Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэм биир улууһун тыатыгар баран, кылгас сайыммыт барахсан чаҕылхай, сылаас күннэрин баттаһан, куорат сүпсүлгэниттэн куотан, аҕыйах хонукка дуоһуйа сынньанан кэллим.
Бэйэ сүөһүлээх дьон астара-үөллэрэ дэлэй. Сарсыарда аайы күөрчэх, сүөгэй, суорат. Эттээх миин, соркуой. Килиэби бэйэлэрэ оҥостоллор. Били аныгылыы доруоһата суох килиэби аны сиир буолтар. Онон тыаҕа бэйэҥ сүөһүлээх буоллаххына аһыырга улахан харчы барбат да курдук эбит.
Оттон куоракка хайдаҕый? Хас хамсаабытыҥ харчы дии. Күн аайы маҕаһыынтан ас ыларгар 1-2 тыһыынчаҥ көтө турар. Аны массыынаҥ бензинэ. Мин куоракка икки күн буола-буола заправкаланабын. Онтон тыаҕа били куттан тахсыбыт бензиним сол курдук бүппэккэ, төттөрү өссө буолунай ордон кэллэ. Тыаҕа улаханнык сүүрдүбэт буоллаҕыҥ.
Дьэ, ити үлүгэр ырай олоҕуттан дьон тыаттан куоракка тоҕо көһөн бараллара буолуой? Биричиинэтэ туохханый? Хас нэһилиэк аайы өтөхсүйбүт дьиэлэр самналлан тураллара баар суол.
Саамай сүрүн биричиинэ үлэ суоҕа буолар эбит. Эдэр ыччат үлэтэ суох. Билигин тыаҕа ким сүөһү көрөрүй? Бары саастаах дьон эрэ сүөһүлээхтэр. Олор сотору кыайбат буоллулар да, сүөһүлэрин эһэр эрэ буоллахтара. Оччоҕо тыа сиригэр сүөһүлэнэн-таймаланан бүтэбит. Эдэр ыччат саахха биккиллиэн баҕарбат, сүөһүнү көрбөттөр. Эбиитин ити сүөһү төбөтүгэр 35 тыһыынча биэрэн (бээ, онтулара быйыл 37 тыһ. буолбут, сыалай 2 тыһыынчаны эппиттэр) дьону эбии сүрэҕэ суох оҥордулар. Үүт ыаммат буолла, дьон 37 тыһ. ылан баран сүөһүлэрин ыыталаан кэбистилэр.
Тыа дьонун ити 37 тыһыынча биэрэн албыннаатылар диэххэ сөп. Холобур, ити оннугар үүт харчытын 60 солк. оҥорон үүтү туппуттара эбитэ буоллар ити ылар 37 тыһыынчатааҕар икки бүк дохуот киириэхтээх этэ, эбиитин үрүҥ ас дэлэйэр. Сиир арыыҥ билиҥҥи курдук 1 тыһыынча буолбат.
Куоракка көһүү иккис биричиинэтэ балыыһалар оптимизацияланан сабыллыылара диэтэхпинэ сыыстарбатым буолуо. Санаан көрүҥ, ыарыйдахпына, суһал көмө да ылар кыаҕа суох буоллахпына тоҕо олоруохтаахпыный. Били этэргэ дылы “ыттыы өлөөрү” дуо? Ол иһин дьон киин сиргэ талаһар буоллахтара, кыһалҕаттан.
“Ыттыы өлөр” диэн ити уруккулуу этэбин. Билигин ыты өлөрдөххүнэ, Бурматов сокуонунан, кытаанах миэрэҕэ тардыллаҕын. Санаан көрүҥ, киһини ытырбыт, сиэбит ыттар өлөрүллүбэттэр, тутан ылан ол ыттары «пункт передержки собак» диэҥҥэ аһатан, бэйэлэрэ өлүөхтэригэр диэри иитэллэрэ ирдэнэр. Онтон куораппытыгар сылтан сыл аайы буомус ахсаана элбээтэр элбээн иһэр. Дьэ бу, олох очуругар оҕустаран хаамаайылаабыт дьоммутугар ыттарга көрүллэр курдук туох да өйөбүл суоҕа киһини сөхтөрөр. Онон билиҥҥи үйэҕэ ыт киһитээҕэр сыаналанан турар.
Тыабыт сиригэр төннүөххэ. Куораттан аҥнан-бохтон биирдэ кэлбит киһи быһыытынан аймахтарбар, билэр дьоммор, табаарыстарбар ыалдьыттаатаҕым дии. От үлэтэ үгэннээн турар кэмэ этэ да, бары эр киһилиин, дьахтардыын дьиэлэригэр баар буолан сөхтөрдүлэр. Оттуохтарын сүөһүлэрэ суох үһү, уонна атын үлэ эр киһиэхэ тыаҕа суох эбит. Урут кэм сайыҥҥы өттүгэр дьиэ тутан холтууралыыр эбит буоллахтарына, билигин тыаҕа дьиэ туттар киһи суоҕун кэриэтэ. Сөп ээ, киин сиргэ көһө олорон туох дьиэтин-уотун туттуохтарай.
Урут куоракка киирэн син дьиэ тутан холтууралаан харчылаһар эбит буоллахтарына, билигин оннук суох. Тоҕо диэтэргит куоракка «строительнай компаниялар» диэн ааттанар тэрилтэлэр элбэх буолан чааһынай тутуу биригээдэлэргэ дьон наадыйбат буолбут. Сөп ээ, бу тутуу тэрилтэлэрэ дьиэни «под ключ» тутан биэрэллэр. Ол аата эн сакаастыыгын эрэ, уоннааҕытын: септигин, түннүгүн, аанын, отоплениетын, уотун-күөһүн барытын олоччу оҥорон биэрэллэр. Эн кэлэн киирэн олорбутунан бараҕын. Баҕардаххына кырааскалаан да биэрэллэр. Онон дьон үксүн итинник сакаастыыр буоллулар. Бу эмиэ олохпут биир сайдыытын көрүҥэ, үчүгэй бөҕө буоллаҕа.
Биир билэр эдэрчи киһим сүөһүлэрбин эһэбин диир, ол иһин эмиэ оттуу барбатах. Бу киһи 8 ыанар ынахтаах, барыта төбөтүнэн 40-ча сүөһүлээх. Онтун олоччу эһэбин дии олорор. Тоҕо сүөһүгүн эһэҕин диэн ыйыппыппар “сүөһү ииттэр сылтан сыл аайы ыараатар ыараан иһэр” диир. Онно эбиитин көрүүчэй сыаната үрдүү турара улаханнык охсор эбит. “Мин эрэ буолбатах, өссө хас да ыал сүөһүлэрин эһээри олороллор” диир. Ол аата быйыл тыа сирэ хас эмэ сүөһүнэн кычыыр буолбут. Бэйэтэ хамнастаах үлэтэ суох, аны кыра оҕолордоох. Дьэ бу ыал хайдах буолаллар? Тыаҕа эр киһи хамнастаах үлэ булара ыарахан буолан турар.
Билигин тыаҕа туох үлэтэ баарый? Учуутал, баспытаатал, кулууп үлэһитэ, балыыһа үлэһитэ, ону да балыыһа сабыллыбатах буоллаҕына. Бу эйгэҕэ барытыгар дьахтар аймах үлэлиир. Эр киһиэхэ билигин тыаҕа котельнайга хачыгаар эрэ үлэтэ хаалла. Онтулара да былдьаһык. Ол иһин үлэ көрдөнө диэн эдэр өттө куораты булаллар. Үлэ булбакка, иһэн-аһаан хаамаайы буолбут ол иһин да элбии турдаҕа.
Ил дархаммыт, бырабыыталыстыбабыт бу курдук туох да миэрэ ылбат түгэннэригэр тыа сирэ аны аҕыйах сылынан олоччу эстэр кутталаах балаһыанньата үөскээбит дии санаатым. Эһиэхэ, атын тыа олохтоохторо, балаһыанньа хайдаҕый? Тыа сирэ эстибэтин туһугар туох миэрэни ылыахха сөбүй?
Одун.
«Туймаада» хаһыат,
10.08.2023 с.