“Тыа хаһаайыстыбатыгар бюджеттан бэриллэр харчы баччааҥҥа диэри отой бэрэбиэркэлэммэккэ кэллэ”, – диэн Иван Петрович Пономарёв саамай сөпкө туруорсар. Кини дьыаланы тиһэҕэр тиэрдиэн баҕарар, ол иһин элбэхтик суруйар, санаатын этэр. Ону сорох куолуһуттар “өйдөөҕүмсүйэн” саба саҥара сатыыллар, онон-манан киирэллэр, “сериал” суруйар дииллэр.
Сериал хаһан эрэ син бүтэр, оттон тыа сирин кыһалҕалара, дьэ кырдьык, бүппэт “сериал” буоллаҕа. Тыа сиригэр үлэҕэ-хамнаска биир күн тохтоотуҥ даҕаны “сирэйбит тэҥнэһэр”, оттон тыа хаһаайыстыбатынан быһаччы дьарыктанар дьон суруйа үөрүйэҕэ суохтарынан уонна “чэ, бэйи, бокуойдаах дьон суруйдуннар” диэн суолта биэрбэттэринэн, бүтэйдии күүтэллэр эрэ.
Чэ, холобур, нэһилиэктэргэ тутуллубут сылгы базалара чахчы тутуллубуттар дуу суох дуу, төһө-хайдах үлэлии олороллоруй дуу суох дуу? “Нэһилиэктэргэ тэриллибит сылгы кооперативтарыгар сылгы төбөтүн аайы харчы көрүллэр”, – диир Иван Пономарёв. Ол харчы кооператив чилиэннэригэр тиксэр дуу, тиксибэт дуу? Өссө онно эбии федеральнай харчы кэлэр, онтон биһиги нэһилиэккэ эмиэ сылгы кооперативтаах этибит да, биир соххор солкуобайы ыла иликпит. Нэһилиэккэ маслоцех үлэлиир, сылга 3-4 эрэ ый үүт эрийэр. Нэһилиэнньэттэн үүт тутан, ону эрийбитин иһин туттарбыт үүппүт уопсай суумматыттан 6 % ылар этэ, быйыл кэлэн отой даҕаны 10% тутта. Бу төһө сөбүй, бу харчы ханнык фондаҕа барарый? Бүтүн нэһилиэк туттарбыт үүтүн 10 %-на диэн элбэх суума буоллаҕа. Манна өссө үүт аннын эп – 0,50 харчы киилэтигэр.
Маслоцех туппут үүтүттэн үрүҥ ас оҥороро буоллар син да буолуо этэ, ону баара биһиги таах тэлгэһэ тоҕуллар, сытыйан-ымыйан сыт-сымар бөҕө буолар үүт аннын күн аҥаара уочараттаан, дэриэбинэни ыраастыырбыт иһин өссө харчы төлүүбүт. Дэриэбинэ таһыгар эһэ мэнээхтиирэ – бу сытыйбыт абараат сытыттан эмиэ буолар. Атын эбитэ буоллар 0,50 харчытын үүт туттарар киһиэхэ төлүөх, эбэтэр отой да тутуо суох этэ. Сайын үгэнигэр туттарар үүппүт сыата 2,8-3,3 буолан соһутар. Бэл, маҕаһыыҥҥа атыыланар бакыаттаах үүт сыата 3,2. Дьэ бу хайдаҕый?.. Кыһын тоҥунан туттарбыт үүккүн нөҥүө кыһыныгар ылаҕын, ону да сырсан-сырсан эт-тирии бүппүтүн кэннэ “ыллым ээ, хата” диэн үөрээхтиигин. Төһө бэрдий? Үүт харчыта сыллааҕы соҕотох дохуоппут, сылы эргитэ биир күн сынньаммакка, өрөөбөккө үлэлээбит үлэбит түмүгэ. Мантан быһаҕастаһан, атын киһи хааннаах хара көлөһүнүгэр ымсыыран бырыһыаннаһан ылыы ньэгэй, суобаһа суох быһыы буолар…
“Тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сыл устата биригэдьиирдээн, төһөлөөх элбэх үбү сымыйаҕа-албыҥҥа, көдьүүһэ суох туттубутун туһунан салгыахтарыгар дылы суруйдум”, – диэбит Иван Пономарёв. (“Туймаада” 25.03.2021 с.). Сөпкө этэр, баччааҥҥа диэри биир да бэрэбиэркэ, хонтуруол барбата, ол кэннэ хантан кэлэн тыа хаһаайыстыбата өнүйүөй, сайдыай? Төһө да үбү кут – сирэй бэрэбиэркэлэммэт, чопчу хонтуруолламмат буоллаҕына хантан кэлэн сайдыай?!
Иван Петрович ыстатыйаларын отой көтүппэккэ ааҕабын, олуһун биһириибин. Дьиҥ үлэлиир киһи ханнык да көмөнү эрэйбэт, ылбат. Мин сэттэ уон түөрт саастаах оҕонньорбун, кырдьан кыаммат буолуу диэни дьэ билэн эрэбин, үйэм тухары “кииним хааннааҕыттан” хара үлэ мискийэн, ыларын ылан эрдэҕэ… “Кырдьаҕастар балыыһалара” диэн баар үһү, онно киирэн көрдөрүнээри алтыс сылбын уочараттыыбын да мэлигир.
Түөрт уонча сүөһүлээх хаһаайыстыбаны үүннээн-тэһииннээн, көрөн-истэн олоробун. 1985 сылтан сайылыктаахпын, хас да килэмиэтиринэн усталаах күрүө-хаһаа тутуулаахпын. Ол сайылыгым дөкүмүөнүн барытын толорон, Бүлүү куоратыгар киллэрэн биэрбитим. Харчы суох диэн аккаастаабыттара, эгэ кэлэн күрүө харчытын төлүөхтэрэ дуо, суох буоллаҕа дии. Онон судаарыстыба миэхэ биир кэппиэйкэни биэрэн ночоотурбатаҕа.
Улахан баһаардар быыс күрүөлэрбин салаан ааспыттара, билигин хат тута сатыыбын. Баһаартан сайылыкпын, оттообут отторбутун, техникаларбын нэһиилэ быыһаабыппыт. Ол сыл сүрдээх кураан сайын этэ, баһаар түөрт килэмиэтир усталаах курдук ойуурунан быһыыны көҥү көтөн, кууран турар тыанан “верховойдаан” кэлбитэ. Уот умулуннарар биригээдэлэр сүүрбэччэлии киһилээхтэрэ. Биир биригээдэ “харыһыйар малгын ыл уонна куот” диэбитэ, иккис биригээдэ “сэрэххэ” үрэх уҥуор олорон, кэтээн көрбүтэ.
Верховойдаан кэлбит уот күөл булуҥар, тыа саҕатыгар турар икки оппун начаас икки ардыгар суох гыммыта. Ойууру үрдүнэн кэлбит күүстээх уот тыаһа-ууһа, ойуур үрдүнэн кытыастан көстөрө, кып-кыһыл уот балаһата ынырык көстүү этэ. Кэлин билэр киһим Бүлүү улууһун УСХ үлэһитэ дьахтартан “хас отун уокка былдьаппытый?” диэн ыйыппыт, ону дьахтара “ээ, баһаар икки эрэ отун сиэбит” диэн мыыммыт…
Ол верховойдаан кэлбит уокка биэс эрэ буолан утары турбуппут: Спиридонов Власий Егорович, Иннокентьев Николай Егорович, Федотов Владимир Прокопьевич, уолум Степанов Афанасий Владимирович уонна бэйэм. Ыарахантан ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит доҕотторбор хаһыат нөҥүө муҥура суох махталбын тиэрдэбин. Оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр, ыччаттаргытыгар тиийэ доруобуйаны, дьолу баҕарабын… Оттон биригээдэлэри мин туох да диэн хом санаабаппын, бэйэлэрэ уһун сайыны быһа аанньа сынньаммакка, киһилии аһаабакка-сиэбэккэ уоту кытта охсуһа сылдыбыт дьон буоллахтара…
Хантан да көмө кэлбэтэҕэ, улууспут баһылыга С.Н.Винокуров бу уоту кытта өлө-тиллэ охсуһа сылдьар аҕыйах ахсааннаах кыра дэриэбинэ олохтоохторугар кэлэ сылдьыбатаҕа…
Ол баһаардар тоҥ сири ириэрэн, күөллэргэ куппут уулара күөллэрбитин угуттатан, оттуур ходуһата суох буолан эрэбит. Сэбиэскэй кэм саҕана хоруллубут хоруулар бүөлэнэн тураллар. Саҥа сири алдьатан, хоруу хаһыллыбат, ыраастааһын эрэ буоллаҕа, хоруу уһуна үс-хас килэмиэтир буолуо. Ол биһиэхэ кыаллыбат уонна кэлэн бэрт дорҕоонноохтук “тыа сирэ эһиннэ даҕаны саха эстэр” диибит…
Владимир СТЕПАНОВ,
үлэ бэтэрээнэ, тыа
хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ,
тыа хаһаайыстыбатын
салаатыгар Государственнай
бириэмийэ лауреата,
II Күүлэт олохтооҕо.
Бүлүү.