрэ үрдэтэргэ, харайарга үлэлэһэллэрин тэҥэ рынок ирдэбилигэр эппиэттиир табаарга тиэрдиэхтэрин наада. Аны күһүҥҥү оҕуруот дьаарбаҥкатыгар этиллибит итэҕэстэри туоратан атыылаһааччыларын үөрдэллэригэр, тустаах надзорнай органнар этиллибит итэҕэстэри таһаарбат сыалтан болҕомтолоругар ылыахтаахтар диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Бу кинилэр тустаах эбээһинэстэрэ буолар.
А. Емельянова,
пенсионер.
Дьокуускай к.