Ынах сүөһүнү Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар иитиигэ судаарыстыбаннай өйөбүл оҥоһуллар методиката (формулата) хайдах буолуохтааҕый? Бу боппуруос тула кэпсэтии элбэх, онно бэйэм көрүүбүн үллэстэбин.
Сүөһүттэн ылыллар продукция кээмэйиттэн продукция бэйэҕэ турар сыаната (себестоимость) быһаччы тутулуктаах.
Төрүт-уус, удьуор диэн өйдөбүллэр сахаҕа ордук өйдөнөллөр, сүөһүгэ боруодата, хаана – кини төһө продуктивнай буолара, продукция биэрэр дьоҕура онтон тутулуктаах. Ол иһин хайысхаларынан үүт, үүт-эт, эт боруодаларын селекционер-зоотехниктар оҥорон таһаардахтара, искусственнай сиэмэлээһин тэрилиннэҕэ.
Хас биирдии сүөһү бэйэтин боруодатыттан, хааныттан тутулуктаах продуктивностаах диэтибит, ол – “потенциональная генетическая продуктивность животных” диэн наукаҕа ааттанар. Биһиги түбэлтэбитигэр итини бонитировка, хонтуруолунай ыамнар түмүктэринэн быһаарар уустуга суох. Бүгүн боруода мөлтөөтө, искусственнай сиэмэлээһин уонна хаана суох оҕустарынан саптарыы (буоһатыы) түмүгэр итинниккэ тиийдибит. Улуустарынан, нэһилиэктэринэн сүөһү потенциональнай генетическэй продуктивноһын быһаарыыны түргэнник ыытар кыахтар бааллар: нэһилиэк аайы тыа хаһаайыстыбатын специалиһа, ветеринарнай үлэһиттэр, улуустааҕы т/х управлениетын специалистара, аны сорохторго муниципальнай Агентстволара, ГБУ «Сахаагроплем» специалистара.
ТХМ (уполномоченнай орган) методическай рекомендация оҥорон бигэргэтиэн наада. Онно селекционер учуонайдары кытыннарар туһалаах буолуо. Ити үөһээ эппит генетическэй потенциональнай продуктивностка олоҕуран, ТХМ (уполномоченнай орган) наадалааҕынан аахтаҕына корректировкалаан экономическай расчёттары оҥорон нормативнай продуктивность диэни бигэргэтэр наада. Урукку сэбиэскэй кэмҥэ «плановый удой» диэн ааттанара.
Сүөһү продукция биэрэр кыаҕын толору туһанар инниттэн, боростуойдук эттэххэ нуорма расходтарга олоҕуран сөптөөх аһылык, көрүү усулуобуйата тэриллиэхтээх. Ити нуормаламмыт ороскуоттар суумаларын биир продуктивнай сүөһүгэ тиксэр ороскуотун биир ынахтан ылыллар нормативнай продукциятыгар түҥэттэххэ, нормативнай себестоимость тахсар. Судаарыстыба сүөһүттэн нормативнай продуктивность ылыллыыта ночоото суох буолуутун судаарыстыбаннай өйөбүлүн оҥорор эбээһинэстээх. Ол өйөбүл кээмэйэ – киилэ үүт нормативнай себестоимоһын (ороскуотун) отраслевой рентабельноска (бигэргэммит 18% этэ уруккута) улаатыннарыллыбытын уонна атыыланар сыанатын араастаһыыта буолар.
Иккиһинэн, переработчиктар ТХМ бигэргэппит технологиятыгар олоҕуран өҥөлөрүн тарибын эмиэ нуормалаах ороскуоттарынан көмүскүөхтээхтэр, ТХМ-гар. Бу бигэргэммит тарифтарыгар олоҕуран закупочнай сыаналарын пайщиктаахтар уопсай мунньахтарынан бигэргэттэриэххэ. Ону ревизионнай союзтар, дьаһалталар, наада буоллаҕына прокуратура көрөр-бэрэбиэркэлиир балаһыанньатын олохтуохха.
Урут сэбиэскэй кэмҥэ совхозтар кэлэр сыл производственнай финансовай былааннарын (ПФП) оҥорон ТХМ көмүскээн бигэргэттэрэр буоларбыт. Билиҥҥи кэмҥэ үлэни биэрээчилэр түмсүүлэрэ (Десяткина Т.В.), фермердэр түмсүүлэрэ (Артемьев А.Е.) нуормаламмыт ороскуот проектарын оҥорон ТХМ көмүскүүллэрэ буоллар икки өттүгэр эппиэтинэстээх буолуо эбит. Биһиэхэ былаас ити институту уруккуттан үлэлэппэт, формальнайдык илии эрэ баттатарга наадыйан онно сөптөөх салалтаны талларар. Нууччалыы эттэххэ “наша экономика чрезмерно политизирована”. Ынахтан кыра продукцияны ылыы сүрүн биричиинэтинэн үүккэ көрүллэр субсидия хаарчахтаныыта (квотирование) буолар. Ити үөһээ эппит «нормативнай продуктивность» диэни мыына көрүмэҥ. Билигин статистика баалабай производствоны итинник ааҕар, ол иһин сыл устата биир ынахтан 2021-2020 сыллар орто көрдөрүүлэринэн тэрээһиннээхтэр 2350, чааһынайдар 2000 киилэ үүтү ыы, иһэ-аһыы олоробут. Кинилэр нормативтара олохтоох сүөһү генетикатыгар төһө сөп түбэһэрэ буолла? Ынахтан нормативнай бородууксуйаны ылан (биир ынахтан ортотунан 1500 кг туттарарбыт буоллар, барыта 111 тыЬыынча тонна буолуо этэ. Быйылгы былаан 62 тыһ. тонна) батарарбыт үрдүнэн ороскуоттар сыаналара үрдээһиннэрин суотугар, холобур оттук-уматык, электроэнергия сыаната үрдүүрүн, хамнас алын кээмэйэ улаатыытын о.д.а. биричиинэнэн былааннаммыт көдьүүс (рентабельность) ситиһиллибэт буоллаҕына, субсидия ставката үрдэтиллиэхтээх, сыллата бюджет ылыллыытыгар рынок сыаналарын хамсааһыныгар корректируйдаан иЬиллиэхтээх. Үүккэ субсидияны заготовителлэргэ атыыламмыт үүккэ кимиттэн тутулуга суох барыларыгар заготовителинэн эргиппэккэ быһаччы биэрэр ордук. Приписканы заготовителлэр онороллор, «Маайа-Даайа» оҥорбот. Приписка тахсыбатын туһугар хонтуруоллуур отчуот систематын уонна күүстээх экономическай кыһайыыларынан күөмчүлүүр системаны олохтуохха.
Ыанар ынах төбөтүгэр субсидия
Олохпут бу сэриинэн, санкцияларынан уустугуран иһэр. Аһыыр аһылык баара тыыннаах буолар мэктиэтэ буолар кэмэ кэлиэх курдук. Сүөһүтэ суох дьон сүөһүлэнэн, бэйэтэ үчүгэйдик аһаан олороругар туһуланар көмө – бу куруутун баар буолара тыа нэһилиэнньэтин киэҥ араҥатыгар онон сиэттэрэн судаарыстыбаннай суолталаах. Бу ынах уонна кини былырыыҥҥы, быйылгы ньирэйдэрин отторун (аһылык минимумун) ороскуотун толору уйунар кээмэйинэн бэриллиэхтээх харчы.
Билигин үгүс тэрээһиннээхтэргэ «на финансовое оздоровление» диэн ааттаан ынах төбөтүгэр 20-лии тыһыынчаны биэрэллэр, онон төбөҕө ылбат кыра-орто бааһынайдар арыттатан хааллылар. Маны көннөрөн төбө харчытын 35 тыһыынчаны барыларыгар, үүт туттарарыттан-туттарбатыттан тутулуга суох биэрэр наада. 9-10 сыллааҕыта ынах төбөтүгэр 10 тыһыынчаны биэрэ сылдьыбыта, судаарыстыба. Ону быспакка биэрэ сылдьыбыта буоллар ынахтаах, остуолугар астаах ыал элбиэхтээх этэ. Нэһилиэк баһылыга дьонун-сэргэтин олоҕо байылыат буоларын туһугар үлэтэ туһуланыахтаах, кини үлэтин, нэһилиэк дууһаҕа тиксэр орто дохуотунан, нэһилиэк (ыалын) хаһаайыстыбатын хас % сүөһүлээҕинэн, сылгылааҕынан, оҕуруот сирдээҕинэн, теплицатынан (көмө хаһаайыстыбалааҕынан) сыаналаан хамнастарыгар эбиллэр премиальнай систематын киллэриэххэ. Оннооҕор оскуола «Аграрнай» аатырдаҕына бары эбии хамнастаахтар. Сүөһүнү оттоон, кыстатан биэрэр кооперативтарын тэрийдин, төбөлөрүгэр субсидиялаахтар туһаналларыгар, итинник тэриллэн тахсан иһиэ буоллаҕа. Ылыллар дьаһаллар дьон өйдөөн тэринэригэр бокуой биэрэр гына уһун, системнай буолуохтарын наада. Саҥа өйдөнөн эрдэххэ уларыйа охсубат гына.
Сир боппуруоһа. Сири туһанааччылары ревизиялыахха: сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, сыалынан туһамматтартан уонна сир плодородиетын мөлтөппүт хаһаайыннартан былдьыахха. Баҕалаахтартан муниципальнай сир фондатын тэрийэн, судаарыстыбаннай бюджеттан үп көрөн атыылаһан нэһилиэк сирин фондатыгар киллэрэн сүөһү ахсаанынан арендаҕа биэриини олохтуохха. Билигин сирдээх – сүөһүтэ суох, сүөһүлээх – сирэ суох. Ол тохтуон наада!
Түмүккэ.
Мин субсидия оччо-бачча буолуохтаах диэни эппэппин, барыһын, нуорматын ааҕыы методикатын тиэртим (генетическэй, технологическай), бырайыак көмүскүүр, бигэргэтэр боломуочуйалаах уорганы өйдөнөр гына эттим, итинник методиканан аахтахха балачча олохтоох, арыычча элбэх сыыппара тахсыа этэ.
Онтон бүгүн туттулла сылдьар субсидиялар ставкаларынан бары көрүҥ хаһаайыстыбаларга көмөлөһөр буоллар: чааһынай биир ынаҕыттан ортотунан биир тоннаны туттардын, 40 тыһыынча тонна киилэтигэр 50 солкуобайынан 2 (икки) миллиард, 34000 төбө тэрээһиннээхтэр ынахтарыгар 35000 солкуобай (финоздоровление 20-лии тыһыынчаны үгүстэр төбөлөрүгэр ыла сылдьаллар), 1,19 миллиард барыта, эбии наадабыт баара эрэ 3,19 млрд солкуобай буолар. Хайдах кыаллыбат буолуой?
Николай ПОПОВ,
Саха Республикатын
тыатын хаһаайыстыбатын
үтүөлээх үлэһитэ.
Дьокуускай к.