Уһуннук күүтэн “Тыгын Дархан” киинэ премьератын көрдүм. Ол көрө олорон санаа бөҕөҕө ыллардым. Мин бэйэм хас да киинэҕэ массовкаҕа кыттыбыт буоламмын, киинэни хайдах уһулалларын син удумаҕалатабын диэххэ сөп. Өрдөөҕүтэ Барнаул куоракка “Ермак” диэн историческай киинэни усталларыгар Ирина Алферова, Никита Джигурда курдук биллэр артыыстары кытта уһуллубуппутун киэн тутта саныыбын. Өлүөнэтээҕи “Доҕордоһуу” музей-заповеднигы уһуннук салайан кэлбит кэммэр, биһиги музейбыт тиэргэнин иһигэр уонтан тахса араас хайысхалаах, таһымнаах киинэ уһуллан, дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсыбыта. Онон биһиги коллектив киинэ устааччылар уонна көрөөччүлэр махталларын үгүстүк ылан турардаахпыт.
Тыгын Дарханы устааччылар чахчы да үлэ бөҕөнү көрсүбүттэр. Үгүс да киһини муспуттар эбит, таҥастара-саптара, былыргылыы тутуулар, айылҕабыт барахсан кэрэ көстүүтэ, киэҥэ-куоҥа, сыһыы-сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕэ, алаас-алаас муҥунан саха ынаҕа элбэҕэ, тыаһа-ууһа, киэргэтиитэ, чахчы да түөрт үйэ анараа өртүгэр саха омуга олорбут олоҕун тыына биллэргэ дылы. Аны артыыстарбыт олус үчүгэйдик, көрөөччүнү итэҕэтэр гына оонньоотулар. Ордук кылаабынай оруолу оонньуур Ньургун Бэчигэни, Тыаһааны Куо – Айталина Лавернованы сэргээн көрдүм.
Саха сатаабатаҕа суох. Кылгас кэм иһигэр саха киинэтэ иннин диэки киэҥ хардыыны оҥордо, аан дойду сэҥээриитин ылла. Көстөрүн курдук “Тыгын Дархан” киинэҕэ үтүмэн үп кутуллубут эбит. “Кэлиҥҥи кэмҥэ маннык улахан бюджеттээх киинэ бүтүн дойду үрдүнэн суох”, – диэн аҕа баһылыкпыт А.С.Николаев тоһоҕолоон эппитэ. Онон маннык элбэх харчылаах, улахан историческай тиэмэни ылсар – бу улахан эппиэтинэс. Оннооҕор А.С. Борисов бэйэлээх устубут “Тайна Чингис Хана” диэн киинэтэ улахан кириитикэни ылан прокакка кыайан тахсыбакка, улахан айдаан төрүөтэ буолбута.
Никита Аржаков – биллиилээх киинэ режиссера. Кини “Ильмень үрдүнэн туруйалар”, “Дьикти саас”, “Снайпер саха” диэн дьоҥҥо биллэр үлэлэрдээх. Аны нууччалар эрэ кэлиэхтэрин иннинэ олорон ааспыт, күүс да өттүнэн буоллар бэйэтин омугун түмэ сатаабыт, саха ыраахтааҕыта буолбут “Тыгын Дархан” туһунан киинэнэ оҥорон таһаарда. Биһиги, көрөөччүлэр киниттэн элбэҕи күүппүппүт да, киинэбит тас эрэ өттө солотуулаах, ис-хоһооно күөрэ-лаҥкы буолан үгүс көрөөччүнү хомотто. Бэрт унньуктаах уһуннук олорбут киэһэбэр (2 чаас 40 мүнүүтэ), киинэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сахалар бэйэ-бэйэбитин кыргыһан-кыдыйсан, ох саанан курдарыта ытыалаһан, үҥүүнэн-батаһынан өтөрүтэ түсүһэн, бэйэ-бэйэбитин албыннаһан-таҥнарсан аҕай биэрдибит. “Ил Эйэ туругуруохтаах, сахалар бары биир сутурук буолуохтаахпыт”, – диэн Мунньан Дархан өлөөрү сытан кэриэс тылын эппитин, уола Тыгын Дархан толорбото. Сахалар ол саҕаттан бэйэ-бэйэни кытта сиэһэр, атааннаһар, таҥнарсар омук этибит диэн көһүннэ. Ол кыдьыкпыт билигин да баар. Бэйэбитин эмиэ түһэн биэрдибит. Ыччаттарбытыгар, атын да омуктарга маны дьэ туох диэн быһаарабыт?
Киинэ бүтүүтүгэр сахалар омук быһыытынан иннибитигэр эрэллээхпитин көрдөрүөхтээхпит хаалла. Киинэ эмиэ суруйуу курдук суоруллубат, онон бу улахан искусства дьон санаатыгар дьайыытын туһаммакка хааллыбыт. Никита Аржаков өссө: “Былатыан Ойуунускай уонна Гавриил Ксенофонтов туһунан киинэ оҥоруом этэ”, – диэбитин истибитим. Дьэ бу сырыыга, Никита Иннокентьевич, үчүгэйдик историяны ааҕан, хасыһан баран ылсарыҥ буоллар.
Нууччалар бастаан кэлиилэригэр Бороҕон аҕа ууһун баһылыга Лөгөй Тойон улахан өйдөөх киһи буолан, кэлии омугу кытта эйэлээх олоҕу олохтоон, хаан тохтуутун тохтоппута, дьонун өлөр өлүүттэн быыһаабыта. Биһиги уон тарбах иһинэн баттанар итинник омугу омук дэппит дьонноох буоламмыт, симэлийэн хаалбакка баччаҕа кэллэхпит дии. Биһиги Уус Алданнар Лөгөй Тойон, Майаҕатта Бэрт Хара ааттарын үрдүктүк тутан, күн бүгүнүгэр диэри кинилэргэ сүгүрүйэн кэллибит. Бу икки дьоммут номоххо киирбит, үһүйээҥҥэ кэпсэммит сүдү дьон буолаллар, ону история да кэрэһэлиир. Ол бэйэлээх дьоммутун албын, таҥнарыахсыт, дьахтарымсах, өссө Майаҕаттаны сирэйин уоспаҕа быһа сиэппит, аҥала гынан көрдөрбүттэрэ, дьэ сүөргү көстүү.
Консультаннара наука дуоктара Бравина Р.И. уонна норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал даҕаны ону “сөп” дии турбуттара киһини дьиктиргэтэр. Сүрүн режиссер көмөлөһөөччүтэ Александр Лукин аҕыйах сыллааҕыта “Мымах-кремень государственности” диэн киинэ устубутун, эмиэ историяны түҥ-таҥ тутуу, соруйан дьону буккуйуу курдук сыаналаммыта. Онон маннык историяны талбыттарынан уларытыы, дьоҥҥо өйдөммөт балаһыанньаны үөскэттэ. Оройуоммут баһылыга Федотов А.В. тыл үөрэхтээҕэ киһи, улууспут депутата Жирков А.Н. историк үөрэхтээҕэ киһи маны туох диэн быһааран биэрэллэрэ буолла? Арай соторутааҕыта баһылыкпыт Федотов: “Оччоҕуна Лөгөй Тойон аатын оройуоммут киин болуоссатыгар бэрдэриэм”, – диэбитэ оҕону куттаабыт курдук иһилиннэ. Хойутаан да буоллар Лөгөй Тойон пааматынньыгын оҥорторон аатын көмүскүүр да буоллахпытына, нууччалары кытта бастаан көрсөн, Ил Эйэ төрүттэммит сиригэр, Суоттуга “Доҕордоһуу” музейын территориятыгар туруох тустаах.
Айым.