Ньурба улууһугар, чуолаан Түмүк нэһилиэгэр көһүнэн усталаах улахан хоромньулаах ойуур баһаара турда. Өссө төһө сири хабыа биллибэт…
Бу ойуур баһаара барбыта соһуччу буолбатах. Дьаппыыда үрэх уҥуор Улахан Уолбут диэн күөл атаҕа Толоон диэн оттонор ходуһаны икки-үс сыллааҕыта өртөөбүттэрэ көрдүгэннээн, былырыын а.э. 2020 сыллаахха тура сылдьыбытын боһойон эмиэ улахан сыранан тохтотон, Бүлүү өрүскэ диэри бульдозерынан минполоса оҥорон уоскуйбуттара.
Кыһын ахсынньы ыйга ол Толооҥҥо эмиэ хас да сиринэн көбдүргэннээн сии сытарын көрөммүн нэһилиэк администрациятыгар иһитиннэрбитим үрдүнэн ким да куойатыгар-маҥкытыгар оҕустаран көрбөтөҕө. Арай нэһилиэк баһылыга т. Саморцев И.П.: “Үрдүгэр хаары бульдозерынан астарар киһи умулуннарыа суоҕа дуо?” – диэн баҕатын иһитиннэрбитигэр баһыыба уонна булдозердатыахтааҕар биир да күрдьэх хаары көрдүгэн үрдүгэр бырахпатах этилэр.
Кэлин солбуйааччыта Мичилиинэ Васильевна киирэн мин эппиппин итэҕэйбэттии чуолкайдатан көрдөрөн, тахсан төһө эмит эппитин үрдүнэн ууга суруйбут курдук хаалларбыт этилэр. Тохсунньу 25 күнүгэр улуус баһылыга отчуоттуу тахсыбыт сураҕын истэн зуумунан да буоллар Саморцевка эппит боппуруоспун көбүтэн, улуус баһылыгар эмиэ туруорбутум. Киһини үөрдүөхтүү улуус баһылыга дьэ барытын лесхозтардыын, ГАУлестардыын быһаарыах, балаһыанньаттан таһаарыах буолбута.
Уот көрдүгэнэ өрүстэн баара-суоҕа биир эрэ километр сиргэ баарыгар биир-икки водовоһу туруоран, бэйэтэ утуйа сатыы сытар уот умуллуо эбитэ буолуо да, оннук дьаһалта оҥоһуллубатаҕыттан кыһыйан, “баҕар баһылык өһүргэнэн туох эрэ хамсанааһыны таһаараарай?” диэн бэл хоһоон суруйан нэһилиэк иһигэр ватсапка ыыппытым.
Бу аҕыйах кэминэн, этэҥҥэ сырыттахпына Бөтүрүөп таҥара күнүгэр 80 сааспын томточчу туолаары сылдьар ааттаах киһи бэйэм үйэбэр син арааһы биллэҕим-көрдөҕүм, иһиттэҕим дии санаан сүбэ быһыытынан этэ сатаабыппын эккэ ыт элэҥнээбитигэр, дьэллик ыт үрбүтүгэр да холуйбаккалар бу үлүгэрдээх алдьархай ааҥнаата.
Өссө кыһыылааҕа саамай бас-көс киһибит, Ил Түмэн депутата тойон Прокопьев В.М. кэлэн мунньахтыырыгар эрдэттэн испииһэккэ суруттаран остуол нөҥүө-маҥаа олорон ыарыы гыммыт боппуруоспун үһүс төгүлүн көтөхпүтүм да, кураанах эрэннэриинэн түмүктэммитэ. Бэйэм урут лесхозка үлэлии сылдьан Хорула, Ээдьээн курдук улахан баһаардарга сылдьыбыт, эрэйдэммит буоламмын төрөөбүт төрүт дойдум күл-көмөр буоларын бэйэм эппэр-сииммэр уот түһэрин курдук ылынабын, куттанабын, харыһыйабын.
Оттон биһигини үүннүөх-тэһиинниэх, сирдиэх, эрэнэн быыбардаабыт дьоммут аллараа дуоһунастан Ил Түмэн депутатыгар диэри кураанаҕы куустара, албын-көлдьүн тылларынан айахтарын ииттинэн сырыттахтара ити. Саатар баһаар сводкатын биэрэллэригэр сымыйалыы турбуттара сүрдээх – “дэриэбинэттэн 4-5 км тэйиччи икки очаг баар, дэриэбинэҕэ куттал суох” дии турар кэмнэригэр баара-суоҕа 400 миэтэрэлээх сиргэ верховойдаан электростанция тиэргэнин иһигэр баар трансформатор анныгар уот быраҕыллан умайан эрэрин ааһан иһэр 6-с кылаас оҕото көрөн тыллаан абыраатылар.
Түмүк нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Мичилиинэ Васильевна уот быраҕыллыан сөптөөх сирдэригэр дьуһуурустуба олохтообута саамай тоҕоостоох буолан очаг түргэнник умуруоруллубута. Дьахтары “слабый пол” диэтэллэр даҕаны, биһиги “сильный пол” главабытыттан Мичилиинэ сахалыы эттэххэ “ампаар үрдүгэр ат эбиилээх киһи”! Улуус да главата, нэһилиэк да главата республиканскай трассанан ааһан иһэннэр хайдах субу 400 м буолар-буолбат сиргэ сплошной верховойдуу турар уоту көрбөккө сыыһа сводка биэрбиттэрэ киһи өйүгэр баппат суол.
Инникитин даҕаны салайааччы ааттаах дьон киһититтэн көрөн сэҥээрбэккэҕит, тэҥнээн кэпсэттэргит бэйэҕит сирэйгит киэргэйиэ этэ. Мин санаабар бэйэтэ да сатарыйан олорор олохпутугар бэйэтэ эрэ үрдүк дуоһунаска ыттарын туһугар сирэйэ-хараҕа суох кирпииччэ сирэй буолбакка, дьон тылын өйдөөн истэн, анаалыстаан көрөргүт буоллар ордук буолуох этэ.
Ойуур баһаара буолар биричиинэтэ үгүс… Урут Совет былааһын саҕана совхозтарга хас эмэ тыһыынчанан сүөһү баарыгар ойуурдары-маардары салаа оту ордорбокко сүөһү килэччи сиирэ, ходуһа, бааһына барыта эргиччи күрүөлээх буолара. Онон кур сэтиэнэх диэн суоҕун кэриэтэ буолара. Ходуһаҕа талах быыһа, өтөхтөр илии хотуурунан оттоноллоро.
Оттон билигин трактор, техника эрэ сылдьар долур хонуута эрэ оттонор буолла, ону даҕаны дулҕата, чоппуруохата суох буоллаҕына. Ол иһин кур лаҥха сылын аайы киһини уйар буола халыҥаан иһэр. Былыр колхоз, совхоз саҕана күһүн аайы анал биригээдэ тэрийэн күнүттэн-дьылыттан көрө сылдьан сири өртүүр этилэр. Билиҥҥи капитализм үйэтигэр “каждый за себя” эбэтэр”моя хата с краю” диэн атын омук принциптэрин тутуһууттан үгүс үрэллии, күннээҕинэн эрэ олоруу тахса турар буолла.
Ойуур хаһаайыстыбатын өттүгэр өлүүкэ санаабын үллэһиннэхпинэ кэккэ санаалар бааллар… Ойуурга урукку курдук отвод оҥоруу суох буолбут. Оҥорор кыахтара да суох, икки-үс нэһилиэккэ биир лесник баар быһыылаах. Ол үлэһит лесорубочнай билетын тиийинэн толорон биэрдэҕинэ баһыыба. Урукку үгэспинэн Ньурбаҕа киирдэрбин эрэ лесхоз хонтуоратыгар таарыйан ааһарбар сырыы аайы отчуокка умса түһэн сытар буолаллар. Баһаар буолбут сураҕын иһиттэхтэринэ ойон туран картаҕа ол буолбут сиригэр кыһыл флажок сыһыараллар, умулуннаҕына усталлар уонна эмиэ отчуоттарыгар олороллор.
Туһата суох “кутуйах уйата кумааҕынан” ойуур баһаарын умуруорбаккын. Былыр диэхпин сөп, биһиги үлэлиирбит саҕана дэлээнэни визирьдээн түөрт муннугар остоолбо туруорарбыт, оттон билигин ханна да оннук отвод оҥоһуллан турарын көрбөппүн эбээт.
Аны лесной авиациалар “уокка утары уот ыытабыт” диэннэр үгүстүк эргитиллибит уоту таһааран ыытар түгэннэрэ баар буолааччы. Ойуур баһаара локализацияламмыта диэн дьыала аҥаара эрэ – саамай сэрэхтээҕэ көрдүгэн буоларын умнуо суохха наада. Кыһыны быһа сытан чугас эргинин куурдан, кэмэ кэллэр эрэ буорах кэриэтэ буоларын умнуо суохтаахпыт. Онон бу буолбут баһаар аҥаардас боростуой киһи саҥатыгар болҕомто ууруллубатаҕыттан ити үлүгэрдээх хаарыан хампа күөх айылҕабыт, көтөрө-сүүрэрэ өллө-сүттэ, хара хоруо буолла. Көрдүгэн бөҕө хаалан хайа дьаабы буолан иһэрэ өссө да биллибэт.
Санаабын үллэһинним Ньурба Маарын олохтооҕо, үлэ ветерана, былыргы лесник.
Павел ГРИГОРЬЕВ.