(Дьиҥнээх олохтон)
Тулаайах оҕо барахсан түргэнник улаатан, киһи-хара буолан ийэтигэр көмөлөһө охсор ыра санаалаах буолааччы. Ол баҕа санаатын толоро, ийэтин үөрдэ, бэлэмҥэ олордо сатааччы.
Ааттыын да Кэрэ Кээтии улаатан бэрэдэбиэс идэтин баһылаан, Илин Эҥэр улуус киинигэр өр сылга ас-үөл маҕаһыыныгар үлэлээбитэ. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолугар Генаҕа таптаһан кэргэн тахсыбыта. Гена администрацияҕа үлэлиирэ. Эдэрдэр иллээхтик-эйэлээхтик олороллоро. Иккис сылларыгар уолламмыттара. Уолларын Болот диэн ааттаабыттара. Кыракый киһи күн-түүн улаатан испитэ. Икки сааһын туолуута Кэрэ Кээтии эмиэ оҕоломмута. Оҕото – уол. Уолан диэн ааттаабыттара. Кээтии оҕо көрөн олороро. Уолаттарын олуһун таптыыра.
Сыл – хонук. Кэтии эмиэ оҕо күүтэр. “Бу сырыыга кыыс буолар ини?” – диэхтиир. Болдьоҕо кэлэн, кылбардык эмиэ уолланар. Уолларын аҕатын аатынан Гена диэн ааттаабыттара. Тас да көрүҥүнэн аҕатын көрөн төрөөбүт.
Күн-дьыл ааһара түргэнэ сүрдээх. Уолаттар номнуо улаатан үһүөн үрдүк үөрэххэ үөрэнэллэр. Кэрэ Кээтии – Екатерина Власьевна маҕаһыын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Улахан уол Болот тутуу инженерин идэтин баһылаан куоракка үлэлии сылдьар. Нуучча кыыһын Алёнаны кэргэн ылан, дьиэ-уот туттан, оҕолонон-урууланан олороллор. Иккис уол киргиз кыыһын ойох ылан Киргизияҕа көспүттэрэ. Кыра уол саха кыыһын ойох ылан, Милена дойдутугар Сунтаарга олороллор. Оҕо-уруу суох.
Кээтии үлэтиттэн биэнсийэҕэ тахсан, остолобуойга муоста сууйааччынан үлэлиир. Кэргэнэ Геннадий Сергеевич биэнсийэҕэ тахсан, сүрэх ыарыһах буолан инбэлииккэ тахсан олорор. Түөрт хостоох дьиэҕэ иккиэйэхтэр. Оҕолор кэлэ-бара сылдьыбаттар. Биирдэ эмэ телефонунан кэпсэтэллэр. Аҕалара күн-түүн мөлтөөн иһэр…
Утуйа сытан түүн баран хаалаахтаабыт. Сыа-сым курдук тутан көмпүттэрэ. Аҕалара өлбүтүн кэннэ уолаттар “дьиэни атыылыаҕыҥ” диэн турдулар. Екатерина Власьевна дьиэни атыылаан, харчыны түөрт гына үллэрдэ. Ол харчытыгар эбэн Власьевна эргэ дьиэҕэ биир хостоох кыбартыыра атыыласта. Дьэ нус-хас аҕыйах сыл олордо. Улахан уол: “Ийээ, сааһыран эрэҕин, кыбартыыраҕын миэхэ анаа. Биһиги эйигин көрүөхпүт”, – диэн үүйэ-хаайа тутта. Хайыай, сөбүлүүр уолун тылын истэн, сүүрэн-көтөн кыбартыыратын Болот Геннадьевичка анатта.
Дьиэтин уолугар аныаҕыттан ыарытар буолла. Уола кэлэ да сылдьыбат. Анараа уолаттар боруогун да атыллаабаттар. Санаа-оноо бөҕөҕө баттатан, кэбис киһи маннык олоруо суох дии санаан, быстах санааҕа киирэн олохтон барарга быһаарынна… Кэриэс суругун суруйан баран, хоһугар киирэн оронугар сытта. Тирии сон курун ылан хабарҕатын ыгатык хам баайда. Хайдах эрэ күп-күөгэҥнэс буолла, тыына хаайтара сыста. Курун ыһыктан кэбистэ. Моонньо күөх баламах буолбут. Хараҕа кып-кыһыл. Сирэйигэр кып-кыһыл сурааһыннар тахсыбыттар. Бору-бостуой кыбартыырабын Болокко анаан диэн марылаччы ытаата…
Тугу эрэ биттэммит курдук Болот ойоҕунаан ийэлэригэр тиийэн кэллилэр. Уой-аай бөҕө буоллулар. Ийэлэрин сарсыарда туран, индомҥа илдьэн туттардылар… Дьэ, сүрдээх! Кинилэр тустарыгар төһөлөөх кыһаллан Екатерина Власьевна көрдө-иһиттэ, бүөбэйдээтэ этэй?
Билиҥҥи оҕолор бары да буолбаталлар, төрөппүккэ сыһыаннара уларыйда. Кинилэргэ барыта бэлэм эрэ наада. Иитиллибит иэһи төлүүр диэн куойаларыгар-маҥкыларыгар кыайан киирбэт. Бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрөллөр. Власьевна индомҥа сытаахтыыр, 60-на буолан эрэр. Манна кинини бары убаастыыллар, сүбэ-ама ылаллар. Кэмниэ-кэнэҕэс оҕо сааһын дьүөгэтэ Нина Саввична истэн, Орто-Халыматтан кэлэн Екатерина Власьевнаны илдьэ барар.
Сир үрдүгэр үтүө санаалаах дьон элбэхтэрэ итини туоһулуур. Власьевна эдэригэр түһэн үөрэ-көтө, сиэн оҕолору биэбэйдиир. Нэһилиэккэ бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн талыллан, олоххо саҥа сүүрээни киллэрэн эрэр… Ытыктаан, киэн туттан олохтоохтор Власьевна диэн дорҕоонноохтук ааттыыллар.
Туох барыта киһи санаатын күүһүттэн, олоххо дьулуһуутуттан тутулуктаах. Екатерина Власьевна иккистээн төрөөбүт курдук сананан, олоҕу атын хараҕынан көрөр…
Харыстаана
КАРДАШЕВСКАЯ.