Соторутааҕыта улуустан кэлбит тастыҥ балтыбын кытта “Столичнай” ырыынакка барса сырыттым.
Автовокзал остановкатыттан 20-с нүөмэрдээх автобуска олордубут, айаннаатыбыт. Көрдөхпүнэ кэнники сидиэнньэҕэ, биһигиттэн чугас, кыһыл килиэккэ ырбаахылаах саха уола кыыһын кытта ханна эрэ айаннаан иһэр эбиттэр. Кыыс аттыгар биир холуочук, эдэр дьахтар олорор. Сааһа 27 эҥин быһыылаах. Төһө да эдэр көрүҥнээх буоллар хайдах эрэ сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт курдук, эбиитин ону-маны саҥар да саҥар буолар. Килиэккэ ырбаахылаах уолтан:
– Дыа, ЯКСМК остановката ханан баарый? – диэн ыйытар. Ону уол:
– Я не знаю, спросите у других”, – диэтэ. Холуочук дьахтар:
– Чё ты как маргинал разговариваешь, а?! – диэн кыйаханна уонна салгыы автобус пассажирдарын, куорат олохтоохторун үөҕэн барда.
– Девушка, ведите себя адекватно! – диэтэ уол. Онуоха бу дьахтарбыт наһаа кыыһырда уонна кыйахаммыттыы:
– Дьэ б***эттэр, дэриэбинэлэри үөҕэн бардыбыт эрэ, мин эһигини барыгытын өлөртөөн кэбиһиэм, йо***айдар!” – диэн бэрт улаханнык, автобус дьоно бары истэллэрин курдук хаһыытаата.
ЯКСМК тохтобула кэллэ, хата ити холуочук дьахтар биһиги үөрүүбүтүгэр таҕыста. Мин балтыбын кытта ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ түннүгүнэн куораты көрөбүт. Балтым куорат кэлиҥҥи кэмҥэ соччо уларыйбатаҕын, арай хайдах эрэ өссө мөлтөх көрүҥнэниэх курдук буолбутун этэр. “Ити уулусса өрөмүөнүн кытары сибээстээҕэ буолуо”, – диибин.
Сотору буолаат, автобуспут “Столичнай” ырыынак тохтобулугар тиийдэ, проездпытын төлөөн баран түстүбүт. Били кыһыл килиэккэ ырбаахылаах уол кыыһын кытта эмиэ манна түстүлэр, эмиэ биһиги курдук “Столичнайга” баран иһэр эбиттэр. Балтым тоҕо миигин ырыынакка илдьэ сылдьара быһаарыылаах – мин атыыһыттартан сыананы түһэрсиэхтээхпин. Бэйэтэ сыананы түһэрсиэн кыбыстар үһү. Эбиитин уол хараҕынан көрөн, кыыс таҥаһын сыаналыахтаах үһүбүн. Быһата, “эксперт” буолабын, һэ-һэ.
Тохтобултан чугас сиргэ таҥас атыылыы тураллар. Балтым үчүгэй баҕайы үрүҥ өҥнөөх панаманы көрдө. Мин ону эмиэ сөбүлээтим уонна:
– Здравствуйте, вот на девушку хотим панаму белого цвета посмотреть и купить. Сколько стоит? – диэн атыыһыттан ыйыттым. Атыыһыт:
– Здравствуйте! 500 рублей, – диэтэ. Сыаната соччо ыарахана суох, онон балтыбар сөбүлээбит панаматын атыыластыбыт. Салгыы бара турдубут, ырыынак бэйэтигэр киирдибит. Мин хата бэйэбэр күһүҥҥүгэ эрдэттэн бэлэмнэнэ таарыйа, джинсы уонна кожанай куртка ылынарга быһаарынным. Сайыҥҥы таҥаһым номнуо баар, ол иһин ону атыыласпаппын.
– Бастаан бэйэбэр күһүн кэтэрбэр эрдэттэн таҥас ылынан кэбиһиэм, джинсы уонна куртка ылыам, онтон ол кэнниттэн эйиэхэ көрүөхпүт, сөп? – диэн балтыбар эттим.
Ырыынак иһинээҕи дьиэтигэр киирдибит. Хата джинсы уонна кожанка биир маҕаһыыныгар иккиэннэрэ атыыланар эбиттэр. Онно биир Али диэн ааттаах, быһа холоон отучча саастаах эдэр соҕус эр киһи үлэлии сылдьар. Таҥас сыаналарын ыйыттым, ону кини:
– Джинсы стоят 3000 рублей, а куртка кожаная – 2300 рублей… Но я могу скинуть так: пусть джинсы будут 2500, а куртку отдам за 2000! В фирменных магазинах вообще в два-три раза дороже продают… – диэтэ. Мин сөбүлэстим уонна атыыластым. Атыыһыт үөрдэ:
– До свидания, приходите еще!
Балтыбынаан салгыы маҕаһыыннарынан бардыбыт. Чэпчэки сыанаҕа атыыласпыппыттан олус үөрдүм уонна балтыбар быһаарабын:
– Хата бэрт, күһүҥҥүгэ бэлэмнэнэ таарыйа эрдэттэн таҥаһы баара-суоҕа уопсайа 4500 солкуобайга атыыластым! Онтон күһүн ылбытым буоллар икки төгүл ыарахаҥҥа атыылаһыам этэ.
Балтым таҥастары көрөн-истэн барда. Суумка уонна демисезоннай куурка наада үһү. Суумка атыылыыр отделга кэллибит. Мин атыыһыттан ыйыттым:
– Почем поясная сумка?
– 800 рублей, – диэтэ атыыһыт.
Суумкабыт сыаната соччо ыарахана суох эбит, ол иһин өр толкуйдаабакка атыыластыбыт. Харчыны мобильнай баанынан төһө баҕарар төлөһөҕүн.
Салгыы бытархай ону-маны атыыластыбыт. Онтон кууркалар уонна үөһээҥи таҥастар отделларыгар бардыбыт. Биир отделга балтым капюшоннаах, саһархай өҥнөөх чараас джинсовай куурканы сөбүлүү көрдө. Харчытын ааҕынна. Атыыһыт дьахтартан ыйытабын:
– Добрый день, эта розовая куртка сколько стоит?
– 3500 рублей.
– Оо, дороговато, скиньте до 2500 рублей, и мы её обязательно купим, – диэн торгуйдаһабын. Атыыһыт сөхтө уонна эттэ:
– Вы чего, как я вам скину на целых 1000 рублей? Могу только за 3000 отдать!
Толкуйдаабыта буолаат:
– Э, нет, тогда не будем брать, всего доброго! – диэн баран тэйэн истэхпинэ атыыһыт дьахтар:
– Молодой человек, стойте! Так и быть, скину, но только до 2800 рублей. За 2800 рублей точно отдам.
Тактикам табылынна. Биһиги сөбүлэстибит уонна атыыластыбыт. Махтанан, бакаалаһан баран бардыбыт.
Наадалаах таҥастарбытын, суумканы, бытархай ону-маны атыылаһан балтым настырыанньата тубуста. Аны маннааҕы кытайдар остолобуойдарыгар аһыы бардыбыт. “Столичнай” ырыынак аһа олус минньигэс буолааччы. Мин бэйэбэр пянсе – китайскай улахан пельмень курдук уонна начинкалаах лэппиэскэ, балтыбар “кисло-сладкай” соустаах куурусса уонна оҕуруот аһыттан салаат, иккиэммитигэр “Кока-кола” атыыластым. Хата бэрт минньигэстик аһаатыбыт.
Аһаан бүтэн, өссө кыратык кэрийэ түһэн баран төттөрү айаннаатыбыт. Балтым кыраттан да үөрэр киһи, оттон киһи үөрдэҕинэ мин бэйэм эмиэ үөрээччибин. Бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоох сыһыан киһини дьоллуур, кынаттыыр.
Гаврил ИВАНОВ.