Соторутааҕыта буолбут съезд кэпсэтиитигэр санаабын этэн, кыттыһыым. Сахабыт тылын туһунан өр сылларга суруйан, кэпсэтэн ахан биэрдибит да, боппуруос ыараан иһэр курдук.
Ол кэпсэтэ, суруйа, мөккүһэ сырыттахпытына үстээх-түөртээх оҕолорбут нууччалыы эрэ саҥарар буолан хаалбыттар. Билигин хайы-үйэ уон саастарын ааспыт оҕолорбут сахалыы сатаан саҥарбат, өйдөөбөт буолбуттар.
Дьэ оннук буолбут бүтүн көлүөнэни хайдах сахалыы саҥардабыт? Урут куорат оҕолоро сахалыы билбэттэр диэн мөҕүттэр буоллахпытына, ити кэпсэтэ сырыттахпытына аны тыа дэриэбинэ оҕолоро сахалыы билбэт буолбуттар. Ким да үөрэппэтэҕин үрдүнэн нууччалыы эрэ саҥарар буолбуттар. Оттон бүтүн оскуола уонунан араас идэлээх учууталлара, элбэх бюджеттаах бүтүн система үөрэтэ сатыыр предметтэрин итинник түргэнник соруйтарыыта суох баһылаабыт ахсааннаах буолуо.
Дьэ ол бүтүн системаны кыайар, туох да государствоттан бюджета суох ханнык учуутал көстөн оҕолорбутун үөрэтэ сылдьар эбитий? Күдээринэ мээнэ “телефон сиэтэ” дэһэбит. Оттон ол телефон хайдах оҕону бэйэтигэр тардан, өйүн сүүйэн төрөөбүт төрүт тылын умуннарарын, ону хайдах көннөрөр туһунан кэпсэтии аҕыйах. Көннөрү саха тылын үөрэтии чааһын эбиэххэ диэн сырыы аайы уураахтанар да, дьыалаҕа хата аҕыйаан иһэр курдук. Оннук балаһыанньа бастакы Президеммит М.Е.Николаев оҕо бары өртүнэн сайдыытыгар саамай наадалаах “Музыка барыбытыгар” бырайыагын 4-тэ международнай конгресс ыыта-ыыта, “оскуолаҕа музыка уруогар 2 чааһы эбии биэриэххэ” диэн сырыы аайы уураахтанар да бүгүн да туола илик.
Оскуолаҕа күн бүгүн федеральнай стандартынан чаастар быһылланнар оҕолор сарсыарда 8 ч. 30 мүнүүтэттэн 14 ч. 30 м. диэри, онтон эбиэттэн киэһэ 15 чаастан 17-18 чааска диэри үөрэтэллэр. Оҕо уруок кэнниттэн эбии үөрэхтээһиҥҥэ да дьарыктанар бириэмэтэ хаалбат. Күн бэҕэһээ завучтарга киирэн “ансамбльбар хорга дьарыктанарга саатар нэдиэлэҕэ 2-тэ балтараа-икки чааста биэриҥ” диэн бу күһүҥҥүттэн туруорсар боппуруоспар “хайдах да кыаллыбат, федеральнай стандарт” диэн быһаардылар. Ол оҕо эбии сайдарыгар бириэмэ ордорбот туох өйтөн-санааттан оҥоһуллубут стандарт эбитэ буолла? Онон билигин тыырыллан турар расписаниеҕа саха тылыгар хайдах албаһаан чаас эбиллэрин өйүм хоппот.
Аны буруйдаах телефоҥҥа төннүөххэ. Тоҕо оҕолорбут өйүн төрөппүккэ да, учууталга да бэриммэккэ баһылаата? Телефону кини иһигэр араас программаны дьон оҥороллор, угаллар. Телефон дьиҥинэн техническэй прогресс буоллаҕа дии. Ол гынан баран аан дойдуга араас атааннаһыы, информационнай, идеологическай, оннооҕор уоттаах сэриилэр буола туралларынан сылыктаатахха телефон онно биир улахан оруоллаах.
Советскай Союһу ыһарга программа суруйбут ЦРУ тойоно Ален Даллес, аан дойдуну айбардаан олорор АХШ идеологтара, командалара ыччаты буорту гынарга миллиардынан доллары бюджеттаан үлэлии олороллоро мээнэ буолбатаҕа буолуо. Ол курдук киинэҕэ, музыкаҕа 25-с кадр диэн эбии угуллан киһини өйүн сүүйэр, көҥүл зомбилыыр албас баара биллибитэ ыраатта. Ону суох оҥорор технология үөскүү-айылла илигинэ телефон ити дьайыытын кыайар кыахпыт суох.
Оҕо түргэнник телефонтан зависимай (тутулуктаах) буолар, телефона суох сатаммат, былдьаатахха отой да истерикалыыр туруктанар. Тоҕо оннугуй? Онтон оҕону хайдах быыһыыбыт? Итиннэ эппиэт саҥа технология күүһүнэн оҕону оннук, психотропнай турукка киллэрэр дьайыыттан босхолуур эрэ наада. Телевизорга реклама, музыката тыаһаата да оннооҕор олорор эрэ буолбут оҕо эргичис гына түһэрин кэтээн көрбүтүм 20 сыл буолла. Оҕо саамай тылланар кэмигэр атын тылынан саҥарар буолбутун көннөрөр уустук буолуо. Оҕо наркоман курдук зависимой буолуон иннинэ миэрэ ылыахтаахтар. Манна детсадтан саҕалаан психологтар чуолкай оперативнай үлэлэрэ наада.
Аны оҕо күнү быһа, сороҕор түүннэри телефонунан оонньуур буоллаҕына төһөлөөх радиация дозатын ылан мэйиитигэр улахан охсууну ылара буолуой? Оҕо ырыа тылын, ис хоһоонун өйдөөбөт, үөрэтиэн да илистэр, сүрэҕэлдьиир буолбутун бэлиэтиибин. Оннооҕор Европа биир сайдыылааҕынан аатырар Швейцарияҕа аҕыйах сыллааҕыта телефонунан туттубут дьонтон 1500 киһи мэйии рага буолбут диэн информация тахсыбыта. Оттон ити дьайыыны суох оҥорор технология суох буоллаҕына законодательнай, ведомственнай хааччахтааһын эрэ наада. Сайдыылаах дойдуларга Японияҕа, АХШ-гар о.д.а. сирдэргэ оннук миэрэлэр ылыллыбыттара ыраатта. Итинник улахан буортулаах өрүттэрин күүскэ арыйан, илэ көрдөрөн бары каналынан кэпсиир наада. Наадаҕа эрэ туттуллар тэрил буоларын өйдөтүөххэ. Оттон дьиэҕэ төрөппүт онно тирэҕирэн хааччахтааһын дьаһалларын кытта оҕону телефонтан аралдьытар албастары була сатыахтаах.
Онон уончалаах оҕолорбут, кэнчээрилэрбит, кэскиллэрбит бу кэмҥэ ити телефон дьайыытыгар түбэһэн саха тылын билиигэ ыарахаттары көрсөн сылдьаллар. Бу көлүөнэни хайдах быыһыыр уонна кэлэр көлүөнэ кырачааннарбыт итинник балаһыанньаҕа киирбэттэрин туһугар ити эппиттэрбэр туһааннаах салалталар сөптөөх дьаһаллары ылыахтара диэн эрэнэ хаалабын.
Василий ПАРНИКОВ, РФ, САССР культураларын
үтүөлээх үлэһитэ, Россия үтүөлээх образцовай
“Кэнчээри” народнай ансамбль салайааччыта.