Skip to content

Туймаада.ру

Общественно-политическое сетевое издание

  • Личный кабинет
  • Подписка на «Туймаада.ру»
Primary Menu
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПССЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»

Туох аньыыбар маннык буолла?

tuymaada 14 апреля, 2026

Биир сыл тастыҥ хаан уруу бырааппын аhынаммын бэйэбэр олордубутум, үлэлээн харчы оҥостуо диэн. Кини эhэтэ уонна мин аҕам бииргэ төрөөбүттэр.

Дьэ ити курдук үлэ булан үлэлээн барда. Мин үлэ булбутугар үөрүү бөҕөтө. Киниттэн харчы да көрдөөбөт этим, бэйэтигэр оҥостуннун диэн.

Чэ, ити курдук олордубут. Кыыhым убайынаан эйэлээх баҕайытык сыhыаннаhаллар. Мин көрдөхпүнэ убайа балтыгар наhаа кыhаллар.

Арай биир үтүө күн кийиитим этэр: “Уулусса устун подружкалаhан аҕай хаама сылдьаллар”, – диэн. Ону мин убайа диэн улаханнык аахайбатым. “Ама оннук буолуо дуу”, – диэн ону-маны толкуй бөҕөҕө түстүм. “Ээ, чэ бээ, хайдах, тугу эмиэ толкуйдаан эрэбиний?” – диэн санаабар бэйэбин уоскутуннум.

Арай биирдэ кыыhым бырааппынаан этистилэр быhыылаах, кыыhым иhигэр тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу таhырдьа ыстанан таҕыста. Мин соhуйдум аҕай. Аны кэнниттэн быраатым эккирэтэн таҕыста. “Хайа, бу туох ааттаах сырыстыгыт, туох буоллугут?!” – диэн кыыhырдым. Онно тохтоотулар.

Дьэ хараҕым ынырыгын да баалла сылдьыбыт эби-ит! Биир үтүө күн барыта ыгыллан таҕыста. Быраатым да диэхтээн, балтын отой да ойох оҥосто сылдьар эбит… Бу саатын-суутун! Дьэ киhи сирэйэ саатар… 30-тан тахсыбыт дьээдьэ буолан баран. Кыыhым да баар, иккиэн билэ-билэ итинник саакка-суукка киллэрдилэр. Өссө оҕо түhэттэрбиттэр, дьэ улахан аньыыны оҥорбуттар.

Эбиитин булан-булан кыыhым бастакы киhитэ, кырыллыбытынан кыыспын кэбилээтэ… Кыыhым миэнэ уол диэҥҥэ наадыйбат этэ, дискотекаларга да барбат. Күүлэйдээбэт даҕаны. “Ийээ, бастакы тапталым ээ”, – диир. “Аньыы даҕаны, ону-маны саҥарыма”, – диибин.

Өссө дьонум отой даҕаны ыал буолаары оҥосто сылдьар эбиттэр. Улахан айдаанынан араартаабытым. Кыыспар туох баарынан өйдөтөн-быhааран, син өйдөөтө.

Билигин ол баҕайы сааппакка ардыгар өссө миэхэ эрийэр, ханна баарый дии-дии. Сааппакка кыыспар эрийэр үһү, хата кэпсэппэтэх. Билигин нүөмэрин уларыппыта.

Ол баҕайы миигиттэн сааппакка ыйыта олордоҕо. Буруйум диэн таах-сибиэ олордон, таах-сибиэ аhынан… Бэйэбин буруйданабын. Этэргэ дылы, ийэ буруйа диэн итини эттэхтэрэ: кыыhын көрбөккө, аймаҕын аhынан кыыhын олоҕун алдьатта диэн. Сөпкө да этэллэрэ буолуо…

Саха дьахтара.

Continue Reading

Previous: Эрэйи көрөн эрэбин…
Next: Уоттаах таптал умнуллубут, уота-күөһэ умуллубут…

Похожее

Эрийэн ылбытым да…

Эрийэн ылбытым да…

3 октября, 2026
Абылаҥ күүһэ – таптал

Абылаҥ күүһэ – таптал

12 сентября, 2026
Таптала суох – дьол суох

Таптала суох – дьол суох

6 сентября, 2026

Свежие записи

Названы главные правила диеты для долголетия 1

Названы главные правила диеты для долголетия

12 ноября, 2026
Университет бастакы хараҥаччылара 2

Университет бастакы хараҥаччылара

11 ноября, 2026
Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА 3

Под Брянском мужчина погиб при попытке разобрать БПЛА

10 ноября, 2026
Оҕо баар дьолбут! 4

Оҕо баар дьолбут!

9 ноября, 2026
Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит 5

Биһиги да тибиистээбит кэмнээхпит

8 ноября, 2026
Хараххытын харыстааҥ 6

Хараххытын харыстааҥ

7 ноября, 2026
Россиянам напомнили о необходимости уплатить налоги 7

Россиянам напомнили о необходимости уплатить налоги

6 ноября, 2026

Сетевое издание TUYMAADA.RU. Свидетельство о регистрации СМИ Эл № ФС77-71324 от 17 октября 2017 г. Выдано Федеральной службой по надзору в сфере связи, информационных технологий и массовых коммуникаций.

Учредитель и главный редактор: Яковлев А.П.

Электронная почта редакции: tuymaada_2017@mail.ru

Телефон редакции: 8-914-222-85-50

16+

РУБРИКИ

  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПССЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
  • Политика конфиденциальности
  • Публичная оферта и правила возврата
  • СҮРҮН СИРЭЙ
  • РЕДАКТОР
    КОЛОНКАТА
  • ОБЩЕСТВО
  • ДАЙДЖЕСТ
  • ОЛОХ
    КӨСТҮҮЛЭРЭ
  • БААЙ
    БАЙАНАЙ
  • ИЧЧИ
  • ТАПТАЛ
    ТААБЫРЫНА
  • АУДИО
    КЭПССЭЭННЭР
  • Архив газеты
    «Туймаада»
Copyright © tuymaada.ru | MoreNews by AF themes.