«Олох, үлэ ситимин кэрэhиттэрэ» диэн ааттаах Яков Алексеевич Яковлев 2021 сыллаахха Дьокуускай куоракка «Сахаада» издательствотыгар таhаарбыт кинигэтигэр 88-с страницатыгар «Айдааннаах хаппыыста содула» диэн Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар В.И.Ленин аатынан совхозка 1984 сыллаахха тахсыбыт приписка туhунан суруйбутун ааҕан баран «Туймаада» хаhыат ааспыт сыл ыам ыйын 18 чыыhылатыгар «Сымыйаны суруйбут Яков Алексеевич Яковлевка Аhаҕас сурук» диэн ааттаах бу дьыалаҕа сыhыаннаах биhиги дьиэ кэргэни, аймахтарбытын, республика бастакы салайааччытын, олоҕо суох уонна сымыйа фактарга таарыйыытын, киhи өйүгэр-санаатыгар ханан да баппат быhыыны-майгыны таhаарбыккын көннөр уонна биhиги дьиэ кэргэҥҥэ киhилии сыhыанынан бэйэн истиҥ бырастыы гыннарар көрдөhүүгүн уонна хаhыакка тахсыбыт 3 боппуруоспутугар эппиэт күүппүппүт дьыл баччатыгар диэри эн өттүгүттэн кыаллыбата.
«Туймаада» хаhыат ааспыт сыл бэс ыйын 15 чыыhылатыгар «Сымыйаччы буолуохпун баҕарбаппын» диэн Я.А. Яковлев суруйуутугар «Хаhан баҕарар эрийдиннэр, бэлэммин, кэтэhэбин» диэн өссө телефонун нүөмэрин бэчээттэппитэ бу киhи сымыйатын билиммэт, ньэгэй уонна сымыйалыырын өссө эбэн уонна чиҥэтэн, барыта олохтон барбыт дьон ааттарын ааттаан олорго сигэнэн бэйэтин ыраастана сатыырын курдук өйдөнөр.
Алҕаскын аhаҕастык бырастыы гыннарарыҥ кыаллыбатаҕынан, кинигэҕэр киирбит сыыhа, уонна сымыйа фактарга олоҕурбут «Айдааннаах хаппыыста содула» суруйуугун көннөрбөт санаалааххын учуоттаан, баhааҕырдыыҥ уонна холуннарыыҥ өссө хаhыакка эбиллибитигэр олоҕуран кырдьыкпытын ирдээн Федеральнай Суукка ирдэбил биэрэргэ күhэлиннибит уонна сымыйаны суруйбуккун бигэргэтэн ыытыллыбыт бэрэбиэркэ докумуоннарыттан кылгас быhа тардыыны киллэрэбит.
Афанасий Афанасьевич Сидоров кэргэнэ, оҕолоро.
P.s.
Сымыйаны суруйбут Яков Алексеевич Яковлевка Аhаҕас суруктан быhа тардыы:
«Ол бириэмэҕэ автор Я.А. Яковлев совхоз киин аппаратыгар биир дьоhун миэстэни ылан үлэлээбит, ол событиеларга чугас, алтыспыт уонна кыттыыны ылбыт киhи быhыытынан бэрт чуолкайдык ол ааспыт дьыаланы суруйбут уонна бүтэhигэр түмүк оҥоруунан бэйэтин санаатын үллэстибит.
Бу суруйуутугар автор Я.А.Яковлев сыллары буккуйуута эрэ буолбакка, приписка оҥоhуллубут хаппыыста объемуттан саҕалаан, ити бириэмэҕэ уоппускаҕа сылдьыбыт, Майа иhигэр суох, партия райкомун 1 секретарын Иван Гаврильевич Тимофеевы кинигэҕэ киллэриитэ уонна онон сирэйдэнэн сымыйаны ааҕааччыга, норуокка тиэрдэ сатааhынын курдук сыаналыыбыт.
Сымыйалыыр буолан баран баhаххайдык суруйуохха диэбит курдук автор Я.А.Яковлев кинигэҕэ киллэрбит сорох суруйууларыгар быhарыы биэрэбит:
1. «Республика сорох салайааччылара бу мэҥэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта киирсэн эрэллэр диэн «быыhаатаҕа» аатыраннар А.А.Сидоровы республика статуправлениетыгар отдел начальнигынан үрдэтэн киллэрэллэр итиэннэ 2 дуу, 3 дуу хостоох квартираны биэрэллэр. Дьэ ол кэннэ Киин Комитекка Пельшеҕа уонна Сусловка приемҥа киирэригэр суруйтараннар Москваҕа командировка биэрэннэр үҥсүүтүн салҕаттара ыыталлар» (Я.А.Яковлев).
Биhиги дьиэ кэргэн эрэ буолбакка, оччолорго аҕабыт сорох коллегалара, эмиэ үөhэттэн арааhынай ыгыыны-түрүйүүнү ааhан тураллар. Кэлин тиhэҕэр ыксаан аҕабыт 1988 сыллаахха олунньу ый 1 күнүттэн куоракка статуправлениеҕа ПТО отделыгар инженер-нормировщик быhыытынан Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннааҕы статуправлениетын начальнигыттан уурайан куоракка киирэн үлэлээбитэ. Ити үрдэтии буолбатаҕа биллэр. Майатааҕы квартирабытын Дьокуускай куоракка кыра иэннээх квартираҕа бэйэбит атастаспыппыт. Үөhээ ахтыллыбыт Киин Комитет эппиэттээх үлэhиттэрэ, Суслов Михаил Андреевич 1982 сыллаахха тохсунньу ый 25 күнүгэр, Пельше Арвид Янович 1983 сыллаахха ыам ыйын 25 күнүгэр күн сириттэн барбыт дьоҥҥо 1988 сыллаахха командировкаҕа барбыта диэн олоччу олоҕо суох суруйуутун саха киhитин сиэригэр баппат быhыынан эрэ ааҕыахха сөп.
2. «Ааспытын кэннэ ити дьыаланы дириҥник уонна дьиҥнээхтик ырытан көрдөххө, ону сэргэ уруккута обком аппаратын эппиэттээх үлэhиттэрин уонна оройуоҥҥа үлэлээбит райком секретардарын кэпсээннэриттэн, обком бастакы секретара Г.И.Чиряев улаханнык ыарытыйар буолан Киин Комитет быhаарыытынан үлэтиттэн тохтуохтаах этэ, кини оннугар И.Г.Тимофеев кандидатынан сылдьара. М.Е.Попов Алдантан Мэҥэ-Хаҥаласка райком бастакы секретарынан эбэтэр Правительство бэрэсэдээтэлин солбуйааччынан былааннанара. Хаппыыстаттан сылтаан тахсыбыт айдаан И.Г. Тимофеевка улахан охсуу буолбута», – диэн суруйуута эмиэ барыта олоҕо суох буолар. Бу ахтыллан ааспыт партия обкомун бастакы секретара Гавриил Иосифович Чиряев бары билэрбит курдук, 1982 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр, Михаил Егорович Попов, Алдан оройуонун райсоветын председателэ 1983 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр өлөн олохтон туораабыт дьону аҕалан, 5-6 сыл ааспытын кэннэ бу дьыалаҕа кыбыта сылдьара киhи сиэригэр ханан да баппат быhыынан сыаналыыбыт.
3. «Кэнники А.А.Сидоров, Дьокуускайга үлэлии сылдьан ыарахан ыарыыга ылларан баран «Эдэр сылдьан улаханнык сыыстарбыт эбиппин» диэн улаханнык кэмсинэн бэйэтин алҕаhын билиммитэ», – диэн автор эмиэ хантан ылан суруйбута буолла? Аҕабыт сүүрэ-көтө сылдьан, эмискэ ыалдьан, хирургическай операция кэнниттэн нэдиэлэни кыайбат бириэмэ балыыhаҕа сытан сырдык тыына быстыбыта. Бэйэтин туhааннаах үлэтин чиэhинэйдик толорбут киhи туох толкуйтан алҕаhы оҥордум, тиийбэт докумуоннарга олоҕуран судаарыстыбаны албыннаары статуправление үлэhиттэрэ бары харахпытын саппыппыт, приписка оҥоhуллубутун билэ-билэ диэхтээх этилэр дуу? Эбэтэр сыл бүтэhигэр оҥоhуллар ревизия ол сыыhа сыыппаралары булан таhаарыа суоҕа дии саныахтаахтара дуу? Ол суох хаппыыста ол кэннэ хайдах маҕаhыыннарынан, остолобуойдарынан атыыланыахтаах этэй?
Майаҕа кэлиэн иннинэ аҕабыт Ньурбаҕа, Ленинскэй оройуонун машино-счетнай станциятын начальнигынан үлэлээбитэ, хас да сыл буолан баран ол станция оройуоннааҕы статуправление буолбута (РИВС). Ити икки оройуонунан үлэлиир бириэмэтигэр үчүгэй үлэhит быhыытынан ааҕыллан ССРС Министирдэрин Сэбиэтин уонна республика статуправлениетын Бочуотунай грамоталарынан уонна Махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ салаайааччы быhыытынан үрдүк таhымнааҕын бигэргэтэр».
* * *