Мас-реслинг чемпионата буолар диэн үөрэр, кэтэһэр дьон баар эбиттэр. Тойоттор Бүлүү бөлөх улуустарын таллийдаах ууну испэтиннэр диэн бэриллэр, ыраас уунан хааччыйарга туттуллуохтаах АЛРОСА биэрэр сүүһүнэн мөлүйүөн үбүн ыскайдаабыттарын тобоҕунан национальнай оонньууну, ол эбэтэр омук иһигэр оонньонуохтаах, саха улаатан эрэр уолаттарын кыргыттарга киэн тутуннарар киэбин аан дойдуга таһаардаҕа буолаллар.
Ол онтуларыгар саатар хоттороллор. Ити үлүгэрдээх истиэнэ саҕа омук дьонун хантан кыайаары? Били Крылов Моськата слону үрбүтүгэр дылы. Ол иһин сотору дьахталлара айылҕаларынан куорат эрэ салалтатыттан буолбакка, хотторбут атыыры букатын да олохтон туораталлара буолуо.
Ситэ өйдөөбөт сахалар онтон үөрэн сахсаҥнаһыы бөҕөтө. Сарсыныгар атом дэлби тэппит салгыныттан, промышленность сүһүрпүт кирдээх уутуттан чачайыахтара.
Национальнай оонньуу да, туох да тас омукка тахсыа суохтаах. Төрүт үгэс оонньууларыгар атын омугу кытыннарыа суохтааххын, харыстаныахтаах. Бэйэбит эрэ туспутугар туттуохтаахпыт. Ол иһин национальнай дэнэр буоллаҕа.
Арай ааспыкка манна күтүөт массыынатыгар записка сылдьарын сиэним ылан: «Оо, бу тугуй?» – диир уонна доргуччу аахта: «Все мужчины одинаковы, только зарплата у них разная».
– Хайа, бу хантан ыллыҥ?
– Ити оскуолаҕа сытара, төрөппүттэр ылан ааҕалларыгар уурбуттар, – диэн быһаарда күтүөтүм.
Ону билигин саныы олоробун:
1. Бу аныгы эдэр дьахталлар эр киһини мал курдук көрөллөр дуу? Ол өйдөрүттэн суруйбуттар.
2. Чахчы эр киһи диэн туттар эрэ тэрил курдук сыаналанар олоҕо дуу?
3. Эбэтэр эр дьон дьиҥнээхтик бүгүн оннук эрэ уратылаахтар дуу, бүгүн бэйэ-бэйэлэриттэн.
Туох өһүргэһэ кэлиэй: устами младенца глаголет истина. Үгүс дьахтар оҕо курдук өйдөөх, ол айыллыы. Мин диэн таһым эрэ дьахтар, өйүм олоруута эр киһилии, эмиэ айыллыы буоллаҕа.
Онон өһүргэммэккэ эрэ тоҕо оннугун уонна ону хайдах көннөрүөххэ сөбүн эһиги, эр дьон, толкуйдуохтаах буоллаххыт. Уонна бэйэҕит омуккут дьахталларын туох уратынан угуйары тобулуохтааххыт. Мас-реслини буолбакка, мас тардыһыытын харыстыахтааххыт. Ону эрэ буолбатах, омук уратытын барытын!
Ол иһин уратыны барытын «сундуукка» сытыаран, туһатыгар туттан баран тэбээн-ыраастаан, байытан баран аныгыскы туһатыгар диэри кичэйэн хатаан кэбиһиэхтээххин.
Арай биһиги аныгы аамай-саамай тойотторбут бэйэлэрэ от-мас төрдүн тиҥсирийэ сатаан баран, бэйэлэрэ туохтара да суох, тугу да сатаабат буолан бүтүн омук баайынан ыһыахтаналлар. Ону хата дьоно ас тахсарыттан, бэһиэлэйдиир эрэ бэтиэхэ туһа диэбит курдук илэмэ-салама түсүһүү бөҕө буолаллар.
Павлина САВВИНОВА.