Мин 19 сааспар кэргэн тахсыбытым. Иккиэн студеннар этибит. Кини үрдүкү курс буолан, бүтэрбитин кэннэ оҕоломмуппут. Үөрэхпин бүтэрэрим чугаһаан академ ылбатаҕым. Үөрэнэ-үөрэнэ оҕобун көрбүтүм, кини үлэлээбитэ.
Онтон наар харчы тиийбэт этэ: куортам, ас, памперс, үүт, пюре, таҥас – биир киһи хамнаһа аҕыйах буоллаҕа. Ол да буоллар уойан хаалбытым. Аны харчыбыт тиийбэт буолан сүгүн-саҕын витамин испэтэҕим, тииһим биир-биир алдьанан хаалбыта. Баҕар уруккуттан мөлтөх доруобуйалаах буоламмын буолуо…
Кэргэним үөҕэр буолан барбыта, “фуу, сибиинньэ, саатар тииһиҥ суох” эҥин диир этэ. Онтон баттаҕым түһэн барбыта… Оҕобут почти 5 кг төрөөбүтэ. Мин семья проблемата дьиэ иһиттэн тахсыа суохтаах диэммин, кимиэхэ да кэпсээбэт этим. Кэргэним: “Хайдах, тоҕо ойох ылбытым буолла, аата миэнэ миэнин курдук…” – диир буолбута. Мин устунан кырдьык оннук дии саныыр буолбутум.
Бүтэһигэр арахсан барбыта. Ытаа да ытаа, үнтү стресстээн ыран хаалбытым. Онтон оҕобун иитиэхпин наада, син-биир киһи-хара оҥоруом диэн, дойдубар көһөн тахсан үлэлээтим.
Ол сылдьан сыыйа тубустум. Маҥнай кыраһыабайгын эҥин диэтэхтэринэ өһүргэнэр этим, син-биир атаҕастаан, кэргэнэ суох диэн итинник дииллэр дии саныырым. Онтон төһө эмэ уһун бириэмэҕэ биир киһи сырсан, ол киһилиин холбостубут. Урукку хаартыскабын көрдөрдөхпүнэ итэҕэйбэт, эн буолбатаххын диир. “Ол эрээри итинник да буоллаххына син-биир миэнэ буолуоҥ этэ”, – диэбит курдук этэр.
Оҕобут улаатан эрэр, иккиспит саҥа хаама сатыыр. Олоҕум устун бииргэ буолар киһим баарыттан инникигэ эрэллээхпин. Куһаҕан да үчүгэйдээх буолар эбит дии саныыбын.
Ол урукку киһи ааспыт олохпор хааллаҕа дии. Киһи киһини убаастыахтаах, кэргэн ханнык да түбэлтэҕэ олоҕун аргыһын өйүөхтээх, сидьиҥ тылтан туттунуохтаах. Олоҕуҥ бэйэҥ илиигэр баар, уларытыаххын баҕарар буоллаххына бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.
Дьоллоох ЭДЭР ИЙЭ.