Дьоҥҥо бэйэлэригэр тыаҕа мас кэрдиитигэр көҥүллэнэр нормативтар:
— дьиэ тутууга 200 куб мас – 20 сылга биирдэ
— өрөмүөн үлэтигэр 30 куб – 3 сылга биирдэ
— уһаайба иһигэр кыра тутууга (сарай, баанньык, гараж) 50 куб 10 сылга биирдэ
— даача сиригэр тутууларга анаан 50 куб 20 сылга биирдэ
— сайылык сиригэр тутууга 100 куб 5 сылга биирдэ
— олорор дьиэҕэ оттук маска 30 куб сыл аайы
— уһаайба иһигэр баар кыра дьиэлэри оттууга 30 куб сыл аайы
— даача дьиэтин оттууга 15 куб сыл аайы
— булчут үүтээнигэр оттук маска 5 куб сыл аайы.
Лесхозтан мас кэрдии билиэтин ыларга ирдэнэр докумуоннар:
— паспорт, кини копията
— ИНН копията
— уһаайба сирин свидетельствотын копията (саҥа дьиэ туттарга, уһаайба иһигэр тутуу ыытарга)
— уһаайба сирин свидетельствотын, дьиэ свидетельствотын, дьиэ техническай пааспарын копиялара (олорго өрөмүөн ыытарга)
— дьиэ техническай пааспарын копията (оттук маска).
* * *