Мин күтүөтүм Тарас Павлович Местников Саха, Нуучча театрдарыгар директорынан үтүө суобастаахтык, ураты эйэ-дэмнээхтик бэйэтин сирдээҕи кылгас олоҕор үлэлээн ааспыта.
Кини, атыннык эттэххэ күтүөтүм барахсан, элбэх биллэр-көстөр улахан артыыстардаах Чурапчы Бахсытыттан төрүттээҕэ. Бахсылар Матрёна Васильевна, Марк Дмитриевич Слепцовтар, Пётр Михайлович Решетников бэйэлэрин кэмнэригэр «Следы на снегу» диэн киинэҕэ оонньооннор Саха театрын авторитетын улаатыннарбыттара диэн өйдүүбүн.
Бэйэм театрга отой сыһыана суох киһибин, ол эрээри Чурапчы Бахсытыттан элбэх артыыстар үүнэн-сайдан тахсыбыттара, баҕар, күтүөтүм Тарас Павлович Местников театрга директорынан үлэлии олорон айымньылаах үлэтэ буолуон сөп. Аатырбыт ырыаһыт, Саха театрын күөрэгэйэ Анастасия Лыткинаны сорохтор Чурапчы Бахсытыттан төрүттээх дииллэрэ оруннаах, чугас-чугас олорор биир түөлбэлэр буоллахтара. Бахсылар олус көхтөөхтөр, хас да сыллааҕыта биллэр-көстөр артыыстарыгар анаан музей дьиэ тэрийбиттэригэр балтыбын Лира Тарасовна Белолюбскаяны аҕатын дойдутугар Бахсыга ыҥыран, сырытыннарбыттара, Тарас Павловиһы чиэстээн, убаһа анаабыт этилэр. Бахсылар барахсаттартан бу ааспыт сайын ыһыахтарыгар эмиэ ыҥырыы кэлбитин истибитим.
Тарас Павлович Местников народнай суруйааччы Николай Егорович Мординовы кытары учуутал үөрэҕэр бииргэ үөрэммиттэр. Ытык киһибит Амма Аччыгыйа үөрэнэ сылдьан Тарас Павлович артыыс талааннааҕын өтө көрөн, “Сааскы кэм” романыгар “Тараас артыыс” диэн киллэрдэҕэ. Тарас Павлович улахан артыыс буолар талаана студенныы сылдьыаҕыттан биллибит. Театрга директорынан үлэлии олордоҕуна Платон Алексеевич Ойуунускай норуот өстөөҕө диэн хаайыллыбытын кэннэ, Ойуунускай П.А. айымньыыларын Саха театрыгар көрдөрдүн диэн баайсан, Тарас Павловиһы норуот өстөөҕө аатырдан, балыырдаахтык хаайан кэбиспиттэрэ.
Икки сыл накаастабыл бөҕөнү көрсөн, кырдьыга дакаастанан, Т.П.Местников хаайыыттан таһаарыллыбыта-босхоломмута, үлэтигэр – театрыгар төннөрүллүбүтэ. Кини ийэтэ Анисия эмээхсин: “Уолум Тараас хаайыллыбытын кэннэ кийиитим Мария барахсан ханнык да үлэттэн иҥнэн-толлон турбакка, оҕолорун иитээри тыаҕа колхозка тахсан харса суох үлэлээбитэ”, – диэн, кэпсиирэ.
Мин эдьиийим Мария Кирилловна Неймохова уонна ийэм Анна Кирилловна иккиэн биир ийэттэн-аҕаттан Таатта Мэҥэ-Алданыгар төрөөбүттэрэ (билигинэн Томпо оройуона). Ойуунускай норуот өстөөҕө диэн хаайыллыбытын, аата-суола сиргэ-буорга тэпсиллибитин кэннэ төрөөбүт Тааттатын дьонугар хабырдык да сыһыаннаспыттара. Элбэх Таатта дьоно, олор истэригэр мин аҕам эмиэ, хаайыллыбыттара уонна букатыннаахтык эргиллибэтэхтэрэ… Харах уулаах оҕо сааспын саныахпын-санатыахпын баҕарбаппын.
Эдьиийим Мария Кирилловна, күтүөтүм Тарас Павлович 6 оҕоломмуттара. Бастакы оҕолоро Лааҕырнай уулуссаҕа олордохторуна куһаҕан санаалаах дьон түннүктэрин тааһын тоҕо быраҕаннар, оҕолоро соһуйан-куттанан соһумардык олохтон барбыт харах уулаах сыллаах этилэр. Иккис уоллара, убайым Мичил эт саастыым, миигиттэн 3-4 ый аҕа этэ. Мичиллиин биһиги Үрүҥ-Күөлгэ дьабарааскалыырбыт. Алексей, Октя, Валерий Аргуновтар, балтыбыт Лира, бырааппыт Юра убайым биһиккини дьабарааскы сыттааххыт диэн ампаарга сытыарбат этилэр. Мичиллиин сарайга сыарҕаҕа орон оҥостон сытарбыт. Убайым хоонньоһон сытан, ырыаһыт да ырыаһыт, “Футболисты” спортивнай ырыаны, «Москва-Пекин» уо.д.а. ырыалары өрө көтөҕүллэн ыллыырын дуоһуйа истэ сытан, утуйан хаалбыт буолааччыбын.
Ити күһүн дьабарааскыбыт тириилэрин туттаран, Мичил саҥа бүрүүкэ ылынан үөрбутэ-көппүтэ. Убайым барахсан наһаа үчүгэй куоластааҕа. Дьонун куораттааҕы дьиэтигэр соҕотоҕун хааллаҕына куолаһа аһыллан, ыллаан лоҥкунатара эчи астыгын, оннооҕор мин музыкаҕа «ньуул» киһи сөбүлээн истэрим. Мичил кэлин, үлэһит буолан баран Иркутскайга Тулуҥҥа бырааһынан үлэлии сылдьан дойдутугар, Сахатын сиригэр кэлбитэ. Бүлүү куоратыгар диспансер главнай бырааһынан үлэлээбитэ.
Мин биирдэ Дьокуускайтан Сунтаардаан иһэн Бүлүү куоратыгар убайбар Мичилгэ хонон, ураты астына сынньанан, ааспытым. Үчүгэйкээн баҕайы быраас саха кыыһа кэргэннээҕэ. Мичил Тарасович, барахсан, ийэм Неймохова Анна Кирилловна 62 сааһыгар сирдээҕи олохтон барбытыгар Бүлүү куоратыттан Сунтаарга кэлэн тиһэх суолугар атаарсыбыта, биһигини ыарахан кэммитигэр өйөөбүтэ.
Тарас Павлович Местниковтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон Лира күн сирин көрөр. Балтым Лира Дьокуускай 2-с оскуолатыгар үөрэнэрэ, кырасаабысса, кыыс да кыыс буола улааппыта. Аҕатынан Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх Спартак Яковлевич Белолюбскай, балтыбын Лираны харыс да хаамтарбакка, ыал буолбуттара. Билигин бриллиантовай сыбаайбаларын ааһа олорон, үс оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, Дьокуускай куорат ытык бочуоттаах ыала. Балтым Лира Тарасовна СГУ-ну бүтэрбитэ, советскай система саҕана Саха АССР телевидениетын бастакы дикторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Сунтаар хаһыатыгар маннык тэттик ыстатыйа тахсыбытын, төрүт умнубаппын. Биир күн ыаллара эмээхсин күн аайы сылдьыһар ыалыгар киирбитэ хаһаайка иистэнэ олорор, дьиэлээх хаһаайын муостаҕа сытар эбит. Ыаллара эмээхсин: «Хайа, бу аҕаҕыт тоҕо муостаҕа сытта?» – диэн ыйыппытыгар дьиэлээх дьахтар: «Ээ, ити биһиги аҕабыт кырасыабай дьахталлары көрдөҕүнэ уҥар идэлээх, сибилигин телевизорга диктор Лира Белолюбская көстүбүтүгэр уҥан сытар, сотору өйдөнүө, доҕоор, өйдөнүө», – диэбит.
Быраатым Юрий Тарасович Местников, Саха театрын артыыһа, сирдээҕи олохтон эрдэ барбыта. Кэргэнэ Мария Николаева Саха театрын солиһа, көмүс куоластаах ырыаһыта. Билигин да ыллыы, үлэлии-хамсыы, оҕолорун-сиэннэрин туһугар кыһалла-мүһэллэ сылдьар. Кийииппит Мария, барахсан, Юрийа баарын курдук, истиҥ-ыраас сыһыанын тута сылдьарыттан кырдьаҕас оҕонньор үөрэбин.
Биир үтүө күн балтым, телевидение үлэһитэ Мария Тарасовна Сардана Сивцевалыын арай Тулагынан дуу, Хатаһынан буолара дуу, – сыарҕалаах атынан элээрдэн ааспыттарын телевизорынан көрдүм. Сарсыныгар балтым Мария Тарасовна соһуччу сирдээҕи олохтон барбытын харааста, санаа түһүүлээх, харах уулаах истибитим.
Биир күн балтым Лира Тарасовна балтыбыт Мария Тарасовна олорбут диэтигэр арыгыта суох чэй тэрийбитигэр кэргэмминээн Люция Фёдоровналыын тиийдибит. Остуолга иннибэр Сардаана Сивцева, били телевизорга куруук тупсан көстөр бэйэтэ, подругатын Мария Тарасовнаны сүтэрэн санаата түһэн, саппаҕыран олорор.
Ити курдук бары санаа түһүүлээх олордохпутуна эдьиий Марыына: “Биирдэ улуу убайдарбын суруйааччылары кытта айаннаан иһэн, мин таах олоруохтааҕар кэпсээ да кэпсээ буола испитим, онно улуу убайбыт Күннүк Уурастыырап: «Аны мантыкайбыт, Марыынабыт, куолуһут буолбут дуу», – диэбитин эппитигэр истэн, күлсэн, сэргэхсийэн хааллыбыт. Истиҥник кэпсэтэн-сэһэргэһэн арахсыбыппыт. Саамай кыра бырааппыт Тарас Тарасович өйдүүрбүнэн театрга саҥардыы үлэлээн иһэн суорума суолланан, олохтон эрдэ бараахтаабыта.
1957 с. Советскай Армияҕа сулууспалыы бараары сылдьаммын Саха театрыгар директор кабинетыгар киирэммин Тарас Павловичтыын ураты истиҥник кэпсэппиппит. Ол биһиги бүтэһик, тиһэх көрсүһүүбүт эбит этэ. Ити күһүн 1957 с. баара-суоҕа 53 сааһыгар ыарахан ыарыыттан сирдээҕи олохтон барбыта. Эдьиийим Мария Кирилловна эмиэ 53 cааһыгар олохтон туораабыта, хаарыан дьоммун репрессия содула-хаһыҥа иккиэннэрин таарыйдаҕа. Кинилэр оҕолорун ахтан-санаан аастым.
Ытыктабыллаах театр артыыстара, үлэһиттэрэ! Урукку Саха театра көтүрүллүбүтүн кэннэ театр истиэнэтигэр театр артыыстарын үйэтитэр мемориальнай дуоска, стена диэннэр суохтар. Ханна уурулла сыталларый дуу, көтүрүллэн сиргэ-буорга быраҕыллыннылар дуу?
1957 c. Саха театрын директорынан үлэлии олорбут артыыс Тарас Павлович Местников, репрессияҕа түбэспит артыыс Пантелеймон Васильев уо.д.а. бочуоттаах дьон тустарынан сырдатыллыбатахтар. Кинилэр кэмнэригэр репрессияҕа түбэспит Пантелеймон Васильевы үлэҕэ ылбыт тэрилтэ салайааччыта бэйэтэ үлэтиттэн уһуллар дьылҕалааҕа, төрөөбүт Тааттатыгар даҕаны кинини үлэҕэ ылбатахтара эмиэ өйдөнөр. Ол содулуттан олохтон эрдэ бардаҕа.
Ытыктабыллаах театр үлэһиттэрэ, артыыстара! Театр сылынан үөһээ ахтыллыбыт Тарас Павлович Местников, артыыс Пантелеймон Васильев мемориальнай дуоскаларын саҥардаргытыгар көрдөһөбүн.
Ньургун КИЛИБЕЕВ,
тыыл, баһаарынай сулууспа туйгуна, ветерана, бочуоттааҕа.