Баайа кыра промышленнай диэн бөһүөлэккэ киномеханигынан үлэлээбитэ. Сылын аайы төрүөр этэ. Онно солбуйар киһи көстүбэт үһү. Бириэмэннэй үлэҕэ ким да сөбүлэспэт эбит. Ол иһин аҕаларын аатынан бирикээс таһааран баран, бэйэтин үлэлэтэллэрэ үһү.
Оннук биир дэкириэтин кэмигэр киинэ көрдөрө сылдьыбыт. Төрүүр кэмэ чугаһаабыт. Ол курдук биир киэһэ киинэ көрдөрө сырыттаҕына талыыта киирбит. Киинэтин холбоон баран талыытын аһараары будкатын иһигэр сүүрэр үһү. Ол сүүрэ сырыттаҕына, кэлин эрээккэ олорор дьон окошконан өҥөйөн көрөр үһүлэр.
Оннук быыһыгар үлэлээн, быыһыгар сүүрэн, чуут киинэтин бүтэрээт медпууҥҥа тиийээт төрөөн кэбиспит. Быыһанан баран өйдөөбүтэ илиитэ хап-хара үһү. Ыксаан илиитин да сууммакка оҕоломмут. Ол оҕото кыыс. Кыргыттартан ортолоро.
Ол кыыс билигин Дьокуускайга олорор, ыал, хас да оҕолоох. Төрөөн баран медпууҥҥа биэс хоммут. Тахсарын чугаһыгар дьон: “Тахса оҕус, киинэ көрүөхпүтүн баҕардыбыт”, – диир үһүлэр. Медпуунтан тахсаат оҕотун эмнэрэн баран оҕолорго хаалларан, эмиэ үлэтигэр барар үһү. Оннук дэкириэккэ да олоро түспэккэ, пиэнсийэҕэ барыар диэри үлэлээбитэ. Онон кинофикация туйгуна бэлиэлээх.
Республикаҕа бастаабытыгар “Дружба” эрбиинэн наҕараадаламмыт. Ол саҕана “Дружба” эрбии дэписиит бөҕө этэ. Ол “Дружба” билигин да үлэлиир. Сүүрэ-сүүрэ төрөөбүт кыыс кэргэнэ илдьэ сылдьар үһү.
Хотунаа.
Үөдүгэй.