Баһылыкпыт ааспыт сылы Консолидация сылынан биллэрбитэ да, тус бэйэм туох үлүгэрдээх биллэр гына быһаарар сүпсүлгэн буолтун билбэккэ аһардым. Ханна эрэ “Театр сыла”, ханна эрэ “Консолидация сыла”, эбиитин биһиги улууска “Оҥорон таһаарыы сыла” ааспыт эбит.
Хаһыаттар, телевидение тугу хаба тардан кэпсиэхтэрин билбэккэ да сылы аһардылар. Хааһы курдук буккулуннулар.
Быйыл эмиэ туох дьаабы буолар. Бакаа “Патриотизм сыла” диэн буолла региоҥҥа, Путин туох сылын этэрэ биллибэт. Онтон улууспутугар, нэһилиэктэрбитигэр тугу бэлэмнээн сыталлара эмиэ биллибэт. Мин дьиэбэр күүлэй сылын биллэрдим. Сайын кэллэр барар санаалаахпын, дьэлликтии.
Аны саас Кыайыы буолбутун 75 сыла. Ону үөрэн-көтөн, Кыайыыны эрэ өрө тутан ыллаан-туойан атаарыахпыт. Стопчик да көтөҕүөхпүт турдаҕа. Сэрии алдьархайы аҕаларын, сэриини кимнээх саҕалыылларын, сэриигэ байыастар хайдах ыараханнык сылдьыбыттарын кэнчээри ыччат долоҕойугар киирэр гына быһаарбакка сылдьар курдукпут.
Биһиги сэриибит ветераннара тыыннаах эрдэхтэринэ үөрбэккэ кэпсииллэрэ: сэриигэ сылдьыбыттарын, элбэхтэ кыайтарбыттарын, сытыйбыт сэбиэскэй саллаат өлүгүн үрдүнэн хос атаакаҕа киирэллэрин, аччыктыылларын.
Былыр да, билигин да сэриини бэлиитиктэр саһаҕалыыллар. Бэйэбит да бэлиитиктэрбит, баһылыктарбыт, омук да бэлиитиктэрэ. Өссө ол туһугар судаарыстыба судаарыстыбаны кытта кыттыһан туран сэриилэһэр. Ол эрээри хайа баҕарар сэриигэ, Европаҕа, биһиги судаарыстыбабыт Арассыыйа дьоно-сэргэтэ “бууска аһылыга” буолалларын устуоруйа кэпсиир.
Ыраата барбакка 1812 сыллаах Наполеону утары сэриини саныахха. 1798 сыллаахха Францияҕа монархическай былааһы сууллараллар. Ол аата ыраахтааҕыларын төбөтүн быһаллар, республика тэринэллэр. Парламент олохтууллар. Бу атын судаарыстыбаларга дьиксиниини оҥорор. Бары монархтар (ыраахтааҕылар) кыттыһан парламентскай былааһы бэйэлэригэр оҥостубаттарын курдук, Франция судаарыстыбатын суох оҥорорго кыттыгас сэрии тэрийэллэр. Онон 1804 сылтан сэрии саҕаланар. Арассыыйа ыраахтааҕыта Александр I бастакы уочарат кыттыһар. Онтон кинини солбуйбут Николай I дэлэҕэ “жандарм Европы” диэхтэрэ дуо. Бу туһунан Л.Н.Толстой “Война и мир” романыгар суруйан турар.
1914 сыллаах Аан дойду сэриитигэр эмиэ нуучча ыраахтааҕыта Николай II, Германия тойоно хаан аймаҕа, дьээдьэтэ: “…Сэриигэ кииримэ! Nik, сиэнчээним!..” – диэбитин үрдүнэн славяннары көмүскүүр аатыран, Англияҕа бэрт буолан дьонун сэриигэ умса анньар.
1939 сыллаахтан саҕаламмыт Аҕа дойду сэриитигэр большевиктар аан дойдуга коммунизмы олохтоору, Молотов-Риббентроп дуогабарынан Прибалтиканы, Украинаны, Польша сорҕотун сүбэ быһыытынан сэриилээн (агрессиялаан) ылаллар. Кытайга коммунистическэй былааһы олохтууллар. Финдляндияны тиниктии сатаан баран кыайбаттар.
Түмүгэр эмиэ Англия киксэрэн, аны бэйэ-бэйэлэрин кытта 1941 сылга хааннаах хапсыһыыга киирэллэр.
Билигин да Арассыыйа Украинаҕа саба түһэн Крымы ылла. Аан дойду үрдүнэн сэриигэ саһаҕаны анньа сылдьар. Туох буолара биллибэт. Ама Арассыыйа Япония, Кытай курдук сирэ суох аатырдаҕай?!
Сибииргэ олохсуйар киһи тиийбэт. Хоту дьон суох. Сир баайа остуолга аһы тарпыт курдук тардыллан турар. Оттуур ходуһа оттоммокко сэтиэнэҕинэн үүнэн, сайын аайы баһаар барар. Оттуур, туттар киһи көстүбэт. Саха аймах куоракка симиллэр. Театрдар, ночной бардар толору арыгы амсайар сахаларынан туолар. Дьахтар эр көрдөөн ыксаан, түүннэри уулуссаны мээрэйдиир. Тутуһар саха уола көстүбэт. Омук уолаттара күннүүллэр.
Күн аайы хапсаҕай, тустуу. Киэһэ аайы фуршет. Күрэхтэһиибит уонна көрбүт-нарбыт ахсаанынан Американы да кыайдыбыт буолуо.
НВК-быт, СМИ-бит толору спорт комментатордарынан туолла. Бэрт киһи Бэстиинэп директор, улуу киһи Олег Марков директор үрдүгэр директор, манна убайдыы-бырааттыы Бэһиэлискэйдэри, аҕаларын Баһылайы эбэн кэбис. Сахаараптары, Ушницкайы, Кривогорницыннары, Павловы уо.д.а. аахтахха элбэхтэр. Эргиччи спорт сонуна уонна ырыа да тойук. Оҥорон таһаарар үлэ туһунан умнуллан турар. Аны сотору, чаас аайы Арассыыйа гимнын тыаһатыахтара, патриотизм сылынан.
Сэрии туһунан үчүгэйдик билэргэ А.Твардовскай “Василий Теркин” поэматын, “Я убит подо Ржевом” хоһоонун үөрэтиэххэ наада. Ржев куорат анныгар өлбүт саллааттар тустарынан хоһоону ыксаан сахалыы тылбаастаатым. Миномёт уотун анныгар 100 биэрэстэ тухары уҥуохтара урусхалламмыт биһиги убайдарбытын харах уулаах кэриэстиэхтээхпит. Кинилэр миномёт уотугар умса анньыллыбыттара. Үксүлэрэ немецтэрин харахтарыгар көрбөккө да кырбастаммыттара. Ол баар оспот баас. Туох иһин кырбастаммыттарай?! Олигархтар тустарыгар, Горбачёв, Ельцин туһугар?! Үлэлээбэккэ ырыа-тойук, күрэхтэһии туһугар?! Кытайга, дьоппуоннарга кулут буолуу туһугар?!
Дьэ ол толкуйу саатар “9 мая” диэри ыччаттарбытыгар кэпсиэххэйиҥ.
Федот ХАРИТОНОВ.