“Биһиги, хомуньуустар, бигэтик этэбит: баттабыл-тууйуллуу сыабын быһа охсор, үлэһиттэр былаастарын уонна норуоттар доҕордоһууларын идеалын олохтуур инниттэн туох кыалларын барытын оҥоруохпут! Социализм кыайыаҕа!” (Г.А.Зюганов).
А.Н.Алексеев «Кыым» хаһыат 5-с нүөмэригэр «Бастыҥ бэрэсидьиэн» диэн тылыгар бэйэм санаабын этиэхпин баҕарабын.
Мин 1968 сыл СГУ историческай отделениетын бүтэрэн Нам оройуонун Бөтүҥ оскуолатыгар үлэбин саҕалаабытым. 1973 сылтан оскуола директорынан үлэлии олордохпуна, олохтоох совет председателинэн талыллан атын үлэҕэ барбытым. Ити 1979-1982 сылга диэри. Оччолорго 1983 сыл ССКП XXVI съеһин историческай уураахтарын, пятилетка үһүс, сүрүн сылын уонна пятилетка бүтүннүүтүн сорудахтарын халбаҥнаабакка толорор иһин охсуһуу хаһаайыстыбаннай уонна культурнай тутуу бары учаастактарыгар тэнийбит кэмэ этэ. Бу олох бары өттүн хабан барар киэҥ үлэ сүрүн туһаайыытынан дойду аска-үөлгэ программатын олоххо киллэрэр иһин охсуһуу буолара.
Ити көрдөбүллэргэ сөп түбэһиннэрэн республика үрдүнэн, бэйэбит миэстэбит Ас-үөл программата ситиһиилээхтик быһаччы олоххо киллэриллэр сиригэр буолуохтааҕын өйдөөн, биһиги туох-баар күүспүтүн, эрчиммитин, дьоҕурбутун партия, Ас-үөл программата туруорбут соруктарын толорууга ууруохпут, республика тыа хаһаайыстыбатын салгыы өрө көтөҕүүгэ бары өттүнэн көмөлөһүөхпут диэн Республика үрдүнэн 17 буолан (Нам оройуонуттан мин этим) ыҥырыы таһаарбыппыт.
Ыҥырыы сурукпут бүтэһик тыллара маннык этилэр: «Эһигини, салалта аппараатыгар уонна норуот хаһаайыстыбатын атын салалталарыгар үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын бары специалистарын, хас биирдиигитин биһиги холобурбутун батыһан совхозтарга, биригээдэлэргэ, хонууга уонна фермаларга, механизацияҕа туох-ханнык иннинэ тыа хаһаайыстыбатын, производстватын хаалан иһэр учаастактарыгар, Ас-үөл программатын дьылҕата быһаарыллар сиригэр үлэлии бараргытыгар ыҥырабыт», – диэн.
Онон мин Бөтүҥ с/советын председателинэн үлэлии олорон, «Хатыҥ-Арыы» совхоз Бөтүҥнээҕи отделениетыгар управляющайынан үлэлии барбытым. 5 сыл үлэлээбитим. Ити кэмҥэ кыра да буоллар ситиһиилэрдээх этибит. Ол курдук биир дойдулаахпыт биллэр государственнай политическай деятель И.Е.Винокуров 1986 сылга төрөөбүтэ 90 сыллаах юбилейыгар аналлаах социалистическай күрэхтэһиилэр киэҥ далааһыннаахтык ыытыллаллара. Онон 1985 сыл IV квартал түмүгүнэн социалистическай куоталаһыыга (совхоз отделениеларын икки ардыгар) бастаан турабыт. Миэхэ управляющайга И.Е.Винокуров аатынан бириис, свидетельство уонна И.Е.Винокуров бюһунан наҕараадаламмытым, онон киэҥ туттабын уонна испэр республикаҕа ыҥырыыбын толорон эрдэҕим диэн.
Оччолорго М.Е.Николаев тыа хаһаайыстыбатын министрэ этэ. Мелиоративнай үлэ күүскэ ыытыллара. Биһиги биир дойдулаахпыт, Россия тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Кириллин Н.М. тэрээһининэн, салайыытынан, ученай Корнилов көмөтүнэн, общественнай сүөһүгэ иҥэмтэлээх эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ, элбэх сыллаах оту рапсы ыһыы, онтон үрдүк үүнүүнү ылан оройуон республикаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта.
Тыа хаһаайыстыбатын министрэ М.Е.Николаев оччолорго биһиги оройуоммутугар үлэни-хамнаһы билсэ, көмөлөһө тахсыбатах нэдиэлэтэ суох этэ, арыт 2-3-тэ сылдьара. Мин управляющайдыы сылдьан кинини күн-ый курдук саныырым уонна киэн туттарым, дьиннээх коммунист уонна үрдүгү салайааччы итинник буолуохтаах эбит диэн.
Дьэ онтон, били өс хоһооно – «бил баһыттан сытыйбыт» диэбит курдук үрдүкү былаастарбыт таҥнаран биэрэн, баайга-дуолга ымсыыран капиталистическай тутулга иккис сирэйдэнэн олороллор. Былаас баартыйата дэнээччи «Биир ньыгыл Россия» былааһы ылыахтарыттан олохпут огдолуйар аатыгар барбытын биһиги, кырдьаҕас дьон, илэ харахпытынан көрөн, эппитинэн-хааммытынан билэн аҕай кэллэхпит. Ити кэми биир тылынан кэхтии, эстии сыллара диэн быһа этэбит.
Кинилэр норуот, дойду муспут баайын-дуолун былдьаан чааһынай илиигэ бэриллибитэ, ол суума сүүһүнэн миллиард, Россия олигархтарын счетугар киирбитэ, буолаары буолан тас баай государстволар бааннарыгар. Дьэ ити быһаарыылаах бириэмэҕэ “саха норуотун дьолугар” кэлбит салайааччыбыт (норуот итинник саныыра) М.Е.Николаев 180 кыраадыс төттөрү эргийэн хаалла.
Аҕа көлүөнэ сынньанар диэни билбэккэ үтүө суобастаахтык үлэлээн муспут баайын-дуолун ыскайдаабыттара, сиэбиттэрэ. Хойутаан ылыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы концепцията, рынок экономикатын бары фактордарын ситэ учуоттаабатынан кыайан үлэлээбэтэҕэ. Билигин тыа сирин государство өттүнэн өйөөһүн суоҕун кэриэтэ.
Сахалар биһиги үгүс өттүбүтүн тыа сиригэр олоробут. Билигин олох ыараабытынан уонна үлэ миэстэтэ суоҕунан куорат диэки көһөн эрэллэр. Рынок ыар тыынан билбиппит 30-ча сыл буолла.
Ньир-бааччы үлэлии олорбут совхозтар, коллективнай хаһаайыстыбалар, дойду үтүмэн элбэх баайынан-дуолунан тутуллубут улахан хотоннор, мастерскойдар, сайылыктар, олорор дьиэлэр, эбии аһылыгы оҥорор сыахтар (АВМ), улахан алдьатыылаах сэрии эбэтэр улахан халаан уута сотон барбытын курдук күөрэ-лаҥкы түһэн, уоруллан, алдьатыллан хас дэриэбинэ аайы билиҥҥи былаас памятниктара буолан турбуттара.
Ити ыһыллыбыт, быраҕыллыбыт, уоруллубут баайы-дуолу оҥорорго бэйэлэрин эдэр саастарын эрчимин, доруобуйаларын толук уурбут нэһилиэк ытык кырдьаҕастара саҥа былааска, президеҥҥэ ыарахан санаалаах бу орто дойдуттан барбыттара. Баҕар өссө да олоро түһүө этилэр, өскөтүн ити ыарахан көстүүлэр хас күннэтэ сыппах быһахтыы сүрэхтэрин-быардарын кэйбэтэҕэ буоллар. Оннооҕор биһиги кинилэрдээҕэр эдэр дьон (кыратык үлэлээбит дьоҥҥо) саныахха олус ыарахан.
Онон бу 30 сылга хапытаал баһылаан олорор бириэмэтигэр боростуой дьоҥҥо олохторо-дьаһахтара тупсарыгар үлэни ыыппыт бастыҥ бэрэсидьиэн суоҕунан ааҕабыт. Арай баайдар өттүлэриттэн элбэх баайга тиксибиттэр талыахтарын сөп.
Михаил Фёдорович КУГДАНОВ,
СР үтүөлээх учуутала,
СР Бочуоттаах ветерана,
Бөтүҥ нэһилиэгин,
Нам улууһун ытык киһитэ,
кырдьаҕас коммунист,
“Партийная доблесть” орден кавалера,
сэрии сылларын оҕото,
сэрии тулаайаҕа.
“Туймаада” хаһыат 8-с №-рэ, 20.04.2023 с.