Кыырай халлааҥҥа хара суор элиэтиир, сытыы хараҕынан сири-дойдуну ыраахха диэри көрөр. Хагдарыйан саһарбыт хатыҥ чараҥ быыһыгар соҕотох кыыс ытыы олороро үөһэттэн суорга эрэ көстөр. Хара уһун суһуоҕун тыал ыһар. Арҕааттан күһүҥҥү тыал халыҥ былыты үүрэн, күнү бүрүйдэ. Алаас иһэ хараҥаран, курутуйбукка дылы буолла.
– Ардаа өссө! – Хаарчаана өстүйбүт курдук куолаһынан саҥарда.
Арай өйдөөн көрбүтэ, чуп-чугас турар тииккэ сүүнэ улахан суор кэлэн кыыһы уоттаах хараҕынан манаабыттыы көрөн олорор эбит. Кыыс тоҕо эрэ киниэхэ утары сүүрэн тиийиэн баҕарда да, туох эрэ күүс кинини тохтотто. Былыты быыһынан күн күлүмнээн ылар. Хаарчаана хараҕын уута кууран, санаата көнньүөрбүччэ буола быһыытыйан, оргууй туран дьиэлиир ыллыгын устунан хааман бара турда. Оттон суора хамсаабат, олорбут маһыттан көппөт. Кыыс туохтан санаарҕыырын ким да билбэт. Соҕотох ийэ буолан олус уйан, чараас буолаахтаатаҕа. Бүгүн лааппыга киирэн улаханнык хомойон таҕыста. Икки оҕотун туппутунан харах уулаах үүрүлүннэ.
– Раз денег нет, зачем ходите в магазин?! Тут вам не благотворительный союз! Как раньше тетрадок не ведём! Новый продавец – новые правила! Выход там! Ишь, какая! Кушать им нечего! Зачем рожала, раз нет условий! Для себя? Дети – это вам не игрушки! Пошла вон отсюда, еще хочет поспорить тут у меня!
– Я не спорю, просто раньше нам давали в долг. Мы же тут все друг друга знаем, помогаем друг другу.
– Закройте рот и вон из магазина!
– Ийээ, бардыбыт мантан, наһаа куһаҕан чүөчэ дии, бардыбыт…
– Зачем вы так? Чэ, бэйи, киһи аахсыбат киһитэҕин, быһыыта.
Бу түгэни саныы-саныы Хаарчаана ыллык суолун устун хааман истэ, оттон дьиэтигэр оҕолоро иккиэйэх эрэ олороллор. Улахан кыыһа ийэтэ кэлэригэр хортуоска хостоон буһарбыт.
– Ийээ, кэллиҥ дуо? Хортуоскабыт син мээнэ улааппыт эбит, сымыыт саҕа буолбуттар. Чэйдиэххэ. – Хаарчаана оҕолорун иннигэр буруйдаах курдук сананан, курутуйбут харахтарынан көрө-көрө иккиэннэрин хам кууһан ылла.
Күһүҥҥү киэһэ түргэнник да хараҥарар, халлааҥҥа толору барча сулус. Киһи эрэ одуулаан туруох кэрэ, чуумпу көстүүтэ. Хаарчаана өргө диэри таһырдьа сөрүүн салгыны эҕирийэн тыын ыла, сулустары одуулуу турда.
– Бу күннэргэ хамнаспын ылыахтаахпын. Хайаатар да оҕолорбор харчы ордорунан оскуолаҕа баралларыгар саҥа таҥас ылыам этэ. Ордуон наада…
– Саҥа кэм кэрэ кэпсээннээх, үтүө күн үөрүү үктэллээх буоллун! – Хаарчаана бииргэ төрөөбүт эдьиийэ сотовайыгар смс ыыппыт. Сардыарда аайы алгыс тыллары ыытар идэлээх. Кини куорат килбэйэр киинигэр ыал буолан, быр-бааччы олорбута 15 сыл буолла.
– Үтүөнү диэ, бэрт буолуо этэ, – Хаарчаана сып-сап хомунан, оҕолорун аһатан баран үлэтигэр ыстанна. Киэһэ үлэтин кэннэ хамнаһын туппут киһи быһыытынан, били үүрүллүбүт сиригэр тиийдэ. Хайыай, биир эрэ лааппылаахтар.
– Дорообо, Хаарчаана! Киир-киир, саҥа табаар бөҕө кэллэ.
– Ээ, Маайа, эн кэлбиккин дуу, бэҕэһээ саҥа үлэһит этэ дии манна.
– Аа, София диэ, кини уже тахсыа ыраах буолуо.
– Саҥа үлэлии тахсыбыта дии. Уоппускаҕа бара оҕуста дуо?
– Суох, бэҕэһээ киэһэ дьиэлээн иһэн оһолго түбэспит. Бөлүүн балыыһаҕа тиэйэн илдьибиттэрэ. Атаҕын өлөрбүт уонна сүнньүн ньиэрбэтин таарыйтарбыт дииллэр.
– Оо, бу иэдээни!
– Суолугар утары хара суор көтөн тахсыбыт үһү, хараҥаҕа. Онно соһуйан массыынатын уруулун эрийэ баттаан кэбиспит диэн кэпсээтилэр.
– Суор? – Хаарчаана эмискэ бэҕэһээ тыаҕа көрбүт суорун санаан кэллэ. Бу санаатаҕына олбуорун үрдүнэн үгүстүк көтөн ааһарын бэлиэтии көрөр эбит. Бү түүн Хаарчаанаҕа араас санаа киирэн, уута көтөн, сүгүн утуйбакка сытта. “Тоҕо суор?” – диэн төбөтүгэр баар ыйытык буолан хаайда.
– Ийээ, эбээ кэллээ! Ураа! – Хаарчаана ийэтэ илии тутуурдаах, кэпсээн кэһиилээх дьиэ ортотугар биирдэ баар буолла. Ыраах олорор буолан биирдэ эмит айаннаан кэлэрэ. Сэрэппэккэ эрэ соһуччу тиийэн кэлэн сиэннэрин үөрдэрин наһаа астынара.
– Хайа сыллыый, хараҕыҥ тоҕо кытарбытай? Утуйбатыҥ дуо, ыарыйдыҥ дуу?
– Бөлүүн сүгүн утуйбатым.
– Тоҕо, туохтан эрэ санаарҕаатыҥ дуо?
– Ийээ, мин билигин кыра оҕо курдук тугу эрэ ыйытыахпын баҕарабын, – Хаарчаана ийэтин диэки көрө-көрө мичээрдээн ылла.
– Оҕом барахсан, мин харахпар син биир оҕо буоллаҕыҥ. Кэпсээ, истэбин.
– Мин аптаах быһыылаахпын.
– Тоҕо инньэ диэтиҥ?
– Наһаа дьиктиргиибин, оҕо эрдэхпиттэн кэтээн көрдөхпүнэ, холобур ким эмит миэхэ куһаҕаны оҥордоҕуна – бу киһиэхэ сотору кэминэн бэйэтигэр туох эрэ куһаҕан буолар. Мин баҕарбатаҕым да үрдүнэн оннук сөп түбэһэн иһэр. Тоҕо оннугуй, ийээ? Эн туох дии саныыгын?
– Чэ, иһит, хаһан эмит син биир билиэхтээх этиҥ. Биһиги төрдүбүтүгэр улахан ойуун олорон ааспыт. Бүтэһик эппит тыллара – дьоммун көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьыам, – диэн үһү. Ол аата кини биһигини билигин да арыаллыы, көмүскэһэ, көмөлөһө сырыттаҕа…
– Ол иһин даҕаны… Уһуннук ыарытыйар кэмнэрбэр түүлбэр кырдьаҕас оҕонньор көстөөччү, ол кэннэ үтүөрэр аакка барааччыбын. Биир түүлбэр букатын да үөһээ күн диэки көтөн тахсыбытым – суор көхсүгэр. Киһилии саҥарбыта: “Эн син биир дьоллоох буолуоҥ!” – диэн.
САРДААНА.